03:21 Потап Петрович НИКИФОРОВ |
Үлэ ветерана Потап Петрович НИКИФОРОВ туһунан Петров Владимир Николаевич-Бордоҥ Болуодьата: Потап Петрович биһигиттэн тэйиччи тиэргэннээх, ойуччу олохтоох, Саха сирин биир баай историялаах улууһугар, Кэбээйигэ, 2-с Лүүчүүн нэһилиэгэр Хатыҥнаах алаас колхозтаах ыалыгар күн сирин көрбүтэ. Аҕата Петр Васильевич Никифоров дьоҥҥо-сэргэҕэ Табыйык диэн аатынан биллибит киһи, Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии уот ардаҕын ааһан, өстөөҕү үөрбэҕэ-өргөскө түһэрсэн, кыайан-хотон дойдутугар эргиллибит, колхоз хайа тэриллиэҕиттэн колхозка киирэн үйэ чиэппэрин кэриҥэ бастыҥ, тутаах үлэһит быһыытынан үөлээннээхтэригэр биллибит киһи. Кини 1897-1958 сс. олорон ааспыта. оттон ийэтэ Наталья Васильевна Потап үс саастааҕар күн сириттэн барбыта. Потап Петрович 1961 с. оскуоланы бүтэрээт, Мастаах бөһүөлэгин радиооператорынан үлэлээн, 1936-66 сс. советскай армияҕа сулууспалаан баран, Сунтаар оройуонун Дьаарханнааҕы сельскай сэбиэтин кииннэммит бухгалтериятын бухгалтерынан үлэлиэҕиттэн бүгүҥҥү күҥҥэ диэри суот туорааҕыттан уонна электроннай калькулятор кнопкаларыттан илиитин араара илик. 37 сыл усталаах-туората биһиги нэһилиэкпит үүнэр-сайдар кэскилин, нэһилиэккэ баар бары тэрилтэлэр, хас биирдии сулууспалаах үлэлэрин, олохторун таһымын быһаарар үп-харчы былааннаныыта, туруорсуллуута, көрүллүүтэ, ылыллыыта, сөпкө туттуллуута, отчуоттаныыта – ити барытын ис-иһиттэн төрөөн тахса турар эриирэ-мускуура, суота-учуота, дьыалата-куолата - Бордоҥ буоругар 28 сааһыгар үктэммит эдэр киһи хара баттаҕын кыырыктытта. Кини үлэтиттэн ураты сөбүлүүр дьарыга – балыктааһын. Сиэри-туому тутуһан, айылҕалыын ыкса алтыһан сылдьар үтүө-мааны киһини эбэбит көмүс хатырыктааҕынан көҥөммөккө күндүлүүр. Үһүс дьарыга – дуобат аптаах хонуутун таабырыннарын тайыы, хаамыыларын ааҕыы. Бу дьарыкка кини I-кы разрядтаах, 70-с сылларга оройуон күүстэээх оонньооччуларын кэккэтигэр киирбитэ, бириистээх миэстэлэр хаһаайыннара буолбута. Ити кэмҥэ дуобакка спорт маастара Виктор Петровтуун, нэһилиэк, улуус күүстээх дуобаччыта Илья Уаровтыын араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ, көннөрү табаарыстыы да көрсүһүүлэргэ элбэхтик эрийситэлээбитэ. Виктор Николаевич Потабы баран-кэлэн биэрбэт, мээнэ киһиэхэ хотторбот нүһэр, ыарахан илиилээх оонньооччу диэн сыаналыыра. Потап Петрович билигин да нэһилиэк орто баайыылаах (1-II разрядтаах) дуобаччыттарын турнирга көрүстэр эрэ хам баттаталыыр “ыарахан илиилээх” дуобатчыт. Сиэнэ Потап Никифоров (4-с кылаас үөрэнээччитэ) саастыылаахтарыгар, ону ааһан сорох сааһырбыт да дуобатчыттарга, эмиэ “ыарахан илиилээх” дуобатчыт буолар чинчилээх. Потап Петрович урут Советскай Союзка, билигин киэҥ Россияҕа -Москваҕа, Саха сиригэр – Дьокуускайга, улууһугар, нэһилиэгэр олох-дьаһах, быһыы-майгы хайдах буолан иһэрин, өй-санаа, политика хайысхата хайа диэки салаллан эрэрин, боростуой дьоҥҥо туох үчүгэйдээх, туох куһаҕан содуллаах буолуоҕун анаалыстаан сөпкө быһаарар, кэпсээннээҕи кытта кэпсэтэр, сэһэннээхтиин сэлэһэр, мөккүөрдээхтиин мөккүһэр киэҥ эйгэлээх, билиилээх-көрүүлээх, уһуктугас өйдөөх, уолуйбат уйулҕалаах ураты дьоҕурдаах киһи. Нэһилиэгин, дьонун-сэргэтин туһугар өссө да сыламтата суох үлэлээтин, үгүс мөлүйүөн үбү мөрүөрдүн, доруобуйата чөл, дьоло толору, олоҕо уйгулаах, кэнчээригэ кэхтибэт кэскиллээх буоллун, табаарыспыт Потап! (Владимир Петров “Сэһэн тоҕой” хаһыакка П.П. Никифоров 65 сааһыгар анаан бэчээттэппит |
|