Суббота, 28.12.2024, 14:11
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 6
Гостей: 6
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Апрель 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
      12345
    6789101112
    13141516171819
    20212223242526
    27282930
    Главная » 2020 » Апрель » 6 » Никита Спиридонович ФЕДОРОВ
    10:48
    Никита Спиридонович ФЕДОРОВ

    Никита Спиридонович ФЕДОРОВ

    (1919-1943)

       Мин аҕам Федоров Никита Спиридонович 1919 с. сыллаахха Сунтаар оройуонугар Куокуну нэһилиэгэр Быйакы алааһыгар төрөөбүтэ. Тойбохой оскуолатыгар үөрэммитэ. Налоговай агенынан үлэлээбитэ.  Кэргэнэ Николаева Александра Романовна учуутал идэлээх этэ.

       1942 сыллаахха бэс ыйын 26 күнүгэр фроҥҥа ыҥырыллыбыта. Пермь куоракка  младшай командир курсугар үөрэммитэ  уонна  Новгород уобалаһын Старорусскай оройуонун  12-с гвардескай стрелковай корпуһун  19-с хайыһардьыттар биригээдэлэрин саастаабыгар киирэн фроҥҥа ыытыллыбыта. Ийэм кини бүтэһик суругун 1943 сыл ахсынньы ыйыгар туппута. Ол суругар хайаан да биһиги кыайыахпыт, сэрииттэн эргиллэн кэлбэт түгэммэр миигин санатар оҕом баар буолуоҕа диэбит  этэ. Онтон мин 1943 сыллаахха күн сирин көрбүтүм.

       Аҕам  1943 с. олунньу ыйга  Ильмеҥҥэ сэриилэспитэ биллэр. Онтон кулун тутар 3 күнүгэр  бааһырбыт уонна 1943 сыллаахха алтынньы ыйга сураҕа суох сүтэр. Санкт-Петербурдааҕы байыаннай-медицинскэй  киин архыыбыгар туоһулаһан билсэ сылдьыбытым. Сотору кэминэн миэхэ эппиэт сурук кэлбитэ, онно этиллибитинэн  Аҕа дойду сэриитин кэмигэр  Сэбиэскэй Армия  бааһырбыт, ыалдьыбыт саллаат ханна, хаһан  эмтэммитэ, балыыһаттан хаһан тахсыбыта, эмтэммит сирэ суруллубатах,  картотекаҕа учуоттамматах буоллаҕына биһиги туох да диэн сибидиэнньэ биэрэр кыахпыт суох диэн суруйбуттара. Мин сабаҕалыырбынан аҕам госпитальтан тахсан баран ити дойдуга салгыы  сэриилэспит уонна онно өлбүт  буолуохтаах, өскөтүн онно көмүллүбүт буоллаҕына. Үгүс саллааттар өлүктэрин   фашистартан  кистээн синэрээттэр боруонкаларыгар көмөллөр эбит, докумуоннарын сэрии кэнниттэн сельсоветтарга тиэрдэллэр эбит. Ол дойду олохтоохторун биһиги дьоммутугар көмөлөстөхтөрүнэ таһааран остоолбоҕо ыйыыллара. Оннук сүрдээх ыар кэмнэр ааспыттар эбит.

       Ийэм Николаева Александра Романовна оскуолаҕа үлэлээбитэ, миигин соҕотоҕун ииппитэ. Эбэм эмиэ биһигини кытта олорбута, ону таһынан ийэм улахан эдьиийдээҕэ кини эмиэ оҕотун соҕотоҕун иитэрэ, онно эмиэ көмө-имэ буолара. Ол саҕана  учууталлар хамнастарын аһыыр аһынан төлүүллэрэ, ол күн ыалларбыт  миискэлээх биһиэхэ кэлэн күүтэн олороллорун өйдүүбүн. Ийэм бородуукта аҕаллаҕына эбэм кээмэйдиир миискэнэн 6-7 дьахтарга бэрсэрэ, билигин өйдөөтөхпүнэ соҕотох хаалбыт оҕолордоох сэрии огдооболоругар, бурдугу уонна саахары  мөһөөччүктэн  кутан үллэрэн биэрэрэ.  Бурдукпут бүтэн хааллаҕына эбэм биһикки араас оту, от силистэрин хомуйарбыт уонна онон   хааһы оҥостон сиирбит. Кииһилэттэн  олус минньигэс хааһы буоларын өйдүүбүн.

       Мин аҕам  ийэтэ ыраах өрүс уҥуор Быйакыга олороро, миигин эдьиийим Пелагея сатыы сиэтэн эбэбэр илдьэрэ. Эбээм үс уола сэрии толоонугар  охтубуттарын туһунан суругу тутан баран сытынан кэбиспитэ, олох итэҕэйбэтэҕэ, мэлдьи кэлиэхтэрэ диэн эрэнэрэ. Сыттыгын анныттан оҕо ытыһын  суола хаалбыт суругун көрдөрөрө, ити мин ийэм сиэҥҥиттэн сурук диэн, мин ытыспын ойуулаан киниэхэ ыытар эбит. Эбэм 1948 сыллаахха өлбүтэ.

       Мин аҕабыттан соҕотох кыыс буоламмын, кэргэн да тахсан баран  араспаанньабын уларыппакка Федорованан хаалбытым. Мин тыыннааҕым тухары аҕам араспаанньатын илдьэ сылдьабын. Оҕо эрдэхпиттэн аҕам көмүллүбүт сирин көрдөөн булар баҕа санаалааҕым.

       Ильмеҥҥэ Ретле диэн дэриэбинэҕэ  бара сылдьыбытым. Онно миэхэ  биһиги дьоммут  тоҥмут күөлгэ ханан баралларын ыйан биэрбит немец  корректировщигын  чосуобуньатын көрдөрбүттэрэ. Ол сиргэ олунньу ыйга сэттэ чаас саҕана номнуо хараҥарар, кинилэри киэһэ 10 чаас саҕана күөл аннараа биэрэгэр туораппыттар.  Хараҥата бэрт буолан бытааннык барбыттар, суолларын ортолоон эрдэхтэринэ өстөөхтөр буомбалааһыннарыгар түбэспиттэр.  Чосуобуньа үрдүгэр олорор немец корректировщига ханан баралларын ыйан биэрбит, онон элбэх саллааты өлөрбүттэр. Онно сылдьаммын аҕам туһунан тугу да билбэтэҕим.

       Арай 2017 сыллаахха  ыам ыйын 10 күнүгэр НВК Саха каналыгар журналист Айсена Бурнашева документальнай киинэтин көрө олороммун мемориальнай билиитэҕэ аҕам аатын көрдүм. Бу мемориальнай билиитэни ыам ыйын 19 күнүгэр 2000 сыллаахха Саха сирин правительствотын көҕүлээһининэн Новгородскай уобалас Старорусскай оройуонугар туруорбуттар эбит. Сахабыт сирин маҥныйгы президенэ М. Е. Николаев бу билиитэ үбүлээһинигэр   илии баттаабыт эбит.

       Аҕам онно «Братскай могила» баар сиригэр көмүллэ сытар эбит. Билигин мин онно сылга иккитэ баран кэлэбин. Бардаҕым ахсын алаадьы уурабын. Аҕам төрөөбүт Быйакытын буорун балтым Надежда Кирилловна Федорова ыыппытын илдьэн эмиэ уурбутум. Балтым Надежда өссө аҕам уонна кини убайын Иннокентий Спиридонович хаартыскаларын булан ыыппыта. Ол хаартыскалары Новгородтааҕы государственнай музейга тиксэрбитим. Онно саха саллааттарыгар анаан туспа истиэндэ баар.

       Ол музейга элбэх материал баар. Пермь куоракка командир курсугар үөрэнэ сылдьыбыт курсаннар суруктара, эрдэ эппитим курдук мин аҕам эмиэ ол курска үөрэммитэ биллэр. Кинилэр күн аҥаара үөрэнэллэрэ, күн аҥаара тыаҕа үлэлии тахсаллара. Эт аһылыгы аһаабакка аҥардас оҕуруот аһынан сылдьар саллааттар кыайан сытар да маһы атыыллыыр сэниэлэрэ суоҕа. Байыастары күргүөмүнэн Новгородка аҕалбыттара,  аһаҕас күөлгэ үлүгэрдээх ытыалаһыы, бомбалааһын буола турдаҕына хааллартаабыттар. Ол кэмҥэ ыйан-кэрдэн биэрэр штаб суоҕун да кэриэтэ эбит. Инники барбыттар Ретле дэриэбинэҕэ хорҕойбуттар, атыттар да кинилэри сырсан кэлиэхтэрин сөп эбитэ буолуо, ол гынан баран немец өстөөх илиитигэр утары хаама турбуттар.

       Урукку кэмнэргэ өлбүт саллааттар тустарынан соччо ахтыбат этилэр. Ол да иһин сураҕа суох сүппүт чугас дьонум тустарынан, кинилэр ханна көмүллэ сыталларын,  ханна сэриилэспиттэрин туһунан билэр баҕа санаам баһыйдаҕа.

       Сахалар Новгород куорат Ильмень күөлүгэр сэриилэспит саллааттарын хаһан да умнубаттара киһини кэрэхсэтэр. Бу аҕыйах сыллааҕыта Бүүлүүттэн бэтэрээннэр хордара, Сунтаар Кириэстээҕиттэн оскуола үөрэнээччилэрэ, биллиилээх  спортсменнар кэлэ сылдьыбыттара. Старай Руссаны немецтэр өр кэмҥэ сэриилээн ылан олорбуттара, олохтоохтор ити сиргэ кыргыһыыга охтубут биһиги саллааттарбытын мэлдьи ахталлар, кинилэргэ сүгүрүйэллэр. Ханна да тиийбиккин иһин Устрека, Рамушево олохтоохторо, администрацията мэлдьи көмөмлөһөргө бэлэмнэр, ол миигин олус үөрдэр.

       Новгород куораты немецтэртэн босхолооһун 75 сылыгар анаан  Саха сирин түмсүүтэ Москваҕа  бэтэрээннэр, сэрии толоонугар охтубут саллааттар аймахтара кэлэн кыттыыны ылалларыгар көмөлөстө. Саха сирин Ил Дархана Николаев А.С., постпред Федотов А.С. Саха сирин буойуннара көмүллэ сытар пааматынньыктарыгар Устрекаҕа ыытыллыбыт миитиҥҥэ кытыннылар.

       2019 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр Кыһыл болуоссатынан Кыайыы парадыгар  «Бессмертнай полк»  саастаабыгар киирсэн биһигинниин  тэҥҥэ аҕам Федоров Никита Спиридонович, убайдарым Федоров Иннокентий Спиридонович, Николаев Николай Романович, Генеров Дмитрий Иванович хаамсыбыттара.

       Бу кэлиҥҥи кэмҥэ сэриигэ сураҕа суох сүппүт дьоннорун, аймахтарын  көрдүүр мин курдук дьон олус элбэҕин бэлиэтии көрбүтүм.

       Ретле куоракка племянникпын, балтыбын кытта аҕам уҥуоҕун көрдүү барбыппытыгар биһиэхэ биир Питертан сылдьар бэйэтэ эмиэ байыаннай, онно үлэлиир эдэр уол суолбутун ыйан-кэрдэн, сирдээн биэрбитэ.  Бу уол Ильмень күөлгэ сэриилэспит тыыннаах хаалбыт саллааттар 1958 сыллаахха өйдөбүнньүк гынан туруорбут сэргэлэрин көрөр-истэр, маныыр эбит. Баран иһэн биир сибэкки атыылыыр дьахтар олбуоругар сыдьан ааспыппыт, кини биһиэхэ саамай кэрэ сибэкки дьөрбөтүн оҥорон биэрбитэ уонна харчы ылбатаҕа. Билигин бу эргэрбит сэргэ оннугар саҥа сэргэни  Нюрбаттан кэлэн биир дойдулаахтарбыт Васильев К.В. уонна Михайлов А.В. туруордулар. Аҕам уҥуоҕар Устрекаҕа аймаҕым Лена Голубь барса сылдьыбыта. Биһиги онно сарсыарда 4ч тиийбиппит. Биһигини Устрека администрациятын баһылыга Виктор Васильевич Бучацкий маанылаан көрсүбүтэ. Кини нөҥүө күнүгэр  бэйэтин массыынатыгар олордо сылдьан военкомакка, музейга уонна воинскай захороненияҕа илдьэ сылдьыбыта. Сылын ахсын манна Питертан биир дойдулаахтарбыт студеннар делегациялара кэлэллэр  уонна хайыһарынан 19 нүөмэрдээх сэриилэспит биригээдэ  суолун батыһан бараллар эбит. Бу дойду олохтоох оҕолоро бу сүүрүүгэ эмиэ кытталлар.  Маны барытын Саха сирин постпредствотын  Питердааҕы сотрудниктара, ону таһынан олохтоох администрация уонна военкомат тэрийэн ыыталлар эбит.

       Оттон аҕам улахан убайын Иннокентий Спиридонович уҥуоҕун Санкт-Петербурга баар Саха сирин постпредствотын филиалын үлэһиттэрин Петров Евгений уонна Константинов Станислав көмөлөрүнэн булбутум. Кини Тридино диэн куоракка сэриилэспит уонна онно көмүллүбүт.

    Федорова Полина Никитична, үлэ бэтэрээнэ.

     

    Просмотров: 336 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 4.0/1
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]