06:24 Николай Терентьевич, Ульяна Егоровна ПЕТРОВТАР |
Тыыл, үлэ ветераннара Николай Терентьевич, Ульяна Егоровна ПЕТРОВТАР тустарынан кыра уоллара Владимир Петров-Бордоҥ Болуодьата: Ийэм 1916 с. Үҥкүр күөлгэ төрөөбүт, дьонун Кэрэмэстэр дииллэрэ, былыргы төрүттэрэ номоххо киирбит Далбарай Баай үһү. Оттон аҕам Петров Николай Терентьевич (Ньукуус оҕонньор) 1903 с. кулун тутар 2 күнүгэр Арҕаа Түбэҕэ, Нээлбиктэ күөл хаҥас өттүгэр баар Кэрии диэн сиргэ төрөөбүт. Аҕата Терентий Петров, ийэтэ Анастасия Григорьева диэннэрэ. Аҕам бииргэ төрөөбүттэрэ – саамай улаханнара соҕотох кыыс Евдокия, онтон Хабырыыс, Ньукуус (биһиги аҕабыт), Дьөгүөр, Ыстапаан, Миитэрэй, Сэмэн, Маппый уонна өссө биир уол. Уопсайа аҕыс уол, биир кыыс. Аҕалара Тэрэнтэй эрдэ өлбүт, ийэлэрэ Настаай элбэх оҕону соҕотоҕун киһи-хара оҥортообут. Убайдара Хабырыыс уҥуоҕа Кумакылаахха хараллан сытар. Убайдара Миитэрэй, Сэмэн, Маппый кыра үөрэхтээхтэр, нэһилиэккэ суруксуттаабыттар, комсомолга үлэлээбиттэр. Сорох уолаттар эдьиийдэрин кытта сэрии иннигэр тиф ыарыыттан өлбүттэр. Аҕа дойду сэриитигэр дьиэ кэргэнтэн биллэринэн икки уоллара барбыт: Степан 1941с. бастакы хомуурга, Миитэрэй 1942 с. Сэрии иннигэр Дмитрий Терентьевич комсомольскай ячейка секретара, сэбиэккэ суруксуттаабыт. 1942 с. Молотов куоракка байыаннай үөрэҕи барбыт. 1943 с. Украина Львов куоратын босхолооһуҥҥа сураҕа суох сүппүтэ. Убайбыт Степан Терентьевич өссө биир бырааппыт сэриигэ барбыта диирэ, ону, хомойуох иһин, ким да билбэт. Баҕар атын ыалга иитиллэн фамилията, аата-суола уларыйбыта буолуо диэн таайабын. Аҕабытын Бордоҥҥо Ньукуус диэн аатынан билэллэрэ, нэһилиэккэ улаханнык ытыктанар киһи этэ. Эдэригэр ыраах айаҥҥа, ындыы көтөҕүүтүгэр Мухтуйанан, Бодойбонон сылдьара үһү. Үөрэҕэ суох, ол гынан баран сахалыы толкуйунан, үлэһитинэн, уһанарынан мындыр өйдөөх киһи буолара. Сахалыы сиэри-туому, норуот историятын, сэһэннэри, номохтору, төрүччүнү, олоҥхону олус билэрэ. Чугас ыала, үөлээннээҕэ Сэһэн Өлөксөйдүүн (Иванов Алексей) күнү-күннээн сэһэргэһэллэрэ. Ону мин аттыларыгар олорон истэрим. Кэлин онтум миэхэ элбэҕи туһалаабыта. Партията суох этэ, ыраахтааҕы, сэбиэскэй кэмнэри хайатын да сирбэт буолара. Баайдары, бандьыыттары эмиэ куһаҕаттар диирин истибэтэҕим. Бордоҥҥор биллэр үөрэхтээх, баай киһибит Георгий Тимофеевич Филиппов Петр Павлов (Бүөт Павлов) повстанческай этэрээтин штбын секретара этэ. Кини кэргэнэ, аатырбыт баай Тимофеевтар, кулуба Николай Тимофеев кыыһа Матрёна Николаевна Марбаҕа олорбута, кинилэр дьиэлэрэ оскуола буолан турбута. Кэлин өссө Сардаҥаҕа көһөрөн киллэрэн начальнай оскуола оҥорбуттара. Матрёна Николаевна духовнай семинария үөрэхтээҕэ, нууччалыы ыраастык саҥарарын сөҕө истэрим. Кэргэнин Георгийы 1931 с. ытан өлөрбүттэр, Матрена Николаевнаны кулаак оҥорон, түөрт кыыһын кытта кумалааҥҥа барбыттара. Улахан кыыстарын Любовь Егоровнаны мин дьоммор олордубут. Кэлин Куола учуутал - Иванов Николай Иннокентьевич кэргэнэ буолбута. Ол иһин мин дьоммун олус убаастыыра. Бордоҥҥо кэллэҕинэ биһиэхэ хоноро. Төһө да ыарахан олоҕу олордор, бу орто дойдуга уһуннук олорон 96 сааһыгар өлбүтэ. Любовь Егоровна кыыһын Людмила Николаевнаны мин убайым Виктор Николаевич кэргэн ылбыта, биир уоллаахтар, Николай Викторович үрдүк үөрэхтээх врач. Дьэ, итинник, олох бэйэтэ үчүгэй дьону бэйэтэ ситимнээн биэрэр эбит. Аҕабыт Каганович колхоз туруу үлэһитэ этэ, стахановец диэн оччолорго улахан ааты ылбыта. Ааттаах эрдэһитинэн, үлэһитинэн норуот кэпсэлигэр киирбит киһи. Билиҥҥи үлэ, тыыл ветераннара бэркэ билэллэр, үлэҕэ үөрэппит оҕолоро элбэхтэр. Кини үлэҕэ-хамнаска, олоххо-дьаһахха сыаналыыр дьоннорун өйдөөн хаалбыппын. Холобур, Хохуол Дьөгүөр, Туттачыыс, Лев Татаар диэн дьоннору этэрэ. Кини Бордоҥҥо кэлбит саҥа салайааччылары, учууталлары аһара өйүүрэ, куруук сүбэ-ама биэрэрэ, көмөлөһө сатыыра. Бөтүрүөптэр аҥардас үлэнэн олорботохторо. Искусствоҕа, культураҕа, спорка сыһыаннаахтара. Остуол оонньууларыгар барытыгар оонньууллара - хаарты, лото, хабылык, хаамыска, дуомат, саахымат. Ол түмүгэр убайым Виктор Николаевич дуобакка ССРС спордун маастара буолбута. Ньукуус оҕонньор сиэнэ, Дора Николаевна уола Сергей Потапов Саха театрын режиссера, олох эдэр сааһыгар Россия үрдүк наҕараадатын - « Золотая маска» бириэмийэни ылан турар, уус-уран киинэлэри эмиэ үрдүк таһымҥа туруорар. Хос сиэнэ Николай Титович уола Айаал Петров хапсаҕайга Саха сирин спордун маастара, художниктар, муос кыһааччылар, мас уустара элбэхтэр, ырыаһыттар, тойуксуттар да бааллар. Ийэлээх аҕам наһаа ыалдьытымсах идэлээхтэрэ, ийэм салабаарын иннигэр олорон мэлдьи чэй кутара, остуолга сыалаах эт өрөһөлөнөн турар буолара, алаадьы, күөрчэх, хайах сиирбин олус сөбүлүүрүм. От-мас тиэйэн кэлбит трактористары күүскэ аһатара. Хара үлэһит, үөрэхтээх дьону сыаналыыра. Аҕабыт Ньукуус оҕонньор биһигини үөрэхтээх, үтүө өйдөөх-санаалаах дьон буоларбытыгар үөрэппитэ, ону оҕолоро чиэстээхтик толордубут, кини эрэлин түһэн биэрбэтибит. |
|