Суббота, 28.12.2024, 14:26
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 8
Гостей: 8
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Ксения Дмитриевна СЕМЕНОВА
10:23
Ксения Дмитриевна СЕМЕНОВА

Тыыл, үлэ ветерана

Ксения Дмитриевна СЕМЕНОВА туһунан

кыргыттара Михайлова Изабелла Кононовна,

Иванова Ираида Кононовна:

Төрөппүттэрбит Конон Гаврильевич уонна Ксения Дмитриевна СеменовтарБордоҥ төрүт олохтоохторо, ыал буолан 60 сыл бииргэ олорбуттара. 10 оҕону төрөтөн, онтон алтатын киһи-хара гынан, үөрэттэрэн, ыал оҥортоон, сиэн, хос сиэн үөрүүтүн билэн, дьон тэҥинэн олорон, үлэлээн-хамнаан бу дойдуттан барбыттара быданнаата...

Кинилэр 1935 с. аҕам 24, ийэм 20 саастарыгар саахсаламмыттар эбит. Ийэлээх аҕабыт олохторо, бэйэлэрин көлүөнэ дьоннорун курдук, ыраахтааҕылаах Россияҕа күн сирин көрөн, саҥа Сэбиэскэй былаас олохтонорун, гражданскай сэрии буккуурдаах кэмнэрин, колхозтааһыны, кулаактааһыны, Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриини, дойдуну чөлүгэр түһэриигэ бэйэни харыстаабакка туран үлэлээһини, онтон үлэлээбит-хамсаабыт, күүстэрин-күдэхтэрин биэрбит Сэбиэскэй былаастара эстэрин - барытын ааспыттара.

Ийэбит Семенова (Тихонова) Ксения Дмитриевна кэлин архыыптан көстүбүтүнэн 1915 с. төрөөбүт эбит. Дьүһүнүнэн, быһыытынан-таһаатынан нууччатыҥы көрүҥнээҕэ. Саха дьахтарыгар үрдүк көнө, улахан уҥуохтааҕа, сирэйдиин-харахтыын сырдыга, кыһыл көмүстүҥү солотуулаах кугастыҥы- саһархай хоп-хойуу баттахтааҕа. Марбаҕа оскуола аһыллан начальнай үөрэхтээх этэ. Салгыы үөрэниэҕин оҕолор кулаак кыыһа дииллэрэ бэрт диэн уурайан хаалбыт. Иитиллибит аҕатын Мартынов Елиферийы (Ефремы), сэбиэскэй былаас кулаак оҥорбут кэмэ эбит.

Сэрии кэминээҕи олоҕун арахсыы аһыылаах, хас да оҕо сүтүктээх, сүрэх баастаах буолан улаханнык кэпсээбэт этэ. Эдэркээн дьахтар кэргэнэ, биһиги аҕабыт, сэриигэ барарыгар оҕолорун кытта соҕотоҕун хаалбыта. Эрдэ икки бастакы оҕолоро төннүбүттэр, онтон алта саастаах Валята аҕата фроҥҥа сырыттаҕына ыалдьан өлбүт. Сэрии кэнниттэн төрөөбүт кыыстара, уон саастаах Лизалара, Марбаҕа оскуолаҕа үөрэттэрээри эбэтигэр Феодосияҕа (бииргэ төрөөбүт балтын дьиэ кэргэнигэр) олордубуттара, тымныйан баран сыыстаран өлбүтэ. Оччолорго кинилэр Молотов колхоз сиригэр Бүгүйэххэ олорбуттар. Ийэбит бииргэ төрөөбүт быраата Тихонов Семен Дмитриевич, 1916 с. төрүөх уол, сэриигэ бастакы хомуурга түбэһэн фроҥҥа барбыт. Сэрии хонуутугар 1943 с. охтубут, көмүс уҥуоҕа ыраах Литва сиригэр хараллан сытар.

Ийэм арай Кыайыы ыһыаҕын кэпсиир этэ. Ол ыһыах саҕа үрдүк өрөгөй үөрүүлээх, эмиэ да харах уулаах ыһыах суох этэ диирэ. Ол ыһыахха Америка ленд-лиһынан ыыппыт курупчаакы бурдугун куулуттан дьахталлар ким былааччыйа, ким дьууппа тиктэн кэппиттэр үһү. Ыһыахтаан баран оттуу сырыттахтарына аны Японияны кытта сэрии саҕаламмыт диэбиттэригэр , “дьэ, куһаҕан да этэ, эмиэ сэрии эрэйэ-муҥа буолар дуо диэбиппит, хата, түргэнник бүтэн абыраабыта” диирэ.

Ийэбит сытар ынаҕы туруорбат сытыары сымнаҕас, киэҥ-холку майгылаах үтүөкэн киһи этэ. Эдэр эрдэҕинэ колхозка сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбитэ, арыыһыттаабыта. Бүгүйэхтэн Марбаҕа көһөн киирэн баран уһуннук, үтүө суобастаахтык дьүөгэтэ Уарова Мария Афанасьевналыын оскуолаҕа уборщицанан үлэлээбитэ. Уопсайа 40 тахса сыл үлэ ыстаастаах, элбэх оҕолоох ийэ медаллаах этэ. Көрдөххө аа-дьуо сылдьан, үлэтин-хамнаһын үмүрүппүт буолара, ол быыһыгар биһигини наар бэйэтэ иистэнэн таҥыннарара (аҕабыт Өлүөхүмэттэн Зингер иистэнэр массыынаны аҕалбыта), сир астаан хаһаанара, наһаа минньигэстик астаан, улахан дьиэ кэргэнин тотоойутук аһатара. Үчүгэй туттуулаах буолан дьиэбит мэлдьи ыраас, сылаас, бэрээдэктээх буолара, биһигиттэн да ону ирдиирэ. Бэйэтигэр барсардыы уурбут-туппут курдук таҥнара. Урукку дьоннор ыһыахха кэтэр мааны таҥастарын уура сылдьан ыһыахтарга эрэ кэтэр үгэстээхтэрэ. Ийэбит от күөх өҥнөөх крепдешин солко былааччыйатын, үрдүк хобулуктаах, эмиэ күөх өҥнөөх түүппүлэтин үрдүк көбүс-көнө кылбаҕар сотолоох атаҕар кэтэн кэбиһэн баран, көстүүмү дьирэччи кэтэн маанымсыйбыт аҕабытыныын ыһыахха киирэн иһэллэрэ билигин да харахпытыгар бу баардыы көстөр. Дьоммут ол курдук бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр, көстөр дьүһүннүүн кыраһыабай этилэр.

Ийэбит нуучча төрдүн хаана тардан, санаата кыайыгас, төрүттэрин Тиихэнэптэри батан илиитигэр күүстээх-уохтаах эбит диэн кэлин өйдүүбүн, оччолорго оҕо эрдэххэ буолуохтаах курдук ылынарбыт. Бэргэн ытааччы, кусчут этэ. Бүгүйэххэ олорон кустуур көлүйэлээҕэ, сөбүн көрөн кустаан, ардыгар туһахтаан куобах аҕалара. Сардаҥаҕа оттуур сирдээх этэ, онно бэйэтэ хотуурунан отун охсоро уонна мунньара. Биирдэ идэһэтин өлөрөн-астаан тоһуйан күтүөтүн сөхтөрөн турар. Ийэбит асчыт бэрдэ этэ. Кини буһарбыт миинэ, ыһаарыта, бэрэскитэ, алаадьыта ураты минньигэс буолара, билиҥҥэ диэри ахта саныыбыт. Кымыһын, суоратын, иэдьэгэйин, хайаҕын, бөһүүкэтин, холодеһын туһунан этэ да барыллыбат. Сир астыырын туохтааҕар да ордук сөбүлүүрэ. Моонньоҕону, отону ордук дьулуһан хомуйарбыт. Кыһыны супту барыанньа сиирбит. Ийэбит, эбэбит моонньоҕонун барыанньатын курдугу аны ханна да сиэбэппит, кини барыанньатыгар тиийэр барыанньаны ким да оҥорбот. Оннук ураты асчыт этэ, биһиги ийэбит. Сайын оттоон кэлэргэ ийэбит миинэ ыргыччы буһан, алаадьытын сыта ыраахтан дыргыйан тоьуйара эчи үчүгэйин, бу баар курдук.

Дьиэтигэр-уотугар наар солото суох ийэбит хаһан эмит ыалларыгар таҕыстаҕына аҕабыт суохтаабытынан барара уонна «Хайа, бу эмээхсин ханна дайаахтаатаҕа?» диэн күллэрэрэ. Ол курдук бэйэ-бэйэлэрин ахтыһаллара, күндүтүк санаһаллара, хаһан да этиспэт, мөккүһэн көрбөт этилэр. Наадалаахха «Оҕонньор билэр» диирэ ийэбит.

Чиэһинэй, албын-көлдьүн диэни билбэт, туруу үлэһит, кими да ордугурҕаабат, сэнээбэт, сиилээбэт, атын дьон туһунан ордук-хоһу тугу да саҥарбат, дьоҥҥо-сэргэҕэ биир тэҥ холку сыһыаннаах, сэмэй дьон буолан, нэһилиэккэ ытыктанар ыал этилэр, оҕолорун бэйэлэрин үтүө холобурдарынан иитэн, үөрэхтээх, үлэһит дьон оҥортообуттар эбит. Боростуой, үөрэҕэ суох дьон , оҕолорун билиигэ, үөрэххэ, үлэҕэ туһаайан ииппиттэрин түмүгэр, түөрт оҕолоро Москва, Челябинскэй, Уссурийскай куораттарга үрдүк үөрэҕи, икки оҕо Дьокуускай куоракка анал орто үөрэҕи ситиһиилээхтик бүтэрэн, араас идэлээх специалист буолан, үлэлээн-хамсаан кэллибит.

Ахтар-саныыр күндү төрөппүттэрбит 60 сыл устата иллээх-эйэлээх олоҕу олорон, дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбиттэригэр сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит уонна үйэбит тухары махтана саныыбыт. Кинилэр баҕаларын толорон, бары үөрэхтэнэн, ыал буолан, оҕолонон-урууланан, этэҥҥэ олорорбутуттан сэмээр үөрэбит уонна төрөппүттэрбит хаалларбыт кэриэс-хомуруос тылларын кэлэр кэнчээри ыччаттара - сиэннэрэ, хос сиэннэрэ холобур оҥостон өссө да кэлэр кэмнэргэ илдьэ туруохтара диэн эрэллээхпит!

 

Просмотров: 212 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]