05:50 Петрова Люция Григорьевна |
Үлэ бэтэрээнэ Петрова Люция ГригорьевнаМин, Петрова Люция Григорьевна, Бордоҥ нэһилиэгин олохтооҕо, 79 саастаахпын. Аҕыйах тылынан урукку үлэлээн аспыт кэмнэрбин суруйдум. 8 саастаахпар кыайыы буолуо 2 хонук инньигэр ийэм өлбүтэ, сэриигэ элбэх аймахтара барбыттара, биир дойдулаахтара сэрииттэн эргиллэн кэлэллэрин билбэккэ сытан бараахтаабыта. Ол сыл аҕабын Филиппов Григорий Дмитриевиһы Хадан «Энгельс» колхозка бэрэссэдээтэллээн олордоҕуна «Бордоҥ» нэһилиэгин хаалыылаах колхоһугар бэрэссэдээтэлинэн анаммыта, онно кэлэн өрө тардыбытын кэннэ аны Улгумда сиригэр Каганович колхоһугар эмиэ бэрэссэдээтэлинэн ананан барбыта. Сэрии тулаайахтарын, огдооболорун олохторун көрөн- истэн атахтарыгар туруортаан үлэлээбитэ. Сут кураан буолан, аһыҥа өрө туран биһигини оҕолору куулунан куйаабылынан хомуйьараллара, этэрбэспит иһэ толору аһыҥа киирэн ньыллырҕаччы кэтэн күнү барыырбыт, ол быыһыгар күтэр халааһын бурдугун хомуйтарар буолаллара. Кыра оҕо эрдэхтэн кырдьаҕастары кытта ходуһа, сайылык сирдэри сабарга тоһоҕо, талах таһарбыт. Анабы, Ньыла диэн улуу сыһыыларга окко үлэлии барарым. Онно Петров Егор Николаеви 4 көлөнөн сменалаан от охсоро, мин атынан от мусатарарым. Бурдук баайыыта, онно куоталаһыы бөҕө буолара. Хаппыыста, хортуоска олордорбут, кумаарга- куйааска түүннэри күнүстэри сынньаммакка трактор аһылыгар кыра чуукалары элбэтии да эробиир этибит. Мин аҕам Григорий Дмитриевич көҕүлээһининэн ыраах бөһүөлэктэри Марба, Улгумда, Муолатаптар уруккута Кураанах үрэххэ көһөттөөн киллэрбитэ, үгүс кырдьаҕас буолумматаҕа, ону аҕам өрүс үрдүгэр, уу суолунан сырыы баар буолуо диэн улахан сыратын биэрэн бөһүөлэги көһөрбүтэ уонна бэйэтэ урутунан дьиэ туттубута, кинини кытта Петров Эдуард Гаврильевич буолан 2 ыал олорбута, онтон кыра кыралаан көһөн испиттэрэ. Марбаттан эргэ оскуоланы көһөрөн киирбитэ, өрүс үрдүгэр тыаны солоон, уһаайба таһааран аҕам салалтатынан маҕаһыын тутуллубута. Аҕам туох да үөрэҕэ суох буоллар колхоз бэрэссэдээтэлинэн, атыыһытынан үлэлээбитэ. Миигин суоту тардарга, хайдах атыылырга үөрэппитэ, аҕабынаан бииргэ маҕаһыыҥҥа үлэлиир этибит. Ол инньинэ саһыл ферматыгар үлэлээбитим, ол кэмнэргэ комсомолга киирбитим. Фермаҕа арыыһытан үлэлии сылдьыбытым. 25 сыл Сардаҥаҕа атыыһытынан үлэлээбитим. Бочуот дуоскатыгар хас та да тахсыбытым, райсоюз, сельпо, Холбос наҕараадата да элбэх этэ. 50 сааспар дылы үлэлээг бочуоттаах сынньбалаҥҥа барбытым. Оччолорго атыыһыт үлэтэ наһаа ыарахан этэ. Отчуттарга, сайылыктарга, нэһилиэктэринэн тиэйэ сылдьан атыылыырбыт. 5 оҕону төрөтөн, 13 сиэн, 15 хос сиэн тапталлаах эбээлэрэбин. Саха ыалын сиэринэн олус ыалдьытымсах этибит. Ханнык да киһи кэллин, биһигиттэн тымныы кэмҥэ ирбэккэ- көрбөккө, сайыҥҥы куйааска сөрүүкээбэккэ, чэйдээбэккэ тахсыбата. Бэйэм сүрдээх ирдэбиллээх, элбэх астаах, ыраас дьиэлээх, аҕабыт суоҕар ис- тас үлэни барытын кыай тутарым. Тыа ыала буолан сылгы, сүөһү сөбүлээн иитэрбит. Кырдьаҕаска- кыаммакка наар көмөдөһөрүм аһынан- таҥаһынан, тулаайах эмээхситтэр кэлэн наар чэйдээн сэһэннэһэн бараллара. Билигин Дьокуускай куоракка олоробун, сайынын Аммаҕа сайлыыбын. Биһиги атыы- эргиэн үлэтин өрө- туппут дьоммут. Мин эһэм Филиппов Дмитрий Николаевич Холбоско орденнаах бэрэссэдээтэл этэ, онтон аҕам потребкооперация туйгуна, коммунистическай үлэ ударнига, элбэх мэтээллэрдээх, знактара да элбэҕэ. Бу билиҥҥэ дылы оҕолорум, сиэннэрим атыы- эргиэн үлэтинэн утумнаахтык- дьаныардаахтык үлэлии сылдьаллар. Петрова Люция Григорьевна |
|