Суббота, 28.12.2024, 15:06
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 12
Гостей: 12
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Лука Васильевич ПЕТРОВ
06:20
Лука Васильевич ПЕТРОВ

Тыыл, үлэ ветерана

Лука Васильевич ПЕТРОВ

  Таптыыр аламаҕай аҕабыт, элэккэй эһэбит, хос эһэбит, Сунтаар улууһун Бордоҥ нэһилиэгин олохтооҕо Петров Лука Васильевич 1927 сыллаахха от ыйын 12 күнүгэр Сунтаар оройуонун Тэҥкэ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ыал улахан оҕото буолан, биэс оҕолоох ийэтигэр Пелагея Кирилловнаҕа улахан көмө, өйөбүл буолбута. Сэрии сылларыгар төрөөбүт нэһилиэгэр Ленин аатынан холкуоска улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбитэ. Ол кэм оҕолорун олохторо кыһалҕалардаах да буоллар, аҕабыт оҕо сааһын астына саныыра, ураты истиҥник ахтара.

  Кини 1936 с. Тэҥкэ начальнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1942 с. төрдүс кылааһы бүтэрэн баран, Тойбохой оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Алтыс кылааска ыалга ыһыгынан олорон үөрэнэ сырытта5ына аҕата – Василий Петрович Михайлов сэттэ оҕолоох кэргэнин – Пелагея Кирилловнаны быраҕан, атын дьахтары кэргэн ылан, арахсан барбыта. Ити бириэмэҕэ Аҕа дойду сэриитэ бара турар буолан, аһылык суоҕа аччыктааһын, хоргуйуу, өлүү-сүтүү үксээбит бириэмэтигэр бырааттарын, балтыларын иитиһэ 1944 с. муус устар ыйга 6 кылааһы бүтэрбэккэ, Тойбохойтон Тэҥкэҕэ ийэтигэр көмөлөһө тиийбитэ. Алта оҕолоро, улахана Нина үһүс кылааска үөрэнэрэ, Татьяна, Дуня, Зина, быраата Куола уонна кыралара Зоя эмэһэтинэн олорор кыра оҕо этэ. Холкуоска үлэлии-үлэлии дьиэ тас үлэтин үлэлииргэ күһэллибитэ. Ийэтэ Балааҕыйа санаатын түһэрбэккэ ынахтарын көрөрө, оҕолорун харайара. Кыра да аһылыгы астаан, хааһылаан, дагдалаан 1944 сыл сайыныгар этэҥҥэ тиийбиттэрэ. Ол эрээри кыра Зоя тымныйан ыалдьан ойоҕостотон өлбүтэ. Өлбүт балтытын дьиэ сарайын көтүрэн, сэбэрэлиэннэн үүттээн, таҥаһынан баайан, хопто оҥорон баран, ынах быатынан сүгэн 2 биэрэстэлээх сиргэ эбэтин уҥуоҕун таһыгар Өндөгөрдөөх томторугар тобугар дылы буору хаһан баран, тэбиэгэ суох көмпүтэ уонна илин өттүгэр кириэс мас туруорбута. Ити бириэмэҕэ Лука 16 саастаах этэ.

  Сайыныгар киэһилэлээн, күөнэххэ күөгүлээн, бэс маһы охторон дьалахайын сулуйан, былырыын бааһынаҕа тохтубут бурдук куолаһын хомуйан, хааһыга буккуйан сииллэрэ. Ынах төрөөн, үүт-сүөгэй дэлэйэн, суораттаан, сүөгэйдээн, дагдаалаан, бөһүүкэлээн, арыылаан аһаталаабыта ийэлэрэ Пелагея Кирилловна. Сайынын окко үлэлээн, күһүнүн бурдук хомууругар үлэлээн, үүнээйи өлгөмнүк үүнэн, күһүн бурдук куоластаан, тото-хана лэппиэскэни сиир буолбуттара. Киэһэ бурдук ичигэстээн кэллэхтэринэ, сонно тута, ийэлэрэ лиискэ хатаран баран, кэлиигэ сынньан, суорунаҕа тардан, оҕолор кэлэллэригэр килиэп бэлэм буолара.

  Күһүн 1944 с. хаар түспүтүн кэннэ эргэ оҕуруоту көтүрэн, оҕуһунан-атынан кыстыыр мастарын таьаллара. Итинник үлэлии сырыттахтарына Луканы ахсынньы ыйга Куокуну сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Омукова Мария Иевлевна (биһиги ырааҕынан эдьиийбит Куокунуга Тутум Өндөрөй бииргэ төрөөбүт балта) Сунтаарга, оройуон киинигэр, ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйдэрин куурустарыгар үөрэттэрэ ыыппыта. Икки ыйдаах курсу бүтэрэн, 1945 сыл тохсунньу 22 күнүттэн Бордоҥ нэһилиэгэр ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлии тахсыбыта. Үлэлиир бириэмэтигэр ый аайы бэйэтигэр сулууспалаах диэн, ийэтигэр, бырааттарыгар иждивенец диэн карточка биэрэллэрэ. Онон маҕаһыынтан мээкэ бурдук ылаллара. Инньэ гынан ый аайы Бордоҥтон Тэҥкэҕэ ийэтигэр, бырааттарыгар-балтыларыгар ол бурдугу илдьэн биэрэрэ. Итинтэн ылата тото-хана бырааттарын аһатар буолбута. Өссө чугастааҕы ыалларга сиэйиҥкэ (үрүҥ) бурдук бэрсэр буолбута. Арҕаа түбэ сайылык эмээхситтэрэ кини кэлэрин кэтэһэр буолбуттара.

  1945 сыл ыам ыйын 1 күнүгэр маай бырааһынньыгар оскуола оҕолоро кыттыылаах Марба бөһүөлэгэр (ол саҕана колхоз киинэ, оскуола баар этэ) улахан демонстрация оҥорбута. Сэрии бүппүтэ, Кыайыы бырааьынньыгын үөрүүтэ-көтүүтэ буолбута. Ити сыл 1945 сыллаахха бэс ыйыгар призывка ыҥырыллыбыта, Дьокуускайга областной военкомакка үлэ фронугар диэн ааттаан Булуҥҥа Америка таһаҕаһын куруустааһыҥҥа үлэҕэ ыыппыттара. Ол эрээри, оччоттон олус аһастаах буолан Америка сыалаах халбаһыытын олус элбэҕи сиэн, иһин дэлби көтүттэрэн, балыыһаҕа киирэн эмтээн баран, дойдутугар төптөрү ыыппыттара. Сангаарга дылы илиитин өлөрбүт Милэкэттэн төрүттээх киһилиин Ньукулаайап Соппуруоннуун борокуотунан кэлбиттэрэ. Онтон үс Бүлүү төрдүттэн дьаамынан сатыы хааман-айаннаан, Тэҥкэҕэтигэр алтынньы ыйга кэлбитэ.

  Үлэ фронуттан кэлэн баран, Куокунуга ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн, интернат завхоһунан үлэлээн баран, 1947 сыл бэс ыйыттан 1950 сыл олунньуга дылы Тэҥкэҕэ «Пионер» колхоз суотчутунан үлэлээбитэ. 1950 сыл кулун тутар ыйга Куокуну сэбиэтин исполкомун секретарынан талыллан, Тэҥкэттэн Куокунуга утуйар таҥастарын, ол бу малларын тиэнэн, биир атынан көспүттэрэ.

   1948 с. Семенова Мария Петровнаны кытта сөбүлэһэн-таптаһан ыал буолбуттара. Ыал иччитэх дьиэтин оностон-сөргүтэн көһөн киирэн, туспа ыал быһыытынан олорбуттара. Аҕа кынна Семенов Бүөтүр оҕонньор саас тыалаан киирэн дьонун көрдөөн булбута. Тыаттан киирбитин уонна эдэр ыал чиэһигэр диэн үс буолан биир бытыылка испиири «күндүлээбиттэрэ» (Никитин Өлөксөй – учуонай, Чоҕулов Евсей – Чоҕул бааллара).

  Онтон 1953 с. оройуон сэбиэтин исполкома билиигэ-көрүүгэ баҕалаах эдэр киһини 1953с. Дьокуускай куоракка тыа хаһаайыстыбатын кадрдарын бэлэмниир үөрэххэ ыыппыта. Бүлүү өрүс уута уолан, борокуот сылдьыбат этэ. Онон Куокунуттан Ленскэйгэ (Мухтуйаҕа дылы) курдары табанан киллэрбиттэрэ. Мухтуйаттан Дьокуускайга «Ленин» борохуотунан тиийбитэ.

   Үтүө санаалаах дьон сэттис кылааһы бүтэрбит курдук сибидиэтэлэстибэ суруйан биэрэннэр, экзамены туттаран үөрэххэ киирбитэ уонна үс сылы быһа сахалыы үөрэммитэ. Ити үөрэнэ сырыттахтарына кыһын улахан уола Куола кэнниттэн төрөөбүт Светлана диэн кыыс тымныйан өлбүт сураҕын истибитэ. Ол иннинэ 1950 сыллаахха Виссарион диэн уол өлбүтэ. Дьиҥинэн ити уоллаах кыыс үчүгэй дьиэтэ-уота суох буолан, өлөн тураллара. Ити бириэмэҕэ, аҕабыт үөрэнэр кэмигэр, кэргэнэ Мария Петровна кулуупка, балыыһаҕа остуораһынан үлэлиир этэ. Биир ынаҕын үүтүн ыан, тоҥорон, сайын бидоҥҥа тутан, сэттэ километрдаах Элгээн диэн сиргэ баар алмааһы көрдүүр экспедиция рабочайдарыгар сатыы сылдьан атыылыыра.

  Баар-суох кыыһа өлөн, кэргэнэ эрэйдээхтик олорор буолан, үөрэҕин быраҕарга санаммыта. Ону үтүө санаалаах оскуола директора Афанасий Петрович Мигалкин, партийнай тэрилтэ секретара Мария Егоровна Борисова (обком бастакы секретарын Семен Захарович кэргэнэ) көмөлөрүнэн, олорор хос биэрэр уонна кэргэнин Марусяны үлэҕэ ылыах буоланнар, аҕабыт бэс ыйыгар борохуотунан Сунтаарга сэттэ хонугунан тиийбитэ. Сунтаартан Куокунуга дылы ортотугар хонон сатыы тиийбитэ.

  Куокунуттан Дьокуускайга көһөөрү аҕа кынна Семенов Бүөтүр оҥорбут болуотунан Сунтаарга дылы үс хонон устан тиийбиттэрэ. Бэйэтин кытта кэргэнин Мария Петровнаны, уолун Куоланы, балтын Зинаны, Федорова Варвара диэн кыыһы Дьокуускайга илдьэ тиийбитэ. Дьокуускайга Павлика Морозова уулусса 2 дьиэтин, 9 нүөмэрдээх билиитэ оһохтоох хоһугар икки сыл олорбуппуттара. Балтын Зинаны 2 №-дээх оскуола ахсыс кылааһыгар киллэрбитэ. Кэргэнин Маруся оһох оттооччунан улэлиир бирикээһэ тахсыбыта. Икки сыл үөрэнэ-үөрэнэ үөһээ иккис этээс аҕыс халааҥка оһохторун таас чоҕунан оттубута. 1955 сыллаахха кулун тутар 20 күнүгэр Краснояров уулуссатыгар роддомҥа кыыстара Роза төрөөбүтэ.

  Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, 1956 с. Куокунуга бастаан биригэдьииринэн, агрономунан, 1967 с. управляющайынан ананан үлэлээбитэ. Ити үлэлиир сылларыгар Табаҕа кырыс, оһорбо сирин туһаҕа таһаарыыга туорахтаах культура туруктаах үүнүүтүн ыларга үгүс сыратын биэрбитэ. Дьоҥҥо үчүгэй сыһыаннаах, үлэлиир дьонун дьылҕаларыгар өрүү кыһанар үчүгэй салайааччы, бэртээхэй үлэһит киһи этэ диэн бииргэ үлэлээбит дьоно-сэргэтэ куруутун ахталлар. 1972 сыллаахха Бордоҥ нэһилиэгэр көһөн кэлэн, олохтоох сэбиэт бэрэссэдээлэтинэн, онтон сельсовет сэкэритээринэн ананан 21 сыл устата таһаарыылаахтык үлэлээн Бордоҥ нэһилиэгин сайдыытыгар бэйэтэ эмиэ сэмэй кылааттаах. Уон оҕолоох ыал бэртээхэйдик олорор улахан дьиэтин туттубута. Куокунуттан элбэх оҕолорум улуус кииниттэн чугас үөрэхтээх буоллунар диэн кэлбитим диирэ. Кырдьыга да оннук буолбута. Кэлин баҕатын күүһүнэн оҕолоругар, сиэннэригэр кэмэ буолаары  Бордоҥнооҕу производственнай кооперативка 1993 сылга диэри биригэдьииринэн, кыладыапсыгынан үлэлээбитэ. Уопсайа аҕабыт Лука Васильевич 52 сыл тохтоло суох үлэлээбитэ.

  Үлэни-хамнаһы сатаан аттаран үлэлиир дьоҕурдаах тэрийээччи сыралаах үлэтэ сыаналанан, үлэтигэр ситиһиилэрин иһин Бочуот Знага орденынан, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумын Бочуотунай грамотатынан, «Кырыс сири туһаҕа таһаарыы иһин» медалынан, сэрии ыарахан сылларыгар үлэлээбитин иһин аҕабыт 1946 сыллаахха «Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии сылларыгар (1941-1945 сс.) килбиэннээх үлэтин иһин» медалынан наҕараадаламмыта. Уопсайа барыта 7 мэтээллээх, үлэтинэн 4, юбилейнай 3. Кини коммунист, партия чилиэнэ, үлэ уонна тыыл ветерана быһыытынан килбиэннээхтик үлэлээбитэ.

  Кэргэнинээн Мария Петровналыын 58 сыл устата сарын сарыннарыттан өйөһөн, өйдөһөн, түөрт уолу, алта кыыһы төрөтөн, 26 сиэн, 34 хос сиэни улаатыннаран, киһи-хара гыннылар. Аҕа быһыытынан Лука Васильевич дьиэ кэргэҥҥэ холобур оҥостор ытык-мааны киһибит, оҕолоругар амарах сыһыаннаах, ирдэбиллээх, эппитин толотторор буолан, үлэҕэ бэриниилээх сыһыаҥҥа оҕолорун ииппитэ. Оҕолор бары үөрэххэ, үлэҕэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллар, аҕаларын утумнаан үлэни өрө туппут дьон, ыарахантан толлон турбат, инникигэ бэйэтэ туспа көрүүлээх, саҥаны-сонуну олоххо киллэрэр, элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх, дьон-сэргэ ортотугар сылдьарын сөбүлүүр, үлэ үөһүгэр сылдьарын ордорор, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө суобастаахтык сыһыаннаһар киһи этэ.

Просмотров: 319 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 5.0/2
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]