05:33 Яковлев Кирилл Романович Нестерова Варвара Николаевна |
Ахтан ааһар ытык иэспит Биһиги дьоммут Яковлев Кирилл Романович, Нестерова Варвара Николаевна Тэҥкэттэн төрүттээхтэр. Оҕо саастара онно ааспыт. Ол да иһин биһиги Тэҥкэ сирин-дойдутун, дьонун-сэргэтин туһунан кырабытыттан истэ-билэ улааппыппыт. Дойдуларын сибэккинэн симэммит хонууларын, ыраас уулаах, балыктаах күөллэрин, мүөттээх салгынын, дьикти кэрэ айылҕатын куруук ахта-саныы сылдьаллара. Мин аҕам Кирилл Романович 1918 с. төрөөбүт. Эһэтэ 1897 с. сурукка киирбитинэн (архивтан Петр Константинович булбута) Конксо Яков Игнатьевич диэн эбит, кэргэнэ Конксоева Матрена Константиновна. Оҕолоро: Мария, Роман, Евдокия диэннэр. Аҕата Игнатьев Роман Яковлевич 1881 с.т. Кини кэргэнэ, аҕам ийэтэ, Анна Григорьевна 1877 с.т. Кирилл Романович икки бииргэ төрөөбүт балтылардаах: Анна, 1924 с.т., Мария, 1931 с.т. Балта Анна хараҕа суох эбит, ис киирбэх көрүҥнээх, сүрдээх өйдөөх, чэнчис кыыс эбитэ үһү, эдэр сааһыгар өлбүт. Биир балта Мария үйэтин тухары ыанньыксыттаабыта. Икки оҕолоох. Уола Клим Григорьевич олус талааннаах киһи этэ. Үтүөҕэ-кэрэҕэ, сырдыкка тардыһыылаах буолан Дьокуускайга музыкальнай училищены, Улан-Удэ куоракка культура институтун бүтэрбитэ. Онон олох музыка, культура эйгэлээх киһи этэ. Гитараҕа, о.д.а. музыкальнай инструменнарга олох бэйэтэ дьарыктанан бэркэ оонньуура. Кэлин кэтэхтэн СГУ культурология салаатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Оҕо дьиэтигэр иитээччинэн үлэлээбитэ, киниттэн икки кыыстаах уол оҕо баар. Иккиэн ыаллар, анал идэлээх үөрэхтээхтэр. Мария Романовна кыыһа Ольга эмиэ икки оҕолоох, куоракка олорор. Аҕам дьонугар соҕотох уол оҕо буолан олус мааныланан иитиллибит эбит. Начальнай оскуола аһыллыбытыгар син обургу саастаах оҕону дьоно үөрэттэрэ биэрбиттэр. Оскуолаҕа бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбытын туһунан аймахтара, билэр, бииргэ улааппыт дьоно ахталлара. 1941-1945 сс. уоттаах сэрии Саха сирин олохтоохторун эйэ дэмнээх айар-тутар олохторун, тэтимнээхтик сайдан испит кэскиллэрин атыйахтаах уу курдук аймаабыта. Хас биирдии ыал дьиэтин аанын ала холоруктуу тэлэйэ баттаан, дьон ньургунун хомуйа тутан, тус арҕаа кыргыс хонуутугар кыйдааабыта. Кирилл Романович 1941-1945 сс. Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа. 1941 с. Тэҥкэттэн ыҥырыллыбыт. "Бэбиэскэни Евсеев Алексей Матвеевич диэн үөрэхтээх, учуутал киһи, сарсыарда утуйа сыттахпына, улахан ынырык, долгутуулаах дьыаланы аҕалан туттарар быһыынан, аһара культурнайдык, хайдах эрэ сэрэнэн туттарбыта. Ону армияҕа да сылдьан субу да сылдьан саныыбын”, – диэн ахтыбыта баар. Бэбиэскэни итинник туттарыы иитэр-үөрэтэр суолталааҕын туһунан мэлдьи тоһоҕолоон бэлиэтиирэ. Сити сарсыарда бэбиэскэни тутаат аҕам армияҕа барар чэйдэрин испиттэр. Онтон атаарыы буолбут, онно син элбэх киһи кэлбит. Чугас аймахтара, ыаллара, бырааттара Петр Михайлович, Петр Константинович кэлбиттэр. Ийэлээх аҕата олус аймаммыттар, атын да дьон ытаһаллар эбит. Айманымына даҕаны, биһиги Ийэ дойдубутугар күүстээх өстөөх сэриитэ саба түспүтүн сүрэхтэринэн сэрэйдэхтэрэ. Ити атаарыы туһунан Петр Константинович Яковлев маннык ахтар: «Кирилл дьоно "Сана күөл” диэн балыктаах, элбэх кус төрүүр күөлүн үрдүгэр олорбуттара. Сэрии буолбутун истэн улаханнык аймаммыппыт. Убайым сэриигэ ыҥырыллыбытын истэн, кинини атаара тахсыбыппыт. Ийэм Кириилгэ биир тууйас арыыны ыһыктаан ыытаары ытыы турарын өрүү умнубаппын. Атын да дьон ытаһаллар этэ. Кирилл кугас акка олоро биэрээт, туос бөтөрөҥүнэн түһэ турбутун батыһа көрөн хаалбыппыт, 1941 с. этэ». Петр Константинович кэпсээнэ мэлдьи биир, уларыйбат, өйүгэр-санаатыгар ити курдук үйэ-саас тухары хатанан хааллаҕа. Ити курдук кытыы Тэҥкэ нэһилиэгэ чулуу дьонун сэриигэ атаарбыта. Докуменнар кэпсииллэринэн Кирилл Романович Тас Монголияҕа Дилай Шамн-Саида куоракка Забайкальскай байыаннай уокурук 17-с армитятыгар 1944 сыл от ыйын 17 күнүгэр диэри сулууспалаабыт. Аҕам сэрии ыар сылларыгар Новосибирскай куоракка байыаннай-полевой училищены бүтэрбит. Государственнай экзаменнары 4-5 сыаналарга туттаран сержант-командир буолан элбэх саллааты ииппитэ-үөрэппитэ. Кини: "Мин Монголияҕа сулууспалыы сылдьан, элбэх минометчиктары үөрэтэн фроҥҥа атаарбытым. Ол дьон өстөөҕү утары хорсуннук сэриилэспиттэригэр саарбаҕалаабаппын” диэн этэрэ. Аҕам Кирилл Романович Аҕа дойду сэриитэ түмүктэниэр диэри ытык иэһин толорон кыайыыны уһансыбыта. Уоттаах сэрии ыарахан сылларын, армия олоҕун, саллаат өлөр-тиллэр охсуһуутун этинэн-хаанынан билбитэ, аччыктааһын да баара буолуо. Сэриигэ көрдөһөрүн үрдүнэн олох ыыппаттар эбит. Ити туһунан олус хараастан, хараҕа ууланан олорон кэпсиирэ. 1945 с. алтынньы 1 күнүгэр дойдутугар уоппуска ылан кэлбит, бука үчүгэй сулууспатын иһин буолуо, уонна учуутал быһыытынан анал ыйаахха түбэһэн демобилизацияланан букатын дойдутугар үлэлии хаалбыта. Аҕабыт Кирилл Романович учуутал буолар ыра санаатын толорон 1952 с. Бүлүү педучилищетын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн, Арыылаах, Аллыҥа оскуолаларыгар сэбиэдиссэйдиир. Онтон Тойбохой детдомугар директорынан ананан үлэлии киирбитэ. Кини олоҕун тулаайах оҕолору иитиигэ анаабыта. Кирилл Романович оҕону мэнээк мөҕө-этэ сылдьыбат киһи этэ. Тугу эбит сөбүлээбэтэҕинэ эбэтэр буруйу оҥордохторуна саҥата суох хомойор эрэ этэ. Ол ханнык да мөҕүүтээҕэр-этиитээҕэр оҕоҕо ордук тиийимтиэ этэ. Оҕолорго биир тэҥ сыһыаннааҕа, холку, сэмэй майгылааҕа. Детдом оҕолоро ким төһө кыахтааҕынан, дьоҕурдааҕынан олоххо оннуларын булалларыгар сүбэ-ама буолара. Кинилэр ситиһиилэриттэн ис сүрэҕиттэн үөрэрэ. Кэлин интернат-оскуола буолбутун кэннэ хаһаайыстыбаннай чаас директорынан, иитээччинэн пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Ордук уол оҕолору бэйэтигэр сыһыаран илдьэ сылдьан үлэҕэ үөрэтэрэ. Оскуолаҕа коллегалара ытыктаан кырдьаҕас аҕа саастаах үлэһиттэрин "Оҕонньор” диэн ааттыыллара. Аҕам туһунан кини иитиллээччилэрэ истиҥник саныыллар, ахталлар. "Алроса” компания тутаах үлэһитэ Егоров Борис Сергеевич ахтыытыттан: "Мин Тойбохойу иккис дойдубунан ааҕабын. Тулаайах киһиэхэ Кирилл Романовичтаах моральнай, материальнай да өттүнэн көмөлөспүттэрэ, иккис төрөппүттэрим буолбуттара”. Люйден Михаил Сергеевич, Саха Республикатын президенын администрациятыгар Государственнай-правовой управление үлэһитэ: "Эр киһи, учуутал, иитээччи сабыдыала улаатан эрэр уолаттарга олус суолталааҕа. Иитээччибэр Кирилл Романовичка мэлдьи хонор, сылдьар этим. Кус саҕана саа, мотоцикл уларсан барарбыт үчүгэй да буолара...” Аҕабыт ииппит-үөрэппит оҕолоро Саха сирин бары улуустарыгар араас идэлээх үлэһит буолан тарҕанан олороллор. Эдэр ыаллар дьиэ туттан киирдэхтэринэ аһара үөрэр этэ. Элбэх киһи дьиэлэнэригэр көмөлөспүт үтүөлээх. Күтүөтэ Уаров Александр Сергеевич маннык ахтар, саныыр: «Мин Кирилл Романовиһы уонна Варвара Николаевнаны уруккуттан истэн билэр ыалым быһыытынан уонна уолаттарын Бориһы, Климы билэр буолан, Тойбохойго учууталлыы кэлиэхпиттэн дьиэлэригэр сылдьан барбытым. Кирилл Романович сүрдээх культурнай, ис иһиттэн интеллигент оскуола иитээччитин быһыытынан оҕолорго истиҥ сыһыаннаах этэ. Тутта-хапта, таҥна-сапта сылдьарынан, чэнчиһинэн кинилэргэ холобур буолар этэ. Мин да сөҕө саннаабытым туох да кир-көх сысытыбатах, аккуратнай киһини. Ити ыалы кытта билсиһиим дириҥээн барбыта. Уолаттара чугас табаарыстарым этилэр; уонна Аллаҥаҕа учууталлыыр кыыстарын Лиданы хара маҥнайгыттан сөбүлүү көрбүтүм. Онтон сотору билсиһэн ыал буолбуппут. Миигин эрдэһит диэн хайгыыр этэ. Үлэбэр өй-санаа өттүнэн сүбэ-ама буолара, өйүүрэ». А5абыт биһигини кыраҕа-кыаммакка көмөлөһөргө, чиэһинэй буоларга ииппитэ. Биирдэ Мирнэйтэн нууччалар хортуоска ыла кэлбиттэр. Онно кыргыттарыгар этэр үһү: "Бөдөҥүттэн талан биэриҥ, кыратын угумаҥ!”. Дьоҥҥо мэлдьи үчүгэйи биэрэр буолуҥ диэн үөрэтэрэ. Оҕолоругар наһаа болҕомтолоох, кыһамньылаах аҕа этэ. Ыарыйдахпытына көрөөччү, харайааччы, эмп иһэрдээччи кини буолара. Оҕо доруобуйатыгар улахан болҕомтону уурар эбит, билигин санаатахха. Хаатыҥкаларбытын киэһэ аайы куурда уурарбытын ирдиирэ. Бэйэтэ да наһаа көнө, сымнаҕас майгылаах буолан, аҕабытыгар атаахтаабатах оҕо да, сиэн да суох буолуо. Кини үтүө майгыта биһиги олохпутугар билигин да биллэ турар. Аҕабыт төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан, 2018 сылтан Кирилл Романович оҕолоро детдом бастыҥ выпускнигар кини аатынан стипендияны сылын аайы туттарабыт. Аҕам бастакы кэргэнэ Дьаархантан төрүттээх Васильева Евдокия Ивановна диэн учуутал. Бордоҥ детдомугар үлэлии сылдьан көрсөн холбоспуттар. Онон мин бастакы кэргэниттэн төрөөбүппүн. Ийэм эдэр сааһыгар ыалдьан өлбүт. Иккис кэргэнэ Нестерова Варвара Николаевна Тэҥкэ кыыһа, мин иккис ийэм. Кини аҕата Нестеров Николай Ленскэй диэкиттэн төрүттээх кэлии киһи эбит. Бу Нестеров диэн дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр, ыраах сиринэн тэлэһийэн сырыыны сылдьар, сытыы, булугас-талыгас, хорсун, нууччалыы да син билэр киһи эбит. Ону ааһан хомоҕой тыллаах, олоҥхолуур-туойар киһи дииллэрэ. Тэҥкэттэн төрүттээх Чоросова Анастасия Семеновна: "Ньукулай оҕонньор кэлэрин кэтэһэр да этибит, олоҥхолуурун истээри” диэн ахтара. Нестеров аччык, аас-туор сылларга балыктаан дьонун-сэргэтин аһатар эбит. Кыра-хара дьадаҥы дьоҥҥо, оҕоҕо-дьахтарга ол муҥхалаан ылбыт балыгыттан барыларыгар өлүүлээн түҥэтэлиир этэ диэн элбэхтик дьоннортон истибитим. Балыктыыр тэрил кинилэргэ толору баар буолан, дьону түмэн балыктаан, онон аһаан олордохторо. Кэлин Тэҥкэҕэ Нестеров аартыга диэн баара, билигин да баара буолуо дии саныыбын. Нестеровтар икки кыыстаахтар. Улахан кыыстара Харачыына 2-с Бордоҥҥо олорбута. Иккис кыыстара, биһиги ийэбит Варвара, аҕатын атаах, мааны кыыһа. Кинини дьоно "Аннаа” диэн кыра эрдэҕинэ таптаан ааттыыллара. Нестеровтар дьон кэпсээнинэн сэниэ ыаллар эбит. Ити туһунан 94 саастаах Болурова Тамара Ильинична маннык кэпсиир: "Элбэх оҕолоох ыал оҕото буолан сэрии бириэмэтигэр аччыктыыр этим. Тойбохойтон Былаанынан тура сүүрэн кэриэтэ Тэҥкэҕэ эдьийим аахха, лэппиэскэ тото сиэри биир хоно барар этим. Ол саҕана кыахтаахтык олорор ыал этэ. Ньукулай онно-манна атын сирдэринэн айанныыр буолан булар-талар, ас-таҥас аҕалар. Ону дьоҥҥо эмиэ бэрсэр, тарҕатар этилэр”. Ийэбит а5ата Нестеров Николай репрессия саҕана дьыалаҕа эриллэн хаайыыга барбыт, эргиллибэтэх. Буруйа диэн оттуу сылдьан түүлүн кэпсээбит үһү. Ону тыллаан биэрбиттэр. Ити курдук Тэҥкэҕэ биир бэлиэ киһи олорон ааспыт. Кэргэнэ Нестерова (Болурова) Маарыйа Ньукулаайабына, Тойбохойтон төрүттээх, Болур Ньукулай кыыһа. Сааһыран, 90 лаппа тахсан баран баҕатын хоту төрөөбүт сиригэр Тойбохойго көмүллүбүтэ. Наһаа дьонумсах, дойдумсах эмээхсин этэ. Похоронатыгар Бордоҥтон, Тэҥкэттэн эмээхситтэр бөҕө кэлбиттэрин өйдүүбүн. Биһиги ийэбит Нестерова Варвара Николаевна 7 кылаас үөрэхтээх. Аан бастаан остолобуойга поварынан, маҕаһыыҥҥа атыыһытынан, онтон кэнники өр сылларга маҕаһыын сэбиэдиссэйинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Үлэ бэтэрээнэ. Сталин төбөлөөх мэтээл, Коммунистическай үлэ ударнига, элбэх грамоталар, эҕэрдэ суруктар туоһулууллар. Биһиги дьоммут биирдии оҕолоох огдообо дьон холбоспуттар. Эдэр сылдьан билсиһэ сылдьыбыттар, дьонноро сөбүлэспэккэ холбоспотохтор эбит. Ийэбит Варвара сүрдээх асчыт, бурдук аһы хото астыыр этэ. Дьаһаллаах хаһаайка, түргэн-тарҕан, ыраас туттунуулаах, туран-олорон иһэр үлэһит, түрбүү дьахтар этэ. Ким хайа иннинэ бүтэрбитэ эрэ баар буолааччы. Үчүгэйдик иистэнэр, оһуор анньар (вышивкалыыр), дьэ уонна күрүчүөгүнэн олус бэркэ баайара. Кини баайбыт куруһубалара, салфеткалара билигин да бааллар. Ыһыахха барыбытыгар хайаан да саҥа таҥас тигэрэ. Ити курдук барытын сатыыр буолан элбэх оҕону кыһалҕаны биллэрбэккэ көрөн-харайан улаатыннартаатаҕа. Аһа да, таҥаһа да дэлэччи буолара. Идэһэ өлөрдөхтөрүнэ тула ыалларыгар бэрситэлиирэ. Оччолорго сүөһүтэ суох ыал элбэх. Дьоҥҥо кыаҕа баарынан көмөлөһөр этэ. Кини санаатын малтаччы, туох да киэргэтиитэ суох, хайдах баарынан этэринэн уратылааҕа. Хайдах эрэ кытаанах, киһини толуннарар майгылааҕа. Ис санаата көнө, сиэрдээх этэ, хомоҕой тыллааҕа-өстөөҕө. Сайын аайы сир астыыр этибит. Ону барыанньа оҥорон хаһаанарбыт. Сир аһыгар сүрдээх түргэн хомуйааччы, иһитин ким хайа иннинэ толоро охсорун сөҕөр этим. Тэҥкэттэн төрүттээх Чоросова Анастасия Семеновна, Игнатьева Екатерина Христофоровналыын адьас аймахтыы дьон курдук хардары-таары сылдьыһан, ыаллаһан үйэлэрин тухары өйөһөн-өйөнсөн олорбуттара. Оҕо эрдэхтэриттэн билсэллэрэ, бииргэ улааппыттара. Билигин аны оҕолорун кытта билсиһэбит, көрүстэхпитинэ үөрэбит, оҕо сааспытын санаан ылабыт. Мин кыра кылааска үөрэнэр эрдэхпинэ биир кэмҥэ Тэҥкэттэн Ноҥной Хонооһой, эмээхсинэ Балбаара диэн этэ, биһиэхэ Тойбохойго көһөн кэлэн кыстыыр буола сылдьыбыттара. Оҕолоро суох этилэр, наһаа үтүө санаалаах, амарах дууһалаах барахсаттар этэ. Кыһын кэлэллэр, сайын бараллар. Онтон сотору буолан баран оҕонньор эрэйдээх утуйбутунан барбыт этэ. Ийэбит Тэҥкэҕэ баран харайсан кэлбитэ. Эмээхсинэ хаалан аҕыйах сыл олороохтообута, биһиэхэ кэлэн олоро сылдьыбыта. Тэҥкэттэн Суоппуйа эмээхсин Тойбохойго мэлдьи кэлэрэ. Күөх луук, барыанньа кэһиилээх буолара. Уонна ыалынан сылдьан, маҕаһыынтан наадатын атыылаһан баран төннөрө. Ыһыахха Бордоҥтон, Тэҥкэттэн атынан ыалдьыттар кэлэллэрэ. Мин көрөрбөр тоҕо эрэ бары саастаах дьон этилэр. Ити курдук биһиги дьоммут Тэҥкэ сириттэн төрүттээх буолан, дойдуларын кытта ситими быспакка олорбуттара. Киһи бөҕө сылдьар ыала этэ. Наһаа ыалдьытымсах, дэлэй астаах ыал этилэр. Элбэх оҕолоох ыал быһыытынан ынах-сүөһү иитэллэрэ, оҕуруот аһын, хортуоппуйу хото үүннэрэллэрэ. Тойбохойго Ботаническай садка араас соҕурууҥу үүнээйилэри, араас сибэккилэри үүннэрэллэрэ. Биһиги дьоммут эмиэ дьиэ таһыгар палисадникка араас мастары, хатыҥтан саҕалаан соҕуруу дойду үүнээйилэрин яблоняны, акацияны, о.д.а. олордоллоро. Кэлин олус бэркэ үүнэн дьон-сэргэ болҕомтотун тардара. Соҕурууҥҥу үүнээйилэри үчүгэйдик көрөн-харайан үүннэрбитин уонна сэлиэнньэни көҕөрдүүгэ көхтөөх кыттыыны ылбытын иһин Варвара Николаевна грамотанан наҕараадаламмыта, оройуон хаһыатыгар таһаарбыттара. Ону таһынан сибэкки арааһын бүөбэйдээн үүннэрэрэ. Сайын тэлгэһэҕэ эмиэ сибэккини таһынан араас үүнээйилэри түөрэн аҕалан олордоллоро. Биһиги дьоммут элбэх оҕону төрөтөн, иитэн, дьон-сэргэ убаастабылын ылан, үлэ бөҕөтүн үлэлээн, Тойбохой биир сис ыала буолан, улахан олоҕу олорбуттара. Кинилэр бэйэлэрэ элбэх оҕолоох да буоллаллар элбэх тулаайах оҕолорго көмөлөһөн, ииппит-үөрэттэрбит ыаллар этэ. Билигин 6 кыргыттара (Лидия, Надежда, Галина, Зинаида, Наталья, Мария) бары ньир-бааччы ыаллар, анал идэлээх үлэһиттэр, бэйэлэрэ оҕолордоохтор, сиэннэрдээхтэр. Аҕабыт Кирилл Романович ыра санаатын толорон сиэннэр Россия улахан куораттарыгар үөрэнэн эппиэттээх, тутаах үлэһиттэр буоллулар. Билигин хос сиэннэрэ үрдүк үөрэҕи тутуһан дойду араас куораттарыгар үөрэнэллэр. Ити курдук Яковлевтар оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ кинилэр олохторун салҕыыллар. Ахтыыны
суруйда кыыһа, Лидия Кирилловна Уарова РФ уонна СР үөрэҕириитин туйгуна, СР үөрэҕириитин бочуоттаах ветерана. |
|