Суббота, 28.12.2024, 16:04
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 3
Гостей: 3
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 15 » Николай Гаврильевич АЛЕКСЕЕВ
08:53
Николай Гаврильевич АЛЕКСЕЕВ

Тыыл, педагогическай үлэ ветерана

Николай ГаврильевичАЛЕКСЕЕВ:

Планета 91 государствотын олоҕун 1418 хонук устата аймаабыт, 50-тан тахса мөлүйүөн киһини өлөрбүт-өһөрбүт, сир үрдүттэн симэлиппит, сут- кураан соһуулаах, аччыктааһын аргыстаах, хаан олбохтоох кырыыстаах сэрии бүппүтэ улам ыраатан иһэр. Ол эрээри, бу иэдээннээх алдьархай суоһа -суодаҕа күн бүгүҥҥэ диэри өйтөн-сүрэхтэн сүппэт.

Сахабыт сириттэн ханна эрэ ыраах – арҕаа, илин буола турар уоттаах сэрии хара былаайаҕа таарыйбатах ыала суоҕа. Нөөрүктээйи түбэтиттэн, мин төрөөбүт сирбиттэн, сэриигэ 17 эдэр уол барбыта, 14-рэ сэрии толоонугар үйэ-саас хаалбыттара. Үс эрэ киһи төрөөбүт алааһыгар төннүбүтэ. Ийэм бырааттара Данилов Егор Иннокентьевич, Данилов Александр Иннокентьевич, аҕам бырааттара Антонов Егор Ефимович, Чоноев Егор Арсентьевич төрөөбүт алаастарыгар эргиллибэтэхтэрэ. Биир дойдулааҕым Николаев Семен Егорович Пруссияҕа тиийэ сэриилэспитэ. Пулеметчик, снайпер буолан элбэх немеһи өлөрбүтэ, «Албан аат» орден 3-с степеннээх орденынан, элбэх мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Ийэм быраата Игнатьев Сергей Андреевич «Кыһыл Сулус» орденнаах сэрииттэн кэлбитэ. Биһиги оччотооҕу кыра оҕолор оҕонньоттору, эмээхситтэри кытта колхозка үлэлээбиппит. Фронтовиктар дьиэ кэргэннэригэр, кыаммат ыалларга көмөлөспүппүт, кинилэргэ фронтан кэлэр суруктарын ааҕан, бэсиэдэ оҥорон кыһалҕалаах олохторун чэпчэтэ сатаабыппыт. Ол иһин билигин тыыл ветераннара буолан олордохпут.

“Сэрии Киирбиккэ” баар бараан фермата эстибитэ, хоргуйан өлбүттэрэ. «Киров» колхоз, Булгунньахтаахха тэриллибит таба бостууктуур базата эмиэ эстибитэ – кыыл-сүөл аһылыга буолбута.

Ити курдук өлүү-сүтүү үктэллээх, аас-майах аргыстаах Аҕа дойду улуу сэриитэ дьон олоҕор аҕалбыт алдьархайын ааҕан сиппэккин. Кини соҕотоҕун кэлбэтэҕэ, сут-кураан, аччыктааһын-хоргуйуу кутуруктаах кэлбитэ, бэл оннооҕор айылҕа кытта тыйыһырбыта. Сир-дойду бүтүннүү - ойуурдуун, хонуулуун хахыччы хаппыта, күөллэр уулара уолан, дьэбэрэнэн көрө сыталлара, балыктара «атан» тахсыбыта. Чугас эргин иһэр уу мэлийбитэ, бэл сүөһү уулуура уустугурбута. От саҥа бытыгыраан иһэн, үлүйэн хатан хаалбыта. Сир-сир аайы алдьархайдаах баһаардар буолбуттара. Урукку курдук мутукча сыта муннугар биллибэт, сибэкки арааһа хараххын манньыппат, чыычаах ыллаабат, кэҕэ уһуннук эппэт курас сайына буолбута. 1943 с. күһүн турар-турбат бүтүннүүтэ хомуллан, чугас үрэхтэргэ хагдарыйбыт сөкүнү илии хотуурунан оттуу тахсыбыппыт. Биһиги 1-кы, 2-с кылааска үөрэниэхтээх кыра оҕолор бугул түгэҕин харбыыр, субурҕаны кытыылыыр эрэ кыахтаах этибит. Алтынньы ыйтан оскуолаҕа үөрэнэ барбыппыт. Оройуоҥҥа бүтүннүүтүгэр хоргуйуу саҕаламмыта. Ыаллар бүтэһик сүөһүлэрин идэһэлэммиттэрэ. Олохтоох дьаһалта ити маассабай аччыктааһыны тохтотор, көмөлөһөр кыаҕа суох этэ, үөһээҥҥи тойоттор ирдэбиллэрин толотторор эрэ мөккүөннээхтэрэ. Аччыктаан өлбүт дьону “дьэҥкэрэр” ыарыыттан өлбүттэр диэн сымыйа сураҕы тарҕаппыттара. Өрөспүүбүлүкэ оччотооҕу салайааччылара Козлоз, Степаненко, Мурантов диэн кэлин дьон олохтоох усулуобуйаны билбэттэриттэн туох да көмөнү оҥорботохторо - “Дьиикэй сахаларга туох аһылыга нааданый? Сылгылары кытта хаар анныттан хаһан аһаатыннар” диэн халы-мааргы тыллаһаллара. Дьоҥҥо, нэһилиэнньэҕэ көмөлөһөр дьону сойуолаһар репрессиялыыр дьаһаллар ылыллыбыттара. Кириэстээххэ ыскылаакка үлэлиир Сергей Игнатьев диэн уол быстарбыт ыалларга 10 муунта бурдук айаҕын абаансалаан, чуут хаайыыга бара сыспыта. Колхоз бэрэссэдээтэллэрэ М.П. Михайлов, Кирилл Алексеевич Кокоринов, Афанасий Саввич Иванов (Саабачыак уола) эмиэ колхозтаахтарга абаансалаан буруйдаммыттара. Кинилэртэн А.С. Иванов хаайыыга барбыта. Дьон ньургуннара, оройуон салайааччылара сүбэлэһэн күөллэргэ балыктааһыны тэрийэн дьону өрүһүйбүттэрэ. Саха сирин Совминын солбуйааччыта Илья Егорович Винокуров Москва тойотторугар тиийэн, Саха сирин нэһилиэнньэтигэр көмө оҥорорго дьаныардаахтык туруорсубута. Тойон Суховка үүрүллэ-үүрүллэ үстэ киирэн, Саха сирин аччыктаабыт нэһилиэнньэтигэр көмөнү оҥорор дьаһалга илии баттаппыта. Олохтоох нэһилиэнньэ ити үлүгэрдээх балаһыанньаҕа санаатын түһэрбэтэҕэ, дьулуурун тохтоппотоҕо. Туос аччык сылдьан былаанын өрүү толороро. Биһиги кылааспыт оҕолоро 1943с. аҥарбыт хоргуйан, ыалдьан өлбүттэрэ. Билигин 23 оҕоттон тыыннаах соҕотохпун. Оччотооҕу үөрэнээччилэр хас биирдии ылбыт үчүгэй уонна туйгун сыанабыт өстөөххө охсуу диэн девизтээх үөрэнэр этибит. Ол иһин сарсыарда эрдэ кэлэн эбэтэр урок кэнниттэн хаалан үөрэхтэрин ситиспэт оҕолорго көмөлөһөр этибит, фронтовиктар дьиэ кэргэттэригэр мастарын хайытан көмөлөһөрбүт. Нэһилиэнньэҕэ бэйэ-бэйэтигэр көмөлөһүү олус бэркэ тэриллэрэ, ол биһигини барыбытын өрөһүйбүт буолуохтаах.

Просмотров: 226 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]