01:50 Мотрена Тимофеевна НАЗАРОВА |
Тыыл, үлэ ветерана Мотрена Тимофеевна НАЗАРОВА туһунан кыыһа Яковлева Людмила Семеновна: Мин ийэм 1916 с. тохсунньу 16 күнүгэр сыллаахха Сунтаар оройуонугар Кутана нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ Наһаардар диэн Кутанаттан төрүттээх олус халыҥ аймах, аҕата Назаров Тарас Егорович, ийэтэ Ирина Николаевна. Бииргэ төрөөбүттэр үс кыыс уонна биир уол. Ийэм үлэтин 1936 с. оройуон киинин балыыһатыгар үлэлээн саҕалаабыта. 1939 с. ыам ыйыттан Кэппэндээйи курордугар старшай сиэстэрэнэн үлэлии тахсыбыта. Онно биир сыл үлэлээн баран курорт сабыллан, Сунтаарга төттөрү үлэлии киирбит. Сэрии кэминээҕи сылларга оройуоҥҥа нэһилиэктэринэн медпууннар, участковай балыыһалар саҥа аһыллан үлэлээн эрэр кэмнэрэ этэ. Нэһилиэнньэҕэ кутталлаах араас ыарыылар элбэхтэрэ, эмчиттэр тиийбэттэрэ. Онон эмчиттэр салалта ханна аныыр сиригэр көһө сылдьан үлэлииллэрэ. Ийэм эдэр, эрчимнээх үлэһит буолан араас нэһилиэктэринэн көһө сылдьан үлэлээбит эбит. Ол курдук Кириэстээххэ, Тойбохой детдомугар, Сунтаарга оҕо дьааһылатыгар сэбиэдиссэйинэн, медсестранан ананан сэрии бүтүөр диэри үлэлээбит. Кириэстээххэ үлэлии сылдьан Яковлев Семен Степановичтыын олохторун холбоон ыал буолбуттар. Аҕам 1942 с. сэриигэ ыҥырыллан барбыт. Сэриилэһэ сылдьан ыараханнык бааһыран 1944 с. дойдутугар эргиллэн кэлбит уонна өр буолбакка ылбыт бааһырыытыттан 1947 с. эдэр сааһыгар өлбүт. Аҕам сэриигэ сылдьыбытын туһунан докумуоннара төттөрүт-таары көһүү кэмнэригэр сүтэн хаалбыттара диэн ийэм хомойор этэ. Ол гынан баран кини аата Сунтаарга Кутурҕан томторо мемориалга суруллан турарыттан үөрэбит. Ийэм 1958-1966 сс. Сунтаарга харах балыыһатыгар медсестранан үлэлээбитэ. Онно үлэлиир сылларыгар Ленинградтан кэлбит Городницер Ирина Яковлевна, Николаева Анна Львовна диэн үтүөлээх быраастары кытта үлэлээбитин иһирэх тылларынан ахтара. Ити кэмҥэ ийэбин кытта медсестранан Еремеева Мария Яковлевна, Герасимова Мария Васильевна, Рожина Елизавета Петровна үлэлээбиттэрэ. “Бу коллективка бары даҕаны бэйэлэрин үлэлэрин чахчы баһылаабыт, киэҥ билиилээх, дьулуурдаах, иллээх үлэһиттэри кытта үлэлээбитим, трахоманы суох оҥорбуппут” диэн кэпсиирэ. Манна үлэтин түмүгүнэн 1964 с. Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Президиумун уурааҕынан “Саха АССР-га трахоманы суох оҥорууга активнайдык кыттыбытын иһин” диэн бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыта. 1966 с. үлэтин Бордоҥ учаастактааҕы балыыһатыгар салҕаабыта, ити кэмҥэ бөһүөлэккэ саҥа балыыһа тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Сэбиэдиссэйинэн Николаев Василий Гаврильевич ананан 1968 с. диэри үлэлээбит. Кини кэнниттэн саҥа үөрэҕи бүтэрбит эдэр врач Полина Гаврильевна Иванова үлэлии кэлбитэ. Бу саҥа аһыллыбыт тыа балыыһатыгар оччолорго медицинскай документация диэн суоҕа. Онно 63-с, 66-с формалары булан, хас биирдии ыарыһахха индивидуальнай карточка оҥорорго көмөлөспүппүн мин улаханнык саныыбын. Балыыһа үлэтин бэрээдэгэ чуолкайдаммыта, миэстэтигэр хаан аналиһа, атын да анализтар оҥоһуллар буолбуттара. Онтон СГУ медицинскэй факультетын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбит Елена Николаевна Федорова өр сылларга быраастаабыта. Бу дириҥ билиилээх, үлэтигэр бэриниилээх, тэрийэр үлэҕэ дьоҕурдаах салайааччы үлэлээбит сылларыгар коллектив хас да сыл субуруччу оройуон эмчиттэрин куоталаһыыларыгар бириистээх миэстэлэргэ сылдьара. Мин эмиэ кэнники эмчит идэтин баһылаан итинник билиилээх, дьоҕурдаах дьону кытта алтыспыппынан киэн туттабын. Пенсияҕа тахсан да баран сааһырыар диэри медсестранан салгыы үлэлээбитэ, онтон балыыһа иһинэн аһыллыбыт аптечнай пууҥҥа санитарканан өр кэмҥэ үлэлээбитэ. Аптека сэбиэдиссэйэ Уарова Нина Афанасьевна этэ. Доруобйуйа харыстабылын эйгэтигэр ер кэмнээх, үтүө суобастаах үлэтэ сыаналанан, элбэх хайҕал суруктарынан, бочуотунай грамоталарынан бэлиэтэммитэ. Ийэм барахсан олоҕунн устата соҕотох санныгар олох араас ыарахаттарын уйан, муударайдык быһааран, биһиги туспутугар туох баар өйүн-санаатын, дьулуурун-тулуурун түмэн элбэҕи ситиспит эбит диэн сыаналыыбын. Ийэм үтүө холобурунан биһиги дьиэ кэргэммит эмчит идэтин баһылаатыбыт, бүтүн династия буоллубут. Ол курдук мин медсестранан үлэлээн, пенсияҕа тахсан олоробун. Сиэнэ, мин уолум, Сергей Васильевич үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, ыал буолан икки оҕолонон Москва куоракка олохсуйан олорор. Сергей Москватааҕы Государственнай стоматологическай университетка хирург-стоматологынан үлэлиир, челюстно-лицевой отделение сэбиэдиссэйэ, медицинскэй наука кандидата. Кэргэнэ Майа Николаевна Москватааҕы эндокринологическай институт кардиолог бырааһа, медицинскэй наука кандидата,научнай сотрудник. Ийэм икки хос сиэннээх. Кыыстара Яна хос эбэтин туйаҕын хатаран эмиэ медик буолар баҕалаах, билигин Канадаҕа Ванкувер куоракка ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьар. Английскайдыы, французскайдыы холкутук, төрөөбүт сахатын тылын курдук быһаарсар, кэпсэтэр, суруйар, ааҕар. Билиҥҥи кэмҥэ элбэх омук тылын билэр куһаҕана суох, киһи сайдар, билиитэ-көрүүтэ кэҥиир. Кыра хос сиэн Тимур 2-с кылааска үөрэнэр. Ийэм Мотрена Тимофеевна сэрии уонна сэрии кэминээҕи ыарахан сылларга бэйэтэ кыра хамнаска олорон тулаайах хаалбыт убайдарын оҕолорун, бэйэтин балтыларын, быраатын иитэлээн, көрөн-харайан, үөрэнэллэригэр, үлэһит дьон, ыал буолалларыгар көмөлөһөн олох киэҥ аартыгар таһаартаабыта. Сунтаар оскуолата оройуоҥҥа соҕотох орто оскуола эрдэҕинэ тыаттан киирэн үөрэнэр оҕолору олордон, оскуоланы бүтэрэллэригэр элбэх оҕоҕо көмөлөспүтэ. Кини холобурунан уонна көмөтүнэн балтылара Екатерина Тарасовна, Елена Тимофеевна, мин, кыыһа, уонна сиэнэ Сергей олохпутун медицинаҕа анаан медик идэлээхпит. Мин ийэм эрэлин толорбутум - мин дьолум. Ийэм мэлдьи этэрэ: “Бэйэҥ өйгүнэн, сатабылгынан, кыаххынан, баҕаҕынан, дьулуургунан, тулуургунан олоххун оҥосторгун умнума” диэн. Ийэм киэҥ-холку майгытын, муударай өйүн-санаатын, дьоҥҥо сэргэҕэ сыһыанын, дьулуурдаах үлэтин-хамнаһын, тулуурун, кэрэ мөссүөнүн хаһан да умнуохпут суоҕа. Кини үтүө холобурдаах сырдык олоҕун сиэнэ, хос сиэннэрэ салгыы туруохтара. |
|