Суббота, 28.12.2024, 14:52
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 10
Гостей: 10
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Май 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
        123
    45678910
    11121314151617
    18192021222324
    25262728293031
    Главная » 2020 » Май » 20 » Нөөрүктээйи туһунан
    08:30
    Нөөрүктээйи туһунан

    Николаев Виталий Григорьевич

    Нөөрүктээйи туһунан

       Бордоҥнор төрдүлэрин - уустарын бэккэ билэллэрин көрөн баран, Нөөрүктээйилэр  тустарынан сэгэтэн көрөргө холоннум. Мин В.Л. Серошевскай, Р.К. Маак, Г.В. Ксенофонтов, П.К. Яковлев, А.А. Дмитрьев кинигэлэрин туһанным.          Билигин баар ытык кырдьаҕастарбыт эдэр саастара  сэрии ыар кэмнэригэр ааспыта.  Ол саҕана хаалынньаҥ уруккуну ахтар-саныыр бириэмэ да суоҕа,  билэр да буоллахтарына кэпсээбэккэ, биһиги да улаханнык ыйыталаспакка кэллэхпит. Кинилэр күүстээх үлэлэринэн, биһиги оҕо сааспыт үчүгэй олоххо ааспыта эрээри, биһиги көлүөнэ төрдүбүтүн - ууспутун   билиэхпит да,  бу дьоллоох олоҕу  эһээбит Ленин аҕалбыта диэн иитиллибит дьоҥҥо.
    Нөөрүктээйи туһунан  араас үһүйээннэр бааллар,  Нөөрүктээйи диэн оҕонньор баар этэ, эбэтэр "Нерикт" диэн эбээн тылыттан тахсыбыта диэн. Элбэх учуонайдар ол иһигэр Г.В. Ксенофонтов  сахалар былыр былыргаттан 100 аҕа ууһа буолан "Нөөрүктээйи бииһэ" буолан холбоһон Байкал тула олорбуттара дииллэр эбит.
    XII үйэттэн саҕалаан Чингисхан уолаттарын сэриититтэн куотан  Лена өрүһүнэн  көһүү саҕаламмыт. Ол иһэн Нөөрүктээйилэр сорохторо Өлүөхүмэҕэ хаалбыттар, үксэ Туймаада утары Ой-Бэс (Павловск), Дьөппөҥ тула  олохсуйбуттар, Бииргэ кэлбит Дыгын аҕатын ууһа Туймаадаҕа олохсуйбут.  
     А.М. Абросимов 2015 с. төрүччүтүттэн көрдөххө Эллэй уола Хатан  Хаҥаластан саҕалаан Хар Тахтаах,  Босхоҥ Бэргэҥэдэй (Босхоҥ Бэргэти),  Тойон Наахара,  Бэкирдээн ойуун,  Ыйылас а/у,  Оторуус ойуун,  Куһаҕаллай,  Сиэмэн диэннэр ууһаабыттар эбит. Баҕар бу биһиги Оторууспут буолуо, быһаарар кыахпыт суох.         
    Нууччалар кэлбиттэригэр, бастаан ох саа сэбилэниилээх сахалар, саалаах нууччаларга туох  утарсыыны оҥорууһуктар. Кытай архивтарыгар 1633 с. ахсынньы 4 к. "сахарча бииһэ" диэнтэн 46 киһилээх, 1769 киис тириитэ кэһиилээх посольства кэлэ сырытта диэн суруллан хаалбыт, ол кэннэ сахаларга буораҕынан ытар саа баар буолбут.  Остуруогу ылыахтарын аны буускаттан иҥнэллэр. Хаҥаластар нууччаны утары күүстээх утарсыыны оҥорбуттарын иһин кытаанахтык тутуу са5аланар, аҕа ууһун илин - арҕаа диэн араартыыллар, кыахтаахтар атын сиргэ көһөллөр, бу кэмҥэ Мэҥэ-Хаҥаластан сорох Нөөрүктээйилэр Бүлүүнү буллахтара.    
      Нууччалар Саха сирин  волоска үллэрэн дьаһаах хомуйаллар эбит.  1634 с. В. Шахов Бүлүү сүнньүгэр бастакы үс эрэ, Бордоҥ, Хаҥалас, Дьаархан волостарын тэрийбитэ.    А.А. Дмитрьев  1639 с.  дьаһаах матырыйааллары көрбүтэ, Өлүөхүмэ  "Мэйик волоһа" дэнэр эбит. Хочо улууһугар Мэйик, Үөһээ Мэйик диэн нэһилиэктэр бааллара, Сунтаар уонна Өлүөхүмэ Нөөрүктээйилэрэ биир буолуохтарын сөп курдук.  XVIII үйэҕэ  Сунтаар  6 волостарын Өлүөхүмэ биэдэмэстэригэр биэрэ сылдьыбыттар, онон сорох архыып кумааҕытын Өлүөхүмэттэн булаҕын. Ол кэннэ Бүлүү сүнньүн волостара "Үөһээ-Бүлүү биэдэмэстибэтэ" диэҥҥэ киирэллэрэ.
          Революция иннигэр I Нөөрүктээйи нэһилиэгэр  Тойбохойго 84 киһи, Туойдаахха 285 киһи, Тэҥкэҕэ 438 киһи, Бэкэйгэ 76 киһи, Сэрии Киирбиккэ 152 киһи, Бүлүүчээҥҥэ 434 киһи, Улахан Ботуобуйаҕа 46 киһи олороро, Хочо улууһугар саамай улахан нэһилиэк этэ.
     Былыр икки Наахара нэһилиэгэ баара, I Наахара билиҥҥи Бүлүүчээн.    1820 с. Хочо улууһа тэриллэригэр II Наахара  нэһилиэгэ   I Нөөрүктээйи нэһилиэгэ буолбут. Тэҥкэлэр Хара Нөөрүктээйи аҕатын уустара буолаллар, хара диэн былыргы сахалыынан хоту диэн эбит.  I Нөөрүктээйигэ Бачан, Бэригэс, Оҥкудал, Туртас, Бүлүүчээн  диэн ааттаах аҕа уустара бааллара.   Сэбиэскэй кэмҥэ  Тэҥкэни Куокунуга холбууллар, 1954 с. Куокунуттан арааран II Бордоҥ нэһилиэгэр холбууллар. Билигин Тэҥкэ туһунан нэһилиэк буолан олорор.  Онон урут да, хойут да саҥа тойон киирдэ да, саҥа дьаһал.
     Москваҕа Киин архыыпка сытар матырыйаалларга дьаһаах төлөөбүт хас биирдии киһи аата баар,  А.А. Дмитриев бэйэтин бордоҥнорун эрэ көрбүт, манна Тэҥкэҕэ ол саҕана кимнээх олорбуттара баар буолуохтарын сөп.  Билигин Саха сирин архивтара электроннай буоллулар, дьиэҕэр олорон Нөөрүктээйи нэһилиэгин 1927 с. испииһэгин көрүөххүн сөп. Онон Москва да архивтарыгар киириллэрэ буолуо, онно эдэр хасыһар киһи наада.      
     Г.В. Ксенофонтов  элбэх үһүйээни хомуйан суруйбута, Сунтаарга, Ньурбаҕа, Бүлүүгэ тус туһунан да, ис хоһооно маарыннаһаллар. Тоҥустар туматтары кыргыбыттар, биир кыыс туос тыыга олорон куотан, Лена өрүскэ тиийэн Дыгын аҕатын иккис кэргэнэ буолбут. Бу  Дьаархан диэн кыыс 3 уолу төрөтөр, Дыгыннаҕы кытта тапсыбакка уолаттарын Бүлүүгэ күрэтэр. Бу уолаттардан   үс сүрүн аҕа ууһа баар буолбут - Быркыҥаа Боотур, Босхоҥ-Бэргэти, Тойук -Булгудах. Быркыҥаа Боотур үс уоллаах, биирэ Торбуох билиҥҥи Тойбохой, Кириэстээх төрүттэрэ, Куокуну уола Куокунулары тэнитэр.  Бу хаҥаластар.           
    Сунтаарга Хаҥалас аҕатын ууһун дьонноро Г.В. Ксенофонтов эт атаҕынан кэрийэн  1921 - 25 сс.  аахпытынан Наахара нэһилиэгэр 937 киһи, I Нөөрүктээйигэ 1708 киһи, Хороҕо 60 киһи Сунтаар үрдүнэн 5447 киһи, Бүлүү уокуругар 13 384 киһи баар. Онон Тэҥкэлэр Хаҥалас аҕатын ууһун дьонноро буолабыт.  
    Хаҥалас диэн сахаларга саамай улахан силистээх - мутуктаах аҕа ууһа буолар, б.э.и. III тыһ. кэмтэн "Хаҥ уус" диэн аатынан биллэр.     Азияҕа  Хаҥ уус Алтайтан киирбитэ, Хаҥый диэн государствоны төрүттээбитэ. Маны б.э.и. 139 с.  Улуу Кытай  үспүйүөнэ Чжань Цянь  билигин харалла сытар  императорга  суругар "Кангюй" диир, Дабаан хайатын "Давань" диир. Манна Хаҥ уус, Оҕус, Сүлэ, Малдьаҕар, Уран, Байдьаҥ (Бордоҥ)  диэн араас аҕа уустара холбоһон тэрийбиттэрэ.  Бу государство Айыы таҥара итэҕэллээх, Хомпоруун Кыыл - Хотой бэлиэлээх, суруктаах-бичиктээх, таас тутуулардаах этэ,   тыһыынчаннан сыл культуратын сүтэрбэккэ олорбута.  Хаҥ уонна Байдьаҥ аҕа уустара М. Кашгари 1074 с. аатырбыт тылдьытыгар киирэ сылдьаллар.   Нуучча хаһаактара сурукка "Кангалаская волость" диэн суруйаннар Хаҥалас буолбута.
    Бордоҥнор  Ньурба киһитэ   А.А. Дмитриев диэн киһилээх буоланнар, уонча Бордоҥ нэһилиэктэрин, 46 аҕа ууһун барытын хабан,  400 сыллаах 12 - 15 сүһүөххэ диэри төрүччүлэрин  үчүгэйдик билэллэрин бу мантан көрүөххэ сөп.    
     Эллэй хос-хос сиэнэ Чемелек Кульнесов уола Бордоҥ Чемеляков 1639-40 сыллаах дьааһах биэдэһэмэһигэр 116-с лиискэ  кинээс дьааһах төлөөбүтэ суруллан хаалбыт, "декабря в 17 день взято государарева ясаку Бордонской волости с князца Бойдоха Чебеляева..."  
           1. Одуну -    Бордоҥ Чемеляков Элгээйигэ кэлэн төрөппүт 5 уолуттан биирдэрэ.  2. Бүөтүр - Одуну уола. Олоҕо Күөл Элгээйи. 3. Бордоҥ Миитэрэй - Бүөтүр уола. Өбүгэтин аатын үйэтиппит, 4 оҕолоох, Олоҕо Күөл Элгээйи.  4.   Николай Спиридонов - Лааппаан  -   Бордоҥ Миитэрэй  уола,     Бордоҥ эрдэ өлөн  атын сиргэ иитиллибит,             5. Ирина Яковлева  -   Николай Спиридонов кыыһа.  6.  Георгий  Петрович Яковлев  -   Ирина Яковлева уола,  3 оҕолоох.      
      Сунтаарга саамай улахан аҕа ууһа Дьаархан буолар 7573 киһи баар. Мархаҕа баардыын аахтахха барыта 5 нэһилиэккэ, 41 аҕа ууһугар 11000 киһи баар.  Кавказка б.э III үйэтигэр Барпыйа судаарыстыбатыгар Дьаар Хаан диэн киһи баһылаан олорбут. Маны билээри М.Аджи Азербайджаҥҥа тиийэн ыйыталаспытын, Дьалган диэн дэриэбинэни ыйбыттар, Дьаар Хаан көмүллүбүт  часовнята баарын, бассабыыктар дэлби тэптэрбиттэр.  Бу Дьаархаттар төрүттэрэ буолуохтаах.
     Хоролор диэн эмиэ биллэр - көстөр аҕа ууһа буолар. Бастаан Бороҕоҥҥо бааллара, онтон эмиэ куотан буолуо билигин Сунтаарга, Үөһээ Булүүгэ, Өлүөхүмэҕэ нэһилиэктэригэр бааллар. "Хоролуу тойук" диэн сахаттан атын саҥалаахтар эбит. Оҕус көлөлөөх, "кус кыстыыр" сириттэн Амманнан кэлбиттэрэ, диэн номохтоохтор.       Бу кэлин П.Н. Гумилев булан көрбүтүнэн б.э. саҕаланыыта Орто Азияттан сэрии бииһэ илин түһэн, тумул арыыга Коре диэн судаарыстыба буолаллар.  Ол аата - Хоро сирэ. Кэлин Корея буолар.    Б.э. 611 с. Кытай сэриилиир, ол кэмҥэ быстан сорохторо Саха сиригэр кэллэхтэрэ. Ол эрээри б.э. 643 с. сэрииһит омук Китай куттас сэриитин үүрэр.  Бордоҥнор 38 аҕа ууһугар, 4 нэһилиэккэ 8256 дьонноох этэ.
     Г.В. Ксенофонтов Хаҥаластары, Бордоҥнору, Дьаархаттары, Хоролору холбуу ааҕыталаан Бүлүү сүнньүгэр 20 тыһ. киһини  кэлии дьон курдук аахпыт.  Итини таһынанан манна уруккуттан олохтоох 60 тыһ. киһи баарын ыйбыт, балар Байкалтан өтөн киирбит буолуохтаахтар диэбит.     
    Г.В. Ксенофонтов  сахалар Бүлүүгэ ханан көһөн кэлбиттэрин билээри чугастааҕы омуктар барыларын Енисейтан саҕалаан, Амуурунан Охотскай муораҕа тиийэ чинчийбитэ уонна бары сүөһү иитэр сахаларга сатала суох дойдулар эбит,  арай арҕаа сытар Байкал сүөһүлээх буряттара эрэ, саамай чугастар эбит.  Балар сахалары кытта булкуһан олороллор, сүөһүлээхтэр уонна кыра да буоллар оттоон хаһааналлар эбит.
    Ол кэннэ хотугу сахалары чинчийбитэ. Өлөнүөк сахалара красноярскай сахаларын кытта аймахтыылар эбит уонна манна баар тоҥустар үксэ сахатыйбыттара, сахалары кытта олорбуттара ырааппытын ыйар. Ол аата Дыгын инниттэн манна сахалар баалларын дакаастыыр.  
    Г.В. Ксенофонтов  бэйэтэ филолог буолан тылларын эмиэ сынайан үөрэппит. Дьокуускай таһа хотутун кытта аакайдыыр буоллаҕына, Бүлүүлэр уонна онно олохтоох тоҥустар бары оокойдууллар, ол аата аакайдааччылар кэлэ иликтэринэ Бүлүүгэ сахалар бааллар эбит, итини таһынан  итэҕэллэрэ эмиэ биир эбит.  
             "А  по Киренке  живут многие тунгусы.., а соболи продают в Браты на животину и просо". "Идет серебро из китайского гос. в Мугалы, а из Мугал в Браты(Бурят) и иные во все орды". (Ист.Акт.,том2,акт89 от 1640г.)  Тоҥустар үрүҥ көмүскэ наадыйбаттар, ол саҕана Байкал сахата Кытайы кытта түүлээҕинэн эргинэрэ, бурдугу үүннэрэр этэ.  Торҕо диэн туттар тылбыт ити кытайдар солколоох таҥастарын аата эбит. Үгүлээт, тумат диэн саха буолбут монголлар. Г.В. Ксенофонтов этэринэн "Табалаах сахалар"   Лена өрүс хочотугар киис аҕыйаҕынан, булду сырсан  б.э. XIII үйэтигэр Байкал эргинтэн Саха сиригэр Бүлүүгэ киирбит буолуохтаахтар.
      Кыымҥа суруйбуттарынан, Өлүөхүмэ Токкотугар көстүбүт VI үйэтээҕи  түүрк культура баара көстүбүтэ. Онно Кытай Тан династиятын саҕанааҕы (б.э.618 - б.э.907сс.) манньыат көстүбүтэ, ол саҕаттан ситимнээхтэрин көрдөрөр.  Өссө оҕус тииһэ көстүбүт, сүөһүлээх буолуохтаахтарын сабаҕалыыллар.
    Байкал былыргытын чинчийэр археолог А. Харинскай итини бигэргэтэр. Кини сахалар көмүүлэригэр маарынныыр XII үйэтээҕи аттаах, ынахтаах көмүүлэри булаттаабыт. Онон төрүттэрбит Байкал диэкитэн кэлбиттэрин мэлдьэһэн кэбиһэр кыахпыт суох.
      Бүлүү улуустара хотулары кытта сибээстээх буолан балыксыттар эбит, "сымаһыттар"  диэн хос ааттаахтара, дьоҥҥо 7621 илим, 684 муҥха, 90111 туу баара бэлиэтэммит. Тэҥкэ, Бүлүүчээн билигин да балыктаах, былыр  биһиги төрүттэрбит балыктааҕын, бултааҕын иһин  манна таптаан олохсуйдахтара. Урукку үһүйээннэр отой бирии араастык  уларытан кэпсииллэрин Г.В. Ксенофонтов  Эллэй туһунан 35 араас номоҕу хомуйбутуттан көрөбүт,  онно Эллэйи 19  киһи татаар диир, иккитэ бурят диир,  14  киһи саха диир эбит.   Эллэйи татаар диэбэт, түргэн быһаарыныыны ылбат. Кини элбэхтик  үлэлээн, тыыннааҕа буоллар  сүнньүн булан сөптөөх кырдьыктаах түмүгү оҥоруохтаах этэ.
      Мин сөҕөр киһим, 22 саастааҕар  1880 с.  Саха сиригэр сыылкаҕа кэлбит слесарь көмөлөһөөччүтэ В.Серошевскай буолар. Бастакы биэс сылын ыраах Халымаҕа  сытар уонна отой сахалыы билбэт киһи 700 стр. сахалар тустарынан  кинигэ суруйбута буолар. Ол иһигэр аҕа уустарын туһунан 71 страницаҕа ырыппыт.  Биһиги буоллахпытына пенсия таҕыстахпытына биирдэ кэннибитин хайыһан көрөбүт, икки страницаны боочойбуппут диэхтээн.
     Мантан көстөрүнэн Саха сиригэр ол саҕана 230 нэһилиэк, 934 аҕа ууһа баар эбит. Ол иһигэр  Сунтаарга 14 нэһилиэк, 75 аҕа ууһа, 24564 киһи олорор эбит. Нэһилиэктэринэн ырыппыта -  биир аҕа ууһуттан турар 2 нэһилиэк, 43 аҕа ууһуттан турар биир нэһилиэк,  3-4  аҕа ууһуттан турар 117 нэһилиэк баар диэн биирдиилээн таблица оҥорбут. Нэһилиэк аата саамай улахан аҕа уус аатынан барар эбит. Билигин бу барыта уларыйан, буккуллан отой атын аҕа уустара баар буоллулар.   
     Билигин интернет үөдүйэн, онно былыргыны сэргиир дьоҥҥо туох  барыта онно  баар. Ол эрээри биһиэхэ  Тэҥкэ историятын бастакы сырдатааччыта  П.К. Яковлев үлэтэ саамай суолталаах.                 Улууска  Кутанатын нэһилиэгин туһунан 1935 сылтан 60-тан тахса сыл, олохтоох дьон төрүччүтүн 30-ча сыл суруйан  Н.И. Иванов улахан үлэни хаалларбыт. Маннык биирдиилээн дьон сүрэхтэрин баҕатынан төрөөбүт дойдуларын суруйбуттара улахан кылааппыт буолар.
     Ватсап ситиминэн Мэҥэ Хаҥалас билигин соҕотох Нөөрүктээйи аатын тута сылдьар нэһилиэк, Павловскай бөһүөлэгин 88 саастаах олохтооҕун М.Е. Капитоновы кытта билистим. Бу Мэҥэ-Хаҥалас, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Ньурба, Ленскэй Нөөрүктээйилэрин түмсүүтүн өр кэмҥэ салайбыт уонна Нөөрүктээйилэр тустарынан  5 кинигэлээх, биһиги да киһилээх эбиппит.  Сунтаар  II Нөөрүктээйилэрэ,  Ленскэйдэр эмиэ бэйэлэрэ кинигэлээхтэр.  Павловскайга уонна   I Дьөппөн Хоточчутугар республика нөөрүктээйилэрэ түмсэн ыһыахтаан ньиргиппиттэрэ. Хоточчуга былыр Байкалтан ынахпытын сиэтэн кэлбиппит диэн, ыһыах аһыллыытыгар ынахтарын, тарбыйахтарын сиэтэн парадтаабыттар. Бу тэрээһиннэргэ  Сунтаар II Нөөрүктээйитин Т.А. Егоров салаайааччылаах түмсүүтэ кыттыбыт, нэһилиэктэрэ айаннарыгар көмөлөһөллөр эбит. Былырыын  Өлүөхүмэ Нөөрүктээйилэригэр көрсүһүү буолбут.  Быйыл былаан быһыытынан  Ленскэйгэ көрсүһүү буолуохтаах эбит. Ол кэннэ кыһын куоракка түмүктүүр көрсүһүү буолуохтааҕа коронавирустан тутулуктаах буолбут.    
     Бу Нөөрүктээйилэриҥ өссө утары санаалаахтар, Тэҥкэлэри аны сайын ыһыаххытыгар ыҥырыҥ дииллэр.  Маны өйөөн баһылыктар бу  хамсааһыны саҥалыы тыыннаан, историяҕа бэйэлэрин суолларын-иистэрин хаалларыахтара диэн эрэнэбит.       
    Тэҥкэҕэ кинигэ тахсарынан революция иннинээҕи I Нөөрүктээйи аҕа уустарын туһунан, бэйэтит төрдүн -ууһун ханнык аҕа ууһа буоларын,  ыраахха дылы төрүччүтүн  билэр, эбэтэр ханнык эрэ номоҕу истибит киһи баар   буоллаҕына баһаалыста биллиҥ.          
     Биһиги Бастакы Нөөрүктээйилэр түмсэр кэммит кэллэ.
    Суруйда Виталий Николаев
     Бордоҥ ыам ыйын 20 күнэ 2020 сыл.
        









    Просмотров: 515 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]