Петр Константинович
ЯКОВЛЕВ
Сэрии, тыыл бэтэрээнэ
Былыр 1850 сыллардаахха, Тэҥкэ
олорор дьонун ахсаанынан түөрт Бүлүү улуустарыттан иккис миэстэҕэ турар эбит. Архив көрдөрөрүнэн 1858 с. Тэҥкэҕэ 486
киһи олорбут. Ити бириэмэҕэ Тэҥкэ 1 Нөөрүктээйи нэһилиэгин састаабыгар киирэрэ.
1 Нөөрүктээйи нэһилиэгэр киирэллэрэ: Тэҥкэ, Тойбохой, Туойдаах Бэрэтэ,
Сэрии киирбит(нэһилиэк киинэ),Бүлүүчээн төрдө, Ботуобуйа. Нэһилиэккэ барыта
1117 киһи олорбут.
1917 с. Тэҥкэҕэ 447 киһи олорбут. Онтон сыыйа нэһилиэньэ ахсаана аҕыйаан
барбыт.
1992 с. Бордоҥ нэһилиэгиттэн арахсан Тэҥкэ туспа нэһилиэк буолар.
Нэһилиэк бастакы баһылыгынан Игнатьев Григорий Иванович ананан үлэлээбитэ.
Билигин Тэҥкэ улуус саамай кыра нэһилиэктэриттэн
биирдэстэрэ. Баара суоҕа 67 киһи олорор. (пропискалааҕа 114 киһи).
Аҕам Степанов Константин Яковлевич (1877-1943с.)
Тэҥкэ арҕаа өттүгэр " Куруҥ балаҕан"диэн сиргэ олорбута. Кини аҕата
Яков Степанович, "Куруньук" (хос аата) түөрт уоллаах, алта кыыстаах киһи улахан оҕото эбит. Отут
сааһыгар Никифор "Бырдьаах" (хос аата) кыыһын Татьянаны кэргэн ылбыт. Татьяна сааһынан киниттэн 10
сыл балыс эбит.
Ийэм үс
убайдааҕа, улахан убайа Макар бултуу сылдьан тымныйан ыалдьан өлбүтэ, оҕото
суох. Иккис убайа Мэхээлэ 1946 с. сөтөл буолан өлбүтэ, оҕото суох этэ. Үһүс
убайа Петр рак ыарыытыгар ыалдьан 1944 с. өлбүтэ. Петр үс оҕолоох этэ, бастакы
кыыс оҕото улаатан иһэн өлбүтэ, иккис уол оҕото ыалдьан баран саҥарбат, истибэт
буолбута. Оҕо сааһым үтүө күннэрэ кинини кытта ааспыттара. Уон алта сааһыгар
чугаһаан, эт- хаан
өттүнэн олус тэтиэнэх оҕо тымныйан, онтон сыыстаран өлбүтэ. Кинини
"Ситтиикэй" диэн ааттыырбыт.
Үһүс оҕото Ксения 1946 с.убайа Михаил өлбүтүн
кэннэ мин ийэбэр Тойбохойго баран олорбута. Улаатан баран Сунтаартан төрүттээх
Федотов Валентин Николаевич диэн киһиэхэ 1955 с. кэргэн тахсыбыта. Мииринэй куоратыгар үлэлии олорон 1963 с.
Тойбохойго көһөн кэлэн олохсуйбуттара. Надя диэн кыыс оҕоломмуттара. 45 сыл устатыгар бэрт
эйэлээхтик, дьоллоохтук олорбуттара. Ксения кыыһа Максимова Надежда Валентиновна
биир кыыс, түөрт уол оҕолоох, сэттэ сиэннээх. Отут сыл пекарынан үлэлээбитэ.
Эҥкилэ суох таһаарыылаах үлэтин иһин " Холбостон", Сунтаар улууһун
райпотребсоюһуттан элбэх грамоталардаах.
Мин кэргэним Ирина Николаевна аҕата Спиридонов
Николай Алексеевич 1884 с. төрөөбүт.
Иккис кэргэниттэн Алексеева Александра Ивановнаттан 1927 с. Ирина төрөөбүт.
Ирина 3 саастааҕар ийэтэ өлбүт. Николай оҕонньор түөрт кэргэниттэн сүүрбэттэн тахса оҕо төрөөбүт, олор олох
кыраларыгар өлбүттэр. Бэһис кэргэнин Евдокия Еремеевнаны 1934 с. ылбыт.
Ирина Николаевнаны кытта биһиги 1957 с.
холбоспуппут. Ити сыл аҕата Николай оҕоньор өлбүтэ. Кэргэнэ Евдокия Еремеевна
биһигини кытта 22 сыл олорбута. Кини биһиги ыал буолан этэҥҥэ олорбуппутугар
муҥура суох үтүөлээх. Түөрт оҕобутун көрсөн, иитиһэн олорбута. 1979 с. балыыһаҕа сытан өлбүтэ. Өссө тыыннааҕар орто
кыыспытыгар кини аатын биэрбиппит.
Ириналыын 56 сыл дьоллоохтук олордубут. Түөрт
оҕоломмуппут. Улахан оҕобут Георгий ийэтин сүбэтинэн Үөһээ Бүлүүгэ Михаил
Андреевич Алексеев тэрийбит физмат оскуолатыгар үөрэнэн ситиһиилээхтик
бүтэрбитэ. Онтон Бауман аатынан Москватааҕы үрдүкү техническай училищены
бүтэрэн техническэй наука кандидата буолан үлэ үөһүгэр үктэммитэ.
Кини республикаҕа аан бастаан алмааһы
кырыылааһыны тэрийбитэ.
Кэргэнэ Софья Петровнаны кытта дьоллоохтук
олорон, күөгэйэр
күнүгэр, үлэ үөһүгэр сылдьан 51
сааһын туолаары сылдьан, ыараханнык ыалдьан өлбүтэ. Георгий үс оҕотуттан биир уолугар мин ааппын
биэрбитэ.
Ирина оҕото өлбүтүн кэннэ улаханнык мөлтөөбүтэ.
Ыараханнык ыалдьан улахан кыыһыгар Таняҕа олорон 2013 с. өлбүтэ. Оҕобун,
кэргэммин сүтэриим миэхэ
сүрэхпэр оспот бааһы хаалларбыта. Соҕотоҕун олоро сатаан баран, кыргыттарбар иитиллэргэ быһаарыммытым. Улахан
кыыһым Таня Таатта улууһун Баайаҕатыттан төрүттээх Чярин Виталий Ивановичка
кэргэн тахсыбыта.
Үс оҕолоохтор. Улахан оҕолоро Вера биир кыыстаах,
кэргэннээх. Иккис оҕолоро Иван Алдан куоратыгар нолуок сулууспатын салайааччыта, кэргэннээх, икки кыыстаах. Үһүс оҕолоро Таня
Санкт- Петербурга олорор,
кэргэннээх. Уоллаах кыыс оҕолоох.
Иккис кыыһым Дуня кэргэнэ Белолюбскай Александр
Егорович, Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүттэн төрүттээх этэ, өлбүтүн кэннэ огдообо,
соҕотоҕун олорор. Кыыстара Анна алмаас промышленноһыгар үлэлиир.
Кыра кыыһым Ирина Хаҥалас улууһун Тиит
Арыытыттан төрүттээх оҕо бырааһынан үлэлиир Кузьмин Родион Владимировичка
кэргэн тахсан олорор. Кузьминнар икки уоллаахтар. Улахан уоллара Айсен
кэргэннээх. Кыралара Владимир студент.
Ирина чугас дьонноруттан билигин бааллар Розалия
Егоровна Дмитриева, врач, Корнилова (Захарова) Эльмира Спиридоновна, Егорова
Анна Степановна, Миронов Александр Николаевич кырдьаҕас ыаллар, элбэх оҕо
эбээлэрэ, эһээлэрэ.
Тэҥкэ инники дьылҕата биллибэт. Манна нефть, газ
көрдөөччүлэр өлүөр сири хаалларбатылар. Төһө саппаас баара биллибэт. Инники
өттүгэр туох дьаһал ылылларын ким да билбэт. Өссө ааспыт үйэҕэ Ньуччуку үрэҕин тардыытыгар
көмүс булбуттара.
Дьокуускайга 1979 с. кэлиэхпиттэн сыл аайы
Сунтаарга, төрөөбүт Тэҥкэбэр биир да сылы көтүппэккэ сылдьан кэлэбин. Оннук
эбит төрөөбүт сир барахсан ахтылҕана.
Яковлев П.К.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сунтаар
улууһун, Тэҥкэ нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо, Республика норуотун
хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Республика Бочуоттаах ветерана, Саха
Республикатын бочуоттаах олохтооҕо.
2020 сыл. Муус устар ыйа. |