Суббота, 28.12.2024, 15:04
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 15
Гостей: 15
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Мария Федотовна ПЕТРОВА
06:34
Мария Федотовна ПЕТРОВА

Тыыл, үлэ ветерана

Мария Федотовна ПЕТРОВА (Нестерова) туһунан

улахан кыыһа Петрова Маргарита Степановна,

Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэл.:

Мин аҕабыныын Халадаай ферматыгар олоробут. Халлаан сылыйан, таһырдьа наһаа үчүгэй, бу санаатахпына кулун тутар ый быһыылаах. Тээтэм сыарҕалаах атынан фермаҕа от тиэйэр. Мин тэлгэһэттэн кини иһэрин ыраахтан көрөн, утары сүүрэбин, тээтэм көтөҕөн ылан от үрдүгэр быраҕар. Бу от сыта үчүгэйиэн, үрдүгүөн, сымнаҕаһыан, оттоох күрүөҕэ тиийиэххэ диэри тиэрэ түһэн сытан көҕөрө мэндээрэр үрдүк халлааны көрөр наһаа үчүгэй. Аҕам “Тоойуом, Ирииккээ. Арай биһиги маамаланнахпытына хайдах буолуой?» диэн ыйытар. Мин истибэтэҕэ буолабын, саҥарбаппын. Дьиҥинэн күнүс талкыга тирии имитэ олорон Кириил эмээхсинэ Муоча уонна Тэрэппиин эмээхсинэ Кисиэнньэ кэпсэтэллэрин Радомирдыын оонньуу сылдьан истибитим. «Дьэ Дэгээрэй Ыстаппаан Солко Маайаны ойох кэпсэтэн эрэр үһү. Дьэ, хотуй, бүтүннүү солко буоларыҥ буолуо» дии-дии күллүлэр, мин отой сөбүлээбэтим. «Дьэ хоонньоһон хотойоруҥ, эмэн соппойоруҥ тохтуур ини. Саҥа маамаҕын эмээр” диэн эбиитин тырысыы гынан, мин кэпсиир Маайаларын өссө абааһы көрдүм. Ити күн аҕам саҥарбатаҕым иһин, ыйытан туһата суоҕун сэрэйдэ быһыылаах. Арааһа сирэйбэр-харахпар сөбүлэспэтим ырылыччы сурулла сылдьар быһыылаах. Сарсыныгар тээтэбэр эмиэ утары сүүрэбин. Бэҕэһээҥҥи кэпсэтиини умнубутум ырааппыт. Тээтэм от үрдүгэр олордон баран, “Тоойуом, Ирииккээ, биһиги ийэлэннэхпитинэ наһаа үчүгэй буолуо этэ. Минньигэстик алаадьы астыыр, таҥаспытын ыраастык сууйар маамаланыаҥ этэ. Күччүгүй балтыланыаҥ, бырааттаныаҥ этэ. Эйигин элбэх үчүгэйгэ үөрэтиэ” диэн ылыннарыылаах, эмиэ да көрдөһөр куолаһынан эппитигэр тээтэбин хомотумаары “сөп» диибин. Биир күн сөбүлэһэбин, сарсыныгар төттөрү буолабын. Ол эрээри күччүгүй балтыланарым ыйааһын хараҕын аллара тарта. Кэнникинэн үксүн сөбүлэһэн киирэн бардым.

Халлаан өссө сылыйда, онон-манан хаар ууллан, харалдьык тахсан барда. Биир үтүө күн эдьиийим Биэнньэ тээтэм саҥа маамабын ыла барбытын туһунан этэн баран кытаанахтык “киэһэ миигин кытта утуйаҕын” диэтэ. Мин отой сөбүлэспэккэ төбөм быста сыста. Тэлгэһэҕэ тахсан оонньуу сырыттахпына тээтэм аттаах сыарҕата иһэрэ көһүннэ. Мин утары сүүрбэтим, атахтарым дьаакырдаах курдук ыбыс-ыарахаттар, хамсаабакка турабын. Аҕам сыарҕаттан түһэн, сэргэҕэ атын баайда. Арай сыарҕаҕа мин көрдөхпүнэ кыраһыабай баҕайы эдэр кыыс олорор. Тээтэм миигин ыҥыран көрдө да, мин хамсаабатым. Саҥа маама буолуохтаах кыыһы ханна көрбүппүн саныы сатаатым. Онтон эмискэ дьэ санаатым. Улгумдаҕа Алааппыстаах кэннилэринээҕи дьиэҕэ Исайдаахха биирдэ киирбиппэр ити кыыс минньигэс баҕайы арыылаах лэппиэскэни биэрбитин. Онно дьахталлар кэпсэтэллэрин истэрим, “Ити Харадьыыналаах тулаайах кыыһы ылан үлэһит гынан олороллор» дииллэрин. Саҥа маама мин харахпар киҥнээх маачахаҕа майгыннаабаттыы көһүннэ. Бары дьиэҕэ киирэн аһаатыбыт. Ол эрээри утуйуу саҕана дьэ мин эдьиийим Биэнньэни кытта сытымаары аҕыс айдааны тартым. Эдьиийим үөс-батааскы биэрбэтэ, эмэһэҕэ сабырҕаталаан баран хоонньугар уктан кэбистэ. Бастаан киһи барыта ааттаһан-көрдөһөн көрбүттэрин өйдүү да сатаабакка марылаа да марылаа буола турдахпына, хаһан таһыллыбытым баарай, эдьиийим кытаанах баҕайытык “ытаан бүт!» диэт эмэһэҕэ сабырҕатан кэбиспитигэр наһаа соһуйдум, онтон куттанным уонна билигин ытаатахпына өссө күүскэ охсуллуом диэн санааттан тохтоотум. Тээтэм хоонньуттан эминньэх тарбыйах арахтаҕым ол.

Ийэм Маайа аҕабыттан сүүрбэ сыл балыс этэ. Кини ийэтэ, аҕата кыра эрдэҕинэ өлөөхтөөбүттэр. Инньэ гынан эрдэ тулаайах хаалбыт буолан миигин наһаа өйдүүрэ. Кини биһикки түргэнник бэйэ-бэйэбитин өйдөспүппүт. Тээтэм сырдык хааннаах, үтүө-көнө майгылаах буолан элбэх дьахтар «миигин кэргэн ыл» диэн бэйэлэринэн тыллана сылдьыбыттарын мин кэлин улаатан баран истэн соһуйарым. Биирдэ сайын сэттис кылааһы бүтэрэн баран Дмитриева Зиналыын сайыҥҥы каникул саҕана ыанньыксыттыы Дулҕа Бэрэҕэ сырыттахпытына Индеева Прасковья “эчи, эн аҕаҥ миигин сирбитэ, ол мин Солко Маайаҕа тиийэм дуо? Настааны эмиэ сирбитэ, чэ кэпсээтэххэ эн аҕаҥ элбэх кыыска аккааһын биллэрбитэ” дии-дии күлбүтэ.

Ол саҕана дьон бары хос ааттаахтар эбит. Билигин санаатахпына ийэбин тоҕо Солко Маайа диэбиттэрин дьэ биллим. Ол саҕана сиитэс таҥас даҕаны көһүннэҕинэ улахан үөрүү буолара. Хаһан эмит солко таҥас көһүннэҕинэ улахан дьол. Бу имэрийэргэ үчүгэйин, бу өҥө дьэрэкээнин, дьиктитин. Оттон мин ийэм Маайа бэйэтигэр сөрү-сөп быһыылаах-таһаалаах, тэтэркэй имнээх, муус маҥан, уопсайынан сирэйинэн наһаа кыраһыабай, оттон майгытынан сэмэй, нарын. Кимниин да тыл бырахсан этиһэ, кыыһыра, мөҕүттэ, кими да сиилии сылдьыбат. Мэлдьи мичээрдээн, сэмэйдик күлэн мүчүк гынар. Бу санаатахпына быһыылыын-таһаалыын, майгылыын-сигилилиин чахчы биэрбит ааттарыгар сөп түбэһэр эбит.

Тээтэм саҥа маамаланнахпытына миэхэ кыракый балтылаах, бырааттаах буолуохтааҕым туһунан эппитэ чахчы туолбута. Маамам биир кыыс, үс уол оҕону төрөппүтэ. Ийэм Маайа «маачаха мама» буолан кырыы хараҕынан кынчарыйбатаҕа, абааһы көрбөтөҕө. Куруук сэмэйдик, нарыннык “маны маннык оҥоробут дуо»? диэн тэҥҥэ кэпсэтэн, күлэн-үөрэн таҥас сууйуута, дьиэ сууйуута иккиэн тэҥҥэ үлэлээн түргэнник бүтэрэн кэбиһэр идэлээх этибит. Өйбөр наһаа үчүгэйдик хаалбыт түгэннэр – оҕолору, Олялаах Петяны, иккиэннэрин утуталаан баран туруохтарын иннинэ бүтэ охсоору күөлгэ таҥас сууйа, сайҕыы сүүрэрбитин, маамам таҥастаах тааһы төбөтүгэр ууран хаамараын.

Ийэбин, эдэр, кыраһыабай кыыһы, ымсыыра көрөөччүлэр да бааллара. Ол эрээри аҕам ийэбиниин наһаа тапсаллара. Ийэм оҕолоно аҕыйах хонукка балыыһаҕа киирдэҕинэ аҕам кини кутар чэйин, аһылыгын суохтаан биллэрдик ыран хаалара. Ийэм өр кэмҥэ фермаҕа ыанньыксытынан, интернакка поварынан үлэлээбитэ. Кини сылайдым-элэйдим диэн сытарын биирдэ даҕаны көрбөтөҕүм, истибэтэҕим. Сарсыарда эрдэттэн туран оһох оттон аһылыгын астыыр, ынаҕын ыы охсон, киирэн остуолга аһылыгын тардаат үлэтигэр ыстанара. Биир да бириэмэҕэ тохтоон, налыйан-наҕылыйан олорорун букатын өйдөөбөппүн. Өссө онтун быыһыгар оҕолорго наһаа үчүгэйдик таҥаһы, маскарааты тикпитэ эрэ баар буолар. Хаһан барытын ситиһэн үлэлиирин билигин сөҕөбүн. Арааһа иистэниитин түүн өттүгэр бүтэрэр быһыылааҕа. Түүн биирдэ эмит уһугуннахпына иистэнэр массыына тыаһа сырылаан олорооччу.

Аны ийэм барахсан наһаа асчыт, кини аһа барыта үллэ турар курдук, хаһан да бүппэт. Бу халаачыктара, алаадьыта, бэрэскиитэ, лэппиэскэтэ минньигэһин, күөрчэх оҥордоҕуна киһи топпот. Аһын арааһа хаһан да хатыламмат. Туттара-хаптара лоп-бааччы, бу ырааһа, чэнчиһэ. Аҕам кэлин биирдэ эмит холуочуйдаҕына “Маайа барахсан миэхэ кэргэн тахсыбытын улахан дьолбунан ааҕынабын. Миэхэ биир кыыс, үс уол оҕону бэлэхтээтэ” диэн этэрэ. Бары өттүнэн саха мааны ыалын ийэтэ – ол мин ийэм Маайа. Ийэлээх аҕам барахсаттар мин өйбөр, санаабар мэлдьи аттыбар арыаллыы, харыстыы, араҥаччылыы сылдьар курдуктар.

Просмотров: 218 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]