06:20 Мария Петровна ПЕТРОВА |
Тыыл, үлэ ветерана, герой ийэ Мария Петровна ПЕТРОВА: Ийэбит, Мария Петровна, 1929 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр Сунтаар оройуонугар Тэҥкэҕэ Оторуус диэн сиргэ дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ бастакы оҕонон төрөөбүтэ. Ийэбит аҕата Семенов Петр Дмитриевич, Тэнкэ нэьилиэгин олохтоо5о, холкуос туруу үлэһитэ, кыһынын бултаан, сайынын оттоон, икки кыргыттарын Марияны уонна Иринаны аймахтарын көмөлөрүнэн улаатыннартаабыта. Бырааттара Тэнкэ нэьилиэгин олохтоохторо Семенов Прокопий, Михаил уонна балта Натаай. Ийэбит оҕо сааһа сэрии кэмигэр түбэһэн, олох күчүмэҕэйдэрин кыратыттан этинэн-хаанынан билбитэ, улахан дьону кытта тэҥҥэ араас үлэҕэ сылдьан улааппыта, Тэҥкэ үс кылаастаах оскуолатын эрэ бүтэрэр кыахтаммыта. Бииргэ тэрээбут балта Семенова Ирина Петровна, Сунтаардаа5ы Райпотребсоюзка общепит тэрилтэтигэр остолобуойга, кондитерскай сыахха эр кэмнэ улэлээбитэ. Сэрии о5ото уонна тыыл бэтэрээнэ Сунтаар нэьилиэгин ытык олохтоо5о, билигин Дьокуускай куоракка олорор, 87 саастаах. "Букатын кырабыттан хотоҥҥо ынах ыырга тымтык тутар этим, сайынын от кэмигэр оҕус сиэтэрим. Сэрии кэмигэр 12-13 саастаах кыыспын, улахан дьону кытта холкуос араас ыарахан үлэтигэр сылдьыбытым. Аспыт диэн туох кэлиэй, бурдук куолаһын хомуйан, бэс сутукатын, сиикэй мооньоҕону, тооруччаны хааһылаан сиир этибит.”- диэн биһиэхэ кэпсиирэ. Биһиги ийэбит дьахтар, ыал ийэтин ытык иэһин толорон, бу сиргэ аатын ааттатар аналын толору толорон олорон ааста. 1971 сыллаахха ССРС Верховнай Сэбиэтин Президиумун Ыйааҕынан Герой Ийэ үрдүк аатын ылбыта. Элбэх оҕолоохпун диэн олорунан кэбиспэтэҕэ. Бытовой комбинатка иистэньэгинэн, оскуола интернатыгар иккис сменаҕа воспитатель көмөлөһөөччүтүнэн, онтон сельсовет хонтуоратыгар уборщицанан үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Ийэлээх аҕабыт Мария Петровна уонна Лука Васильевич 58 сыл бииргэ олорон, алта кыыһы уонна түөрт уолу төрөтөн, барыбытын үлэҕэ-үөрэххэ уһуйан, дьиэ-уот тэринэрбитигэр, сиэннэр улааталларыгар төһүү күүс буолбуттара. Элбэх ыалдьыттардаах, хонор хоноһолордоох нэһилиэк биир үтүө-мааны сис ыала буолан олорон кэллилэр. Ийэбит дьиэҕэ-уокка хатыламмат, сатабыллах хаһаайка. Киирбит ыалдьыты барытын остуолга олордон итии үүттээх чэйинэн көрсөрө. Ийэбит сатаабатаҕа суоҕа. Биһиэхэ, сиэннэригэр кыра сааспытыттан бириэмэни сөпкө аттарарга, арыт мөҕөн-этэн тылын ылыннаран, толотторон тэйэрэ, олох хас биирдии түгэниттэн билиини, сырдыгы эрэ сомсон ыларга үөрэтэрэ. Хаһаайка дьахтар ыраас буолуохтаах диэн өрүүтүн үөрэтэрэ, дьиэҕэ ырааһы-бэрээдэги ирдиирэ, ылыннарыылаах тыллаҕа. Сууйан-сотон, тиһигин быспакка иистэнэн хаһан да бириэмэни таах атаарбата. Оҕолорго уонна сиэннэргэ түүлээхтэн үгүс бэргэһэ тигэрэ. Кыргыттарга араас былаачыйалары, уолаттарга "клёш” бүрүүкэлэри тигэттээн, таҥас-сап кырымчыгын биллэрбэт түбүктээҕэ. Сырдык дьэрэкээн ойуулаах-оһуордаах бэйэтэ тиктибит элбэх халааттардаах буолара. Ийэбит барахсан бэйэтэ кыайан үөрэммэтэх буолан, үөрэниҥ диэн мэлдьитин сүбэлиирэ. Оскуолаҕа төрөппүт мунньаҕын көтүппэккэ сылдьара. Учууталлары улаханнык убаастыыра. Дьиэҕэ уруокпутун ааҕарбытын мэлдьитин ирдиирэ уонна хонтуруоллуура, оскуолаҕа ыытыллар үгүс мероприятияларга кыттарбытын ситиһэрэ. Дьиэ бүппэт түбүгүн барытын бэйэтигэр ылынан, оҕолору кыра эрдэхпититтэн үлэҕэ дьаныардаахтык уөрэтэлээн, дьиэ ис-тас үлэтигэр улахан көмө дьон оҥортоон улаатыннарбыта. Бииргэ төрөөбүт элбэх буоламмыт мэниктээн тэлгэһэбититн ылан кэбиһэрбит. Сасыһан оонньоммут хоспох, ампаар, хотон тула сүүрэммит ийэбититтэн сэмэлэнэрбит. Ол эрээри кини хаһан да чугас эргин ыаллар оҕолоро түмсэн биһиги уһаайбабытыгар оонньуулларын бопсубат этэ. Хата кыһыҥҥы хаар кириэппэсбитигэр водовоз массыынатын көрдөһөн муус килээцки оҥоттороро. Оҕолорум чугас, дьиэлэрин таһыгар сылдьаллара үчүгэй диирэ. Ийэбит барахсан куруутун ыраахтан да чугастан да кэллэхпитинэ ураты минньигэс саҥыйахтааах алаадьытын, сахалыы баахылатын астаан көрсөрө. Оҕолор уонна сиэннэр ааҕа, билэ-көрө сырытыннар диэн, ийэбит республика, оройуон сурунаалларын уонна хаһыаттарын сылын ахсын көтүппэккэ сурутара. Сайынын оҕо-аймах, оттуу таарыйа, кэлэн ааҕыахтара диэн анаан мунньара. Сахалыы тылынан тахсар саҥа кинигэлэри кэһии гынан аҕаларбытын куруутун сэргиирэ уонна санаатын үллэстэрэ. 2014 сыллаахха улаханнык дьаныһан туран, Куокуну нэһилиэгэр Табаҕа кырыс, оһорбо сирин туһаҕа таһаарыы ветерана, Бочуот Знага орденннаах, коммунист, аҕабыт Лука Васильевич туһунан ахтыы кинигэ таһаартарбыта. Аҕабытынаан кулуупка буолар киинэлэртэн кэллэхтэринэ, ыпсаран кэпсиир ураты дьоҕурдааҕа. Улахан остуол тула чэй иһэ-иһэ элбэх үөрүүлээх-көтүүлээх киэһэлэр үгүстүк буолаллара. Сэргэх сэһэнннээх, сэмэй да буоллар ырыалаах-хоһоонноох буолара, хомустаан да балалаайкалаан да ылара. Сайынын бары бииргэ оттур кэмнэрбитин санаан долгуйан ааһабыт. Иллэҥ кэм түбэстэр эрэ ийэбит аҕабыт салайыытынан өрүскэ муҥхалыы, лууктуу барар кэмнэр эмиэ бааллара. Кууруссаны уонна куруолугу таба харайан, оҕуруот аһын тиһигин быспакка үүннэрэн ийэлээх аҕабыт дьоһун ыаллар. Кинилэр биһигини кыра сааспытытттан үлэни таптыы улаатарбытыгар туох баар дьоҕурдарын, кыһамньыларын уурбуттара. Олохпутугар уонна үлэбитигэр ситиһиилээх, киэҥ билиилээх специалистар буоларбытыгар, дьиэ кэргэн буоларбытыгар ийэлээх аҕабыт таба иитиилэрэ улахан тирэх буолбута.
|
|