15:52 Надежда Осиповна МАКСИМОВА |
Надежда Осиповна МАКСИМОВА Тыыл, үлэ бэтэрээнэ Биһиги ийэбит, Максимова Надежда Осиповна, 1928 сыллаахха, Сунтар улууһун Кириэстээх нэһилиэгэр, колхозтаах кэргэнигэр соҕотох оҕонон төрөөбүтэ. Кыратыттан үлэҕэ-хамнаска эриллэн улааппыта, билиигэ-көрүүгэ тардыспыта. Биһиги кини оҕолоро биэспит. Оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр эмиэ ахтыы суруйтараллар этэ. Онно бу Юрий бырааппыт, 7 кылааска үөрэнэ сылдьан ийэтиттэн оскуолатааҕы кэмнэриттэн ахтыы ылан суруйбута бу баар. "Мин 1936 сылтан 1940 сылларга Крестях начальнай оскуолатыгар үөрэммитим. Онно сылдьан пионерга киирбитим. Аан бастаан зажимнаах кыһыл хаалтыһы бааммыт үөрбүт-көппүт сирэйбитин билигин ла өйдүүбүн. Сыллата аайы буортулааччылары утары охсуһары сорудах ыларбыт, ону хайаан да.толорорбут. Сэрии бириэмэтигэр колхозка сайын ахсын үлэлиирбит. Солдаттарга анаан ичигэс таҥас хомуллар этэ. Мин куобах истээх үтүлүк уонна куллука тикпитим. Бойобуой таҥка оҥоһуутугар хомуллар харчыга эмиэ харчыннан, биитэр атын көмүс иһитинэн, малынан көмөлөһөр этибит. Фроҥҥа барбыт, өлбүт кэргэннээх ыалларга үлэлээн көмөлөһөрбүт. Кэлин 7-8 кылаастарга үөрэнэ сылдьан баһаатайынан үлэлээбитим.” 1949 сыллаахха Сунтар орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, Дьокуускайдааҕы педагогическай институт биолого-географическай факультетыгар туттарсан киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн, ылбыт идэтинэн Уус-Маайа улууһун, Миилэ 7 кылаастаах оскуолатын биология, география учууталынан айымньылаахтык үлэлээбитэ. Уус-Маайаҕа хас да сыл үлэлээн баран,төрөөбүт улууһугар Тойбохойго 1953 сыллардаахха үлэлээбитэ. 1955с. Хадан 7 кылаастаах оскуолатыгар эмиэ биология,
география учууталынан үлэлээбитэ. Онтон 1960с. пенсияҕа тахсыар диэри, үйэ чиэппэрэ Бордон орто оскуолатыгар айымньылаахтык үлэлээбитэ. Бордоҥҥо биология, география учууталынан үлэлиир кэмнэригэр, оскуолаҕа бастакыннан баай нагляднай пособиялаах, араас сиэдэрэй сибэккилээх биология кабинетын тэрийбитэ. Сайын аайы пришкольнай учаастакка сибэкки арааһын оҕургсуу, помидор, оҕуруот астарын арааһын үүннэрэн онтугар оҕолору уһуйан үөрэтэрэ. Оскуола таһыгар араас маһы үөрэнээччилэри көҕүлээн олордубуттара, ол мастар билигин даҕаны силигилии үүнэн тураллар. Кини элбэх ыччаты үөрэх киэҥ аартыгар сирдээн киллэрбит кылаата кинини үөрэппит-ииппит оҕолоро истинник саныыллара туоһулуур. Ийэбит, Надежда Осиповна: "Киһи айылҕаны харыстыахтаах, кинини кытта алтыһыахтаах, айылҕаттан күүс-көмө ылыахтаах, кутун-сүрүн бөҕөргөтүөхтээх”,- диэн үөрэтэрэ- такайара. Үгүс сыллаах түбүктээх үлэтин түмүгэр кини "Үлэ ветерана” мэтээлинэн уонна Улуустааҕы үөрэҕирии салаатын Бочуотунай грамоталарынан, "Улуу Кыайыы 50 сылынан” мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
|
|