Суббота, 28.12.2024, 14:54
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 9
Гостей: 9
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 20 » Сантаев Михаил Иванович
02:46
Сантаев Михаил Иванович

Үлэ тыыл бэтэрээнэ Сантаев Михаил Иванович

1931с олунньу ый 19 күнүгэр Сунтаар оройуонугар Илимниир нэһилиэгэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтүм. Аҕам Сантаев иван Егорович, ийэм Сантаева анна Григорьевна диэн этилэр. Аҕам биригэдьииринэн, кыладыапсыгынан, хонуу илии араас үлэлэригэр, булчутунан, чылгыһытынан үлэлээн сылдьыбыта. Ийэм эмиэ дьиэ таһынааҕы үлэолэргэ от, бурдук хомууругар, оҕуруокка үлэлиирэ.

Биһиги ийэбит 12 оҕоломмутуттан түөрт оҕо хаалбыппыт. Улахан убайым Иванов Пуд Иванович, 1941с Дьокуускайга биэлсэр үөрэҕин бүтэрэн баран Аллараа Халымаҕа үлэлии сылдьан эдэр сааһыгар өлбүтэ. Иккис убайым Сантаев егор иванович Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрэн пенсияҕа тахсыар диэри Бордоҥ оскуолатыгар учууталынан үлэлээбитэ. Кэлин пенсияҕа олорон диабет ыарыыттан олохтон туораабыта. Быраатым Прокопий кыра сааһыгар, алталааҕар, 1942с тиф ыарыыттан өлбүтэ.

Оҕо сааһым саха омуга өссө алаастарынан абына – табына тарҕанан олорор – дьаһанар кэмнэригэр Илимниир нэһилиэгэр Бархачаан диэн сиригэр ааспыта. Кыһынын силбэһэ турар саах сыбахтаах балаҕаҥҥа. Сайынын синньигэс мастарынан тутуллубут ампаар дьиэҕэ олорорбут, аҕыйах ынах сүөһүлээх, ыан кымыс оҥостор ала күөх өҥнөөх биэлээх этибит. Онон оччотооҕу саха дьонун олоҕун сиэринэн үүтү, кымыһы үссэнэн, балыктаан, куобаҕы, куһу бултаан эбинэн аһаан – сиэн олорбуппут.

Аны кэлэн санаатахха оҕо сааһым алааһа дэлэй да көтөрдөөх – сүүрэрдээх эгэлгэ араас өҥнөрдөөх сибэккилээх, үрүмэчэччилээх, дьикти кэрэ ырыалаах тойуктаах чыычаахтаах буолара. Аҕам дьиэ таһыгар үүммүт бэрдьигэһи ити эн саастыылааҕыҥ диэн көрдөһөрө. Ол мас билигин баараҕай бэс буола үүммүтүн көрдөхпүнэ күннэр – дьыллар, түннүгүнэн чыычаах көтөн элэс гынан ааспытыныы үлүскэнник симилийэн ааспыттарын, ол да иһин баттаҕым маҥхайбытын итэҕэйэбин. Иннэ гынан, оскуола иннинээҕи кыһалҕата суох оҕо сааһым, оту – маһы, көтөрү – сүүрэри айылҕа араас эгэлгэ көстүүтүн кытары бииргэ алтыһан – кэргэннэһэн ааһа гына охсубута.

Мин, оччотооҕу алаас оҕотун сиэринэн, Хадан 4 кылаастаах оскуолатыгар 10 саастаахпар эрэ үөрэнэ киирбитим. ити 1941с Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии саҕаланыытын кэмин кытта түбэспитэ. Оччолорго оҕолор бары 5-7 биэрэстэлээх сиртэн хааман үөрэнэллэрэ. Оскуолабыт Ханды диэн улахан сыһыы илин эҥээригэр, былыргы баай Поповтар олорбут дьиэлэригэр баара. Онно дьиэ сорох өттүгэр, сороҕор оскуола үлэһиттэрэ олороллоро. Дьиэбит тас көрүҥэ төһө да эргэтин иһин си өттө тупсаҕай оҥоһуулааҕа. Оскуолабыт таһыгар сулулуллубут титириктэн хатыллан төгүрүтүллүбүт спортивнай площадка баара. Ол иһигиэр сүүрэр суол, атах оонньуур сир, араас дьарыктанар снарядтар бааллара. Онно сүүрэн – көтөн, оонньоон сырсан тыыммытын таһаарарбыт.

Бастакы учууталым – саввинов николай егорович Бүлүү училещетын бүтэрбит киһи этэ. Билигин кэлэн санаатахха, оччотооҕу оскуола тэрээһинэ учууталлар, атын да үлэһиттэрэ ол кэмнээҕи түҥкэтэх оҕолор куттарын – сүрдэрин тутар сурукка – бичиккэ билиигэ – сырдыкка угуйар – тардар аналлара – дьоҕурдара ураты да күүстээх эбит. Ол саҕана оҕолорого сыананы суругунан суруйан туруорар этилэр, онтон ити сыл саҥа дьыл кэнниттэн, сыананы сыыппараннан турурорууга киирбиттэрэ, ити ньыма күн – бүгүҥҥэ диэри туттулла сылдьар.

1945с мин Хадан 4 кылаастаах оскуолатын бүтэриим, сэрии бүтэр. Улуу кыайыы буолар дьылын кытары дьүөрэлэспитэ. Онтон салҕыы дьонум тиийиммэт – түгэммэт атын үрдүкү кылаастаах оскуолаларга ыһыгынан олорон үөрэнэр кыаҕак суох буоламмын үөрэммэтэҕим. 1949с диэри колхоз толору бырааптаах чилиэнин быһыытынан сылгыһытынан, кадровай булчутунан, хонуу араас үлэлэригэр сылдьыбытым. ити сылларга өй – санаа өттүнэн сиппити – хоппутум, үөрэххэ тардыһыым өссө күүһүрбүтэ.

1949с тастыҥ эдьийим, Парфенова Вера Васильевна, ийэм бииргэ төрөөбүт эдьийин кыыһа, учуутал үрдүк үөрэҕин бүтэрэн Сунтаар сэлиэнньэтигэр учуутталлыыр буолбута.  Кини сүбэтинэн онуоха эбии үөрэххэ бэйэм да баҕам баһыйан, киниэхэ олорон Сунтаар оскуолатыгар үөрэхпин салҕыыыр дьолломмутум. Ол саҕана 18 сааспар сылдьарым, ситэн эрэр, улааппыт киһи быһыытынан 5 кылааһы көтөн 6 киирэр буолбутум. Ону оскуола директора да, учууталлар да, оспуордаһа – туорайдаһа барбатахтара. Ити курдук сылтан – сыл кылаастан – кылааска тахсан дабайан 1954с 10 кылааһы хоп курдук бүтэрбитим.

Салгыы үөрэнэ барар баҕам баһаан этэ. Дьонум биир тыһаҕаһы атыылаан онно, эбии сайыҥҥы сортакиадаҕа оройуоҥҥа атах оонньууларыгар 1-2-3 миэстэлэри ылаталаан, онно тиксибит юалай эмэ харчыбын бириэмийэбин эбэн – сабан Омскай куоракка ограномическай факультетка үөрэххэ туттарсар буолбутум. Сунтаартан Бүлүү өрүһүнэн “Любовь Шевцова” параход “Трудовой” баарсатыгар олорсон 7 хонук айаннаан, от ыйыгар чуурка муосталаах уулуссалардаах дьокуускай куоракка тиийбитим. Кирии экзаменнарын этэҥҥэ туттаран үөрэххэ ыытар улахан састааптаах комиссияҕа киирбиппэр “Омскайга миэстэ суох. Ленинградка тыа хаһаайыстыбатын институтугар баар, онно бар” – диэн быһа бааччы эппиттэригэр балай эмэ ыарыҥнатан көрөн баран сөбүлэспитим.

Ленинграадтааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун зоотехническай факультетын 1959с бүтэрэн, учуонай – зоотехник дипломнаа төрөөбүт Сунтаарбар “жданов” аатынан колхозка кэлэн главнай зоотехнигынан үлэбин саҕалаабытым.

Баһылаабыт идэбэр “ Бордоҥ совхозка” харыс да халбарыйбакка 25с устата бэриниилээхтик үлэлээн, хаһаайыстыбаны республика, оройуон бастыҥ үлэлээхтэрин кэккэлэрин таһаарыыга бэйэм сэмэй кылааппын киллэрсибиппиттэн киэн тутта саныыбын.

Сүөһү иитиитин салаатынан дьарыктаныыга уонна сайыннарыыга зоотехника үлэтэ суолталаах буоларынан киэҥ өрүттээх, түбүктээх үлэни эрэйэрэ. Хаһаайыстыба үрдүнэн, үүт ыама тосто үрдээһинин, эккэ анаан иитиллэр сүөһү төлөһөйүүтэ уонна орто ыйааһына биллэрдик үүннэрин племенной үлэни сөпкө аттарыы түмүгэр ситиһиллибитэ.

Салайбыт зоотехническай сулууспам өр сыллаах утумнаах үлэлэригэр сүөһү бородууксуйа биэриитин анаан - наардаан иитиигэ – көрүүгэ аһатыыга, мэччирэҥин, төлөһүйүүтүн тэрийиигэ, үчүгэй туруктаах төрөлкөй төрүөҕү ылыыга анаан ынаҕы искусственнайдык буоһатыыга улахан суолта уонна болҕомто ууруллара. маннна үлэлиир рабочай кадырдары сайыннарыыга үлэ күүстээхтик ыытыллар. Ол түмүгэр сүөһү иитиитин үрдүк кылаастаах маастардара буола үүнэллэрин ситиһиллибитэ. Советскай союз саамай үрдүкү наҕараадаларын ылан үлэҕэ аналлаах орденнар уонна металлар кавалердара буолар чиэскэ тиксибиттэрэ.

Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар ынах – сүөһү кеэнниттэн сылгы иитииттэ турар. Өр сылларга совхозка ыытыллабат үлэ – хамнас түмүгэр бу хайысхаҕа эмиэ дьоһуннаах көрдөрүү ситиһиллибитэ. Аҥардас кулун деловой тахсыытын көрдөрүүтэ сылга ортотунан 85 – 90% диэри тиэрдиллибитэ элбэҕи этэр.

Өр сыллаах сэмэй үлэм үрдүктүк сыаналанан, “Саха АССР үтүөлээх зоотехнига” бочуоттаах аат иҥэриллибитэ, “Бочуот знага орденынан” наҕараадаламмытым.

Саха хаана баһыйан, айылҕаттан бэриһиннэрбит төрүү эппэр – хааммар ииппит иккис идэбинэн бултааһын буолар. 8 саастаахпар сааланан бастакы ытыыбынан куобаҕы өлөрүөхпүттэн ыла бу кырдьыахпар кырыа баттахтаныахпар диэри, сааны илиибиттэн араарбаккам кэллим. Баайа байанай өлгөмнүк өлүүлүүр үөрүүтүн да, халтай хаарга хаамы, сииккэ сиэлии да кыһыытын – абатын, хомолтотун билбэхтэспитим. Хаданым тыатыттан бултаабыт сиэмэх кыылларым чөмчөкөлөрүн хаартыската “ Байанай ” сурунаалга фотоконкурска таһаарыллан турар. Ол коллекциябын үөрэммит хадан  оскуолатын музейыгар бэлэхтээбитим.

1966с Иванова анна  Федотовналыын тапталбытын холбоон ыал буолан 4 оҕону төрөтөн атахтарыгар туруортаан 9 сиэннэнэ дьоллоохтук олордубут.

 

“Бочуот знага” орден кавалера, саха АССР үтүөлээх зоотехнига СР тыа хаайаайыстыбатын бочуоттаах ветерана, Бордоҥ, Илимниир нэһилиэкитэрин бочуоттаах олохтоооҕо үлэ тыыл ветерана Сантаев Михаил Иванови ыам ыйа 2012с

Просмотров: 212 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]