Суббота, 28.12.2024, 14:36
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 14
Гостей: 14
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Мария Николаевна ПРОКОПЬЕВА
08:34
Мария Николаевна ПРОКОПЬЕВА

Тыыл, үлэ ветерана

Мария Николаевна ПРОКОПЬЕВА туһунан

кыыһа, үлэ ветерана Прокопьева Матрена Ильинична:

Ийэм 1892 с. Бордоҥ нэһилиэгэр Арҕаа Андылаах түбэтигэр төрөөбүт. Аҕата Кэрэмэс Ньукулай диэн, элбэх оҕолоох ыаллар эбит. Ийэм кэпсииринэн аҕатын дьоно хаһан да уолбат дьэҥкир уулаах, дириҥ Үҥкүр диэн күөл үрдүгэр олорбуттар. Аҕатын аҕата, мин эһэм, Далбарай баай 300 сүөһүнү иитэр эбит. Кэпсииллэринэн үүтүн барытын ол Үҥкүр күөлгэ куттарар эбит, кэнэҕэс дьоммут үүттээх ууну иһиэхтэрэ уонна миэхэ махтаныахтара диэн. Онто уута тунаарбатах, оттон сүөгэйэ арыы буолан кута буолбута үһү диэн номох баар. Ити күөл үрдүгэр хойукка диэри сүөһү уҥуохтара элбэҕин туһунан кэпсиир буолаллара. Онон биһиги хос, хос эһэбит улахан номоххо киирбит эбит.

Ийэм бииргэ төрөөбүт убайдардаах, бырааттардаах эбит. Онтон биир быраатым уола дьоно эрдэ өлөннөр детдомҥа иитиллэн оскуоланы бүтэрбитэ, ыал буолан 4 оҕону төрөппүтэ, бары Дьокуускайга олороллор.

Аҕам Прокопьев Илья Гаврильевич диэн, дьиҥинэн 10 оҕоломмуттар үһү даҕаны, ыарахан олох тыыныттан 8 оҕолоруттан ытыстарын сотуммуттар. Аҕам кыра эрдэхпинэ өлбүт, хайдах дьүһүннээҕин даҕаны билбэппин, ыарыһах эбитэ үһү. Онон ийэм Маарыйа эмээхсин сэрии сылларыгар икки оҕолоох хаалбыт, уола Николай 1928 с. т., 13 саастаах, син үлэлээн көмө буолара үһү, мин сэрии саҕаланыытыгар түөртээх этим.

Ийэм бастаан Жданов колхозка чилиэнинэн киирбит, биэс ынах сүөһүнү, итиччэ ахсааннаах сылгыны холбообуттар. Сэрии саҕана олох олус кытааппыта. Ийэм колхозка эр киһи үлэтин үлэлиирэ. Аҕабын кытта бииргэ төрөөбүт Прокопьев Григорий Гаврильевич диэн киһи Уйалаахха кэргэниниин Ульяна Антоновналыын уонна оҕолорунуун биир хотону тутан олороллоро. Ийэм Маарыйа сүөһү аһатара, отун тиэйэрэ, оһоҕун маһын булара, ферма ынаҕын ойбону алларан өрүскэ уулатар үһү. Билигин санаатахха киһи өйө хоппот үлэтэ. Уйалаахха билигин да хотонноро турар. Саҥаһым Ульяна кыргыттара Даайалаах Өлөксөөн хотон ис-тас үлэтигэр сылдьаллара, дьиэни эмиэ кинилэр бэрийэллэрэ. Бурдук көһүннэҕинэ ону астаан Ульяна эмээхсин лэппиэскэ буһарара, ону сиирбитин олус сөбүлүүр этибит.

Миигин сэрии саҕана уонна абаҕам уолун (Ылдьаана уола) аһата диэн ааттаан дьааһылаҕа биэрбиттэр Ону баара үлэһиттэр сиэмэхтэриттэн ол Кыһыллаай диэн уол онно хоргуйан өлбүтэ, оттон мин ыран өлөөрү сырыттахпына ийэм «Бэйэбэр сылдьан өллүн диэн илдьэ барбытым” диэн кэпсиир этэ. Өлбөккө син ордубуппун, ол ордон ийэбин 102 сааһыгар диэри харайан иитиллибит иэспин төлөөбүтүм. Ол дьааһыла үлэһиттэрэ биһиги сиир бурдукпутуттан ылан собоҕо атастаһаллар эбит. Ол сиэбит, тохпут балыктарын уҥуоҕун биһиги оҕолор сиирбитин өйдүүбүн.

Ульяна эмээхсин икки кыыһыттан ураты Прокопьев Гаврил Григорьевич диэн сүрдээх үчүгэй уоллаах этэ, онто кэлин геолог буолбута, кэргэннээх, уол оҕолоох, сиэннэрдээх. Ол киһи Магадаҥҥа геологтаабыта. Кэлин үлэлии сылдьан үс буолан буурҕаҕа түбэһэн суорума суолламмыта, тэрилтэтэ Хадаҥҥа (ийэтэ олорбут сирэ) аҕалан көмүс уҥуоҕун туппуттара. Кыыһа Дарья сэрии саҕана уоллаах кыыс оҕолордооҕо, кинилэртэн элбэх ыччат тэнийдэ, Маар Күөлгэ олороллор. Биир кыыһа Александра диэн Хадаҥҥа олорбута, эмиэ оҕолордоох, сиэннэрэ да элбээбит буолуохтаахтар.

Ийэм Маарыйа колхозка үлэлииригэр мэлдьи бырабылыанньа чилиэнэ, ахтыыбынай колхозтаах, итэҕэһи-быһаҕаһы хаһан да көрөн турбат, аһаҕастык мунньахтарга этэр-тыынар эбит. Ону сорохтор сөбүлээбэккэ куолуһут дииллэр эбит. Ийэм сэрии сылларыгар сыралаах улэтэ сыаналанан, “1941-1945 сс. килбиэннээх үлэ иһин” Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Бу мэтээлинэн олус киэн туттара.

Маарыйа уола Ньукулай, Ылдьаана уола Хабырыыс Бордоҥ, Сунтаар оскуолаларыгар интернакка олорон үөрэммиттэр, сиэбит саахардарыттан ордорон кэһии гынан таһаараллара үһү. Өссө ийэм быраатын уола детдомҥа олорон кэлэ-бара сылдьара. Игнатьев Петр Алексеевич диэн, билигин Дьокуускайга олорор үс оҕолоох, үс сиэннээх, 80 сааһа буолан эрэр. Биһиэхэ тулаайах Евсеев Николай диэн уол сылдьара. Кини кэлин Мирнэй диэкки үлэлээбитэ уонна өлбүтэ. Бу ахтыбыт аймахтарым бары сэрии сылын оҕолоро, улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбиттэрэ, эрэйи-муҥу, аччыктааһыны билбиттэрэ.

Ийэм уонна Ылдьаана мэлдьи дьукаах олорбуттара, кэргэннэрэ эрдэ өлөннөр мэлдьи бэйэ-бэйэлэрин өйөнсөн ол ыарахан сыллары туораатахпыт, биир дьиэ кэргэн курдукпут. Ол иһин Ылдьаана оҕолорун туһунан сиһилии суруйа сатаатым.

Мин сэрии бүтэһигэр 7-8 саастаах этим. Урут буолаттан куоластыырбын өйдүүбүн, кутуйах хаһааһын буллахха улахан үөрүү буолара, онтубутун тардан сиирбит. Сорох колхоз салайааччылара оҕолор хомуйбут куоластарын былдьыыллара үһү. Өссө биир үчүгэй аһылыгынан сүөһү тириитин субалаан ону мииннээн иһии буолара, ол саҕана эт диэн суоҕа. Колхоз үүтүн эрийэллэригэр онно холбуй үүт күүгэнэ үтүө аһылык буолара, ону даҕаны үүт эрийээччи үтүө санаалаах киһи сиэтэр, сөбүлээбэтэҕинэ оройго да охсон ылара.

Биһиги кырабытыгар дьаамаҕа сиилэһи симэр буолаллара, ону оҕолорго тэбистэрэллэрэ көр буолар, кэлин арыый улаатан баран от мустарарбын, бугуллуурбун өйдүүбүн.

Бастаан колхоз председателлэринэн үөрэҕэ суох дьон үлэлээбиттэр, ол түмүгэр сорох колхозтарга хоргуйан өлүү түбэлтэлэрэ баара, сиргэ тохтор бурдук куолаһын да хомуйтарбаттар эбит. Онтон кэлин сэрии кэнниттэн буолуо , Жданов колхоз председателинэн Игнатьев Иван Захарович диэн киһи кэлэн үлэлээбит. Кини кэлиэҕиттэн үлэ көрдөрүүтэ тупсубута, дьон хоргуйуута тохтообута диэн кэпсииллэрин истэр этим. Онон Иван Захарович кыра-хара дьону кэлэн өрүһүйтэлээбитэ диэн махтаналлара.

 

Просмотров: 274 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 4.0/1
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]