09:06 ЛУКИН Дмитрий Егорович |
ЛУКИН Дмитрий Егорович ( -1945) Лукин Иннокентий Егорович, Лукин Егор Егорович улахан убайдара. Кинилэр ол саҕана кыра буолан төрөөбүт сылын чуолкай билбэттэр. Миитэрэй сэрии саҕаланыыта 18 саастаах буолан буолуо, 1941 с. бастакы хомуурга сэриигэ барбыт. Онон сабаҕалаатахха 1923 с. төрүөх буолуон сөп. Бастакы ыҥырыкка барбыт 700 киһи Сунтаарга мустан, хамыыһыйаны ааһан баран, Хаданынан, Өргөдьөйүнэн, Туруктанан Мухтуйаҕа диэри туос сатыы түһэллэр. Онно борохуот тоһуйан, арҕаа саамай кыырыктаах кыргыһыыларга уот айаҕар тиийэн биэрбиттэр. Дьэ ити курдук ыал улахан уола Бүгүйэх Саҥа Күөлүттэн Аҕа дойдутун көмүскүү аттаммыт. Сэрии бүтэ илигинэ 1943 с. күһүнүгэр хайдах сэриигэ барбыта да ол суолунан Ленскэйтэн сатыы кэлэр. Байыаннай таҥастаах уола дойдутугар Саҥа Күөлгэ кэлэригэр ийэтэ Дария Алексеевна мөлтөөн нэһиилэ сытара. Уолун көрсөөт аҕыйах хонон баран аччыктаан, ыалдьан өлөн хаалар, оттон аҕата Лукин Егор ити аҕай иннинэ эмиэ аччыктаан ыалдьан өлөр. Дмитрий ийэтин харайан баран Илимнииргэ Ааҕар балаҕаҥҥа агитаторынан үлэлии киирэр. Сыл курдук үлэлээбитин кэннэ 1945 с. аны дьоппуоннары утары сэриигэ ыҥыраллар. Онно сэриигэ сылдьан нуучча уолун кытта бааһыран госпитальга киирэн сытан өрүттүбэккэ өллө диэн биир саха киһитэ суруйбута. Ити курдук арҕаа уоттаах сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлбит хорсун буойун илин быстах, кылгас сэриигэ сырдык тыына быстыбыта. Аймахтара кини көмүс уҥуоҕа Хайлар куорат анныгар хаалбыта буолуо диэн сэрэйэллэр. (Лукина Галина Алексеевна ахтыытынан сурулунна). |
|