Суббота, 28.12.2024, 14:15
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 7
Гостей: 7
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Николай Ильич ПРОКОПЬЕВ
06:40
Николай Ильич ПРОКОПЬЕВ

Тыыл, үлэ ветерана

Николай Ильич ПРОКОПЬЕВ туһунан

Владимир Петров-Бордоҥ Болуодьата:

1928 с. ыам ыйын 19 күнүгэр 2-с Бордоҥ нэһилиэгин Сыкы түбэтигэр күн сирин көрбүтэ. Бандьыыттааһын дьалхааннаах сылларыгар дьонноро Сыгынахтаахха күрэнэн тахсаннар олохсуйбуттар. Дьиҥинэн кинилэр олохтоох сирдэрэ Көмүк, сайылыктара Куоҕастаах диэн. 30-с сылларга уонча ынахтаах, биир оччо сылгылаах Жданов колхозка киирэллэр. Аҕата Илья Гаврильевич колхоз биир туруу үлэһитэ, мас ууһа, байанайдаах булчут бэрдэ этэ. 70 сааһыгар өлбүтэ.

Ылдьаа бииргэ төрөөбүт убайа Тойук Өлөксөй диэн сытыы-хотуу, хорсун киһи баар үһү. Бу киһи биирдэ баай киһиэхэ биир тыһаҕаска от үлэтигэр кэпсэтэн, от охсон баран, сынньана утуйа сыппыт. Ол кэмҥэ түбэһэ кэлбит тойон киэптээн, атаҕастаан Өлөксөйү кымньыынан сырбаталаабыт, сирэйин хааннаабыт. Онтон кыһыйан кини баай киһи кымньыытын былдьаан ылан уҥуор диэри таһыйбыт. Ол кэннэ тойонун таҥаһын устан ылан бэйэтэ таҥныбыт уонна атын миинэн баран, ууга тааһы бырахпыт курдук сүтэн хаалбыт үһү. Манчаары курдук хорсун киһи этэ диэн уос номоҕор киирбит. Итинник сытыы киһи атын сиргэ тиийэн олохсуйбута буолуо, өлөн-охтон биэрбэтэх буолуохтаах диэн оччотооҕу кырдьаҕастар тойоннууллар үһү.

Ийэтэ Мария Николаевна Арҕаа Андылаахха Үҥкүр күөл эбэтэр Үүт күөл таһыгар төрөөбүт-үөскээбит эбит. Аатырбыт Далбарай баайтан сыдьааннаах дииллэрэ. Кини уонна төрөөбүтүттэн икки эрэ оҕото тыыннаах хаалан олох олороллор.

Маарыйа сэрии ыар сылларыгар эр киһи үлэтин барытын үлэлээбитэ. Кинини дьон айылҕаттан оһуобай күүстээх-күдэхтээх этэ диэн ахтара. Мунньахтарга итэҕэһи-быһаҕаһы малтаччы этэр, араас боппуруостары туруорсар эбит. Ыһыахтарга дьахталлар тустууларыгар кими да тулуппат үһү. “Тойон эрбэхтэриттэн ылан тиэритэ тардан түһэрэр этим” диэн кэпсиир буолара. Сүүс сааһын туолбутугар совхоз дирекцията хара саһылы бэлэхтээбитэ. Маарыйа эмээхсин 1995 с. 102 сааһыгар өлбүтэ. Кыыһа Матрена Ильинична үрдүк үөрэхтээх зоотехник, билигин Бордоҥҥо этэҥҥэ олорор, пенсионерка.

Ньукулай 1938 с. Бордоҥ алта кылаастаах олскуолатын, 1945 с. Сунтаарга 7-с кылааһы үөрэнэн бүтэрэр. Аҕа дойду улуу сэриитин сылларыгар 13 саастаах уол улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлиир: оҕус сиэтэр, атынан от оҕустарар, мустарар. “Аһыыр аһылыгым диэн күҥҥэ биир муруку, биир күтэр буолара, онон биһиги көлүөнэ дьоллоох оҕо саас диэни билбэтэхпит” диэн Ньукулай оҕонньор ахтара.

Онтон 1952-1956 сс. Сэбиэскэй армия кэккэтигэр Курильскай арыыларга авиационнай чааска сулууспалыыр. 1957 с. Жданов колхозка араас үлэлэргэ үлэлиир. 1958 с. Сунтаарга колхоз былааныгар тутууга киирэн үлэлэһэр. Ити сыл саас военкомат линиятынан суоппардар 3 ыйдаах куурустарыгар үөрэнэр. Суоппар идэлээх Бордоҥҥо тахсан алдьаммыт массыынаны хос-хос таҥан, өрүмүөннээн баран сайыны быһа суоппардыыр. Ол кэннэ 1958-1967 сс. сельпоҕа үтүө суобастаахтык суоппарынан үлэлиир. 1976 с. пенсияҕа тахсыар диэри 1994 с. эт-үүт комбинатыгар эмиэ суоппарынан үлэлиир.

Николай Ильич 1958 с. Яковлева Анна Осиповналыын сөбүлэһэн, дьоллорун холбоон ыал буолаллар. Кэргэнэ Сунтаар Мачыыһыттан төрүттээх этэ. Үйэлээх сааһыгар сельпоҕа бухгалтерынан үлэлээбитэ. Анна Осиповна 1989 с. ыалдьан өлбүтэ.

(“Сунтаар сонуннара” хаһыат 2009с. алтынньы 22 күнэ).

Просмотров: 279 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]