05:34 Моисей Федотович ПЕТРОВ. Мотрена Васильевна Иванова |
Тыыл, үлэ бэтэрээнэ Моисей Федотович ПЕТРОВ. Мотрена Васильевна Иванова Биһиги дьиэ кэргэн Петров Федот (Тоҥус) оҕонньордооҕу кытары Саҥа Eүөлгэ 1941 сыллаахха дьукаах олорбуппут. Улахан уоллара Дьаакып 1942 сыллаахха сэриигэ барбыта уонна сураҕа суох сүппүтэ. Иван диэн уол Бордоҥ оскуолатыгар 6-с кылааска үөрэнэ сылдьан хабарҕа сөтөлүнэн ыалдьан өлбүтэ. Моисей уонна Мотя буолан хаалбыттара. Ийэлэрэ Саанча диэн ааттаах этэ. 1941 сыллаахха сыл саас мин Уһун күөлгэ таайым аахха баран үс ый буолан кэлбитим. Моисейдаах ийэлэрэ өлбүт этэ. Мин Саанча ыалдьарын билбэт этим. Дьиҥэр, туох эрэ ыарыыга ыалдьа сылдьыбыта буолуо. Моисейдаах Мотяны аҕалара көрөн улаатыннартаабыта. Аҕалара сыл аайы булка тыалыыр этэ. Кини уолун илдьэ сылдьара. Онон Моисейдаах Мотя аччыктааһын диэни соччо билбэтэхтэрэ. Кэлин да өр кэмҥэ биһиги Моисейдааҕы кытта дьукаахтаһан олорбуппут. Моисей кыайан үөрэммэтэҕэ. Иккис кылаас кэнниттэн уурайбыта. Сэрии саҕана окко бурдук хомууругар үлэлиир этэ. Оччолорго түөрт кылаас үөрэхтээх киһи армияҕа барар диэн ирдэбил баара. 3–4-с кылааһы үөрэттэҕэ буолан баран, Моисейы 1957 сыллаахха армияҕа ыыппыттара. Онно үс сыл сулууспалаабыта. Кини Кытайга ат бостууктаабыт этэ. 1957 сыллаахха күһүн кэлбитэ. Онтон ол кыһын Иванова Мотяны (Мыппыыны) кэргэн ылбыта. Моисейдаах түөрт уол, икки кыыс оҕону төрөппүттэрэ. Билигин баара буоллар, аҕыс сиэн, биир хос сиэн эһэтэ-эбэтэ буолуох этилэр. Моисей эдэригэр аҕыйах саҥалаах, курбуу курдук көнө, үрдүк уҥуохтаах кыраһыабай киһи этэ. Оттон кэргэнэ Мотя элбэх саҥалаах, намыһах соҕус уҥуохтаах хара бараан төгүрүк сирэйдээх сытыы кыыс этэ. Сааһыран да баран киэҥ сири ырытар элбэх толкуйдаах сүбэлээх-амалаах киһи этэ. Оттон Моисей сааһырдаҕын аайы саҥата төттөрүтүн өссө аҕыйаабыта. Кини сааһын тухары холкуос, совхоз араас үлэтигэр үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Хонуу үлэтигэр уонна тутууга сылдьыбыта. Кэлин пенсияҕа тахсыар диэри саһылга үлэлээн, совхоз кырымахтаах саһылы иитэригэр биллэр кылааты киллэрсибитэ. 300-тэн тахса саһылы күҥҥэ-иккитэ хомуоһунан түҥэтэн аһатара. 130 ийэ саһылы көрөн-истэн, совхоз экономиката бөҕөргүүрүгэр улахан өҥөлөөх киһинэн буолар. Мин Сунтаартан архыыптан сааспын көрдүү сылдьан Моисей сааһын булан көрбүтүм. Онно 1931 сыллаахха муус устар ыйга төрөөбүт диэн сылдьар этэ. Оттон кини 1933 сыл төрүөх диэнинэн сылдьар этэ. Сунтаартан тахсан Моисейтан сааһын хас сылынан сылдьарын ыйыппыппар, «икки сылы күччэтэ сылдьарым буолуо» диэбитэ. Онон кини сааһын докумуонун ылан тахсаат, пенсиятын докумуонун оҥорсоот, үлэтиттэн тохтообута, дьиэтин көрөн олорбута. Моисей сарсыарда эрдэ туран туоһапканан кустуур этэ. Биирдэ Карл Николаевич миэхэ: «Ити Моисей диэн киһи туоһапканан кустуур, сарсыарда биэс-алта улахан кустаах кэлэн ааһар», – диэн кэпсээбиттээх. Карл Николаевич ол саҕана Бордоҥҥо учууталынан ананан кэлбит кэмэ этэ. Моисей ийэтин төрдүлэрэ – Илимниир Васильевтара. Ийэтин балта Төкүөйэ диэн баар этэ. Онтон, баҕар, биир кыыс баар буолуохтаах. Ол оҕолоро баар буолуохтара. Аҕатын аймахтара Уаровтар. Александр Сергеевич Уаров чугас аймаҕа. Моисей кыра сылдьан олох ыалдьыбат этэ. Хойут өлөр ыарыытыгар ыалдьан да баран, балыыһаҕа да соччо сылдьыбатаҕа быһыылааҕа. кини ситэ олорботох олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар. Илья Алексеевич КРАСКОВ |
|