05:29 Холкуостааһын саҕана |
Холкуостааһын
саҕана "Народ не знающий своего прошлого, не имеет будущего”
М.В. Ломоносов Биһиги көлүөнэ сэбиэскэй былаас саамай өрөгөйдөөн, саамай тот кэмигэр олордохпут. Октябренок, пионер, комсомол, армияҕа сарсыарда аайы политчаас, үрдүк үөрэххэ научнай коммунизм, политэкономия, партком, райком итэҕэтиилээх үөрэхтэрин толору ааспыт, сэбиэскэй былааска босхо иитиллибит, үөрэхтэммит киһи санаабын суруйбуппун сорох дьон сэргиэ суоҕа эрээри, эдэр ыччат кэлин даҕаны ааҕыахтара, эһээлэрбит эбээлэрбит былаас уларыйарыгар хайдахтаах курдук ыарахан кэмҥэ олорбуттарын, үлэ бөҕөнү үлэлээн бараахтаабыттарын биллиннэр, сэргээтиннэр диэн кэҥэтэн киллэрдим. 1921 с. ревкомнар Бастакы сийиэстэригэр 30-40 сүөһүлээх ыаллар кулаак, 60 үөһээ сүөһүлээхтэр тойон хаһаайыстыбата буолаллар диэн быһаарбыттар. (ЦГА,ф.49.оп.3.д.16л.1-6.) Былаас барыта партия илиитигэр баара, кини дьаһалынан кулаактаһыны суох оҥоруунан Сунтаардааҕы партия райкома быһаччы дьарыктаммытын дакаастыыр докумуоннар НА филиалыгар (урукку партийнай архыыпка) харалла сыталларын туһунан, Бордоҥ библиотекатыгар баар А.А. Васильев 2008 с. суруйбут "Историческай очеркаларыттан" көрдүм. Манна сурулларынан Сунтаар оройуонугар 1934 с. өссө да 47 кулаак хаһаайыстыбата баара. Бу кыахтаах ыаллартан сирдэрин, сүөһүлэрин, баайдарын колхоз суотугар былдьаан ылар туһугар 1932 сыл алтынньы 23 күнүгэр партия райкома кулаак аймах көлөһүннүүр кыаҕын сарбыйарга уонна туоратарга, партия политикатын тутуспат буолууну көннөрөргө миэстэтигэр дьаһал ылалларыгар ыйыы сурук тарҕаппыт. (Ф.75 оп. 1, д. 226, л. 385.) Онтон "түүлээх булдун" эбэһээтэлинэй сорудахтара баар буолбуттара. Холобур Аллаҥа кулаагар Уаровка 2-с кварталга 150 мурукуну, 300 уу күтэрин, 24 чыс кутуйаҕы, II Бордоҥҥо үс кулаактарыгар 250-ныы муруку, күтэр бултуурга сорудахтаабыттар.(СНАФ Ф. 1164, оп. 1, д. 167, лл. 24, 27.) 1934 с. түмүгүнэн оройуоҥҥа ортотунан биир колхозтаах 393 кг, биир кулаак 566 кг эт туттарбыттарын үрдүнэн, 28 кулаак ыаллара нолуоктарын толорбокко дьыалалара суукка бэриллибит, дьыала хайдах көрүллүбүтэ сэрэйиллэр, хаайыыга ыыталаабыт буолуохтаахтар. (Васильев А.А. стр.50). Сэрии сылларыгар Сунтаар оройуонун Норуодунай суута 1877 киһини сууттаан, 1625 киһини хаайыыга ыыппыта. (Кыым.28.06.2018.№25.с.39). Сэбиэскэй былаас киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук буруйдаталаан бааһынайдар баайдарын былдьаталаабыттара, бэйэлэрин хаайыыга ыыталаабыттара. Сталин быһаччы дьаһалынан кулаактааһыҥҥа Россия үрдүнэн 5 мөл. киһи түбэспитэ. (2003с."История отечества”.учебник.141с.) Ити курдук баайдар хаһаайыстыбаларын, билиҥҥинэн тэриллиилээх чааһынай хаһаайыстыбалары эһэн баран, кулаактары билиҥҥинэн бааһынай хаһаайыстыбалары эстэлээбиттэрэ. Бу курдук саамай үлэһит дьоммут хаайыы дьоно буолбуттара. Бу туох айылаах дьон сүөһүтүгэр саба тустүлэр диир буоллахха, коммунистар кылааһа суох, чааһынай бас билиитэ суох коммунистическай обществоны тутар политикалара этэ. К. Маркс киһи аймах сайдар кэрдиистэрин оҥорбута: феодализм-капитализм-социализм-коммунизм. Былааска кэлбит коммунистар капитализмы да тута илик Россияны, быһалыы социализҥа киллэрэн, коммунизҥа тиийэр санаалаахтара, онно дьону итэҕэппиттэрэ. Билигин Швеция, Финляндия курдук сайдыылаах государстволар саҥа социализмҥа тиийэн эрэллэр. Үөрэх, медицина, дьиэ кинилэргэ босхо, сүрүн табаардары государство хонтуруоллуур. Маркс XIX үйэҕэ этэн кэбиспит "коммунизмыгар” робот сайдыбыт Японията 50-ча сылынан тиийиэх курдук. Илии үлэнин барытын интелектуальнай роботтар толороллор, бырааска киирбитиҥ андроид биоробот олорор буолуо. Харчы, карточка, атыыһыт суох буолар, маҕаһыынтан тугу сөбүлээбиккин кэтэн тахсаҕын, таптаабыккын аһыыгын, киһи бары чииптээх буолара билиҥҥи балысхан сайдыы кэмигэр аһара фантастика курдук иһиллибэт буолла. Ити үлүгэрдээх үөһэттэн кытаанах дьаһаллар баалларын үрдүнэн, А.А. Васильев суруйарынан, 1937 сыл түмүгүнэн колхозка киирээһин аҕыйаҕа көстүбүт. Сунтаар оройуонугар колхозтар 35 тн, чааһынайдар 159,5 тн эт туттарбыттар. Холбоһуктааһын былаана 57 % эрэ туолбутун иһин партия өссө кыймыылаабыт буолуохтаах, биир сыл иһигэр колхоз суөһүтэ 3239 төбөнөн элбээбитэ, бытархайдар сүөһүлэрэ 14851 төбөнөн аҕыйаабыта. Манна учуонай тугунан кыймыылаабыттарын ыйбатаҕын, Федора Кирилловна быһаарбыта. 1937 с. сылгыга харчынан ким да кыайан төлөөбөт нолуога тиийэн кэлбитэ, төлөөбөтөххүнэ хаайыыга бараҕын. Аны колхозка киирдэххинэ маны төлөөбөт эбиккин. Федора ахтарынан мантан күһэллэн Михайлов Баһыылайдаах, Николаев Руфтаах, Миискэлээх курдук элбэх ыаллар сүөһүлэрин, сылгыларын холбоон колхозка киирбиттэр. Федора Кирилловна ахтарынан колхозтааһын иннинэ кинилэр сүөһүлэрэ аҕыйах буолан биир сүөһүнү, Павлов Андрейдаах (Күрүөйэх уола) 10 баайтаһын сүөһүнү Тойбохойго үүрэн илдьэн туттарбыттарын көрбүт, булгуччулаах соҕотуопкаларын төлөөбүт буолуохтаахтар. Ити саҕана Тэҥкэҕэ Максимов Христофор, Иванов Лэгиэнтэй курдук сэниэ ыаллар элбэхтэрэ, бары төлөөтөхтөрө. Аны Наталья Матвеевна ахтыытыгар колхозтааһын саҕана «Күрүөйэхтэр сүрдээх ыаллар сүөһүлэрин, элбэх сылгыларын колхозка кутан биэрбиттэрэ» диир. Бу Андрей Павлов оҕолоро Майя, Федот Бордоҥҥо олорбуттара, Андрей диэн сиэн баар. Элбэх сүөһүлээх Баҕачаайаптар уолаттарын Валерийы, Арсентийы Бордоҥнор эмиэ билэллэр. Сэһэн Ардьакыап оҥорон илдьэн туттарбыт "Сахалар тустарынан былаанын” быһыытынан Екатерина II тус ыйааҕын таһаарбыта, хойутаан да буоллар уларыйыылар олоххо киирбиттэрэ. Улуустарга кулуба, нэһилиэктэргэ кинээс, аҕа уустарыгар чаччыына диэн быыбарданар олохтоох сахалар талыллар дуоһунастара баар буолбуттара. Буруйдааҕы сууттааһын кулубаҕа, кинээскэ сүктэриллибитэ, саха ыччата үөрэнэр кыахтаммытын курдук, саха бэйэтин салайыныытын тэрээһиннэрин өрүттэрэ киирбиттэрэ. Екатерина II ыраахтааҕы 1776 с. сахаларга аҕа уустарынан киис, саһыл өлбүгэлээх оттуур сирдэрин кытта күөллэрин, ойуурдарын чааһынай бас билиигэ биэрбитэ, бу сир нэһилиэстибэ буолан, уол оҕотугар бэриллэн иһэрэ. 1916 с. ыраахтааҕы сахалары сэриигэ мобилизациялыыр Үрдүк дьаһала тахсар эрээри, саха интеллигенциятын туруорсууларын ылынан бу дьаһалын тохтоппута. Сахаларга аһаан-таҥнан олорбут ойуурдарын, күөллэрин, сүүһүнэн сылларга өбүгэлэрэ олорбут, хараллыбыт төрүт сирдэриттэн арахсан, хара көлөһүнэрин тоҕон муспут баайдарын таах биэрэн холхуоска киирээһиннэрэ ыарахан этэ. Бу холхуоһуҥ туһунан сокуоннаах тэриллии этэ, кини бас билиититтэн (буолаттан бурдук куолаһа, холбуй үүт күүгэнэ да буоллун) ыллаххына 10 сыл хаайыыттан ытылларга дылы бараҕын. Бу ыстатыйанан 100 тыһ. киһи сууттаммыта. (2003с."История отечества.”учебник 142с.) Хамнаһыҥ көлөһүн күнүнэн ааҕыллара, сыллааҕы көлөһүн күн нуорматын толорботоххуна эмиэ ыстатыыйа. Сырса сылдьан кэмниир хамнастаах дьон баара, холобур га аҥарын илииннэн оҕустаххына 0.5 көлөһүн күнэ ааҕыллар. Оройуон колхозтара 1934 с. дохуоттарын орто көрдөрүүтүн суоттаан көрбүт: 60 үлэ (көлөһүн) күнүгэр 90 кг бурдук, 600 гр арыы, 5.4 кг үүт, 2.4 кг эт, 14 солк харчыны аахсыбыттар. (Васильев А.А. 42с.) Эрэннэрбит көҥүллэрин оннугар кэлбит кэллэктиибинэн үлэлиир барыыстааҕа биллэр, бэрээдэк баар буолуохтаах эрээри, ытылларга тиийэ сууттаналлара бэркиһэтэр. Чааһынай сүөһүлээхтэр саамай улахан охсууну сэрии кэмигэр ылбыттара. Степанова А.И. от ыйын 10 к. 1943 с. "Күннүгэр” «Биһиги колхозтан 9 киһи, 3 бытархайтан байыаска ыҥырыллан бардылар» диэн суруйбут. Ол аата Тэҥкэҕэ бытардайдар диэн колхозка киирбэтэх ыаллар буолуохтаахтар. Ол республика үрдүнэн, 1940 сыл көрдөрүүтүн 1944 сылы кытта тэҥнээн көрдөххө көстөр. Бу кэмҥэ колхоз сүөһүтэ 51003 төбөнөн элбээн 178784 буолбут. Чааһынай дьон сүөһүтэ 118416 төбөнөн аҕыйаан, 54200 хаалбыт. Чааһынай сылгы 1940 с. 20304 төбө баара, 1943 сылга биир да хаалбатах.(Петров Д.Д.”Трудящиеся Якутии в тылу.” ЯКИ1992). Чааһынай дьон сүөһүтүн эһии, сахаларга маассабай хоргуйан өлүүгэ тириэрдибитэ. Н.Дьяконов суруйарынан: Саха сиригэр хаалбыт дьонтон 62105 киһи өлбүтэ, ол иһигэр тыа сиригэр 46494 киһи өлбүтэ.(СКГА, Ф.7.Оп.74.д.2740-44) Балартан хоргуйан уонна онтон тэптэрэн араас ыарыыларга ылларан 22.800 киһи өлбүт эбит. Сунтаар оройуонугар атын улуустартан саамай элбэх, 7720 киһи өлбүт. Бу кистэлэҥ сыыппаралар сэбиэскэй былаас эстибитин кэннэ билиннилэр. Тыа сиригэр ыарахантан чаҕыйбат, үлэлиэн баҕалаах дьоммутун бу курдук Сэбиэскэй былаас күүһүнэн сиртэн тэйиппитэ, хаайыыга ыыппыта, хоргуталаан өлөртөөбүтэ. Сүөһү иитиитигэр өбүгэлэрбит үгэстэрин, абыычайдарын быһан кэбиспиппит охсуута, билиҥҥи олохпутугар билиннэ. Бу дьоннорбут котокулар баалара буоллар, кинилэр оҕороро сиэннэрэ билигин тыа сирин өрө көтөхпүттэрэ ырааппыт буолуо этэ, ол саҕана Кытай курдук балысханнык сайдыбыт буолуохтаах этибит. Ол түмүгэр билигин уруккуга холоотоххо государство өттүттэн син көмө бөҕө баар курдук эрээри, сүөһүбүт ахсаана элбээбэт. Бу мин санаам. Биһиги дьоннорбут тыылга киһи бары үлэлээбитэ диэн уонна былаас кытаанах тутуутун ааспыт буолан ол ыарахан олохторун сиһилии кэпсээбэккэ аастахтара. Билигин ол кэм туһунан син кинигэ бөҕө тахсар курдук эрээри, олохторун биэрбит тыыл эрэйдээхтэрин кириэстэригэр сибэкки да уурар сирбит суох курдук. Үйэтин туххары фермаҕа үлэлээбит Натальяны Бордоҥҥо аймахтарыгар Алексеевтарга олордоҕуна видеоҕа устубуппут, ынах уулатан баран эрдэ түөрт чаастан утуйар диэн сэрэппиттэрэ. "Ынах уулатара” диэн, түннүккэ туран сүөһүлэрэ уулуу баралларын, кэлэллэрин маныыр эбит уонна бары кэллэхтэринэ эрэ утуйа барар эбит. 102 саастаах кырдьаҕас диэтэххэ өйүн-төйүн тута сылдьара сүрдээх, Горбунов киитэлигэр хас түмэхтээҕэр тиийэ, ол ыйытыахтара да диэбэтэх боппуруостарбытыгар толору эппиэттэри биэртэлээн сөхтөрбүтэ. Герасимова Федора Кирилловна, Семенова Наталья Матвеевна 2003 сыллаахха уһуллубут видеолара куйаар ситимигэр киирдилэр. Кыра сырыттахпыта Арҕаа Андылаах аннараа өттүгэр Саҥа күөл сайылыгыттан Тэҥкэ диэки барарга киэн соҕус хонууга ампаар баар этэ, онно киирбиппит ампаар биир өттө толору чороон бөҕө турар эбит, ону биһиги бэдиктэр таһаара-таһаара маска хампы сынньан алдьаталаан кэбиспиппит. Ону билигин аһыйа саныыбын, былыргыны харыстааҥ диэн оскуолаҕа үөрэппэтэх буолуохтаахтар. Сүөһүлэрин былдьатан хоргуйан өлөөхтөөбүт эрэйдээхтэр баайдара сир–халлаан ыккардыгар хааллаҕа. Оскуолаҕа сылдьан Тэҥкэҕэ айаннаан иһэн Степан Титович хас ырааһыйа, хонуу аайы кимнээх олорбуттарын барыларын этитэлээн испитин, сөҕө истибиттээҕим. Билигин баар дьон бары маннык өтөхтөртөн силис-мутук тардан таҕыстахпыт. Биһиги ыраахтан сылдьан саҥарарга баҕас үчүгэйбит. Кынаачайаптарга Тэҥкэни сайыннарарга улахан эппиэтинэстээх сорук турар. Билигин Тэҥкэҕэ сүөһү иитэн олорор дьоммут сааһырдылар. Тэриллиилээх комплекс, аныгылыы сылгыга базата, таас тутуулар эрэ баар буоллаҕына эдэр ыччат олохсуйуо. Кынаачайаптар ааттарын Күрүүкэптэр курдук үйэтитэргэ эһиэхэ былаас, кыах, уоппут барыта баар. Билиҥҥи ситиһиигэ тохтообокко, туох баар дьоҕургутун ууран ситиһиҥ диэн, баҕа санаалаахпын. Виталий Николаев 29.04.2021 сыл Сардаҥа бөһүөлэгэ.
|
|