Суббота, 28.12.2024, 14:04
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Нина Васильевна МИХАЙЛОВА
01:50
Нина Васильевна МИХАЙЛОВА

Тыыл, үлэ ветерана

Нина Васильевна МИХАЙЛОВА туһунан

сиэнэ, 6-с кылаас үөрэнээччитэ Михайлова Сайыына:

Эбэм оҕо сааһа сэрии сылларыгар ааспыта. Ийэтэ кэпсээбитинэн саас уу-хаар тахсан эрдэҕинэ, ол аата муус устар ый ортотун диэки буолуо, 1933 с. Куокуну нэһилиэгэр Тэҥкэ бөһүөлэгэр төрөөбүт. Онон сэрии саҕаланарыгар 8 саастаах кыыс эбит. 1941 с. Тэҥкэ оскуолатыгар 1-кы кылааска үөрэнэ киирэр, биэс биэрэстэлээх Дьулурҕа Өтөҕө диэн сиртэн сатыы хааман үөрэммит. Ол саҕана чаһы эҥин диэн суох этэ, онон төһөҕө туран баралларын өйдөөбөт. Арыт оскуолалара хатыылаах буолар эбит. Учууталлара Федоров Дмитрий Спиридонович диэн, киниэхэ 4-с кылааһы бүтэриэр диэри үөрэммит. Эбэм кыратыттан ийэтигэр көмөлөһөр буолбут. «Оскуолаттан кэлээт түөрт биэрэстэлээх сиргэ ынах уулата барабын, онтон киэһэтигэр сарсыарда оттор маспытын эрбээн, хайытан киллэрэбин, хойут баҕайы хотоҥҥо ийэм ынаҕын ыырыгар тымтык тутабын. Онон уруок үөрэтэр бириэмэ суох буолара», диэн кэпсиир эбэм. Салгыы кыайан үөрэммэтэҕэ, кыра быраатын уонна балтыларын үөрэттэрээри, ийэтигэр көмөлөһөөрү оскуолаттан уурайбыта. Убайа атын нэһилиэккэ баран үөрэммитэ.

Уон сааһыттан бурдук ыһыытыгар, от кээһиитигэр оҕус уонна ат сиэтэр, уон иккилээҕиттэн бэйэтэ бороонньолуур буолбута. Оччолорго Егоров Никифор Иванович (Кыһыл эһэ) диэн киһи Тэҥкэҕэ колхоз председателинэн үлэлии кэлбит. Ол киһи көһөн кэлэригэр эбэм Торотов Иннокентий диэн саастаах киһилиин атынан көһөрөн аҕалбыттар, эбэм ынах үүрээччинэн сылдьыбыт. Икки хонук айаннаабыттар, онно сылайбытын хаһан да умнубат.

Ийэтэ сэрии бириэмэтигэр ферма ынахтарыгар быа хатан биэрэр эбит. Оччолорго Илья Иннокентьевич Гаврильев диэн биригэдьиирдээх этилэр. Бөрө элбээн сылгылары тардаллара, ол сылгы этин таах хаалларбакка, иккилии киилэ курдуктуунан дьоҥҥо түҥэтэллэрэ. Саас аһылык наһаа кырыымчык кэмигэр оҕолор фермаҕа баран иэдьэгэйдээн эҥин сииллэрэ. Бэйэлэрэ икки ынахтаахтара эрээри, оччотооҕу кэмҥэ бородууксуйаларын бэйэлэрэ сиир кыахтара суоҕа. Бүтүннүүтүн арыы оҥорорго ыыталлара. Онтуларын оргутан, тоҥорон баран байыаннай нолуок диэн ааттаан маҕаьыыҥҥа илдьэн туттараллар эбит. Оҕолорго күҥҥэ биирдэ буруолуу сылдьар овсянка диэн маҥан бурдугунан хааһы оҥорон биэрэллэрэ, ыһыыга үлэлии бардахтарына кыра иэдьэгэй оҕотун сиир этилэр.

Сайын кураан буолан аһыыка наһаалаабыт кэмигэр дьэ оҕолор үлэлэрэ кэлэр: куулунан куйаабыл оҥорон баран ходуһаҕа ыыталаан кэбиһэллэрэ. «Аһыыканы бултаһан ходуһаны биир гына сүүрэр этибит. Аны туран күһүн бурдук хомуурун кэнниттэн иһиттээх сылдьан буолаҕа тохтубут бурдук туораахтарын хомуйар үлэлээхпит. Дьэ ити курдук сэрии сылларыгар оҕо сааспыт ааспыта» диэн кэпсээнин түмүктүүр эбэм Нина Васильевна.

Просмотров: 252 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 5.0/1
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]