Суббота, 28.12.2024, 15:48
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 15 » Марина Иннокентьевна ИВАНОВА
12:26
Марина Иннокентьевна ИВАНОВА

Тыыл, үлэ ветерана

Марина Иннокентьевна ИВАНОВА (Старостина)

туһунан сиэнэ, «Хатыҥчаан» уһуйаан

иитиллээччитэ Старостина Саргы:

Мин эбэм 1932 с. Хадан нэһилиэгин Курсуй учаастагар Иванов Иннокентий Григорьевич, Николаева Евдокия Семеновна диэн аҕыс оҕолоох ыалга төрөөбүт. Аҕалара ыалдьан 1940 с. сэрии иннинэ өлбүт. Ийэлэрэ - мин хос эбэм сэрии ыар сылларыгар оҕолорун кытта соҕотох тулаайах хаалбыт. Оҕолорун аһатаары, үөрэттэрээри колхозка ыанньыксытынан үлэлээбит. Соҕотох ийэ элбэх оҕону иитэрэ ыарахан буолан, кыһалҕаттан улахан оҕолоро ыалларынан тарҕаспыттар, онон ыалга үлэлээн айахтарын бэйэлэрэ булуна сылдьыбыттар. 1943 с. Хадаҥҥа тулаайах хаалбыт, тиийиммэт, элбэх оҕолоох ыал оҕолоругар анаан интернат-оскуола аһыллыбыт. Инньэ гынан эбэм Марина Иннокентьевна 9 саастааҕар оскуола боруогун атыллаан үөрэнэр дьолломмута. Кыһынын интернакка олорон үөрэммит, сайынын аһыыр кыһалҕаттан ыалга тахсан оҕо көрсөн, ынах ыаһан, дьиэҕэ-уокка көмөлөһөн сайылыыра.

Эбэм кыра сааһыттан үлэҕэ эриллэн улааппыта. Сэрии сылларыгар кыра оҕолор оонньуур-көрүлүүр диэни билбэттэрэ. Ол курдук колхозка үлэ элбэҕэ: саас ходуһа хомуйуута, хортуоскаҕа ууну кутуу, бурдук куоластааһына, табах үүннэрэн сэбирдэҕин хомуйаллара. Техника аҕыйах буолан барыта илии үлэтэ буолара. Эбэм кэпсииринэн оҕолор мурукулаан, тириитин тиирэн туттараллар эбит, «тугу гыналларын билбэтим, арааһа фроҥҥа ичигэс таҥас тигэн ыыталлара буолуо» диэн сэһэргиир. 1944-45 сс. Эйикээр оскуолатыгар үөрэммит, онно сылдьан кыайыы буолбутун туһунан үөрүүлээх сураҕы истибиттэр. Үөрүү-көтүү бөҕө буолбут. Салгыы Марбаҕа 7-с, онтон Сунтаарга 8-с кылааһы үөрэнэн бүтэрбит. Ийэтэ ыарытыйар буолан салгыы үөрэммэккэ Хадаҥҥа ыанньыксытынан үлэтин саҕалаабыт.

1965 с. эбэм Марина олоҕун аргыһын Старостин Харлампий Христофоровиһы көрсөн ыал буолбуттара. Эһэм Харлампий Верхоянскай улууһуттан төрүттээх, инженер-механик үөрэхтээх эбит. Кини өр сылларга совхозка механигынан үтүө суобастаахтык үлэлээн ааспыта. Эбэм эдэр сааһыттан уһуннук колхозка, совхозка сүөһү иитиитигэр үлэлээбитэ, партияҕа киирбитэ. Үчүгэй үлэтин иһин Москва куоракка Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатыгар кыттыбыта. Кэнники сылларга пенсияҕа тахсыар диэри Бордоҥ балыыһатыгар поварынан үлэлээбитэ.

Эбэлээх эһэм түөрт оҕону төрөтөн, улаатыннаран, үөрэхтээх дьон гыннылар. Мин аҕам Аркадий Харлампьевич улахан уоллара буолар, дьонум Бордоҥҥо ыал буолан дьиэ-уот туттан, оҕо төрөтөн, сүөһү ииттэн олороллор. Вячеслав, Александр Дьокуускайга олороллор, үлэлииллэр, ыаллар. Мааны кыыстара, балтылара Саргы Сунтаарга оскуолаҕа учууталынан үлэлиир. Эбэм Марина аттыбытыгар дьиэ туттан олорор. Төһө да сааһырдар биһиэхэ көмөлөһөн, сүбэ-ама биэрэн, сиэннэрин көрсөн сылдьар. Эбэм оҕо сааһа сэрии кэмигэр түбэһэн олус эрэйдээхтик ааспыт, тоҥор-хатар, аччыктыыр кыһалҕатын этинэн-хаанынан билбит, кыра сааһыттан улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээн кыайыы туһугар бэйэтин кылаатын киллэрсибит, элбэх мэтээллэрдээх, грамоталардаах. Эбэбэр ыалдьыбакка, доруобай сылдьарыгар, үөрэ-көтө дьоллоохтук олороругар баҕарабын.

Таптыыр киһим – күндү эбэм

Миигин кытта өрүү баар.

Эбэм, эбэм барахсан,

Үөрэн-көтөн мичилий,

Сиэҥҥин кытта дьолу билэн,

Уһун-уһун үйэлэн!

 

Просмотров: 236 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]