Суббота, 28.12.2024, 14:50
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 13
Гостей: 13
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Июль 2021  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
       1234
    567891011
    12131415161718
    19202122232425
    262728293031
    Главная » 2021 » Июль » 23 » "Каака" аҕа ууһа
    03:58
    "Каака" аҕа ууһа
    "Каака"  аҕа  ууһа

           Биһиги тыйыс айылҕабытыгар былыр-былыргыттан биһиги өбүгэлэрбит барахсаттар барыта илииннэн үлэлээн-хамнаан, оҕо-уруу төрөтөн кэлбиттэригэр махтанан, саатар ааттарын ааттаан ааһыахтаахпыт.  Тэҥкэҕэ кинигэтэ тахсар буолан, тугу билэрбитин сөргүтэн, суруйар хаалларарга түгэн үөскээтэ.
             Былыр Николай Иванович  (Сөрүөк) диэн киһи кэргэнинээн Ксения Яковлевналыын   Тэҥкэттэн куокунулуур суол кытыытыгар "Саҥа күөл" диэн сиргэ олохсуйан  олорбуттар эбит.  Кыралаан эргинэр, Тэҥкэ биир кыанар ыала үһү.  Элбэх кыыс оҕолордоох эбит, 1872 сыллаахха  күүтүүлээх уол оҕо төрөөбүт. Эдьиийдэрэ бу оҕону каака уол диэн ааттыыллара диэн  кэпсииллэрэ, сүрэхтэнэн Яковлев Киргиэлэй Николаевич диэн буолбут. Дьэ бу уолуҥ улаатан Евдокия Алексеевналыын ыал буолан,    10 оҕону төрөтөн "Каака" аҕатын ууһун төрүттээбитэ. Оҕолорун аҕабыыт Николаев диэн     фамилиянан сурукка киллэртээбит. Архивка 1927 с. I Нөөрүктээйи нэһилиэгин испииһэгэр  Яковлев Г.Н.  55 саастаах, 6 оҕолоох диэн киирэ сылдьар.  Анатолий Руфович биһиги аймах төрүччүтүн оҥорон саҕалаабыта, мин ону ситэрэн  238 киһини киллэрэн салҕыы оҥоро сылдьабын.
    Николаева Агафья Егоровна

    Степан Егорович, Агафья Егоровна

          Каака улахан кыыһа Агафья атын ыалга иитиллэн Егоровна буолбут, икки уоллаах. Агафья сэрии сылларыгар колхозка  үлэни кыайыгас, түһэриллибит былааны барытын толорон буолан, хаһыакка тахсан турар эбит.  Мин Тэҥкэттэн кэлиэхпиттэн сайын  Алааппыйдаахха сайылыырым.  Кинилэр Сүрэх диэн Улгумда эбэ саамай көстүүлээх сиригэр олорбуттара. Айан суолунан ааһар элбэх киһи сылдьан чайдыыр ыала этэ. Улгумда ол саҕана ыала аҕыйаабыт кэмэ эрээри, маҕаһыыннааҕа. Мин кэллэхпинэ, эдьиийим барыанньалаах сүөгэй сиэтэрэ, ол билигин да саамай сөбүлүүр аһым. Омос көрдөххө кытаанах соҕус саҥалаах-иҥэлээх курдук эрээри, намыын куолаһынан киһи сатаан утары эппэтин курдук саҥарар кэбиһэр эмээхсин этэ, дьон – сэргэ убаастыыра, аймахтара бары ытыктаан "Хотун эдьиийдэрин" курдук көрөллөрө. Алааппый икки оҕотуттан 5 сиэннээх, 17 хос сиэннээх, 7 хос-хос сиэннээх.



    Ийэм Улгумдаҕа

         Оскуолаҕа сылдьан Анньыыскалаахха олордохпутуна, сайын Алааппый Анньыыскаҕа кэһиитин эт ыыппытыгар аһара да үөрбүтэ, Марбаҕа Федоровтарга эмиэ эт ыыттарааччы. Интернатка олордохпуна ийэм биирдэ да кэлэ сылдьыбатаҕа, арай Алааппый хайдах олорор эбит диэн кэлэн көрбүтэ. Онон эдьиийим киһиэхэ барытыгар кыһаллар этэ диэн  өйдөбүл хаалбыт.  Агафья улахан уола биһиги аҕа ууһа  баар суох тумус туттар киһибит Владимир Степанович туһунан  сиһилии суруйуом.

         
    Николаев Владимир Степанович

    В.С. Николаев  өр кэмҥэ Сунтаар театрын режиссерынан үлэлээбитинэн биллэр, дьиҥинэн билиҥҥи курдук туһунан директор дуоһунаһа суоҕа, онон директор эбээһинэһин барытын бэйэтэ толорон кэллэҕэ.  Владимир Степанович режиссер быһыытынан  дьону кытта тапсан үлэлиир дьоҕурдааҕа.  Араас хараахтырдаах, артыыс үөрэҕэ да суох, атын - атын идэлээх буолан үлэлиир кэмнэрэ сөп түбэспэт дьону биир санааҕа түмэн, 30-ча испэктээкили туруорбута. Саха драматурдарын бөдөҥ айымньыларын барытын туруорбута диир омуннааһын буолбатах дииллэрэ, оннооҕор кыайыы күнүгэр анаан Украина  суруйааччыта А. Макаенок "Трибунал" испэктээҕин бэйэтэ талбаастаан туруоран, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыттаах. Театр республикаҕа бастыҥнар ортолоругар ааттанара.
         Оройуоҥҥа буолар улахан тэрээһиннэр РДК-ҕа буолар буоланнар, бары кинилэр үрдүлэринэн  барара.  Улуу бырааһынньыктар тэрээһиннэрэ,  испэктээх  репетицияларын ыксаллаах  кэмнэригэр режиссер  үлэтэ сороҕор түүн 2-3 чааска дылы барарын, кулууп үлэһиттэрэ  эрэ билэн эрдэхтэрэ. Барахсан манна барытыгар  хааһахтан хостуур курдук  хантан булан   кутар - симэр  диэх  айылаах  ыыталыыра.            Хайдахтаах да кэнсиэр  Болуодьа конферанстыыр буолаҕына олус чэпчэкитик, өрө күүрүүлээхтик, көрөөччүлэри үөрдэр курдук  барара.  Өссө үлэтин быыһыгар  тамадалыыр, мин сыбаайбабын ыытан улаханнык киэргэтэн турар, кини кэлэр буолан уруу пааркаҕа буолбута.         
         Сунтаардарга "Олоҥхо дойдута" диэн үрдүк сыанабылы биэрбит ааттаах-суоллаах сурахха киирбит ыһыахтарбыт  республикаҕа киэҥник биллэллэрэ. Ону норуоттан тахсыбыт талааннаах дьону түмэн ситиспиттэрэ. Өссө биир түгэнинэн Владимр Степанович    норуот ырыаһыта, сүдү киһибит  Зверев С.А.-Кыыл Уола ырыатын, үҥкүүтүн ансаамбылын кытта ыкса үлэлээбитэ буолар.  Фольклору сценаҕа таһаарарга, сатабыллаахтык атын жанрдары кытта сөпкө дьүөрэлииргэ,  режиссер быһыытынан элбэх сыратын биэрбитэ.   Ыһыах сценарийын сүрүн өттүн Владимр Степанович бэйэтэ суруйара, режиссердаан туруорара уонна диктордаан кини эрэ ыыттаҕына сатанар курдуга.        
             Саха сиригэр бастакынан "Оһуокай дьиэтэ" диэн ааттаах норуот айымнньытын биһигин тэрийиитэ, ол саҕанааҕы политика төрүт үгэстэрбитин "былыргы, хаалынньаҥ"  диэн,   соччо сыаналаабат кэмнэригэр  улахан суолталаах быһаарыныы этэ. Республика үрдүнэн олоҥхону,  оһуокайы өрө тутууга, үөрэтиигэ, сайыннарыыга үлэ саҕаланарын түстээбит эбит.    Кини өссө олоҥхону сценаҕа туруоруон олус баҕарара, ол кынан баран таҥаһын-сабын, бутафориятын оҥоруута, тиктэриитэ кыаллыа суоҕа диэн саарбахтыыра, ол саҕана былыргы сахалыы таҥаһы тигэр да киһи баара биллибэтэ.    Ити билигин олоҥхобут үөһэ таҕыста, детсад оҕолоруттан саҕалаан олоҥхолоон чобуоххайаллар.              
             Владимир Степанович бары өттүнэн дьэгиттэр талааннаах этэ, сүүрбэччэ ырыа мелодиятын айбыта биллэр, дириҥ ырытыылаах, киэҥ көрүүлээх суруйар талаана арыллан испитэ,   хоһооҥҥо эмиэ боруобаланан көрөрө.  Уус - уран ааҕыы дьиҥнээх маастара этэ,  1-2 чаас  тохтоло суох поэмалары  өйүттэн ааҕыталыыра.  Байааны хаба тардан ылан ыллаан да дьиэрэтэрэ, үстүү чаас устата тирэнэн туран дьон болҕомтотун тутуу, элбэх сыраны-сылбаны ылара. Тапталлаах көрөөччүлэрэ махтанан дохсун ытыс тыаһынан көрсөн күүһүгэр күүс эбэллэрэ.
           Владимир хоһоону уус-ураннык ааҕарын кыыһа Зоя олус умсугуйан истэрэ уонна бэйэтэ ааҕыан баҕарара. Билигин көрбөттөр библиотекатыгар волонтер буолан аудиоҕа хоһоон, кэпсээн ааҕарын көрбөттөр сөбүлээн истэллэр, онон баҕа санаата туолла. Ону таһынан саастаах дьоҥҥо араас туһалаах тэрээһиннэри ыытар, хоһоон, кэпсээн, ыстатыыйа суруйан элбэх кинигэтэ таҕыста, мэлдьи олох үөһүгэр сылдьар. Бордоҥнорго Улгумданы хоһоон гынан хоһуйбутунан, кэпсээн оҥорон тэниппитинэн биллэр. Сири-дойдуну кэрийэрин сөбүлүүр, маны барытын сырдатан дьоҥҥо тиэрдэн иһэр. Ол эрээри эһэтэ сылдьыбыт Эһэ хайатыгар, билигин да аллараннан үчүгэй сырыы суох буолан  тиийэ илик.
          "Соҕотох актер театра" диэни республикаҕа биир бастакынан олохтообута,  патриотическай үрдүк пафостаах хоһооннортон лирикаҕа тиийэ,  көрүдьүөстээх сытыы  сатираттан норуот фольклоругар тиийэ, улахан айымньылартан  эстрада миниатюраларыгар тиийэ толортуура. Урут барыта акылаат хамнас иһигэр хаалла сылдьар кэмҥэ, аныгылыы өйдөбүлүнэн  үрдүк дохуоттаах шоу-бизнес шоуменын бастакы хардыыларын кини саҕалаабыт эбит.    Кулууп үлэтигэр  саҥа, сонун сүүрээннэри киллэртиирэ.  Кэрэ кыргыттар күрэхтэһиилэрин,  "Кырдьыбат эдэр саас" диэн оройуон уһулуччу талааннаах дьонноругар анаан Айар киэһэлэр тиһиктэрин  ыыталыыра.  Владимир Степанович дьоҥҥо истиҥ сыһыаннааҕа, хас биирдии киһини кытта үөрэ - көтө кэпсэтэрэ, ордук кырдьаҕастарга амарах этэ. Театрын артыыстара, үлэһиттэрэ кинини  аһара убаастыырбыт таҥара курдук көрөр этибит диэн суруйаллар.
          Аны  Саха сиригэр гастроллаан тиийбэтэх сирэ суох буолуохтаах, аһаҕас массыынанан тиэллэн, тымныыттан тымныы кулууптары кэрийэн үлэлиир түгэннэрэ элбэҕэ. Ордук хоту улуустарга хааттарыы, суол көрдөөһүнэ салайааччыттан улахан тутулуктааҕа.  Римма Александровна бэйэтэ оскуолатын бүппэт үлэтин быыһыгар, кэргэнэ маннык сырыылардаах  үлэтин тулуйан, түөрт оҕолорун иитэн  дьоллоохтук олорбуттара.             
                 Хомунньуустар баһылаан олордохторуна культура үлэһиттэрэ фермаларынан, звеноларынан кэрийэ сылдьан партияны уруйдуур-айхаллыыр,  үлэһиттэри көхтөөх,  өрө күүрүүлээх  үлэҕэ күөттүүр,  нэһилиэнньэ сынньалаҥын тэрийэр  эбээһинэстээхтэрэ. Бордоҥҥо "Кочан" оҕолор лааҕырдарыгар агитбиригээдэ кэлэн концертаабыттарын көрбүттээхпин, ол кэннэ Варшавянка Матвеевна уоттаах-күөстээх тыл эппитэ.
         Салайааччы быһыытынан санаабытын көнөтүнэн этэр, кытаанахтык туруорсар уонна тойоҥҥо-хотуҥҥа бэрт буола сатаабат майгылааҕа.  Культура эйгэтигэр аһара политиканы киллэрэн, айар куттаах киһи санаатын хоту дьаһанарыгар  райком хаарчахтыырын, орооһорун олох сөбүлээбэтэ, онто ол кэмнээҕи былааска сөптөөх аакка–суолга, сыанабылга  тиксибэтэҕэр көмөлөспүт буолуон сөп.
         Итини таһынан сэбиэскэй кэмнээҕи араас субботниктар, оскуолаҕа  саһаан бэлэмэ, тэрилтэлэр тыаҕа тахсан эбэһээтэлинэй оттуур  былааннарыттан ким да туора турбата. Культуралар  Кырамдаҕа оттууллара, Владимир манна эмиэ  инники,  аатырбыт "маастар Бүөтүр" эрэ кэнниттэн сылдьар илииннэн от охсооччу этэ.  Ыарахан үлэ кини обургу ону-маны тэрийэн,  көр-нар аргыстаах ааһара. Володя Улгумдаҕа олорон биир күн охсубутум 3 тонна буолла диирин, бэйэм истибитим. Сынньалаҥын  быыһыгар тахсан Бэрэҕэ баар үлэ-сынньалаҥ лааҕырын оҕолоругар кэнсиэртээн, кэпсэтэн киирээччи. Райкомнар  бүччүм сири Оторууһу булан оттууллара.          
         Оскуолаҕа да, студенныы да сылдьан Сунтаарга кинилэргэ түһээччибин. Элбэх ыалдьыттардаах буолааччылар, Римма Александровна аһа-үөлэ мэлдьитин бэлэм. Ол саҕана сөмөлүөккэ анньыһыы, хас да күн хааттарыаххын сөбө. Фортепиано дьиэтигэр атыылаһан баран, оҕолорбун кытта бэйэм тэҥҥэ үөрэнэбин диэн күлээччи. Киэһэ хаһан утуйара биллибэт, хара сарсыардаттан сүөһүтүгэр  түбүгүрэр баран үлэтигэр барара.          
         1992 сыл от кэмигэр Улгумдаҕа Владимир Степанович  юбилейыгар анаммыт тэрээһин буолбута. Манна Сунтаар культуратын үлэһиттэрэ уонна Бордоҥтон ыҥырыылаахтар мустубуттара.
     
               Оттубут уота умайар, аата ааттанар, олоҕо салҕанар.

        
    Варвара Михайловна, Николай Степанович   

    Иккис уола  Николаев Николай  Степанович 1964 с. Варвара Михайловналыын ыал буолан Тулагыга олохсуйбуттара. Варвара бухгалтерынан, биригэдьииринэн, Николай электригинэн, уу ыстарыытыгар моториһынан үлэлээн, куораты оҕоруот аһынан  хааччыйаллара. Үрдүк үүнүүнү ылан массыына, мотоцикл фондата бөҕөнү хомуйаллара, ким хайа иннигэр фондаҕа Т-16 трактордаммыттара. Тулагылар үлэһит дьоннор, киһи барыта сүөһүлээх да, сарсыарда аҕыстан кэлэн үлэҕэ хомуйалларын сөҕөрүм. Николай  эмиэ баардаах киһи - ырыаһыт бэрдэ, тамада ааттааҕа. Республикаҕа биллэр Турциянан, Болгариянан, Кытайынан ыырдаах  Тулагытааҕы "Лыгый" диэн эр дьон вокальнай амсаамбылын  солбуллубат ырыаһыта.     
            Уоллара Владимир суоппар идэлээх, милицияҕа эҥин үлэлээбитэ, билигин 8 оҕолоох, 2 сиэннээх  Тулагы биир быр-бааччы олорор ыала.                         
      Мин кинилэргэ 1972 сылтан сылдьабын, аһара ыалдьытымсах, мэлдьи үөрэ-көтө көрсөр ыаллар.  Быстыбыт-ойдубут абитуралыыр, студенныыр кэмнэрбэр  абыраан тураллар, мэлдьи сылдьан ааһаар диэн сырытыннаралларын билигин аһара махтана саныыбын.       Коля элбэх саҥалаах-иҥэлээх, көрдөөх-нардаах, үтүө майгылаах киһи, аймахтарын умнубат, куоракка  Руфовичтаахтыын сибээһин быспат, мин уолбар да охсуллан ааһааччы,  Өлөксөөндүр уола Николайдыын ордук тапсаллар.  
          Сиэннэрэ тэрийэннэр, кэргэнинээн Варвара Михайловналыын 55 сыл бииргэ олорбуттарын бэлиэтээн,  2019 сыллаахха Дьокуускай куорат сыбаайбалыыр дыбарыаһыгар Кыһыл көмүс  сыбаайбалара   буолбута. Билигин да кырдьары билиммэккэ, сиэннэрин тапталларыгар угуттанан Тулагыга олорор.
          Аҕалара Степан Егорович кыһын каникул кэмигэр буолуо, атын сыарҕатыгар сиэннэрин сааһылаан олордуталаан,  Алааппый эмиэ барсар, Нээлбиктэҕэ киинэ көрө барарбытын өйдүүбүн.  Акка олорсор үчүгэй да буолааччы.  Мин Владимир Степанович аҕатын Степан Егоровиһы  сааһыран да баран сүрдээх тэтиэнэхтик туттар-хаптар, ыйааһыннаах тыллаах, сатабыллаах салайааччы буоларын элбэхтик бииргэ олорбут уонна салайарбыт окко звенотугар үлэлээбит буоламмын билэбин. Степан Егорович Улгумдаттан саҕалаан, Нээлбиктэ, Тараҕай, Анабы, Бэттиэмэ, Андылаах түбэлэрин уонна ол быыһыгар баар кыра  сирдэри  барыларын оттоторо. Манна үлэлиир мехзвеноны, ат, илии охсооччулары, кээһэр биригээдэлэри барыларын ыпсаран үлэлэтэрэ. Биирдэ күһүн өссө Хайаанчаҕа зеленкаҕа бырахпыттара, онно тайах сиэбиппитин өйдүүбүн. Кэлин устудьуоннуу сылдьан күһүн Нээлбиктэҕэ хотон ремонната сырыттаҕына, Иван Егорович Нээлбиктэ уҥуор икки тайаҕы суулларбытыгар, Ыстаппаанныын баран биирдии рюкзак эт сүгэн кэлбиппит.
          Степан сэрии саҕана колхоз председателынан, атыыһытынан үлэлээбит эбит. Растратаҕа түбэһэн, Кэмпэндээйи колониятыгар түбэспитигэр, Агафья  икки уолунаан  Кэмпэндээйигэ тиийэн олорбуттара. Онтон НКВД "Дальстрой" Верхоянскай Эһэ хайатыгар баар хорҕолдьуну хостуур  кистэлэҥ  лааҕырыгар бырахпыттара. Бу тыйыс айылҕалаах, хаайыылаахтар айанын да тулуйбакка аара өлөр сирдэригэр, дойдуга обороннай суолталаах хорҕолдьун аҥаара хостоноро. Манна ыарахан үлэни, аһылык куһаҕанын, атаҕастабылы тулуйбакка үгүс киһи өлөрө.  Магадантан салаллар буолан, үксэ атын холуонньаларга баппатах  нууччалар кэлэллэр эбит. Сүрдээх тымныыга, мэлдьи тыаллаах хайаҕа суол солообуттар. Сталин тус бэйэтинэн каартаҕа тардыбыт сиринэн оҥоһуллубут 64 км уһуннаах көбүс-көнө суоллара билигин да баар үһү.
        Бүлүүчээн олохтооҕо син улахан дуоһунастаах киһи, Степан балтын Дора Егоровнаны көрсөн, "Нууччалыы аһара билэр уонна  салайааччылары, нууччалары кытта тэҥҥэ аахсар буолан, кини эрэ баар буолан бу ынырык дойдуттан тыыннаах элгиллибиппит" диэн улахан махтал тылларын эппит. Ону кэлэн Степаҥҥа кэпсээбитин "Билэр киһим" диэбит, билсэ сатаабатах. Оҕолоругар күлүк түһэримээри буолуо, ол туһунан тугу да кэпсээбэт эбит.  Кэмпэндээйи олоҕун этинэн-хаанынан билбит Володя аҕатын туһунан үчүгэй ахтыыны суруйуо этэ.  

    Николаева Анна Григорьевна

          Мин ийэм Анна Григорьевна 1910 сыллаахха төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ кэргэннэнэн 1938 с. Игнаты оҕоломмута. Кэргэнэ бу сиртэн эрдэ күрэнэн, оҕотун борбуйун көтөҕөөрү сэрии кэмигэр Мухтуйаҕа  эдьийигэр  Натаайга киирэн олоро сылдьыбыта. Онтон Тэҥкэҕэ кэлэн фермаҕа үлэлээбитэ. С.А. Саввиновтыын ыал буолан Колятын оҕоломмута, Сэмэн сэриигэ ылбыт баастара бэргээн 1952 с. өлөөхтөөбүтэ. Ол да буоллар ийэм санаатын түһэрбэккэ, өссө биир оҕолонон, соҕотоҕун барыларын атаҕар туруортаабыта, үөрэхтэтэлээбитэ. Кэлин Улгумдаҕа көһөн кэлэн Нэлбиктэҕэ, Кумакылаахха, Кур Оттооххо 1973 с. хараҕынан инбэлиит буолуор дылы үүт эрийээччинэн үлэлээбитэ. Мин үөрэнэр кэммэр Бердьигэстээххэ уолугар тэһийбэккэ, Матросов Арамааннаахха кэлэн олорбута. Араамаан оҕолоро бары  эбээбит  диэн улааппыттара. Онон Морууһалаах Роман улаханнык абыраан тураллар. 

    Ийэм сэрии саҕана Мухтуйаҕа Кынаачайдыын

           Ийэм сааһыран баран икки хараҕынан көрбөт буолан баран, иэдэйдим-хааттардым эҥин диэбэтэ, хата көмөтө элбэх этэ.  Иһит сууйааччыбыт кини, өссө киэһэ оһох сабар, быа хатар, тирии имитэр, сиэннэрин киниэхэ быраҕан баран үлэбитигэр барабыт. Ийэбэр диэн ааттаан телефон киллэттэрбитим, фондаҕа сабыс–саҥа кэлээскэлээх мотоцикл ылбытыт. Альбина тэрийэн эбэбит юбилейдарын ылан иһээччибит. 85 сааһын ыларбытыгар, эмээхсиниҥ хата уола Кынаачайдыын үҥкүүлээх тэлээрэр видеота баара.
         Ийэм революция иннигэр сүрэхтэммит таҥаратын кириэһин бастакы сиэнигэр бэлэхтээбитэ уонна бастакы "хос сиэммэр салгыы биэрээриҥ" диэн эппитин толорон, бу кириэс билигин бастакы хос сиэнин дьонугар баар, онон өйдөбүнньүк буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ туруо диэн эрэнэбит. Ийэбит 1996 с. бу сиртэн сэбиэскэй былааһы аһара түһэн, уҥуоҕар кириэс турбута. 
        Игнатьев Игнат Иннокентьевич

       Мин убайым Игнатьев Игнат Иннокентьевич 1937 с. Тэҥкэҕэ төрөөбүтэ. Сэрии саҕана аччыктааһын эрэйин-кыһалҕатын билэн улааппыта.  "Биһиги бэйэбит бурдук ыһынарбыт, илдьииҥҥэ бурдук буста да, хатаран, суоруналаан сии охсорбут. Аччык буолан мэлдьитин аһылык туһунан санаан тахсарбыт. Бурдук быһыытыгар биһиги Матросов Романныын кылаат тиэйиитигэр сылдьарбыт. Киристэпиэр өтөҕөр уонна арҕаа Кулун оҕуруота диэн сиргэ иккилии этээстээх ампаардар бааллара.  Хомуур кэннэ буолаҕа куолас итигэстиирбит, кутуйах моҕотой хасааһын хомуйарбыт. Ильинтэн, Лахарайтан куттанан, Оторуустан түүн таһаарарбыт уонна хаһаанан иһэрбит" - диэн ахтара. Аччыктааһыны билэн улаатан буолуо, Игнатий аһылыгар дэлэгэй соҕустук туттааччы, остуолугар мэлдьи  эт баар буолааччы.
      Бордоҥ оскуолатыгар учууталынан үлэлии сылдьыбыта, ол саҕана аһара көхтөөхтүк бириэмэни атаараллара, дуобаттаан тахсааччылар, бэйэтэ куһаҕана суохтук оонньуура. Өйүгэр икки бэлиэлээҕи икки бэлиэлээххэ өйүгэр түргэнник төгүллүүрүнэн оҕолору сөхтөрөрө.
        Өр сыл Түбэйгэ математика учууталынан үлэлээбитэ. Матвей Евсеев кини үөрэнээччитэ. Үөрэппит кыыһын Шураны кэргэн ылбыта. Спорт өттүгэр Түбэйдэр аһара түмсүүлээх нэһилиэктэр, Александра общественник бэрдэ, онно барытыгар кыттан иһээччи этэ.
          Игнат мин дьиэ туттарбар элбэхтик көмөлөспүтэ, кэллэҕинэ оҕолорго эбэһээт кэһиилээх  буолааччы. дьиэм түннүгүм раматын, холуодатын оҥорон, олордон  биэрбитэ.
          Түргэн туттуулаах көмүс илиилээх мас уус этэ, унты улларар колодкаларын, туос иһиттэри да оҥоттооччу, Түбэйдэри абыраан олорбута. Биһиэхэ Кынаачай тык гыннаран оҥоро охсубут табуреткатын  күн аайы остуолбут тула "Кынаачай табуретката” диэн күн аайы  туттабыт, саныыбыт.
        Г.П. Яковлев баһылыктаан олордоҕуна улуустан представитель курдук, таас тутууга Ньурба тутааччыларын кытта үлэлээбитин, республиканскай махтал суруктара, бэлиэлэрэ, грамоталара туоһулууллар.  Ол курдук Түбэй, Санаторнай – лесной, Тойбохой 264 миэстэлээх, Кутана 192 миэстэлээх, Арыылаах 162 миэстэлээх оскуолаларын үтүө суобастаахтык тутуспута.
           Игнат Роман Арьяновичтаахха Тэҥкэҕэ тиийэн дьиэ тутутуспута, өр сылдьыбатах буолан, кини да буоллар сэрэхэтийэр бөһүөлэктэн тахсыбатах, оҕолорунан лууктаппыт этэ.


    Николай Семенович, Татьяна Петровна

         Убайым Коля 1947 сыллаахха төрөөбүтэ. Урут Тэҥкэҕэ Самсонов Петр диэн хормуоскаҕа, байааҥҥа  дэгиттэр оонньуур уол баара, кыра Коля бу киһи таһыттан арахпата,  кини ырыа ыллыгар киирэригэр бу киһи оруола баар буолуохтаах.  Оскуоланы бүтэрээн музыкальнай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ.
            Николай Семенович  СР культуратын туйгуна, "Улуус сайдыытыгар кылаатын иһин”, "СӨ норуотун айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин” анал бэлиэлэр хаҺаайыннара. Бэрдьигэстээх бочуоттаах олохтооҕо, Үлэ бэтэрээнэ, самодеятельнай композитор  42 сыл Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар элбэх оҕону музыка эйгэтигэр угуйбута, оҕолоро Ленинград, Москва курдук куораттарга музыка үрдүк үөрэҕин бүтэрбиттэрэ, аан дойду араас куораттарыгар талааннарын көрдөрбүттэрэ.
          Улуус общественнай олоҕор кыттара, 1978 с. улууска "Аргыс” эдэр мелодистар түмсүүлэрин тэрийэн, өр сыл салайан үлэлэппитэ. Бу түмсүү билигин да үлэлиир. "Кылыһах" диэн саха национальнай оркестрын тэрийсибитэ, оркестр састаабыгар киирсэн ССРС лауреатын аатын ылбыттара,  Москванан, Ульяновскайынан ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Улуус хоровой обществотын салайсыбыта, хор республикаҕа бастааччы.   
                     Итини таһынан элбэх ыччат таптаан ыллыыр ырыаларын мелодияларын айбыта, народнай  оркестр репертуарыгар элбэх айымнньыта киирбитэ, ол иһигэр "Бүлүү биэрэгэр" диэн үс чаастаах сюитата.   Народнай театр элбэх пьесаларыгар доҕуһуоллуур музыканы, юбилейнай ыһыахха үҥкүү мелодияларын, өрө күүрүүлээх хоровой  ырыалары суруйбута. Элбэх ырыатын хомуурунньуктара бэчээттэммиттэрэ. Саха музыкальнай культуратын олоххо киллэриигэ ситиһиилэрин иһин 1982 с.  "самодеятельнай композитор" аата иҥэриллибитэ.
       Төрөөбүт дойдутугар анаан Тэҥкэҕэ улаханнык убаастанар ытык кырдьаҕас Яковлев П.К. тылларыгар айбыт  "Тэҥкэ" диэн ырыатын, нэһилиэк гимнин курдук олохтоохтор сөбүлээн ыллыыллар.  Бу ырыа тыллара Тэҥкэ кулуубун көстүүлээх истиэнэтин киэргэтэр.  Бу ырыа буолан көппүт хоһоон тыллара соторутааҕыта саҥардыллыбыт  искибиэргэ киллэриллэн үйэтилиннэ.
           Кэргэнинээн  ССРС, СР культуратын туйгуна, Горнай улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, үгүс ырыатын автора Саввинова Татьяна Петровналыын  2010 сыллаахха Горнайга ыытыллыбыт "Олоҥхо" ыһыаҕын Гимнин музыкатын, тылын автордара буолбуттара айар үлэлэрин биир дьоһун суолталаах ситиһиилэрэ этэ.
          Кэргэнэ баарыгар сүөһүлэрин тутан олорбуттара. Икки уоллаах, төһө да ыарытыйдар Бэрдьигэстээххэ уолугар сиэнин көрсөн олорбута.

    Егорова  Наталья Григорьевна

    Натаай Алааппыйдыын

    Егоров Владимир Васильевич

         Наталья Сунтаарга олорбута, икки уолаттардаах этэ. Мин отой кырабыттан, Тэҥкэҕэ начальнайга  үөрэнэ сылдьан, Сунтаарга  киирэн сайылааччыбын, ол саҕана Тэҥкэттэн катер курдук кыра борохуот сылдьааччы.   Иван Константинович кыргыттарын кытта Тумуһукаантан баран килиэп ылааччыбын, кулуупка баран киинэ көрөөччүбүт, сөтүөлээччибин. Ыскалаакка үлэлиир буолан араас компотунан аһатааччы. Оскуолаҕа үөрэнэ да сылдьан кыһын хонооччубун. Кыра уола Владимир Сунтаарга РТС-ка олоро сылдьыбыта, кэргэнэ хоту буолан онно көспүттэрэ. Кэнники үлэһит да буолан баран Натаайга сылдьааччыбын, сыбаайбабар сылдьыбыта.


    Эдуард Васильевич

      Наталья улахан уола Эдуард Васильевич кэргэнинээн Сунтаарга олорбуттара.  Кэргэнэ СӨ Норуотун үөрэҕириитин туйгуна Маргарита Яковлевна  сытыы - хотуу,   активнай позициялаах, партийнай үлэ саамай  үөһүгэр сылдьыбыт салайааччы буоллаҕына, Эдуард Васильевич  холку, сымнаҕас майгылаах киһи. Кини үйэтин туххары  музыка учуутала.  Уруокка хаһан да оҕолорго улаханнык саҥарбат эбит да, аһара истэллэрэ үһү. Оҕолорго кэрэни  биэрэр аналын толорбута,  үөрэнээччилэрэ учууталларын убаастаан мэлдьи кэлэн  музыка истэллэрэ диэн, оҕолоро суруйаллар.  
            Дьиэтигэр өссө биир  таптыыр дьарыгынан  аһылык астааһына эбит.  Билигин сиэннэрэ эһэлэрин наһаа үчүгэйдик саныыллара, ахталлара уонна киэн тутталларын суруйаллара, истиэххэ үчүгэй баҕайы.
        Мин билэрбинэр Эдуард Бордоҥҥо Руфовна кыыһын сыбаайбатыгар, мин ийэм юбилейыгар, Өлөксөөндүрү бүтэһик атаарыыга тахса сылдьыбыта.  Өлөксөөндүргэ элбэх баҕайы киһи мустубутун, аһара үчүгэйдик тыл эппиттэрин истэн баран, дьиҥнээхтик убаастыыллар эбит диэбитэ.
          Эдуард мин убайбын  Игнаты кытта  бииргэ улааппыттара. Натальялаах Василий Константинович Ленскайга олордохторуна, мин ийэм Игнат кыратыгар онно баран олоро  сылдьыбыта.  Кырачаан Игнат уонна Эдик түспүт хаартыскалара баара, сүтэн хаалбыт.    Кынаачайдыын сырыттахпытына Маргарита Яковлевна баарыгар  кинилэргэ күүлэйдээччибит, бу икки улахан культуралаах дьон олус маанытык көрсөөччүлэр.
    Эдуард  хос сиэнин ахтыыта:
            Когда я приежаю в родительский  дом я всегда обращаю внимание на книжный стеллаж – напоминание о нашем Эдике. Вы знаете человека, который перечитал кучу книг и невероятно музыкален? Таков вот наш дедушка Эдуард Васильевич. На протяжении всей жизни мы встречаем много удивительных людей. А нам повезло чуть больше, мы с таким  человеком оказались близкими  родственниками. Невероятно эрудированный, веселый и идейный. На самом деле родители моей мамы, мои Эбээкэ Эдик встретились не зря. Они пополняли друг друга. Передовая женщина и эрудированный мужчина. Они посетили кучу стран! Представляете, кучу! Он любил классическую музыку, у него была целая коллекция пластинок. Помню как он играл на аккордеоне, а я пританцовывала и даже подпевала.
         Эдуард Васильевич был учителем музыки. Все ученики обожали его, как хорошего педагога. Он очень сильно любил детей, внуков. Любил рассказыватьчто-нибудь, дать конфетку, пока никто не видит.  Сейчас с высоты своего возраста, я думаю, что никто не может любить так, как любят бабушки и дедушки. Это больше, чем просто любовь и нежность.  Они готовы дать все лучшее, чтобы мы были счастливы.  Очень скучаю и горжусь, что у нас – Гриши, Даши, Дениса и меня такой замечательный дед, который подарил нам незабываемое счастливое сунтарское детство.
      Правнучка Натай – Наталии Григорьевны, внук Эдуарда Васильевича.

       Бу үс эдьийдиилэр төһө да революция, икки улахан сэрии  ыарахан дьаххааннаах кэмигэр  олордоллор,  уһун үйэлэммиттэрэ.  Уолаттара  бары музыкаҕа сыһыаннаахтара, төрдүбүтүгэр баара буолуо.  Бу талаан кэнники көлүөнэҕэ  удьуордаан бэриллиэ,  ону таһаарыы эбээлэрбитинэн киэн туттуубут, иэспит буолар. 
     

    Фекла Николаевна
    Александр Алексеевич Николаевтар

    Николаев Александр Алексеевич аҕатынан Каака сиэнэ буолар. Ийэтэ Харитина Тэҥкэ төрүт олохтооҕо Нестеров Николай Афанасьевич кыыһа этэ.
        Өлөксөөндүр Фекла Николаевналыын ыал буолан 6 оҕону төрөппүттэрэ. Техникаҕа сыһыаннаах буолан, шофер идэтин баһылаан массыынаҕа суоппардаабыта.  Мин кырабар Тэҥкэҕэ дылы олорсооччубун, ол саҕана сайын ходуһа аана  элбэҕэ, суол нэксиэтэ сүрдээх буолара.  "Былыр үйэҕэ хараҕа сүтэн  баран, айаннаан иһэр"- диэн күлэр буолаллара.
           90-с сылларга  Феклата эрдэ ыалдьан өлөн хаалан оҕолорун бэйэтэ атаҕар туруортаабыта.  Оторууска Өлөксөөндүр саас оҕонньоттору кытта тоҥ дьиэҕэ хоно сытан бурдук кууллааһыныгар үлэлээбитэ, бу курдук кадровай булчут буолан бултуурун быыһыгар араас хара үлэҕэ үлэлиир этэ. Биирдэ киирэ сырыттахпына тайах этэ эттии олороро, булчут буолан бултаан эбинэрэ. Бу ыарахан кэмнэргэ хамнас хас да ый кэлбэтэ, маҕаһыыҥҥа бородууктаны түбэстэххинэ  ылар кэмнэргэ, киниэхэ өссө ыарахан буолуохтаах. Уолаттара Саша, Гоша, Өлүөскэ булчут күрэҕэр бастыыр,  кыанар, маска да тимиргэ да үчүгэй үлэһит уолаттар этилэр, ол саҕана хамнастаах бастайааннай үлэ да көстүбэтэ. Дьоҥҥо үөрэ–көтө көмөлөһөн идэлээх этилэр, билигин уолаттары элбэх киһи үчүгэйдик саныыр буолуохтаах.  Өссө  биир сэдэх идэлээхтэрэ, сыарҕа иэҕэн оҥороллоро. Онтулара барбат буолбутугар  кыра сахалыы салааска иэҕэн оҥорор атыылыылларын, элбэх ыал туһаммыта, мин  билигин да балбаах соһобун.
           Билигин сытыы-хотуу 12 сиэннэрэ, 7 хос сиэннэрэ бары үөрэнэн, ыал буолан, бу олоххо суолларын булан  Өлөксөөндүрдээх Фекла олоҕун салгыыллар.
           Өлөксөөндүр балта Вера Алексеевна Бордоҥҥо Алексей Михайловичтыын ыал буолан 4 оҕолонон олорбуттара. Төрдүс оҕотун оҕолоноору бу олохтон туораабыта. Эбэлэрэ Харычыай оҕолорун иитиспитэ, Исай кинилэргэ олорооччу.  Мин уолаттара өссө хаампат эрдэхтэриттэн элбэхтик сылдьыбыт, аймахтарым. Мин улахан эрээрибин уолаттар улааппыттарыгар, бииргэ оонньуур этибит. Кэллэхпитинэ норма килиэп ууруллан турарын ылан сиирбитин өйдүүбүн. Билигин Леонид Кириэстээххэ, атыттара куоракка ыал буолан олохсуйан олороллор.
             Григорий Николаевич Дарья диэн кыыһын  Дьаархаҥҥа ииттэрэ биэрбитэ. Аны туран 1927 сыллаах перепиһи көрдөххө, бэйэтэ атын оҕону ылан иитэр эбит.  Бу кыыс онно улаатан Семен диэн киһилиин кэргэннэнэн икки оҕоломмута.  Дарья кыыһа Римма ийэтэ эдэр сааһыгар өлөн хаалан, атын ыалга иитиллибитэ. Римма 1967 с. Бүлүүгэ учуутал идэтин баһылаан, Дьаархаҥҥа  учууталынан үлэтин саҕалаабыта,  Савва Гольдеровтыын ыал буолан Кириэстээххэ олохсуйаллар. Манна детсад иитээччитинэн, сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, онтон өр кэмҥэ үтүө суобастаахтык учууталынан үлэлээбитэ. Дьону түмэр, тэрийэр общественник ааттааҕа, икки сыл сынньанар кииҥҥэ худруктаабыта.  Олус үчүгэй куоластаах ырыаһыт, сцена ветерана этэ.
       Мин Гольдеровтары 1987 сылтан билэбин. ЯНИИСХ -ка үлэлиир кэммэр, Кириэстээххэ улаханнык сылдьар ыалым этэ. Биһиги опорнай пууҥҥа тэрийбит оҕо лааҕырбытыгар икки кыыстара үлэлээбиттэрэ. Кэлин да Миирнэйгэ баран иһэн охсуллан ааһааччыбын. Савва Федорович билигин Дьаархаҥҥа кыыһыгар олорор.

    Римма Семеновна Гольдерова

            Үлэ бэтэрээнэ, Кириэстээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Римма Семеновна  5 оҕолонон, 18 сиэннэнэн бэйэтэ туһунан ийэ ууһун тэниттэ. Үс кыыһа, түөрт сиэнэ учуутал үөрэхтэнэн,  "Учууталлар династияларын" төрүттээччитэ буолла. Оҕолоро ийэлэрин төрүттэрин сэргииллэр, Тэҥкэҕэ кэлэ сылдьыахтарын баҕараллар.

    Анатолий Руфович Егор Даниловичтыын

     Билигин Каалартан саамай аҕа саастаахпыт Анатолий Руфович буолар. Кини 1941 с. Тэҥкэҕэ төрөөбүтэ. Бордоҥҥо олордохторуна Степанов Валеркалыын сылдьан чэйдээччибит. Бастаан Николаев Степанныын 1972 с. Горнайга сыбаайбаҕа баран иһэн сылдьыбыппыт, кэлин да элбэхтик сылдьааччыбын.  Бордоҥҥо кэллэҕинэ мин ийэбин анаан-минээн кэлэн көрсөн барааччы. Петр Степановиһы Бэрдигэстээххэ таһааран, бастакыннан миигин билсиһиннэрбитэ. Билигин кыыһын сиэннэрин кытта олорор,  телефонунан араас боппуруоска тото-хана кэпсэтэбит. Бу фотоҕа  баар Егоров Гоша, Ольга Руфовна кэргэнэ, Бэттиэмэҕэ шасси тракторга миигин олордо сылдьааччы. Тэҥкэҕэ уолаттары мунньан Мэлииһэ аартыгар баар ырааһыйаҕа футболлатара, кыһын буоллаҕына сүүрдүтэлиир буолара. Бордоҥҥо да оҕолор субботниктарыгар баар буолааччы.  Кинини батан оҕолоро, сиэннэрэ бары спортсменнар эбит.


    Өлөксөөн Алааппыйдыын

          Каака биир кыыһа Александра  Григорьевна (Өлөксөөн) Тойбохойго олорбута. Владимир Степанович кинилэри кытта элбэхтик сылдьыһара.      
                                                                    1959 с. Өлөксөөн оҕолорун     кытта                                                            
         Билигин оҕолоро бэйэ–бэйэлэрин билсиһэллэр. Эмээхсин 9 оҕолооҕо, билигин элбэх сиэннэрэ, хос сиэннэрэ бааллар. Элбэх оҕолоох урукку саха дьахталлара ыһыахха  эрэ күүлэйдэһэллэрэ. Өлөсөөн да, Алааппый да ыһыахха хорчуоппалаан үлэлэрэ дьэ киирэр эбит.      

    Оҕолорун ахтыыта:
         Биһиги ийэбит Петрова Александра Григорьевна Бордонтон тэрүттээҕин билэбин, билиҥҥи курдук төрүччүнү оҥоруу эҥин суох буоллаҕа…
         Сурдээх киэн, холку майгылааҕа,  хаһан да хаһыытыы, мөҥө-этэ сылдьарын өйдөөбөппүн. Бу ыарыйдым диэн биирдэ даҕаны балыыһаҕа көрдөрүммүтүн олох өйдөөбөппүн.    Балыыһаҕа оҕолонон тахсаат хортуоска хостоһон барара, кэлиҥҥи үс оҕо атырдьах ыйын бутэһик күннэригэр төрөөбүттэрэ.
         Кулуһуннаах ойууругар чугастааҕы ыаллардыын сатыы отоннуу барарбыт, түргэн баҕайытык хомуйара, иһиппит туола охсооччу. Рабкоопка туттаран кыһыл улахан привезной диван ылан турардаах, онтугар үлэтин барытын үмүрүтэ охсон, сытан нуктаан ылааччы.  Дьиэ түбүгэ элбэх буо.
         Сайын ыһыахха хорчуоппалааччы, хаптаһын хочуоҥкаҕа от күөх эмалированнай 20 л. баахха  алаадьы саҥыйахтаан ыһыахха киллэрээччи. Урут Тойбохой ыһыаҕар чугастааҕы нэһилиэктэртэн дьон бөҕө тоҕуоруһара. Ыһыахха кэтэр таҥастарбытын барытын бэйэтэ тигэрэ, эбиитин өтүүктээн мас плечиккэ ыйаталаан кээһэр этэ.
        Киэһэтин иистэнэрэ, түүлээҕи эмиэ сүрдээҕин тигэн испитэ, унтытыгар тиийэ, Адам Семеновичтаах 5-тээх кыыстарыгар унты тигэн, бэйэтэ уллара охсон биэрэн турардаах. Тиһэх күннэригэр диэри иистэнэн Яковлева Галя кэргэнигэр андаатар ушанка тигэн иһэн бутэрбэтэҕин кэлин киирэн ылан турардаахтар.
         Интернакка үөрэнэ сылдьан кыргыттары илдьэ кэллэхпинэ онкучахтан улахан көстөрүүлэҕэ суорат таһааран хас биирдиибитигэр миин иһэр тэриэккэлэргэ кутаттаан биэрээччи, ону кыргыттар хас кэрсүһүү аайы ахтан ааһааччылар.
         Фермаҕа улэлии сырыттахпына, сайын папабыт Москваҕа тыа хаһаайыстыбатын Быыстапкатыгар ийэбин илдьэ бара сылдьыбыта, сүрдээҕин астынан кэлбитэ.
         Бу санаатахха оҕо таҥаһын бэрийэртэн, ас бөҕө астаан солото суох буолан, Сунтаарга эдьиийэ Алааппыйга да киирэ сылдьаахтаабатаҕа, онуоха эбии хотон көрүүтэ, барытыгар бэйэтэ сылдьара, кими да көмөлөһүннэрбэтэ, дьэ ити курдук туруу үлэһит этэ.
         Үһүс  курска Иркутскайга үөрэнэ сылдьан олунньуга каникулга кэлэ сылдьан бутэһигин чэйдээн турардаахпыт. Мирнэй аэропордун справочнайыгар ыҥыран ылан, телеграмма туттара охсоннор төптөрү  похоронаҕа кэлбитим.
         Билиҥҥинэн санаатахха, олох эдэр сааьыгар 53-гэр олохтон баран турар да, биһиги өйбүтүгэр – санаабытыгар мөсүөнэ мэлдьитин тыыннаах.
     Үһүс кыыһа Зоя Новикова,
    Дьокуускай к.


    Виталий Григорьевич, Альбина Дмитриевна

                 Мин от ыйыгар Марбаҕа төрөөбүтүм. Балыыһаттан тахсарбар Матросова Настя аттаах кэлбит.  Ийэм аты миинньэн, Настя сиэтэн күлүмэн быыһынан Тэҥкэни булбуппун. Кыһын ийэм үлэлиир буолан, баалынайга уган баран хотон саамай ичигэс сиригэр, тарбыйахтар тастарыгар уурар эбит. Мария Евсеевна миигин харайбытым, ыам быыһыгар көтөхпүтүнэн дьэдьэн сиэн кэлэрим диэн, көрүстэҕинэ мэлдьитин саныыр. Тэҥкэҕэ үөрэнэ сылдьан Арамааннаахха сылдьарым, мас салааскаҕа чэй тааратыгар Раяны олордон  хатааһылатарым.
            Оскуолаҕа киириэм иннинэ Индеевтары кытта Усталаахха кыстаан олорон, Ньукулаас  өлөрбүт улара түөрт киилэ буолбута, өйбөр хатаммыт.  Оторууска Кириллин Колялалаахха тахсан хонооччубун, онно биирдэ оҕонньор өлбүтүн көрбүппүт. Бу оҕонньортон хаппыт тэллэй сиэччибит, билигин өйдөөтөххө сухофрукта буолуон сөп.  
                  Билигин Саҥа күөл сайылыгар Николаев Виталийдаахтыын оонньообуппутун аһара саныыбын. Виталий күөлтэн оҕуһунан уу баһарыгар көмөлөһөн баран, оонньуу барарбыт. Алькордаах Аркадий ол саҕана кыралар, сүүкэйдии сылдьарбыт, Валентин мэлдьитин атах сыгынньах сылдьааччы. Бэттиэмэ диэки баран сугуннаан, отонноон сиэччибит. Тихонова Римма ол саҕана улахан кыыс, биэдэрэтигэр туорааҕы кутан баран үрдугэр былаакка отонун кутан, элбэх отону хомуйбут курдук туттан күллэттиирэ. Саҥа Күөл сайылыгар нэдиэлэ аайы ГАЗ-69 массыына сиэмэ аҕалар, кураан дьыллар эбит, билигин барыта ууга бара сытар.  Иванов Эдик уол ДТ тракторынан мас сыарҕалаах кэлээччи, биһиги олорор балаҕаммытыгар кыргыттарга Лизаҕа, Олимаҕа киирэрэ. Уһаатаҕына тахсаммын үөрэппитин курдук тракторын умуруорар бочуоттаах соруктааҕым. Биирдэ эһэ биэс сүөһүнү сөхсүлэрин дэлби саралыы таппытын аҕалан баайан туралларын көрбүппүт. Ийэбинээн быһа Тойбохойго сатыы баран ыһыахха эҥин сылдьааччыбыт.  Баран истэххэ эһэҕэ сохсо баара, мэҥиэтэ ынах төбөтө сытара, кутталлаах да эбит. 
    Тэҥкэ оскуолатын үөрэнэн бутэрбитим кэннэ аҕыйах сылынан, ийэм хараҕа мөлтөөн Бордоҥҥо көспүппүт. Манна 10 кылааһы бүтэрэн, үрдүк үөрэхтэнэн, Альбина Дмитриевналыын ыал буолан икки оҕолонон, биэс сиэннэнэн үйэм тухары Бордоҥҥо олордум.

    Ахтыыны суруйда Виталий Николаев
    Просмотров: 319 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 5.0/1
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]