Меню сайта
Погода республики
Наш опрос
Статистика
Онлайн всего: 2
Гостей: 2
Пользователей: 0
Форма входа
Поиск
Внимание
Архив записей
Друзья сайта
Главная » 2020 Февраль 15 » Марфа Афанасьевна ЕГОРОВА
12:23 Марфа Афанасьевна ЕГОРОВА |
Тыыл, үлэ ветерана Марфа Афанасьевна ЕГОРОВА туһунан кыыһа Петрова Валентина Степановна: Биһиги ийэбит Егорова Марфа Афанасьевна, кыыһынан Степанова, 1925 сыллаахха төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ: аҕата Степанов Афанасий Гаврилович, ийэтэ Дария Кирилловна. Бииргэ төрөөбүттэрэ түөртэр. Убайдара Алексей, Егор уонна эдьиийэ Мария. Улахан убайа Степанов Алексей Афанасьевич. 1917 с Улгумда5а төрөөбүт. 7 кылаастаах оскуоланы Тойбохойго бүтэрбит. Бухгалтер курсун бүтэрэн кассирдаабыт, бухгалтердаабыт уонна потребобщество председателинэн үлэлээбит. Хадаҥҥа, Тойбохойго, Бүлүүчээҥҥэ, Сунтаарга үлэлээбит. Сунтаарга олорон ыалдьан эрдэ өлбүт. Кэргэнэ Соловьева Марина Даниловна. Соҕотох уоллара, Юрий Алексеевич Дьокуускайга олорор. Юстиция старшай советнига, полковник. Кыра убайа, Степанов Егор Афанасьевич.1922 с төрүөх. Кэргэнэ Мария Иевлевналыын 5 оҕолонон Тойбохойго олорбута. Оҕолоро Валерий, Виталий, Виссарион, Венера, Вилиандр. Бары араас идэлэнэн, оҕо - уруу тэнитэн араас сирдэринэн олороллор. Егор Афанасьевич уоттаах сэрии кыттыылааҕа.1946 сыллаахха этэҥҥэ сэрииттэн төннөн кэлбитэ. Бухгалтерынан үлэлээбитэ. Булчут бэрдэ этэ. Тойбохойтон атынан биһиэхэ Бордоҥҥо кэлэрэ. Оскуолаттан кэлэрбэр ата бааллан турарын көрөн, Дьөгүөр кэлбит эбит диэн үөрэрим. Биһиэхэ түүлээх, булт этиттэн кэһии аҕаларын өйдүүбүн. Эдьиийэ Омукова Мария Афанасьевна. 1918 с төрүөх . Омуков Николай Степановичка кэргэн тахсан, элбэх оҕолонон Бордоҥҥо олорбута. Оҕолоро Анатолий, Светлана, Александр, Андрей, Лия. Кинилэр бары үтүө үлэһит буолбуттара. Маайа иистэнньэҥ талааннаах этэ. Фермаҕа ыанньыксытынан өр сылларга үлэлээбитэ. Кэлин балыыһаҕа оһох оттооччу этэ. Ийэлэрэ эрдэ өлөн бары үрүө - тараа иитиллибиттэр. Биһиги ийэбит Евсеев Илья Абрамовичтаахха иитиллибитим диэн кэпсиирэ. Аҕалара иккис кэргэнниттэн Зоя Афанасьевна диэн кыыстааҕа.1938 с төрөөбүт. Нам Аппаанытыгар олорбута. Потребкооперация, сцена ветерана. Шахматка, дуобакка хараҕынан көрбөттөргө чемпион. Нам Аппаанытыгар 5 оҕолонон, элбэх сиэннэнэн, хос сиэннэнэн 83 сааһыгар диэри олорбута. Ийэбин эдьиийим диэн уруурҕаһара, куоракка киирэн хонон, кэпсэтэн - ипсэтэн барааччы. Ийэбит сэрии саҕаланарыгар 16 саастаах эдэркээн кыыс оҕо этэ. Эрдэттэн бэйэтин бас билэ улааппыт буолан, туох да улэттэн толлубата. Холкуос араас улэтигэр сыратын биэрэн улэлээбитэ, окко, саhаан бэлэмигэр сылдьара, ыанньыксыттыыра. Буола хорутарга оҕус да сиэтэрим диэн кэпсиирэ биһиэхэ. Сэрии аччык дьылларын этинэн-хаанынан билбитэ. Холкуос улэтигэр бэйэтин күүhэ - уоҕа тиийэринэн кыайыыны уһансыбыта. Кэлин "1941-1945 сс А5а дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх улэ иhин” мэтээли туттарбыттара. Ийэбит 50-с сылларга Егоров Степан Афанасьевичка кэргэн тахсар. Үс оҕолонор- Юрий, Герман уонна кыралара мин. Аҕабын бу диэн өйдөөбөппүн. Биир саастаахпар ыалдьан суох буолбута. Валерий Дмитриевич ахтар: "Мааппалаах Тэҥкэҕэ олоро сылдьыбыттара. Кэлин "Куруҥ балаҕаҥҥа” олоро сырыттахтарына оскуола оҕолоро дьиэбитигэр сатыы баран иһэн, чээйдээн, аһаан сэниэ ылан дьиэбит диэки түһүнэн кээһэрбит. Оҕо буолан, үөрэнэн бүттүҥ да аанньа да аһаабакка дьиэҥ диэки хаама тураҕын. Ол иһин махтанан отой бэйэбит дьоммут курдук саныыбыт”. Онон, ийэбит барахсан 1966 сыллаахтан үс кыра оҕолоох соҕотоҕун хаалар. Оччотооҕу кэминэн 12 солкуобай пенсия төлөнөр эбит. Бэйэтэ кыра - хара улэҕэ үлэлээн, кэлин ыарытыйан инбэлииккэ тахсыбыта. 1969 сыллаахха Тэҥкэҕэ Николаева Марфа Васильевналаахха дьуккаахтаһан кыстаабыт эбиппит. Ийэбит муоста сууйааччыннан үлэлээбит. Убайым Герман 3 кылааска Галина Гаврильевна диэн учууталга үөрэммит. Соло булла да өтөҕөр Куруҥ Бала5аҥҥа биhигини илдьэ сир астыы барарбыт. Куруҥ Балаҕанын мэлдьи саныыра - ахтара. Онно тиийдэр эрэ сүүрэн хаалар, сиппэккин кинини. Убайдарым эрдэ үлэһит буоланнар студенныыр сылларбар күүс - көмө буолбуттара. Кинилэргэ махталым муҥура суох. Биһиги ийэбит хоhуун санаалаах, соҕото5ун кэриэтэ оҕолорун атаҕар туруортаан, үөрэхтээн, ыал оҥортоон, элбэх сиэннэнэн, хос сиэннэнэн дьоллоохтук олорбута. 86 сааһыгар ыарыыттан Дьокуускайга, биhиэхэ олорон кун сириттэн барбыта. Ийэбит үтүө санаата, олоххо дьулуурдааҕа, оҕолоругар таптала, кыhамньыта биhиэхэ, сиэннэригэр холобур буолар, сүрэхпитигэр сүппэт өйдөбүл буолан хаалар. |
|