06:40 Люция Григорьевна ПЕТРОВА |
Сэрии кэмин оҕото, үлэ ветерана Люция Григорьевна ПЕТРОВА: Мин билигин 79 сааспар сылдьабын. Аҕыс саастаахпар кыайыы буолуо икки хонук иннигэр ийэм өлбүтэ. Ол сыл аҕабын Филиппов Григорий Дмитриевиһы Хадаҥҥа Энгельс колхозка председателлээн олордоҕуна Бордоҥ нэһилиэгин хаалыылаах колхоһугар председателинэн анаабыттара. Салгыы аны Улгумдаҕа Каганович колхозка эмиэ председателинэн анаабыттара. Сэрии тулаайахтарын, огдооболорун олохторун көрөн-истэн, атахтарыгар туруортаан үлэлээбитэ. Сут-кураан буолан, аһыыка өрө туран биһиги, оҕолор, куулунан куйаабыл оҥостон хомуйарбыт, этэрбэспит иһэ толору аһыыка киирэн ньыллырҕаччы кэтэн күнү барыырбыт. Ол быыһыгар күтэр хасааһын бурдугун хомуйтарар буолаллара. Кыра оҕо эрдэхтэн кырдьаҕастары кытта ходуһа, сайылык сирдэри сабарга тоһоҕо, талах таһарбыт. Анабы, Ньыла диэн улуу сыһыыларга окко үлэлии барарым. Онно Петров Егор Николаевич түөрт көлөнөн сменалаан от охсоро, мин атынан от мустарарым. Бурдук баайыытыгар куоталаһан үлэлиирбит. Хаппыыстаны, хортуосканы олордорбут, кумаарга-куйааска, түүннэри-күнүстэри сынньаммакка трактор “аһылыгар” анаан кыра чууккалары эрбиир этибит. Аҕам Григорий Дмитриевич көҕүлээһининэн ыраах бөһүөлэктэри -Марбаны, Улгумданы, Муолатаптары уруккута Кураанах үрэххэ, билиҥҥи Бордоҥҥо көһөртөөн киллэрбитэ. Үгүс кырдьаҕас буолумматаҕа, ону аҕам өрүс үрдүгэр, уу суолунан сырыы баар буолуо диэн улахан сыратын биэрэн бөһүөлэги көһөрбүтэ уонна бэйэтэ маҥнайгынан дьиэ туттубута. Бастаан Петров Эдуард Гаврильевичтыын буолан икки ыал олорбута, онтон кыра- кыралаан дьон киирэн испиттэрэ. Марбаттан эргэ оскуоланы көһөрөн киллэрбиттэрэ, өрүс үрдүгэр тыаны солоон уһаайба таһааран аҕам салалтатынан маҕаһыын тутуллубута. Аҕам туох да үөрэҕэ да суох буоллар, колхоз председателтнэн, атыыһытынан үлэлээбитэ. Миигин суоту тардарга, хайдах атыылыырга үөрэппитэ, аҕабыныын бииргэ маҕаһыыҥҥа үлэлиир этибит. Ол иннинэ саһыл ферматыгар үлэлээбитим, ол кэмнэргэ комсомолга киирбитим. Фермаҕа арыыһытынан эмиэ үлэлии сылдьыбытым. Кэлин 25 сыл Сардаҥаҕа атыыһытынан үлэлээбитим, бочуот дуоскатыгар хаста да тахсыбытым, райсоюз, сельпо, Холбос наҕараадата да элбэх этэ. 50 сааспар диэри үлэлээн баран бочуоттаах сынньалаҥҥа барбытым. Оччолорго атыыһыт үлэтэ наһаа ыарахан этэ. Отчуттарга, сайылыктарга, нэһилиэктэринэн тиэйэ сылдьан атыылыырбыт. Кэргэним Иван Егоровичтыын элбэх сылдьар ыалдьыттаах, хонор хоноһолоох, ыалдьытымсах ыал этибит. Ханнык да киһи кэллин, биһигиттэн тымныы кэмҥэ ирбэккэ, итии киллэрбэккэ, сайыҥҥы куйааска сөрүүкээбэккэ, утаҕын ханнарбакка тахсыбата. Бэйэм сүрдээх ирдэбиллээх, элбэх астаах, ыраас дьиэлээх хаһаайка этим, аҕабыт суоҕар ис-тас үлэни барытын кыайа тутарым. Тыа ыала буолан сылгыны, сүөһүнү сөбүлээн иитэрбит. Кырдьаҕаска-кыаммакка аһынан-таҥаһынан наар көмөлөһөрүм, тулаайах эмээхситтэр кэлэн чэйдээн, сэһэннэһэн, аараан-сынньанан бараллара. Билигин Дьокуускай куоракка кыра кыыспар нус-хас олоробун, сайынын Аммаҕа сайлыыбын. Биэс оҕону төрөтөн, 13 сиэн, 15 хос сиэн тапталлаах эбэтэбин. Биһиги атыы-эргиэн үлэтин өрө туппут дьоммут. Мин эһэм Филиппов Дмитрий Николаевич Холбоско орденнаах председатель этэ, онтон аҕам потребкооперация туйгуна, коммунистическай үлэ ударнига, элбэх мэтээллэрдээх, бэлиэлэрдээх этэ. Төрүттэрин утумнаан оҕолорум, сиэннэрим эмиэ атыынан-эргиэнинэн утумнаахтык дьарыктаналлар, дьоҥҥо үтүөнү оҥороллор. |
|