Суббота, 28.12.2024, 15:20
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 2
Гостей: 2
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Ксения Степановна МАКСИМОВА
01:54
Ксения Степановна МАКСИМОВА

Тыыл, үлэ ветерана

Ксения Степановна МАКСИМОВА туһунан

кыыһа Лукина Галина Алексеевна:

Ийэм 1930 с. төрүөх, Кириэстээхтэн Миирнэйдиир суолга Черная речка диэн үрэх таһынааҕы өтөххө төрөөбүт-үөскээбит түөлбэм баар диир буолара. Кини аҕата Максимов Степан диэн булчут бэрдэ эбит. Олох кыһарҕаныттан элбэх оҕолорун кыайан иитиэ суохтарын билэн, , сэниэ чугас дьонноругар ыалларга ииттэрэ биэртэлээбиттэр. Ол курдук мин ийэбин Максимов Осип диэн оҕонньордоох ылан ииппиттэр.

Сэрии саҕаламмытыгар эдэр ыччаты нэһилиэктэртэн хомуйан Кэппэндээйи тууһун хостооһунугар илдьибиттэр. Ордук сэниэлээх өттүлэрин суолу солооһуҥҥа анаабыттар. Ийэм суол солооһунугар сэрии бүтүөр диэри үлэлээбит. Онно араас дьон, ол иһигэр хаайыылаахтар нэһиилэ сылдьар буолаллара, биһиги ааһан истэхтэринэ кистээн килиэп тоороххойдорун биэрэ сатыыр этибит, ону көрдөхтөрүнэ конвой милиционердар былдьаан ылаллара, Бурлов диэн милииссийэ начальнига баар этэ, улахан баҕайы ыттаах, хаайыылаахтар куоттахтарына ол ытынан сырыһыннарар этэ диэн кэпсиирэ. Ол сылдьан аҕабытын Иванов Алексей Дмитрьевиһы көрсөн, кэргэн тахсан сэрии бүппүтүн кэннэ бастаан Марбаҕа, онтон бөһүөлэк көспүтүн кэннэ Бордоҥҥо киирэн олорон, үлэлээн ааспыттара.

Дьонум кыра, эдэр эрдэхтэриттэн ыарахан үлэҕэ мүккүллэн, уоппуска, сынньалаҥ диэни билбэккэ өрүү үлэни өрө тутан сылдьаллар этэ. Ийэм ыанньыксыттыыра, ньирэй көрере, Коммунистическай үлэ ударнига буолбута, үчүгэй үлэтин иһин Москваҕа Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатыгар аҕабыныын иккиэн 1967 с. баран күүлэйдээн кэлбиттэрэ. Итинэн мэлдьи киэн тутталлара.

Фермаҕа үлэлии сылдьан мунньахтарга бэйэтин санаатын аһаҕастык этэр быһыылаах этэ. Кыра эрдэхпитинэ оскуолаттан бүтээт ийэбитигэр көмөлөһө, эбиэттии хотоҥҥо барар этибит. Урукку үлэһиттэр мин өйдүүрбүнэн мэлдьи дьээбэлэһэн , күлэн-үөрэн үлэлииллэр этэ, онон үлэни ыар ындыы оҥостубакка чэпчэкитик, тһргэнник бүтэрэн:оһорон иһэр курдуктара. Сайын аайы сайылыкка,үксүн Марбаҕа тахсар этибит, ньирэйдэрин аһаталларын быыһыгар оттуурбут, сир астыырбыт. Ийэм фермалары кэрийэ сылдьан лааппы атыылааччы, ол саҕана Эконов Иннокентий атыыһыт этэ. Үлэтин быыһыгар өссө иистэнэрэ, биһиэхэ ыһыах аайы саҥа былааччыйа тигэн кэтэрдэр, кыһын этэрбэс, аҕабар ыт тириитин имитэн кыһыҥҥы таҥаһын бэрийэрэ.

Сайылыкка Алексеев Иннокентий Даарыйатыныын уонна оҕолорунуун ыаллыы олорорбут. Киэһэ арыт бука бары бииргэ чэйдиирбит, наһаа эйэлээхтик-иллээхтик олорбуппут, биһиги, оҕолор кинилэр бүппэт кэпсэтиилэрин истэн түүннэри олорор этибит. Кэпсээннэрэ элбэҕэ - урукку олохторун, бандьыыттар, күүстээх-кыахтаах дьон, сэрии туһунан.

Ийэм кырдьан да баран ынахтарын көрөн сайын ахсын Саһыл диэн сиргэ аҕабыныын көһөн тахсаллар этэ. Онно оттууллар, балыктыыллар, сир астыыллар этэ, ол туһунан олус кэрэ өйдөбүл буолара. Дьоммут барахсаттар билигин төһө да аттыбытыгар суохтарын иһин, кинилэр үөрэппиттэрэ-такайбыттара, биһиэхэ истиҥ сыһыаннара олохпутугар холобур уонна суолдьут буолаллар.

Просмотров: 226 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]