09:06 РОДИОНОВ Лаврентий Митрофанович |
РОДИОНОВ Лаврентий Митрофанович (1910-1943) “Память”, 2 том, с. 77 Өлүөхүмэттэн төрүттээх эбит, 1931 с. 1-кы Нөөрүктээйи нэһилиэгэр олоро сылдьан баран бу дойдуга көһөн тахсыбыт. Кэргэнэ Мария бэйэтиттэн аҕа буолан оҕоломмотохтор. Сэриигэ барыан иннинэ Киров колхозка бухгалтерынан үлэлии сылдьыбыт. Киһи киэнэ ньургуна бастакы ыҥырыкка 1941 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр. ыҥырыллан барбыт. Биир дойдулааҕа Степан Терентьевич Петровтыын айаннаан Бурят-Монголия сиригэр Дивизионнай диэн станцияҕа дьиҥнээх сулууспаны ааһан, бирисээгэ ылан, сэриилэһэр армияҕа барбыт. Москва таһыгар сыппыттар. Онтон кинилэр чаастарын Ленинградтан 7-8 км сиргэ фронт линиятыгар аҕалбыттар. 1943 с. өллө диэн биллэриитэ кэлбит, биир да хаартыската хаалбатах. “Память” Кинигэ 2-с томугар кини туһунан бу курдук суруллубут: ”захоронен в г. Тихвине Ленинградской области. Погиб 16.07.1943 г. Уроженец Сунтарского района с. Илимнир. Призван 01.09.1941 г. Книга Памяти-2 стр.77 №124). www.ОВD-MEMORIAL.ru Лаврентий Митрофановичтаахха 8 сааһыгар диэри иитиллибит балта Надежда Иннокентьевна абаҕатын туһунан бу курдук иһирэхтик ахтар: “Мин абаҕам Лаврентийдаахха кини сэриигэ барыар диэри иитиллибитим. Сэриигэ барарыгар мин түөрт саастаах эбиппин. Биир маннык түгэн өйбөр хатанан хаалбыт. Сарсыарда күн саҥа лаппа үөһэ тахсан ыраас салгын киирэн, сырдык баҕайы турдаҕына, абаҕам миигин көтөҕөн баран эргитэ сылдьан сыллаа да сыллаа буоларын өйдүүбүн. Хаҥас диэки биир дьахтар ытаа да ытаа буолара, ол тоҕотун бу хойут улаатан баран биирдэ быһаарабын. Сэриигэ бараары туран кэргэнигэр эппит “Эн соҕотоҕун бу оҕону кыайан көрүөҥ суоҕа, мин сэрииттэн эргиллиэм биллибэт, онон эрэйи көрүөҥ, оҕону дьонугар илдьэн биэрээр” диэн. Хойут кэргэнэ “Таах илдьэн биэрэммин, билигин бачча кыыстаах киһи ама туох буолуом этэй” диэн мэлдьи хомойон кэпсиирэ, ытыыра. Абаҕам аҕыйах буолан баран, дьээбэлээх саҥалаах, орто уҥуохтаах, сирэйинэн мин аҕабар Иннокентийга аһара майгынныыр диэччилэр». Кэргэнигэр бастаан син суруйа турбут, онтон сурук кэлбэт буолан хаалбыт. Мария Родионова 1958 с. Сунтаарга олорон ыалдьан, кырдьан өлбүтэ, хара өлүөр диэри сураҕа суох сүппүт кэргэнин күүтэр этэ. Ийэтэ Родионова Варвара 1943 с., балта кини баарына 1936 с.өлбүттэр, бырааттара Михаил (Родионова Надежда Михайловна аҕата) 54, Иннокентий 34 саастарыгар кэлин суох буолбуттара.
|
|