Суббота, 28.12.2024, 15:24
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 2
Гостей: 2
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 15 » Павел Ксенофонтович ДАНИЛОВ
12:26
Павел Ксенофонтович ДАНИЛОВ

Тыыл, үлэ ветерана

Павел Ксенофонтович ДАНИЛОВ.

  • сырдык уулаах көлүччэни тула кэккэлээн үүммүт хатыҥ- чараҥ быыһыгар турар Туулаах диэн алааска олорор Семеновтар дьиэ кэргэттэригэр 1924 с. уол оҕо төрөөбүтэ. Дьоно кинини сахалыы Байбал диэн сүрэхтээбиттэрэ. Хонооһой оҕонньор алта уоллаах, биир кыыстаах. Павел Ксенофонтович төрдүс уол этэ. Ийэлэрэ эрдэ өлөн, кини таайыгар Данилов Ксенофоҥҥа иитиллибтэ.

Павел Ксенофонтович 1935 с. Бордоҥ начальнай оскуолатыгар Марбаҕа бастакы кылааска үөрэнэ киирбитэ. Байбалга аан бастаан үөрэх сырдык аартыгын арыйбыт учууталынан Попов Савва Саввич буолбута. Ити сыл кинини кытта Тихонов Егор Иванович, Иванов Николай Прокопьевич, Егоров Николай Степанович, Гознов Григорий Николаевич, Яковлев Николай Дмитриевич, Уаров Илья Николаевич, Максимова Ксения Алексеевна үөрэммиттэрэ. Үһүс кылааска кинилэри Николаев Игнатий Яковлевич, онтон төрдүскэ Степанов Иннокентий Григорьевич үөрэппиттэрэ. Ити кэмҥэ бөһүөлэк тэриллэ илигэ, онон оҕолор сатыы хааман үөрэнэллэрэ. Байбал Куоҕастаахтан 8 километрдаах сиртэн сылдьара. Кинилэр тоҥон, сылайан кэлэн баран, көмүлүөк уотугар уруок ааҕаллара, дьиэлэригэр мас мастаан, таммах охсон көмөлөһөллөрө. Байбал кырдьаҕас ийэлээх аҕатыгар уҥа илиитинэн буолбута. 1940-1941 үөрэх сылларыгар эбии бэһис-алтыс кылаастар аһыллыбыттара, онон ситэтэ суох орто оскуола аһыллыбыта.

Байбал алтыс кылааһы бүтэрбит сылыгар дьоно ыалдьаннар оскуолаҕа үөрэҕин салгыыр кыаҕа суох буолбута. 1942 с. Жданов аатынан колхозка 1959 с. диэри хонуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Сэрии сылларыгар аччыктаан, дьэҥкэрэн ыалдьан өлө сыспыта. Ол сыл кинилэр дьоллоругар «куобах үөскээн тыыннаах хаалбыппыт, ииппит ийэм эрдэ сэрии сылларыгар өлбүтүн бэйэм салаасканан соһон кистээбитим” диирэ. 1949 с. кулун тутар 31 күнүгэр комсомолга киирбитэ, ити кэмҥэ Докторов Егор Саввич комосомольскай тэрилтэ секретарынан үлэлиир этэ.

1951-1953 сс. Павел Ксенофонтович маҥнайгы сүһүөх комсомольскай тэрилтэ секретарынан үлэлиир, комсомол райкомун пленумун чилиэнинэн быыбардаабыттара. Комсомольскай тэрилтэ уонна биригээдэ үлэтэ үчүгэйинэн сыаналанан 1952 с. тохсунньуттан ССКП чилиэнигэр кандидат, онтон ССКП чилиэнинэн ылыллыбыта. Ити кини үчүгэй үлэтин түмүгэ этэ. Үлэҕэр мөлтөх көрдөрүүлээх буоллаххына кандидатскай стаһыҥ эбиллэн иһэр этэ. 1952-1954 сс. Жданов аатынан колхоз бырабылыанньатын чилиэнинэн, 1959-1964 сс. колхоз ревизиялыыр хамыыһыйатын чилиэнинэн быыбарданан үлэлиир. 1955-1957 сс. нэһилиэк сэбиэтин депутатынан быыбардаабыттара. 1954-1955 сс. партия райкомун пленумун чилиэнинэн талыллар. «За доблестный труд» Сталин, Жуков аатынан, араас үбүлүөйдээх мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

Үчүгэй үлэлээх, салайар, тэрийэр талааннаах коммунист мэлдьи үлэ ыарахан учаастактарыгар үлэлиирэ. 1981 с. Илимниир биригээдэтигэр үлэлии сылдьан пенсияҕа тахсыбыта. Пенсияҕа да таҕыстар төрөөбүт совхоһугар күүһэ кыайарынан хотуулаахтык үлэлиирэ.

Элбэх оҕо аҕата, эһэтэ, хос эһэтэ.

Просмотров: 212 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]