05:01 Прокопьева Матрена Ильинична |
Үлэ бэтэрээнэ Прокопьева Матрена Ильинична сэрии сылларынааҕы олоҕун ахтыыта Мин 1937с Сунтаар оройуонун Бордоҥ нэһилиэгин Куоҕастаах түбэтигэр «Кулун сиэбит» диэн хонуу кытыытыгар саас төрөөбүтүм, ону дьонум хойутуу 2-3 ый кэнники докумуоннатан сүүйтэриилээхпин, урут оҕо өлүүтэ элбэх буолан итинник гыммыттара буолуо. Барыта ийэлээх, аҕабыттан 10 оҕо төрөөбүтэ, онтон убайым Прокопьев Николай Ильич уонна мин ордубуппун. онтон атыттара кыра эрдэхтэринэ өлөн испиттэр, дьонум дьадацы этилэр. Аҕам Прокопьев Илья Гаврильевич диэн куоҕастаахха олорбут Силиппиэн (Ксенофонт) оҕолорго 2 буолан иитиллибиттэр, ийэм Прокопьева Мария Николаевна диэн кэрэмэс Ньукулай кыыһа арҕаа баар Андылаах түбэтигэр төрөөбүт. А5ам кинини сүгүннэрэн а5алан сэргэни үстэ эргийбиттэрэ диэн а5ам бииргэ иитиллибит киһитэ Данилов Павел Ксенофонтович кэпсиир буолара. Кинилэргэ силиппин оҕолоро «Нөмүк» диэн хонууну биэрбит онно дьиэ туттан олорбуттар, сүөһү эмиэ ииппитэ буолуо, ол сүөһүлэриттэн колхозтааһыҥҥа биэс ынах сүөһүнү, биэс сылгыны холбообуттара. Дьоммутугар убайым Николай 4 оҕонон, мин 9 оҕоннон төрөөбүппүт. 1941с мин 4 саастаахпын оно тоторбун, аччыктыырбын улаханнык өйдөөбөппүн, аҕам сэрии бастакы сылларыгар ыалдьан өлбүтэ. Ийэм соҕотоҕун 2 хаалбыт оҕотун иитэлээбит биһиги ол сылларга Жданов аатынан колхоз ферматыгар «уйалаах» диэн сиргэ субай сүөһүнү көрөн олороллоро этэ, аҕабын кытта бииргэ төрөөбүт Прокопьев Григорий Гаврильевич эмээхсинэ үчүгэй эмээхсинниин кытта биир ыал курдук өйөһөн олорбуттара. ийэм Маарыйа эр киһи үлэтин толороро, сүөһү аһатар, от тиэйэрэ, колхоз сүөһүтүн өрүскэ ойбон олорон уулатара,Уйалаахтан, кураан буолан күөллэр уолбуттар хомуруон оһоххо мастарын мастыыллара , саныахха ыарахан. Саҥаһым ульяна хотон ис – тас үлэтин икки кыыһынаан дьаайалаах, Өлөксөөннүүн хотон үлэтин, дьиэ үлэтин толороллоро. Ульяна эмээхсин лэппиэскэлэрин үүккэ буһаран сиирбитин олус сөбүлүүр этибит, бурдук буллахтарына ону хатаран, тардан лэппиэскэ оҥостон сииллэрэ буолуохтаах. Миигин сэрии саҕана уонна абаҕам Киргиэлэй Ульянаттан Кыһыллаай диэн уолунан дьааһыла диэн тэрилтэҕэ «аһата» биэрбиттэр, онно сылдьан ол Кыһыллаай ыран өлбүт, мин эмиэ өлөөрү сырыттахпына ийэм бэйэбин кытта сылдьан өлөр буоллаҕынан өллүн диэн бэйэтигэр ылбыт. Өлбөккө син ордубуппун, ол ордон ийэбин 102 сааһыгар дылы харайан ол дойдуга атаарбытым. Ити дьааһыла үлэһиттэрэ олус бэрдэ суох үлэлээбиттэр, биһиги сиир бурдукпутун балыкка атастаһан сиир эбиттэр. Ол сиэбит (тохпут) балыктарын уҥуоҕун биһиги дьааһыла оҕолоро хос тахсан сиирбитин өйдүүбүт. Тоҕо өйбөр хаалбытын, син куһаҕаны сиибит диэн өйбөр хаалбыт быһылаах аны биир түбэлтэ: Тихонов иван диэн киһи баара ол кини «биһиэхэ сыалаах эт биэрбитэ диэн» хойукка дылы сэһэн гынар этим, онтон кэлин ийэбиттэн ыйыппытым онтум биир кырбас эт уонна ынах эмэһэтэ үһү. Ону билэн баран сэһэнниирим бүппүтэ. Ынах эмэһэтэ диэн мыысаһын салҕыыта, (сыалаах, ол да куһаҕана суох аһылык). Мин сэрии бүтэһигэр 7-8 саастаах этим. Урут буолаттан куоластыырбын өйдүүбүн, дьэ кутуйах хаһааһын буллахха улахан үөрүү буолара, онтубутун тардан сиирбит. Сорох колхоз салайааччылара оҕолор хомуйбут куоластарын былдьыыллара үһү өссө биир үчүгэй аһылыгынан сүөһү тириитин субалаан ону мииннээн иһии буолара, ол саҕана эт диэн суоҕа. Кэлин сэрии кэнниттэн буолуо мин ийэбин кытта ммигиттэн балыс саастаах Павлова валентина Осиповна барсан колхоз өлөрүллүбүт сүөһү тириитин аҕалан субалаан сиирбитин өйдүүбүн. Итини таһынан биир былдьаһыктаах аһылыгынан колхоз үүтүн сеператорынан эрийэллэригэр онно холбуу үүт күүгэнэ улахан үтүө аһылык буолара, ону даҕаны үүт эрийээччи үтүө санаалаах киһи сиэтэр, сөбүлээбэтэҕинэ оройго да охсон ылара. Биһиги кырабытыгар дьаамаҕа сиитэс симэр буолара, онно оҕолорго тэбистэрэллэрэ көр буолар, кэлин арыый улаатан баран от мустарарбын бугуллуурбун өйдүүбүн. Эмээхситтэр Маарыйа Ньукулайа ол саҕана куобаҕы сохсолоон, кус оҕолоон көмө буолар быһылааҕа, сайын окко үлэлиирэ кыһын оскуолаҕа үөрэнэрэ, интернакка олорон (Бордоҥҥо Сунтаарга) онтон өрөбүлүгэр кэлэригэр саахар кэһиилэнэрэ, ону таһынан ийэм быраатын уола детдомҥа олорон кэлэ – бара сылдьара. Игнатьев Петр Алексеевич диэн билигин Дьокуускайга олорор 3 оҕолоох, 3 сиэннээх 80 сааһа буолан эрэр өссө тулаайах евсеев Николай диэн уол сылдьара. Кини кэлин Миирнэй диэкки үлэлээбитэ уонна өлбүтэ. Ульяна эмээхсин 2 кыыһыттан ураты Прокопьев Гаврил Григорьевич диэн уоллаах этэ, онто эмиэ интернакка олорон Сунтаар оскуолатын бүтэрбитэ. Геолог үөрэҕин бүтэрэн Москваҕа үлэлии сылдьан 3 буолан буурҕаҕа түбэһэн суорума суолламмыта, тэрилтэтэ Хадаҥҥа (Ийэтэ олорбут сирэ) онно аҕалан көмүс уҥуоҕун туппуттара 1 уоллаах, сиэннэрдээх. Бу ахтыбыт аймахтарым бары сэрии сылын оҕолоро, атынных эттэххэ 28с төрүөхтэр улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбиттэрэ, сэрии сылын эрэйин – муҥун аччыктааһынын билбиттэрэ. Кинилэри билэр, ахтар саныыр дьонноро суохтар. Ньукулай 4 оҕолоох, 9 сиэннээх, хос сиэннэрэж 10 таҕыстылар онон олох салҕанар. Ылдьаана эмээхсин 2 сиэнинэн 6 киһи Маарыйа 3 киһи буолан дьуккаахтаһан олорбуппут, тугунан аһаан –сиэн таҥнан, утун өйүм хоппото, эмээхситтэр тугунан иитэлээн тыыннаах ордоохтообуппут буоллар. ити ахтыбыт 2 тулаайахтар Петр Игнатьев, Николай Евсеев дьонноро эрдэ кыраларыгар өлөннөр сэбиэскэй союз интернатыгар детдомҥа олордон иитэлээбит дьонноро. Онтон мин аҕам диэни отой өйдөөбөппүн, Ылдьаана оҕонньорун абаҕабын эмиэ өйдөөбөппүн эмиэ интернакка иитиллэн киһи буолбуппут онон советскай союзка муҥура суох махтанабын! Сэрии кэнниттэн Жданов колхозка бэрэссидээтэлинэн Игнатьев Иван Захарович диэн киһи үлэлээбитэ, кини кэлиэҕиттэн кыра – хара дьон олоҕо олус тупсан барбыта диэн дьоннорбут улаханнык махтаналлар этэ.
Ахтыыны суруйда Матрена Иьинична Прокопьева |
|