Суббота, 28.12.2024, 14:57
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 13
Гостей: 13
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Апрель 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
      12345
    6789101112
    13141516171819
    20212223242526
    27282930
    Главная » 2020 » Апрель » 7 » Нина Васильевна МИХАЙЛОВА
    10:42
    Нина Васильевна МИХАЙЛОВА

    Нина Васильевна МИХАЙЛОВА

    үлэ бэтэрээнэ

       Мин Василий Петрович уонна Пелагея Кирилловна Михайловтар дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон 1933 сыллаахха муус устар ыйга, чалбах тахсан эрдэҕинэ төөөбүппүн. Ийэлээх аҕам иккиэн Тэҥкэттэн төрүттээхтэр этэ, онон биһиги бары Тэнкэҕэ төрөөбүппүт. Оҕо сааспыт Дьулурҕа өтөҕөр ааспыта.  Сайын буолла да "Булгунньах" диэн сиргэ сайылыы тахсарбыт. Сайылык диэн тылы иһиттэхпинэ билигин даҕаны оҕо сааһым бу көстөргө дылы: түптэ буруота, ынах маҥырааһына, оҕус айаатааһына, оҕо күлүүтэ - үөрүүтэ. Сайылыкпыт ортотугар күөллээх этэ. Оҕо аймах манна мустар сөтүөлээн сөрүүккүүбүт, оһуохайдаан да ыларбыт. Сайылыкпыт тыатыгар отон бөҕө үүнэрэ. Мин балтыбынаан туос ыаҕыйа тутан тыа диэки отоннуу элбэхтик сүүрэрбит. Оччотооҕу оскуола оҕото таах сылдьыбат: отоҥҥо, тыа көтөрүн бултуурга хайаан да сорудах биэрэллэрэ. Сайын дьоммутугар көмөлөһөн ынахтарга түптэ оҥорорбут, ньирэйдэри сылгылаан аҕаларбыт. Күһүн уолаттар бултарын иһин, кыргыттар уһаат муҥунан отоммут иһин лааппыттан ыстаан, ырбаахы таҥаһа ылан тиктэн кэтэрбит.

        Сэрии саҕаламмытыгар мин 8 саастаах этим. Ыарахан кэмнэр этэ. Ас-таҥас тиийбэт үлүгэрэ. Сайын курааннаан от-бурдук үүммэтэ, аһыҥа бөҕө өрө туран кэбиһэрэ. Оҕолорго куул туттаран баран аһыҥа хомуйтара ыыталлара. Саас сир хоруттарыыта буолла да оҕус сиэтээччинэн үлэлиирим. Кыһын көстөөх сиртэн хааман үөрэнэрбит. Чаһыыбыт суох этэ, онон отой хараҥаҕа туран барарбыт. Тиийдэхпинэ арыт оскуолабыт хатыылаах буолара. Оскуолаттан кэлэн баран ыраах баҕайы ынах уулата барарым (тоҕо эрэ чугас күөлэ суох сиргэ олорбуппут). Кэлэн баран, иһэр уубутугар анаан таммах оҥорорум, ийэбин кытта мас эрбээн күннээҕи оттор маспытын бэлэмниирбит. Хаһан эбит бурдуктаннахпытына алаадьылаан сиирбит. Киэһээҥи өлүүбүтүн сиэн баран сарсыардааҥыбытыгар биир алаадьыны дэлби кыралаан "элбээтиннэрэн" уурунар этибит. Арыы диэни сиэбэт этибит, барытын фроҥҥа диэн хомуйан ылаллара. Хата убайым Лука үлэлиир буолан нуорма ас аҕалара. Биирдэ ыйдааҥы норма аһыгар хаптаҕай куруппа диэни аҕалбыта, онно ийэбит барахсан наһаа да үөрээхтээбитэ. Ол куруппаны хааһылаан уонна алаадьылаан сиэбиппит минньигэс да этэ. Төрдүс кылааска экзамеммын Куокунуга Федоров Дмитрий  Спиридоновичтаах дьонноругар олорон туттарбытым.

       Аҕам алта кыра оҕолору быраҕан, арахсан атын чүөчэҕэ баран, ыал улахан оҕото буолан ийэбэр көмөлөһөн балтыларбын, бырааппын көрсөөрү төрдүс кылааһынан үөрэнэн уурайбытым. Ийэм сарсыарда эрдэттэн киэһэ хараҥарыар диэри үлэлиирэ. Мин дьиэ ис-тас үлэтин, балтыларбын, бырааппын, сүөһүлэрбин көрөн көмө буоларым. 13-14 сааспыттан молотилкаҕа ат үүрэн, ыһыыга бороонньулаан, булууктаан ыарахан үлэ саҕаламмыта. 19 сааспыттан саҕалаан "Чкалов", "Жданов", "Пионер" холхуос фермаларыгар ыанньыксытынан үлэлээбитим. Кыһын "Уһун күөл" ферматыгар, сайынын "Саҥа күөл" сайылыкка үлэлээбитим. Биирдэ тыатааҕы сүөһүбүтүн тардан  эрдэ "Бэттиэмэҕэ" киирбиппит. 1958 сыллаахха "Бэттиэмэ" ферматыгар үлэлии сылдьан Саввинов Иванныын көрсөн ыал буолбуппут. Кэргэним дьиэтигэр көһөрөөт (икки хонон баран ) бэбиэскэ туппута. Үс сыл армияҕа сулууспалыыр кэмигэр кэргэним ийэтинээн ферма уопсайыгар олорбутум.

        Армияттан кэлээт Сунтаарга Райсойууска шоферунан үлэлээбитэ. Бастакы оҕобун улахан ыарахан сырыттахпына Сунтаарга күрэппитэ. Сунтаарга Чохоллоойоба Ааналаахха олорбуппут. Аһылыкпыт, харчыбыт кырыымчык буолан олорор ыалбытыгар хортуоска олордорго кэпсэппитим. Улахан буоланы күрдьэҕинэн түөрэн, хортуоска араскыытын ыраастаан олордон баран киэһэтигэр төрөөбүтүм.     Кэргэним Тойбохой оскуолатыгар шоферунан үлэҕэ киирэн Тойбохойго көстүбүт. Тойбохой школа - интернатыгар 100 оҕолоох корпуска кастеляншанан, ночной нянянан, дьиэ сууйааччынан  үлэлээбитим.

        1972 сыллаахха күһүн Бордоҥҥо көһөн кэлбиппит. Бордоҥ орто оскуолатыгар 68 сааспар диэри дьиэ сууйааччынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитим.    Кэргэмминээн 4 оҕону төрөтөн, иитэн, улаатыннаран, үөрэхтээх, үлэһит дьон оҥордубут. Оҕолор билигин туспа ыал, сорохторо эһээ буоллулар, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. 8 сиэн, 4 хос сиэн тапталлаах эбээтэбин. Оҕо сааһым сэрии кэмигэр аастар да кыайыыга кыра да кылааты киллэрисибиппиттэн киэн туттабын.

    Суруйда кыыһа Саввинова Светлана. Муус устар ый 2020сыл








     

    Просмотров: 297 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]