Суббота, 28.12.2024, 14:33
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 9
Гостей: 9
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Август 2021  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
          1
    2345678
    9101112131415
    16171819202122
    23242526272829
    3031
    Главная » 2021 » Август » 11 » Матросова Ксения Арьяновна
    13:23
    Матросова Ксения Арьяновна

     Ксения Арьяновна МАТРОСОВА

    Күндүтүк саныыр күн-күбэй ийэбит, эйэҕэс эбээбит, РСФСР норуотун үѳрэҕириитин туйгуна,  Саха ϴрѳспүүбүлүкэтин үѳрэҕириигэ салаатын бочуоттаах ветерана, Матросова Ксения Арьяновна   1938 сыл сэтинньи 10 күнүгэр Куокуну нэhилиэгэр Матросов Арьян Дмитриевич, Матросова Мария Афанасьевна 6  оҕолоох дьиэ кэргэнигэр 2-с оҕонон күн сирин кѳрбүт.

      

     



    Ийэбит Тойбохой орто оскуолатын 1961 сыллаахха бүтэрээт 2 сыл Тэҥкэ алын сүhүѳх оскуолатыгар учууталлаабыт. Онтон учуутал идэтин сѳбүлээн Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүтээҕи педучилищеҕа 2 сыл үѳрэнэн кыра кылаастарга учуутал идэтин ылбыт. Ол саҕана математикаҕа эбии үѳрэтэн 5-8 кылаастарга математиканы үѳрэтэргэ справкалаах бүтэрбит. Инньэ гынан Уус Алдан улууhугар Курбуhах интернат-оскуолатыгар математика учууталынан анаммыт. Онно 1 сыл үлэлээн баран дьоно ыалдьаннар Сунтаар улууhугар Тэҥкэ алын сүhүѳх оскуолатыгар учууталынан, сэбиэдиссэйинэн ананан 4 сыл үлэлээбит. Онтон 1970 сыллаахха олоҕун аргыhын биhиги аҕабытын Трофимов Виктор Гавриловиhы кѳрсѳн Сунтаарга кѳһѳн киирэн  №2 орто оскуолаҕа алын сүhүѳх учууталынан 2005 сылга дылы үлэлээбит. Бу оскуолаҕа үлэлии сылдьан 1986 сылга педагогическай үлэ ветерана, 1990 сыллаахха РСФСР норуотун үѳрэҕириитин туйгуна, 1999 сыллаахха үлэ ветерана, 2010 сыллаахха Саха ѳрѳспүүбүлүкэтин үѳрэҕириигэ салаатын бочуоттаах ветерана буолбута. Олоххо барытыгар активнай позициялааҕын кѳрдѳрѳн 1969с Бордоҥ нэhилиэгин, 1975 с Сунтаар нэhилиэгин  депутатынан талыллан үлэлээбиттээх. Уопсайа үтүмэн элбэх оҕолору үѳрэтэн 42 сыл үлэлээн баран сиэннэрин бүѳбэйдии-бүѳбэйдии сѳбүлүүр дьарыгынан иистэнэн, баайан, оҕуруот аһын үүннэриитинэн дьарыктаммыта. Ардыгар учууталлары, библиотекары солбуйан оскуолатын кытта сибээhин быспатаҕа.

    Үлэлээбитин устатыгар элбэх кылааhы таhаарбыта. Үѳрэппит оҕолоро  ѳрѳспүүбүлүкэ араас муннуктарынан тарҕанан бэйэлэрин талбыт идэлэринэн үлэлии, ийэ, аҕа, эбээ, эhээ дэтэн ыал мааны хаhаайыттара буолан сылдьаллар.  Кэлин даҕаны үѳрэппит оҕолоро, үлэлээбит оскуолатын коллектива ийэбитин кытта сибээстэрин быспакка сылдьалларыттан, араас тэрээhиннэргэ күндү ыалдьытынан ыҥыралларыттан олус истиҥник, сэмэйдик үѳрэрэ, махтанара. Ол курдук кини туhунан үѳрэнээччилэрэ суруйаллар:

     - Бордоҥтон сылдьар Виталий Николаев: «Мин Тэҥкэ оскуолатыгар 1963 сыллаахха киирэн баран 1967 сыллаахха бүтэрбитим, эhиил оскуоланы бүтэрбиппит 55 сыла буолар эбит. Ол саҕана саҥа оскуола улахана, сырдыга сүрдээх, билигин да Тэҥкэ оскуолатын улахан оскуола курдук кѳрѳбүн. Кыра сылдьан Ксения Арьяновналаахха дьиэлэригэр сылдьааччыбын, кинилэргэ радиоузел баара уонна ийэлэрэ бэрэски буhарарын сѳҕѳ кѳрѳрүм, биhиги улуу эрэ бырааhынньыктарга бэрэски сиэччибит уонна оҕо хараҕа тугу ѳйдѳѳн кѳрүѳй. Бастакы учууталым Галина Гаврильевна мѳҥѳрүн ѳйдѳѳбѳппүн эрээри, толлор учууталбыт этэ. Онтон Пантелеймон Степановичка үѳрэнэ сылдьыбыппыт, дьэ бу сүрдээх учуутал этэ, бары куттанар этибит. Сыарҕалаах атынан сылдьааччы, ытырыык улахан баҕайы овчарка ытыттан эмиэ куттанабыт. Ол кэннэ Ксения Арьяновнаҕа үѳрэммиппит, оҕолорго ийэлии сыhыаннаах, үтүѳ-мааны майгылаах мин аhара сѳбүлүүр учууталым этэ. Кулуупка оскуола концертка кыргыттар ыллыылларыгар мин сценаҕа куобах буолабын, ону да Ксения Арьяновна сцена кэннигэр туран тугу гынарбын кѳрдѳрѳ турарын ѳйдүүбүн. ϴссѳ Ксения Арьяновна саҕана шариковай уруучука үѳдүйбүтэ, онтун ыскаабыгар уура сылдьара, оскуолаҕа кэллэхпитинэ эрэ туттарбыт. Мин фермаҕа улааппыт оҕо оскуолаҕа отой саҥата суох, тыл ѳттүгэр мѳлтѳх үѳрэнээччи этим. Салгыы Бордоҥ оскуолатыгар үѳрэммитим, манна математикаҕа ыарырҕаппакка үѳрэммитим, ѳссѳ Сунтаарга киирэн олимпиадаҕа эҥин кыттар этим, онон Тэҥкэ учууталларыгар сѳптѳѳх билиини биэрбиттэригэр махтал.  Уссурийскай куоракка үрдүк үѳрэхтээх агроном идэтин ылан совхозка биригэдьииринэн, агрономунан үлэлээбитим. Оторуус түбэтигэр бурдук ыhыытын баhылыырга үлэлэспитим уонна бурдук звенотын тэрийээччитэ этим, онон дойдубар кыратык да буоллар идэбинэн үлэлээбитим. Бу звено Сэбиэскэй былаас эстибитин да үрдүнэн, Алквиад Иннокентьевич салалтатынан 2000 сылга дылы үлэлээбитэ. Билигин манна Павел Григорьевич ситиhиилээхтик үлэлии сылдьар, ѳссѳ уҥуор сүѳhү таhааран, Оторууhу иккис тыыннаата. Совхоз ыhыллыбытын кэннэ оскуолаҕа завхоhунан, охраннигынан, ѳссѳ икки сыл технология учууталынан үлэлээбитим, учууталынан мээнэ киhи үлэлээбэт үлэтэ эбит. Учуутал диэн оҕону иитэр ыарахан идэ буолар, үлэтин түмүгэ хас эмэ сылынан биллэр, дьиҥнээхтик сүгүрүйэн үлэлиир дьон үлэлииллэр. Хаhан эмит Сунтаарга дьиэлэригэр сылдьааччыбыт, миигин биллиҥ дуо диэтэхпинэ биллим диэччи. Кэлин Тэҥкэҕэ, Бордоҥҥо юбилейдарга Ксения Арьяновнаны кѳрсѳѳччүбүн уонна барыта ыксал-тиэтэл буолан үчүгэйдик наҕылыччы кэпсэппэккэ хаалбыппыттан билигин хомойо саныыбын. Олоҕун ыччаты үѳрэтиигэ анаабыт маҥнайгы учууталбын билигин сылаастык долгуйа саныыбын, кини кѳмѳтүнэн үѳрэхтэнэн олоххо суолбун булбуппун умнуом суоҕа, оҕолорбор да кэпсээн оҥосто сылдьыам.»



    -Тэҥкэттэн Валентина Николаева: «Мин Тэҥкэ начальнай оскуолатыгар 1961 с. бастакы кылааска үѳрэнэ киирбитим. Үѳрэнэ киирбиппитигэр оскуола иннигэр линейка буолбута. Биhиэхэ онно бэйэлэрин туустаабыт оҕурсуларын түҥэппиттэрэ. Ол саҕана парникка  оҕурсу олордоллор эбит этэ. Мин ол саҕана оҕурсуну бастаан онно кѳрбүтүм, сиэбэтэҕим. Олус уhуун да уhун подсолнухтар быыстарыгар хаартыскаҕа түспүппүт. Ол сыл бастакы кылааска элбэх оҕо үѳрэнэ киирбитэ. Ксения Арьяновна наhаа холку, оҕолору мѳҕѳ сылдьыбат этэ. Ол гынан баран толлор этим. Перемена бириэмэтигэр остуоруйалары, кэпсээннэри ааҕар этэ. Нууччалыы айымньылары сонно переводтаан олус үчүгэйдик ааҕар этэ. Арыт былаах былдьаhа оонньотолуур этэ, сүүрүү-кѳтүү бѳҕѳ буолара. Бэйэтэ бииргэ оонньоhор этэ. Оскуола истиэнэтэ бүтүннүү государстволарынан стендэ буолар этэ. Уруок кэнниттэн кэлэн  тиэстэнэн килиэй оҥорон журналтан ойуулары хордуоҥкаҕа сыhыарар этибит. Онтон Ксения Арьяновна Бүлүүгэ үѳрэххэ барбыта. Биhиги пионерга киирбиппит. Ол саҕана хаалтыс буолбакка кыhыл таҥаhынан хаалтыстанан пионерга киирбиппит. Кэлин Ксения Арьяновна Бүлүүттэн солко хаалтыс ыыталаабыта. Оо, онно үѳрбүппүн билигин даҕаны умнубаппын.»

    - Сунтаарга үѳрэммит үѳрэнээччитэ тыл билимин хандьыдаата,
    Арассыыйа Наукатын Академиятын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институтун
    үлэһитэ
    Николаев Егор Револьевич:  «Маҥнайгы учууталбыт Ксения Арьяновна олус кытаанах, тугу да энчирэппэт майгылааҕа. Бастакы уочараккка бэрээдэк диэн турара. Хойутаа
    hын, борогууллааhын, утуйан хаалыы диэн суох этэ. Социализмы ѳрѳгѳйдѳѳхтүк тутуу, коммунизм диэки эрэллээхтик дьулуhуу кыра кылаас оҕолорун да тумнубат этэ. Холобур, сотору-сотору ып-ыраастык кылбаччы сууйуллубут 15 арыгы бытыылкатын хомуйан туттарарбыт. Биирдэ ол таhаҕаспын (сиэккэҕэ кылыгыратан илдьибитим) кыайбакка хойутаан тиийдим. Хата, Ксения Арьяновна мѳхпѳтѳ. Миигин кѳрѳѳт да, бытыылкаларын аҕалбатах оҕолору ааттыы-ааттыы мѳҕѳн барбыта. Ол гынан баран учууталым мээнэ мѳҕѳ-этэ сылдьыбат үгэстээҕэ, биирдэ-иккитэ кытаанахтык эттэҕинэ сѳп буолара. ϴйбѳр кылааспыт баар-суох туйгун үѳрэнээччитин кылаас иннигэр туруоран мѳхпүтэ субу баар. Кинини бу түгэн иннинэ анаан-минээн спортивнай саалаҕа ыҥыраннар, дружина знамятын фонугар хаартыскаҕа түhэрэ туралларын ѳйдѳѳн хаалбыппын. Бу сырыыга кыыспыт кылаас иннигэр хап-хара дуосканы фон «оҥостон» турара. ϴктѳѳп демонстрациятыгар кэлбэтэх буруйдаах эбит (мин эмиэ биирдэ кѳтүппүппэр Ксения Арьяновна дневникпэр бѳдѳҥ баҕайытык «тоҕо демонстарцияҕа кэлбэтэ?» диэн суруйбута). Кыыспыт хараҕын уута хачылыйан тахсыбытын кѳрѳн аhына санаабытым. Ол курдук быыкаа оҕолортон дойду идеологиятын ѳйѳѳбѳтѳххүн диэн ирдиир этилэр. Тустаахха суоhар да буоллаҕа. Ксения Арьяновнаҕа биhиги тиhэх кылаас этибит. Сахалар, дьиҥинэн, олус тоҥуйбут ээ. Билигин уларыйа сатаабыппыт, сымыйанан-кырдьыгынан «голливудтуу» мичээрдэспиппит иhин… Ол иhин, баҕар, маҥнайгы учууталбытыгар сылдьыбыппыт ахсааннаах буолуо. Ол эрээри мэлдьи ыраас, чэбэр, хараҥа халлаан күѳх кѳстүүмнээх, укааскалаах, модьу-таҕа уруучукалаах учууталбыт мѳссүѳнэ барыбытыгар үйэбит тухары иҥэн хааллаҕа. Ксения Арьяновна, бастатан туран, мин санаабар, суобастаах, кырдьыксыт, эппиэтинэстээх буоларга ииппитэ. Утуйаан, ыhыллаҕас, нэс саха оҕолорун бэрээдэккэ үѳрэппитэ. Ол буолар, дьиҥинэн, маҥнайгы учууталтан ирдэнэрэ. Ол ытык иэhин Ксения Арьяновна чиэстээхтик толорбута диэн туран ис сүрэхтэн махтанабыт, ѳйдүү-саныы сылдьабыт.»

    Үѳрэппит оҕолоро итинник истиҥник санаан суруйалларын ааҕан киhи үѳрэр, махтанар, киэн туттар. Ити курдук  ийэбит учууталлыырын  кыра эрдэхтэн кѳрѳн улаатаммыт, кини туйаҕын хатаран убайбынаан оскуолаҕа үлэлээбиппит номнуо 20-тэн тахса сыл буолла, кэккэ ситиhиилэрдээхпит.

    Гаврил

    Убайым Гаврил Дьокуускайга №4 спортивнай оскуола5а иитэр-үѳрэтэр үлэҕэ директоры солбуйааччы, Сϴ спорт уонна физическэй культура туйгуна, наартанан ыстаныыга маастар, дуобакка маастарга кандидат.

    Диана

    Мин Сунтаар В.Г.Павлов аатынан начальнай оскуолатын үрдүк категориялаах учууталабын, Сϴ министерствотын бочуоттаах грамотанан на5араадаламмытым, улуус үѳрэҕириитин сайдыытыгар кылаатын иhин  бочуоттаах бэлиэ хаhаайкатабын.

    Бастакы сиэнэ Юлия Кытай Ханчжоу куоратыгар наука уонна технология Дианзи университетыгар 2-с курсун бутэрдэ, кытай тылын учууталынан эбэтэр переводчигынан үлэлиэхтээх, ох саанан ытыыга маастарга кандидат. 

    Эhээтин толору аатын ылбыт уол сиэн  Витя Дьокуускай куорат №2-с оскуолатыгар 10-с кылааhы үѳрэх ударнигынан түмүктээтэ, аҕатын курдук дуобатчыт, 6-с кылааска сылдьан маастарга кандидат нуорматын толорбута.

    Үһүс сиэн Айыына В.Г.Павлов аатынан Сунтаар начальнай оскуолатын бастакы кылааhын бутэрдэ, ыллыырын, үҥкүүлүүрүн, хоһоон ааҕарын сѳбүлүүр, араас таhымнаах күрэхтэргэ кыттан ситиhиилэрдээх. Быйыл Тэҥкэ тэрийбит улуустааҕы 20 сыллаах юбилейнай «Сааскы таммахтар» күрэстэригэр кыттан «Хомоҕой хоһоон»  номинация, бириис хаhаайката.

    Виктор Гаврилович

     Аҕабытынаан холбоhон, дьиэ-уот туттан, биhигини тѳрѳтѳн, үрдүк үѳрэхтээн, дьиэлээн, үлэhит, ыал оҥортоон, сиэннэрин кѳрѳн бүѳбэйдээн дьоллоохтук олорбуттара. Саха ыалын сиэринэн ынах, сибиинньэ, куурусса иитэ сылдьыбыттаахпыт.  Ийэбит ыал хаhаайкатын быhыытынан олус минньигэс астааҕа.

     Тэҥкэттэн, Бордоҥтон мэлдьи уруу-аймах дьонноро ыалдьыттаан хонон-ѳрѳѳн астынан ааhаллара. Сэрии сылын оҕото, ыал улахан кыыhа буолан бырааттарыгар, балыстарыгар үтүѳ сүбэhит этэ. Ол курдук эдьиийбит Валентина Степанова кини туhунан суруйар. «Мин Ксения Арьяновнаны начальнай кылаастан саҕалаан ѳйдүүбүн. Киниэхэ үѳрэммитим. Кини үчүгэйдик үѳрэппитэ туhалаан үрдүкү кылаастарга үчүгэйдик үѳрэммитим буолуо. Онтон ахсыс кылааска үѳрэнэрбэр Ксеня кэргэннэнэн Сунтаарга кѳhѳн киирбитэ уонна иккис оскуолаҕа үлэлээбитэ. Мин кинини эдьийим быhыытынан онтон ыла үчүгэйдик ѳйдүүбүн. Кини асчыт этэ, онно кѳмѳлѳhѳр буолан син астыырга үѳрэммитим. Ордук кыhын элбэҕи астаан тоҥорор этибит. Ол учуутал түбүктээх үлэтигэр туhалыыр этэ. Биhиги аҕабыт атыыhыттыы сылдьан наар Ксенялаахха түhэр этэ. Кини Ксеняны куруук үѳрэ-кѳтѳ кѳрсѳр этэ диирэ. Матросовтар аймахтарыттан кини Сунтаарга олохсуйан аймахтарыгар улахан кѳмѳ буолбута – быhааттарар дьыалалара элбэх буолара. Биhигиттэн бырааппыт Николай олорон оскуолаҕа үѳрэммитэ, онтон кыра бырааппыт Михаил Сунтаарга №2-с оскуоланы бүтэрбитэ. Саамай махтана саныырым студенныы сырыттахпытына балтым Таняҕа уонна миэхэ ый аайы харчыбытын перевод оҥорон ыытарыгар. Переговорга кинини кытта кэпсэтэрбит. Онно Ксеня хаhан да ыксаабакка кэпсэтэн дьоммут сонунун кэпсиирэ. Ыраах үѳрэнэ сылдьар оҕолорго ол аhара күндү буолара. Ол саҕана Тэҥкэҕэ биир эрэ сиргэ телефон баара, ол да сотору-сотору алдьанан эрэйдиирэ. Каникулга кэлэрбитигэр эмиэ эдьиийбитигэр хонон ааhар этибит. Кэлин Сунтаарга олохсуйарбытыгар эмиэ эдьиийбит сүбэтэ тѳhүү күүс буолбута. Ол саҕана дьиэтэ суох буолан арендалаhан олорбуппут. Онно кини ол дьиэбитин атыылаhыҥ диэбитэ. Дьиэ атыылаhар туhунан олох да толкуйдуу санаабат этибит, саҥа үлэлээн эрэр буолан харчыбыт да суоҕа. Иэс харчы булан атыыласпыппыт. Онно билбитим киhи бэйэтэ бас билэр дьиэлээҕэ үчүгэйин. Кэлин хамнас харчытын наардаан туттарга үѳрэппитэ, ол сүбэтин билигин да туттабын, уоппуска бириэмэтигэр тугу гынары киhи сурунара үчүгэй, оччоҕо туhалаахтык атаарыллар диирэ. Бэйэтин да оҕолорун оннук такайан үѳрэтэн бэйэтин курдук үлэhит оҕолор. Сир астыылларын эдьиийим дьиэ кэргэнэ бары сѳбүлүүр этилэр. Кинилэри кытта сир астаан абыранар этибит. Сунтаар курдук элбэх нэhилиэнньэлээх сиргэ сир аhын тииhинэн хомуйар күчүмэҕэй буоллаҕа дии, сирин да билбэт этибит. Онон биhиги аймах эдьиийбит Ксеняҕа махталбыт улахан.»

    Ийэбит кэрэни кэрэхсээн үүнээйи арааhын үүннэрэрин, иистэнэрин, баайарын туохтааҕар да ордороро. Олус сэмэй майгылааҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ мэлдьи үтүѳ сыhыаннааҕа. Хаhан да доруобуйатын үҥсэргии сылдьыбата, мэлдьи үчүгэйбин диир идэлээҕэ. Сааhыран олорон тѳрѳѳбүт Тэҥкэтигэр күүлэйдээн, сынньанан киирэрин астынара. Оччотооҕу урукку кэмнэрин санаатаҕына сирэйдиин сырдыыра, санаалыын кѳнньүѳрэрэ. Сайынын Тэҥкэтигэр ыhыахха сылдьара, түптэ буруотун тыынан оҕо сааhын эргитэн саныыра, тыа чуумпу олоҕор дуоhуйа сынньанара. Аймахтара күндүлээбит булдун этин, балыгын, сүѳгэйин, арыытын амсайан астынара, кэhиилэнэн киирэриттэн оҕолуу үѳрэрэ. Эдьийдэрэ буолан уруу-аймах дьонноругар кэhиилэнэн кэтэhиилээх күндү ыалдьыт буолара. Күндү ийэбит, эйэҕэс эбээбит сырдык мѳссүѳнэ, кэрэ дууһата, аламаҕай үтүѳ-сэмэй майгыта, чиэһинэй олоҕо,  биhиэхэ кыhамньыта мэлдьи холобур буолар,  күлэ-үѳрэ сылдьар мѳссүѳнэ ѳрүү сүрэхпитигэр тыыннаах.

    Ахтыыны суруйда кыыhа Диана Викторовна, бэс ыйын 13 күнэ, 2021с

     

    Просмотров: 277 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 5.0/1
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]