Суббота, 28.12.2024, 14:35
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 14
Гостей: 14
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 17 » Николай Васильевич МИХАЙЛОВ
03:21
Николай Васильевич МИХАЙЛОВ

Тыыл, үлэ ветерана

Николай Васильевич МИХАЙЛОВ,

2015 с. муус устар 3 күнэ, Дьокуускай к.:

Мин 1936 с. от ыйын 2 күнүгэр Тэҥкэҕэ дьадаҥы бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтүм. Ийэм, аҕам үөрэхтэрэ суох, Пионер колхоз чилиэннэрэ этилэр. Аҕабыт алта оҕону быраҕан эдэр дьахтарга иирэн баран хаалбытыгар ийэбит Герасимова Пелагея Кирилловна дьаһахтаах, сатабыллаах, сүрэхтээх буолан ынах сүөһү ииттэн, оттоон-мастаан биэс кыра оҕону аччыктаппакка ииппитэ, үөрэтэлээбитэ. Эдьиийбит Нина ийэтигэр көмөлөһөөрү үөрэммэтэҕэ, түөрт кылааһынан уурайбыта. Сэрии сылларыгар ас-таҥас кырыымчык этэ, сир астаан, бурдук туорааҕын хомуйан, убайбыт Лука, хойут мин эмиэ улаатан кустаан, мас көтөрдөөн, куобахтаан эбинэрбит. Колхоз отчуттарын оччотооҕу сибиэнинэн тэрээһиннээхтик аһаталлар эбит. Иҥиир иэдьэгэйи, алаадьыны, кымыһы күнүскү чэйгэ сыарҕалаах оҕуһунан тиэйэн түҥэтэллэрэ. Бурдук хомуурун кэмигэр молотилка үлэһиттэригэр эмиэ лэппиэскэлииллэрэ. Эдьиийбит Нина өлүүтүн мэлдьи дьиэтигэр аҕалан биһиэхэ түҥэтэлиирэ. Мин тоҕустаахпыттан бөстүөнүнэн эстэр 32-с калибрдаах саанан мас көтөрдүүрүм, кустуурум, убайым ыйан биэрбит сохсолорун көрөрүм, ынах хомуйарым. Кураан буолан мас көтөрө, куобах мэлдьи баара.

Сэрии кэнниттэн ходуһаҕа хотуур түспэтэҕэ, томторо хатан харааран хаалара, уу кытыытыгар от үүннэҕинэ аһыыка барытын сиэн кэбиһэрэ. Барбах суол төрдө ордоро. Бурдук ыстаххына биир оннук. Саас от, бурдук үүнүөн иннинэ аһыыка ыстанна да оҕо-аймах маарыланан куйаабыл оҥостон бултаһарбыт, хонуу кытыытыгар дьаама хаһарбыт. Тэҥкэҕэ Пионер колхоз отчуттара Таас үрэх, Өлөҥ үрэх, Дьаламай, Араҥастаах, Моойторуктаах үрэхтэригэр эрэ оттууллара. Күһүн оттоон бүтэн баран оҕолуун, дьахтардыын 12 киһилээх звено ол үрэхтэригэр 60 сүөһү турар хотонун, дьон олорор дьиэтин, күрүөтүн, далын бүтэрэн киирэллэрэ. Сайын отчуттарга ыһык бурдугу, арыыны уонна дьоннорун кэһиилэрин үс атынан ыҥыырдан тахсарбыт. Моойторуктаахха диэри Арҕаа түбэ сирэ, онно мин хаста да тахсыһа сылдьыбытым. Бадараана, уута, күлүмэнэ бэрдиттэн саллыбытым, айана олус эрэйдээх, илистиилээх буолара. Пионер колхоз Куокуну нэһилиэгэр киирэрэ. Онно сайын биэстии хоно-хоно атынан сылдьан үүнүү төһө ыһыллыбытын, от оттоммутун, үүт ыаммытын туһунан сибидиэнньэни хомуйуллара, ити үлэ кольцевик диэн ааттанара. Үлэһит тиийбэт кыһалҕатыттан буолуо, ити үлэҕэ оҕолору туруораллара. Мин 9 саастаахпыттан 5-6 сыл кольцевиктаабытым. Быыспар ол аппынан аны от мустарарым. Биир сайын үүнүүтэ суох Сыбыакы Өлөҥнөөҕө диэн 7 галаах ходуһаны аппынан биир күн мустардым, дэхси баҕайы этэ. Кэнники улаатан баран хас да сыл ыччат звенотун салайбытым. Онно үлэ кэнниттэн күн аайы илиинэн уонна массыынанан оҕустарыллыбыты, мунньуллубуту ачаахтаах маһынан кэмниигин. Сэрии бүппүтүн, кыайыы буолбутун бөһүөлэктэн 5-6 км ыраах өтөххө олорор буолан, билбэккэ хаалбытым, өйбөр хатамматах. Арай Өктөөп бырааһынньыгар дьону мунньан бырааһынньыктааҥ, аһааҥ диэн үөһэттэн ыйыы кэлбит быһыылааҕа. Онно уһаатынан пиибэ көйөрөн, ас тардан баран бастаан эр дьон, онтон дьахталлар, кэнники оҕолор аһаатыбыт. Онно уруҥ бурдугунан оҥоһуллубут булочканы аан маҥнай сиэтим. Ол оҕоҕо эриэкэс минньигэһин билигин даҕаны умнубаппын. Онно пиибэни испит улахан дьон Быйакы, Куокуну дьонун кытта охсуһалларын сөҕө көрбүтүм. Сэрии бүппүтүн төрдүс-бэһис сылыгар от-бурдук үчүгэйдик үүнэн, колхоз дохуоттанан аны сыарҕалаах атынан эти, арыыны тиэйэр дьон буоллубут. Оскуола оҕотугар таҥас-сап биэрэр буоллулар. Итинтэн ыла олох-дьаһах сыыйа тупсан, тыа сирэ сайдан барбыта.

1945-1950 сс. начальнай оскуоланы бүтэрэн салгыы Куокунуга сэттэ кылааһы бүтэрбитим. Орто оскуоланы Тойбохойго 1957 с. бүтэрбитим. 1957-1958 сс. Марба оскуолатыгар 1-3 кылаастарга учуутал суох буолан учууталлаабытым. Онтон 1958-1959 сс. Жданов колхоз Улгумда биригээдэтигэр старшай бигэдьииринэн үлэлээбитим. 1959-1960 сс. Мирнэйгэ мас кэрдээччинэн сылдьыбытым.

1960-1963 сс. Благовещенскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэн техник-механик идэтин ылыахпыттан, 1963-1967 сс. Жданов колхозка кылаабынай инженерынан, салгыы 1998 с. диэри «Сунтаар», «Бордон» совхозтарга өрөмүөннүүр мастарыскыай сэбиэдиссэйинэн, кэлин Бордоҥ кооперативыгар үс сыл эмиэ мастарыскыай сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим. Ити курдук уопсайа 35 сыл устата. Тэҥкэ, Хадан, Илимниир, Партизан, Бордоҥ отделениеларын тыа хаһаайыстыбатын техникаларын өрөмүөнүгэр сылдьыбытым, ол быыһыгар слесарь, токарь, электросварщик да буолан ыларым. Токарынан Сидоров Арьян Степанович, Сидоров Николай Арьянович, Уаров Сергей Михайлович үлэлээбиттэрэ. Слесардарынан Васильев Яков Дмитриевич, Спиридонов Василий, электросварщигынан Данилов Николай Ильич, Иванов Степан Иванович элбэх сыл үлэлээбиттэрэ. Ууһунан Дмитриев Гаврил Петрович өр сыл сылдьыбыта. Совхозка 1972 с. тутуллубут механическай мастарыскыайы механиктар бэйэбит күүспүтүнэн муосталаан, бетоннаан, оборудованиетын таҥан үлэлэппиппит.

Кэргэним Михайлова Матрена Ефремовна 1936 с. алтынньы ыйга Улгумдаҕа төрөөбүтэ. Ийэлээх аҕата колхозтаахтар, ийэтэ үс саастааҕар ыалдьан өлбүтүгэр эдьиийэ Иванова Анна Федотовна ылан ииппит. Сэрии сылларыгар Муоча эдьиийигэр Аанаҕа, күтүөтүгэр Иванов Алексей Афанасьевичка иитиллибит буолан аччыктаабатах, Улгумдаттан Марбаҕа хааман үөрэммит.

1960 с. Бордоҥ, Сунтаар оскуолатын 10 кылааһын бүтэрбитэ уонна салгыы үөрэнэр кыаҕа суох буолан Жданов колхоз Андылаах ферматыгар ыанньыксытынан, ньирэй көрөөччүнэн, ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлээн баран, оҕо садыгар иитээччитинэн сэттэ сыл, Бордоҥ участковай балыыһатыгар сиэстэрэнэн, старшайынан 28 сыл үлэлээбитэ, үлэ ветерана. Биһиги 1962 с. ыал буолбуппут, түөрт оҕобут бары үөрэхтэнэн, ыал-күүс буолан олороллор, 10 сиэннэннибит. Онтон үһэ үрдүк үөрэхтэннэ. Бииргэ олорбуппут 50 сыла туолан 2012 с. улуус Кыһыл көмүс кинигэтигэр 198 нүөмэринэн киирбиппит. Иккиэн Бордоҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕобут, саха ыалын сиэринэн дьиэ туттан, ынах, сылгы ииттэн олорбуппут. Кэргэним суох буолуоҕуттан, оҕолорбун кытта олоробун.

 

Просмотров: 272 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]