Суббота, 28.12.2024, 15:27
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 4
Гостей: 4
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 15 » Семен Григорьевич ЕГОРОВ
12:18
Семен Григорьевич ЕГОРОВ

Тыыл, үлэ ветерана

Семен Григорьевич ЕГОРОВ

Тыыл, үлэ ветерана

Мария Николаевна УАРОВА

 Александра: Ийэм Уарова Мария Николаевна 1925 сыллаахха атырдьах ыйын  20 күнүгэр Сунтаар улууһугар 2 Бордоҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Бүгүйэх диэн сиргэ Саҥа күөлгэ ааспыта. Ийэтэ онтон аҕата эрдэ олохтон туораан тулаайах хаалбыттара. Бырааттара детдомҥа, бэйэтэ колхоз үлэһитэ буолбута. 4 кылаас үөрэхтээх буолан кинигэ, хаһыат ааҕарын сөбүлүүрэ. Дуобакка үчүгэйдик оонньуур этэ, хотторон ытааһыннаах буолааччыбын. Хаһан да мөҕүллүбүппүн өйдөөбөппүн. Колхозка совхоз буолуор диэри араас үлэҕэ үлэлээбитэ. Онон колхознай пенсияҕа тахсыбыта. Тыыл ветерана, 7 оҕо амарах ийэтэ. 1995 сылтан миэхэ Ньурбаҕа кэлэн олорбута.Кыра кыыспын кыһыл оҕотуттан көрөн-харайан абыраабыта. Оҕом 2 ыйыгар үлэбэр тахсыбытым. Онон ийэм барахсаҥҥа муҥура суох махталлаахпыт биһиги дьиэ кэргэн. Сиэнэ Айта 12 сааһыгар 2006   сыллаахха олохтон туораабыта.

 Мин аҕам Егоров Семен Григорьевич 1925 сыллаахха балаҕан ыйын 14 күнүгэр Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгэр күн сирин көрбүт. Тулаайах хаалан 4 кылааһы эрэ бүтэрбитэ. Үөрэҕэр үчүгэй буолан көстүүмүнэн наҕараадаламмытым диирэ. Ыал улахан оҕото буолан балтыларын иитиһээри бултуу барбыт. 1943 сыллаахха Армияҕа ыҥырыллан, сатыы айаннаан Өлүөхүмэ военкоматыгар тиийбит. Военком дэлби ыран дьүдьэйэн тиийбитин аһына көрөн трудовой фроҥҥа Тиксиигэ ыыппыт. Балык заводугар үлэлээбитэ. Сэрии бүппүтүн кэннэ эмиэ сатыы Кэбээйинэн, Ньурбанан төннүбүтэ. Кэбээйилэр собо сиэтэн абыраабыттара диирэ. Бордоҥҥо ийэтэ иккиһин Семенов Прокопий диэн киһиэхэ кэргэн тахсан олороругар кэлбит. Ийэбин Уарова Мария Николаевнаны көрсөн ыал буолар уонна 7 оҕону төрөтөн олохсуйаллар. Аҕам хонуу биригэдьииринэн үтүө суобастаахтык, утуйарын да умнан туран үлэлээбитэ. Ол быыһыгар нэһилиэк сэбиэтин биир солбуллубат депутата буолааччы. Партия чилиэнэ 1953 сылтан. Партийнай конференцияҕа куруук кыттар этэ. Туойарын, олоҥхолуурун сөбүлүүрэ. Сарсыарда аҕабыт тойугунан уһуктааччыбыт. 1980 сылларга куораттан кэлэн олоҥхолуурун устан барбыттара. Фондаҕа харалла сытар буолуохтаах. Оскуолаҕа ыҥыран олоҥхолотоллорун өйдүүбүн.

Күһүн аайы тайахтыы диэн өрүс оҥуор Дьэрбэҕэ барааччы. Тайаҕын этин ыалларыгар дьонугар түҥэтэн, бэйэтигэр хаалара ахсааннаах буолааччы. Ворошиловскай стрелок этэ. Тииҥи харахха эрэ ытар диэччилэр.

Пенсияҕа тахсан баран сайын оттоон, кыһын туулаан Егор Саввичтыын, сыалыһар бөҕө буолааччы. Ийэтэ биэрбит саха ынаҕын сөбүлээн ииппитэ. Суораттаан сиирбит минньигэһэ сүрдээх этэ. Арааһа Бордоҥҥо биһиги эрэ саха ынахтаах этибит.

Аҕам Семен Григорьевич ыарахан ыарыыттан 1995 сыллаахха күн сириттэн күрэммитэ.

                     

Егоров Владимир Семенович                    Егоров Виктор Семенович

                     

Егорова Лидия Семеновна                       Егорова Александра Семеновна 

Кини олоҕун, ыра санаатын оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салҕыыллар. Убайым Валерий Семенович биир кыыстаах. Мираида Валерьевна Бүлүү куоратыгар олорор оҕо саадыгар воспитатель, пенсионерка. Икки кыыс оҕолоох: Наталья Семеновна Ленскэй куорат налоговой инспекциятыгар программиһынан үлэлиир, кыра кыыс Вера Семеновна Дьокуускай куоракка олорор икки кыыстаах, педагог идэлээх. Эдьиийим Лидия Семеновна Ньурбаҕа олорор, үлэ ветерана, пенсионерка. Үс кыыстаах: Мария Афанасьевна Нерюнгри куоракка анализ оҥорор лаборатория сэбиэдиссэйэ, 3 оҕолоох. Ольга Афанасьевна Уус-Алдан улууһугар олорор. Оскуолаҕа история учуутала. 3 оҕолоох. Лидия Афанасьевна Ньурба улууһугар Дьиикимдэ оскуолатыгар нуучча тылын учуутала. Убайым     Виктор Семенович, педагогическай үлэ ветерана, пенсионер Үөһээ Бүлүүгэ олорор. Икки оҕолоох: кыыһа Надежда Викторовна налоговой инспекция специалиһынан, уола Александр Викторович куоракка Почта России үлэлииллэр. Икки сиэннээх. Мин Александра Семеновна Ньурба куоратыгар олоробун. Үлэ ветерана, пенсионнай сулууспа ветеранабын, пенсияҕа олоробун. Улахан кыыһым Елена Спиридоновна Алроса Нюрба финансовай отделын сүрүннүүр специалиһа, 3 оҕолоох. Кыра кыыс Айталина Спиридоновна Дьокуускай куоракка Министерство молодежи үлэлиир. Быйыл СВФУ магистратураны журналистика салаатын кыһыл дипломунан бүтэрдэ.

Суруйда Абрамова Александра Семеновна, үлэ ветерана, "Гражданскай килбиэн" анал бэлиэ хаһаайына.

30.04.2021сыл.

Мин ийэлээх аҕам туhунан ахтыбатах-санаабатах күнүм суох да быhыылаах. Ол курдук тугу эмэ гына үлэлии-хамсыы сылдьан үөрүүлээх да хомолтолоох да күннэрбэр куруук саныыбын. Ардыгар маннык гыннахпына кинилэр туох диэхтэрэ эбитэ буолуо диэн санаан ылааччыбын. Мин элбэх оҕолоох ыалга бэhис оҕонон төрөөбүтүм. Онон убайдарбын батыhа сылдьан оонньоон-көрүлээн улааппытым. Убайдарым миигин кыра бырааттарын куруук көрө-истэ сылдьаллара, көмүскэhэллэрэ. Хомойуох иhин, убайдарым билигин иккиэн суохтар. Биhиги ийэлээх аҕабыт иккиэн колхозка, онтон аҕабыт совхозка үлэлээбиттэрэ. Ийэбит элбэхтэ оҕолонон, хаана баран, доруобуйата мөлтөөн кэлин дьиэтин көрөн олорбута. Ас астыыра, сүөһүтүн көрөрө уонна да атын дьиэ иhинээҕи хаhан да бүппэт үлэтин оҥороро, сылайаахтыыра  да буолаахтыа билигин кэлэн санаатахпына. Биhиги ийэбит аhа наhаа минньигэс буолааччы билигин да ахтабын саныыбын. Ийэлээх аҕам хаhан да улаханнык кыыhырсыбыттарын, этиспиттэрин олох өйдөөбөппүн, ийэбит куруук холку мөҥө-этэ сылдьыбат үгэстээх этэ. Аҕабыт даҕаны эмиэ оннук этэ. Уонна куруук үлэтигэр сылдьара, дьиэтигэр киэhэ биирдэ кэлээччи. Кини өр сылларга совхозка хонуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ, онон дьиэтигэр-уотугар киэhэ биирдэ утуйарыгар эрэ кэлэрэ, уопсай дьыала туhугар бэриниилээх хомуньуус партия чилиэнэ этэ. Кэккэ сылларга нэhилиэк сэбиэтин депутатынан талыллан ситиhиилээхтик үлэлээбитэ. Кини сэмэй үлэтин туоhутунан ылбыт бочуотунай грамоталара, коммунистическай үлэ ударнигын  бэлиэтэ, тыыл  уонна үлэ бэтэрээнэ сыбаанньалара туоhулууллар. Мин оскуоланы бүтэрэн армияҕа икки сыл сулууспалаан кэлэн баран биэс сыл Новосибирскай куоракка үрдүк үөрэх кыhатыгар үөрэммитим. Ол үөрэнэр кэммэр дьоннорум ый аайы харчы ыытан үөрэттэрбиттэрэ, онон кинилэргэ махталым муҥура суох. Син үөрэхтэнэн-тойдонон үлэлээн-хамсаан кэргэннэнэн, оҕолонон-урууланан, кырдьар сааспар этэҥҥэ тиийэн олорон ийэлээх аҕабар махтана саныыбын. Биhиги аҕабыт айылҕаттан бэриллибит улахан талааннаах киhи диэтэхпинэ улаханнык сыыспатым буолуо. Ол курдук кини бэйэтэ олоҥхолуурун сөбүлүүр этэ. "Бэс тыа быhаҕаhынан көстөр ала-буурай аттаах бэрт киhи Бэриэт Бэргэн" - диэн олоҥхолоох этэ. Бу олоҥхону хаhан баҕарар дьон көрдөстөҕүнэ, оскуола оҕолоругар кытта баран олоҥхолооччу. Биирдэ Василий Данилович Федотовка көрдөспүтүгэр олоҥхотун суруйан биэртин өйдүүбүн. Ол саҕана Василий Данилович ЯГУ-га саха тылын учууталыгар үөрэнэр этэ, онно курсовой үлэтигэр туhаммыта буолуо. Кини олоҥхотун оннооҕор Дьокуускайтан  А. Д. Нестерева диэн уһуйааччы  кэлэн сурунан ылан баран архивка туттарбыт эбит. Ол туhунан суруйуу маннык кинигэҕэ баар :А. А. Кузьмина "Олонхо вилюйского региона". /Бытование, сюжетно-композиционная структура, образы/. Отв. редактор д. ф. н. профессор В. В. Илларионов Новосибирск "Наука" 2014 Запись сделала А. Д. Нестерева в 1979 году. Архив ЯНЦ СО РАН Ф.5. Оп.7. Д. 143. 92л.

 Аҕам дьон-сэргэ истэригэр олоҥхолуурун аан маннай 1967 сыллаахха алтыс кылааhы бүтэрбит сылбар истэн турабын. Ол сайын миигин уонна убайбын Володяны аҕабыт Арҕаа Андылаах диэн сиргэ отчуттар звеноларыгар илдьэ барбыта.Ол сайын онно от бөҕөнү оттообуппут. Дьэ оттуур сирбитигэр тиийбит күммүтүгэр улахан баҕайы от отуу оҥостон баран киэhэ аhааhын буолбута. Үгэс курдук сирдэрин-уоттарын аhаттылар, кыратык кыhыл аргы да истилэр быhыылаах этэ. Аhыы олорон сэhэн-сэппэн ырааттаҕа дии, онуоха туран Григорьев Болуодьа диэн звено салайааччыта эттэ:"Дьэ доҕоттор, бу Сэмэн олоҥхолуур идэлээх истиэҕин эрэ диэтэ". Бары күө-дьаа буола түстүлэр, дьэ, Сэмэн,иhитиннэр эрэ диэтилэр. Онуоха туран аҕам үгүс соруттарыыта суох атаҕын оллооннуу ууран баран олоҥхолоон барбата дуо.Мин кини олоҥхолуурун истэ илик буолан соhуйбутум ахан. Бу кини сөбүлүүр таптыыр дьарыга этэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Бу дьарыгар эдэр эрдэҕинэ ким эрэ олоҥхолуурун истэн абылаппыта буолуо, хомойуох иhин ыйыппакка, кэпсэппэккэ хаалбыппыт. Оччотооҕуга олоҥхону улаханнык сэҥээрбэттэр этэ. Биhиги аҕабыт үйэтин тухары илиитин үлэттэн араарбатаҕа уонна илии үлэтин чэпчэтэр туhугар сыралаhан үлэлээбитэ. Ол курдук кини кэпсээнинэн Бордоҥҥо аан бастакы тракторынан от тиэйэр стоговоhу оҥорсубута, күөх оттон битэмииннээх аhылыгы онорор агрегаты АВМ-мы оҥорон үлэлээбиттэрэ. АВМ туhунан хоhоон суруйбутун олохтоох кулууп үлэhитэ баянист Егор Евсеев мелодия айан ыллаабытын өйдүүбүн. Аҕам миигин дьиэ тутарга үөрэппитэ, хайдах маhы таларга, сэлэппиискэннэн суруйарга, үүттүүргэ, сыып оҥорорго уонна да атын тутуу кистэлэҥнэригэр. Онто кэлин бэйэм дьиэбин туттарбар улахан көмөлөөх буолбута. Ийэлээх аҕам олох кырдьыахтарыгар диэри сүөhүлэрин көрөн олорбуттара. Оҕолоругар сиэннэригэр бэйэлэрин кыахтарынан күүс-көмө буолбуттара. Аҕабыт пенсияҕа тахсан баран си-дьүгээр олорботоҕо: сайын оттоон, кыhын табаарыстарын Докторов Егор Саввиhы, Михайлов Николай Васильевыhы кытта муус аннынан балыктаан сыалыhары  ылаллара бэйэлэриттэн ордугун олохтоох лааппыга туттараллара, дьон-сэргэ аhаатын диэн. Аҕам сайын от мунньар мас кыраабыл онорор этэ, Бордоҥҥо син элбэх киhи киниттэн ылан туhаммыт буолуохтаах.Аҕам эдэр сылдьан тыаҕа сылдьыбыт бултаабыт-алтаабыт эбит.Кини ол онно Саҥыйах диэн хос ааттаах киhини кытта сылдьыбыт, хайдах бултуурга үөрэммит. Тайаҕы дьаама хаhан онно түhэрэн бултуур эбиттэр, былыр саа сэбэ да кэмчи буолуо, онон оннук дьаhанан эрдэхтэрэ. Онон үөрэнэн буолуо аҕам сүрдээх байанайдаах булчут этэ. Тугу барытын бултуура тииҥиттэн-кииhиттэн саҕалаан улахан булду эмиэ. Кыргыттарын барыларын киис бэргэhэлээбитэ. өссө биири кэпсиир этэ- тыаҕа ыраах бултуу сылдьан ханна эрэ Дьэрбэҕэ дуу Үлэгиргэ эбитэ дуу, билигин соччо өйдөөбөппүн,биир соҕотох бэс анныттан улахан баҕайы күөх өҥнөөх таас быга сытарын көрбүтүм диэбитэ, били Кэмпэндээйигэ хостуур цеолит таастарыгар майгынныыр курдук диир этэ. Кыhалыннахпына билигин да баран булуохпун сөп диэбитэ.

 Биллэрин курдук 1985 сыллаахха дойдуга уларыта тутуу диэн саҕаламмыта. Бу саҥа политиканы оччотооҕуга дойдуну баhылаан-көhүлээн олорбут Советскай Союз Коммунистическай Партията     уонна кини лиидэрэ генеральнай секретарь М. С. Горбачев ыыппыттара.Бу уларыта тутууну дьон-сэргэ араастык ылыммыта.Сорохтор үксэ эдэр өттө уруйдаан-айхаллаан көрсүбүттэрэ, онтон сорохтор үксэ саастаах кырдьаҕас өттө сөбүлээбэттэрин биллэрбиттэрэ. Мин ити саҕана үөрэхпин бүтэрэн, Үөhээ Бүлүүтээҕи СПТУ-10-на үлэлии сылдьарым.Сайын уоппускам кэмигэр куруук дьоммор баран оттоhон кэлээччибин. 1986 сыллаахха эбитэ дуу аҕам биири кэпсээбитэ:"Мин партия райкомугар сурук ыыппытым, бу Горбачев диэн партияны уонна государствоны ыhар киhи былааска тахсыбыт. Эhиги онно туох миэрэни ылар кыахтаахкытый?" - диэн диэбитэ. Ол суругар райкомтан эппиэт сурук кэлбитин миэхэ көрдөрбүтэ, биллэн турар бэчээттээх, илии баттааhыннаах этэ. Ол сурук ис хоhооно мин өйдөөн хаалбыппынан маннык этэ. Биhиги Москубаттан ыраах олорор дьон улахан политикаҕа орооhор кыахпыт суох, бу барыта Кириэмил иhигэр быhаарыллар дьыала диэн. Ол да курдук буолбута аҕам эрэйдээх үйэтин тухары государство туhа диэн бэйэтин харыстаммакка үлэлээбитэ таах хаалбыта. Кини эрэ буолуо дуо, элбэх мөлүйүөн киhи ыра санаата олоххо туолбатаҕа.

Биhиги ийэбит     Маайа 1925 сыллаахха атырдьах ыйын 20 кунугэр аҕыс оҕолоох Өксүүнньэ уонна Ньукулай Бөтүрүөптэр диэн ыалга сэттис оҕонон 2 Бордоҥ нэhилиэгэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэрэ Мотрена, Захар, Марфа, Акулина, Осип ( Аҕа дойду сэриитигэр баран Венгрияҕа диэри сэриилэhэн баран сэрии толоонугар охтубута), Егор уонна быраата Тимофей.Онтон кинини дьоно аймахтарыгар ииттэрэ биэрбиттэр. Ииппит ийэтэ уонна аҕата Ылдьаа, Сэргэй, Мотя уонна Ньукулай Уаровтар төрөппүттэрэ. Онон биhиги ийэбит кинилэри кыраларыгар харайсыбыт буолуохтаах. Балта Мотя ийэбин аҕабын Үөhээ Бүлүүгэ көhөрөн аҕаларбар бутэhигин көрсөн атааран хаалбыта. Биhиги эбэбит Өксүүнньэ Хадан Поповтарыттан төрүттээх. Кини игирэ аҥаара бырааттаах этэ Афанасий диэн. Бу киhи кыыhа республикаҕа биллэр авторскай оскуолалаах Нина Афанасьевна Алексеева диэн.Ийэбит ииппит аҕата бултуу сылдьан оhолго түбэhэн эрдэ өлөөхтөөбүт. Күhүн куобах саҕана куобах өлөрөн баран мас манааҕатыгар кэлгийэн баран сүкпүтүнэн сыгынахха сынньана олорбут. Өлүү болдьохтоох, ол сиргэ ыала уол сүүрбэччэлээх киhи ыраахтан түбэhэ көрөн  куобах олорор диэн сүнньүөх  буулдьанан ыппыт. Онтукайа оруобуна эhэбит буутугар таппыт. Былыр хантан эппэрээсийэлиэхтэрэй онтон сылтаан хаана      сүһүрэн өлөөхтөөбүт.Ол да буоллар бу уолу буруйдаабатах ханна да үҥсүбэтэх, алҕас ыппыт буруйа суох диэн. Онтон ийэлэрэ суох буолтун кэннэ ийэбит Сунтаарынан Аллаҥанан  эҥин олоро сылдьыбытын кэпсиир этэ. Онтон аҕабыт Сэмэн  1925 сыллаахха балаҕан ыйын 14 күнүгэр Күүкэй нэhилиэгэр төрөөбүт. Биhиги эбэбит Маарыйа хас да оҕолоох Хабырыылла диэн  огдообо киhиэхэ эргэ тахсан үс оҕону төрөппүт, биhиги аҕабытын, икки кыыhы Мотренаны уонна Марусяны. Онтон кэлин оҕонньоро өлбүтүн кэннэ Бордоҥ киhитигэр Борокуоппай Сэмиэнэпкэ иккиhин эргэ тахсар. Онтон кыра кыыhын Марыынаны оҕолонор. Өссө эбии Бииктэр диэн уолу иитэ ылаллар.

 Чэ, кылгастык да буоллар төрөппүттэрим туhунан тугу өйдүү-саныы сылдьарбын суруйдум, кэлэр көлүөнэ ыччаттар баҕар булан ылан интэриэhиргээн ааҕыахтара диэн санааттан. Уонна оттон төрөппүттэрбит туhунан үтүө тылынан ахтан-санаан ааhарбыт бу күн сирин анныгар төрөөбүттэр ытык иэспит буоллаҕа эбээт бары даҕаны. Уонна түгэнинэн туhанан Бордоҥ нэhилиэгин бары олохтоохторугар биир дойдулаахтарбар бары учугэйи баҕара хаалабын, хайдахтаах  да ыарахан кэмнэр кэлбиттэрин иhин санааҕытын түhэрбэккэ иннигит диэки дьулуурдаахтык, эрэллээхтик хардыылаан иhиҥ!

 Эҕэрдэни кытта уоллара  Виктор Семенович Егоров Российскай Федерация профтехүөрэхтээhинин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ. Үөhээ Бүлүү сэлиэнньэтэ,  ыам ыйын 1 күнэ 2021 сыл.
 

Просмотров: 282 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]