« Ноябрь 2020 » | ||||||
Пн | Вт | Ср | Чт | Пт | Сб | Вс |
1 | ||||||
2 | 3 | 4 | 5 | 6 | 7 | 8 |
9 | 10 | 11 | 12 | 13 | 14 | 15 |
16 | 17 | 18 | 19 | 20 | 21 | 22 |
23 | 24 | 25 | 26 | 27 | 28 | 29 |
30 |
04:36 Маргарита Никифоровна НИКОЛАЕВА |
Маргарита Никифоровна НИКОЛАЕВА (Степанова)
Маргарита 4 саастаах, быраата Валерий ийэлэрин кытта, 1956 с. Маргарита олох кыра сааһыттан үлэҕэ сыстыбыта. Ийэтигэр үс саастааҕыттан көмө киһитэ буолбут: мин төрөөбүтүм кэннэ миигин көрсөн харайсан ийэтин абыраабыт. Тоҕо эбитэ буолла оскуолаҕа 8 сааһыгар киирбит, аны туран 3 кылааска ыалдьан биир сыл үөрэммэтэх. Инньэ гынан миигиттэн үс кылаас үөһэ үөрэниэхтээҕин биир эрэ кылаас үөһэ үөрэммитэ. Эдьиийим 3 кылааһы бүтэрэн баран сайын биригээлэҕэ оттуу барбыта. 4 кылааһы бүтэрэн баран соҕотох кыыс оҕо үрэххэ оттоһо тахсыбыта. Отчуттар салайааччылара Степанов Егор Филиппович этэ. Өлөҥ үрэхтэн саҕалаан Моойторуктаахха диэри барыта 4 үрэххэ көһө сылдьан сайыны быһа отообуттара. Рита кыыс оҕо буолан ас астыыра, килиэп буһарара, иһит сууйара, быыһыгар от мунньара, бугул түгэҕэ харбыыра. Оччотооҕу кэмҥэ оҕолор улахан дьону кытары тэҥҥэ үлэлииллэрэ. Эдьиийим оттоон олох күһүөрү бүппүтэ. Кимнээҕэр үөрэн көтөн кэлбитэ. Ийэтигэр хайдах курдук үчүгэйдик оттообуттарын, араас көрүдьүөс түгэннэр тахсыбыттарын күлэ күлэ кэпсиирэ. Аараннан мин ону истэн ымсыырар этим. Үрэх диэн үчүгэй да дойду эбит диэн өйдөбүл үөскээбитэ. Рита бэйэтин майгыта оннук этэ, хаһан да санаатын түһэрбэтэ мэлдьи күлэ үөрэ сылдьара. Ханнык да үлэттэн толлон, чаҕыйан турбат этэ. Бастаан сатаабатаҕын да иһин түргэнник үөрэнэн хайа баҕарар үлэни кыайа хото тутара. Ол иһин үлэтигэр мэлдьи үөрэ көтө, чэпчэкитик барара. ,,Бу ыарахан үлэ, онтум ыарыйда, мантым ыарыйда, үлэлээбэппин'' диэн тыллары киниттэн хаһан да истибэтэхпит. Онус кылааһы бүтэрэн баран икки сыл хотоҥҥо үлэлээбитэ. Оторуус ,,ыччат-комсомольскай ферматыгар'' опыттаах наставник Ильина Анна Гаврильевна салайыытынан дояркалаабыта. Сунтаар, Тэҥкэ кыргыттара буолан аһара көхтөөхтүк, таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. 1973 сыллаах сайын Улан Удэ куоракка баар Илин Сибиирдээҕи култуура судаарыстыбаннай иниституутугар ,,Бибилэтиэкэ дьыалата '' салааҕа үөрэнэ киирбитэ. Устудьуон көрдөөх нардаах, үөрүү көтүү аргыстаах олоҕун сыллара биир хонук кэриэтэ түргэнник элэс гыммыттара. Элбэх дьону кытары алтыспыта, элбэх чугас дьүөгэлэммитэ. Үөрэҕин ситиһиилээхтик түмүктээн 1977 сыллаахха төрөөбүт Сунтаарыгар эргиллэн кэлэн оройуоннааҕы киин бибилэтиэкэҕэ үлэлии киирбитэ. Үлэтигэр хара маҥнайгыттан эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан үчүгэй, кыһаллыгас үлэһит дэппитэ, кэлэктиибин убаастабыллаах сыһыанын ситиспитэ. 18 сыл устата ааҕааччылары кытары быһаччы үлэлээбитэ. Кэлин киин бибилэтиэкэ тыа бибилэтиэкэлэрин кытары үлэлиир салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Эҥкилэ суох, таһаарыылаах үлэтин үгүс ахсааннаах махтал, хайҕабыл суруктар туоһулууллар. 1983 сыллаахха ыал буолбута. Кэргэнэ Борис Парфентьевич Николаев ол кэмҥэ Госстрах тэрилтэтин сүрүн исписсийэлииһинэн үлэлиирэ. Сэбиэскэй саҕана, сайын аайы от үлэтигэр тэрилтэлэр бары күргүөмүнэн тахсан субуотунньук тэрийэр үтүө үгэстээх этилэр. Риталаах Борис истиҥ сыһыаннара кэрэ айылҕалаах, өлгөм үүнүүлээх Кырамда (Илимниир) ходуһатыгар саҕаламмыта диэтэхпинэ улаханнык сыыспатым буолуо... Кэргэнэ Борис Парфеньевичтыын
Эдьиийим аах ыал буолан, түөрт оҕолонон, дьоллоохтук, дьоһун мааны ыал дэтэн олорбуттара. Оҕолоро бары улаатан, бэйэлэрэ туһунан ыал буолан, алаһа дьиэни тэринэн, оҕо - уруу тэнитэн, ньир бааччы олороллор. Маргарита Никифоровна Сунтаар оройуонун киин бибилэтиэкэтигэр үлэтин саҕалаабыта уонна хаһан тохтуор диэри харыс сири халбарыйбакка үлэлээбитэ. Биэнсийэҕэ тахсан да баран үлэлии сылдьыбыта, кэлин ыарытыйар буолан эрэ баран үлэлиирин тохтоппута. Өр сыллаах эҥкилэ суох үлэтэ сыаналанан Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна ааты ылбыта. Сунтаар улууһун култууратын бэтэрээнэ, улуус бибилэтиэкэтин үлэтин бэтэрээнэ, үлэ бэтэрээнэ ааттары сүкпүтэ. Маргарита Никифоровна ийэлээх аҕата үлэни сөбүлүүргэ, үлэһит киһи буоларга иитэн такайан үөрэппит үөрэхтэрин ымыы оҥостон, дьонтон хаалсыбакка үлэлээн хамсаан дьоллоох олоҕу олорон ааспыта. Ахтыыны суруйда бииргэ төрөөбүт быраата Валерий Салгыы уола суруйар. Николаев Парфений Борисович, 25.10.1983 Сунтарга төрөөбүтүм. Сунтаардаҕы начальнай оскуолага үөрэммитим, онтон Сунтаардааҕы политехническай лицей интернаты 2000 сылга бүтэрбитим. Саха Сиринээҕи государственнай тыа хаһаайыстыбатын академиятын бухгалтерский учёт и аудит 2007 сыллаахха бүтэрбитим. Кэргэним Николаева (Фадеева) Татьяна Борисовна 1983 сыллаах төрүөх, Өлөөн улууһун Ээйик бөһүөлэгиттэн төрүттээх, Сунтаарга Роспотребнадзор территориальнай отделыгар главный специалист-экспертынан үлэлиир. Үс оҕолоохпут, Николаева Лира Парфеньевна 01.06.2004 Сунтаарга төрөөбүтэ, Николаев Альберт Парфеньевич 06.06.2007 Сунтаарга, төрөөбүтэ, Николаев Ньургун Парфеньевич 19.03.2018 Сунтаарга төрөөбүтэ. Лира Сунтаардааҕы лицей 10 кылааһыгар үөрэнэр, Алик Сунтаардааҕы лицей 7 кылааһыгар үөрэнэр, Ньургун «Кыталык» уһуйаан иитиллээччитэ. Маргарита Никифоровна оҕолоро Майя Борисовна дьиэ кэргэнэ. Хаҥас дьиэ хаһаайына Алексей Васильевич, иккис Майя Борисовна, салгыы уоллара Борис, Аэлита, Алеся Пономарева Майя Борисовна Маргарита Никифоровна улахан кыыһа: Мин Сунтаар бөһүөлэгэр 1980 сыл ыам ыйын 19 күнүгэр төрөөбүтүм.1997 сылга Сунтаардааҕы политехническай лицейы бүтэрэн баран салгыы Новосибирскай куоракка Сибиирдээҕи ,,Телекоммуникациялар уонна информациялар'' государственнай университеттарыгар ,,Сибээс тэрилтэлэрин салайыы экономиката'' факультекка үөрэнэ киирбитим. Бүтэрэн баран ,,Экономист-менеджер'' идэтин ылбытым. Билигин Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Пенсионнай Фонда управлениетыгар старшай специалиһынан үлэлии сылдьабын. Кэргэним Пономарев Алексей Васильевич эмиэ Новосибирскай куоракка мин үөрэммит университеппар ,,Элбэх каналлаах телекоммуникациялар системалара'' факультеты бүтэрэн ,,Инженер'' идэтин ылбыта. Билигин Р. И. Брызгалов аатынан Транспортнай техникумҥа электригынан үлэлиир. Улахан оҕобут Пономарев Борис Алексеевич 1999 сыл тохсунньу 31 күнүгэр төрөөбүтэ. Сунтаардааҕы политехническай лицейы бүтэрэн баран Илин Сибиирлээҕи федеральнай университет филологическай факультетыгар үөрэнэ киирбитэ, билигин 4 курс студена, бүтэрдэҕинэ английскай тыл учуутала буолар. Улахан кыыспыт Пономарева Аэлита Алексеевна 2005 сыл ыам ыйын 23 күнүгэр төрөөбүтэ. И. Г. Тимофеев аатынан Майатааҕы лицей 9-с кылааһыгар үөрэнэр. Кыра кыыспыт Пономарева Алеся Алексеевна 2015 сыл ахсынньы 1 күнүгэр төрөөбүтэ. ,,Солнышко'' диэн уһуйаан иитиллээччитэ. Биһиги Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр олоробут. Маргарита Никифрровна үһүс оҕото, кыыһа Наталья Борисовна Сунтаардааҕы А. П. Павлов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуоланы 2002 сыллаахха үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. 2008 сыллаахха М. А. Шолохов аатынан МГГУ-ты бүтэрэн логопед-учуутал идэтин ылбыта. Сунтаардааҕы ,,Оҕо сайдар Киинигэр'' 3-с нүөмэрдээх ,,Чебурашка'' уһуйааҥҥа логопед-учууталынан үлэлиир. Икки уол оҕолоох. Улахана Александров Данил Валерьевич 2004 сыллаах төрүөх. Кырата Александров Кирилл Валерьевич, 2008 сыллаахха төрөөбүтэ. Уолаттар иккиэн ,,4'', ,,5'' сыаналарга үөрэнэллэр, олимпиадаларга ситиһиилээхтик кытталлар. Данил бастыҥ үөрэҕинэн Ил Дархан стипендиата буолбута. Ольга Борисовна дьиэ кэргэнэ: Афанасий Афанасьевич оҕотун Мичийэни көтөҕөн олорор, Ольга, Айтал уонна Күннэй
Маргарита Никифоровна төрдүс оҕото, Петрова (Николаева) Ольга Борисовна 1988 сыллаахха төрөөбүтэ. 2005 сыллаахха Сунтаардааҕы политехническай лицейы бүтэрбитэ. 2009 сыллаахха Дьокуускайдааҕы медколледж ,,Лечебное дело'' салаатын үөрэнэн бүтэрбитэ. 2012 сылга М. А. Шолохов аатынан МГГУ- н психология факультетын бүтэрбитэ. Кэргэнэ Петров Афанасий Афанасьевич 1988 сыллаахха Бордоҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Үс оҕолоохтор. Улаханнара Петрова Күннэй Афанасьевна, 2011 сылга төрөөбүтэ, В. Г. Павлов аатынан Сунтаардааҕы начальнай оскуола 4-с кылааһын үөрэнээччитэ. Иккис оҕо, Айтал, 2013 сылга төрөөбүтэ, Сунтаардааҕы В. Г. Павлов аатынан начальнай оскуола 1- гы кылааһын үөрэнээччитэ. Үһүс оҕолоро Мичийэ 2018 сылга төрөөбүтэ, уһуйаан иитиллээччитэ. |
|