Суббота, 28.12.2024, 15:16
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 6
Гостей: 6
Пользователей: 0
Форма входа

Поиск
Внимание
  • Телефон доверия:
  • 8(4112) 421028
  • 8(495) 1046838
  • Сунтарский улус 22226
  • "Горячая линия" ЕГЭ:
  • 8(4112)421046
  • "Горячая линия" ОГЭ:
  • 8(4112)421048
  • 8(495) 9848919
  • Календарь
    «  Май 2020  »
    ПнВтСрЧтПтСбВс
        123
    45678910
    11121314151617
    18192021222324
    25262728293031
    Главная » 2020 » Май » 16 » Семен Семенович Петров
    09:09
    Семен Семенович Петров

    Семен Семенович ПЕТРОВ

    Сэрии, тыыл бэтэрээнэ

    Екатерина Романовна ПЕТРОВА

    Тыыл бэтэрээнэ

     

      Тыыл, ʏлэ бэтэрээнэ Бордоҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Петрова Матрена Семеновна тɵрɵппʏттэрим туһунан ахтыы.

      Биһиги аҕабыт Петров Семен Семенович, ийэбит Петрова Екатерина Романовна. Аҕабыт 1905 сыллаахха Хочо улууһун 1 Нɵɵрʏктээйи нэһилиэгэр Сунтаар Кириэстээҕэр «Сэрии киирбит» диэн сиргэ тɵрɵɵбʏт. Кириэстээх аҕабыыта сʏрэхтээбит. Аҕыс бииргэ  тɵрɵɵбʏттэр эбит. Соҕотох ынахтаахтар. Дьадаҥытык  олорбуттар. Аҕалара балыксыт, онон оҕолорун аһаталаан улаатыннартаабыт. Аҕабыт убайын батыһан сайын мурукулуу сылдьан 8 саастааҕар 10-ча хонукка мунан аччыктаан, эрэйдэнэн ɵлɵ сыспыт. Бʏлʏʏчээн диэки тиийбитин ааһан иһэр ыаллар булан дойдутугар тыллаабыттар. Тɵрɵппʏттэрэ айах кɵҕʏрэтэн  1915 сыллаахха Кириэстээх аҕабытын уолугар Расторгуев Петр Михайловичка оҕо кɵрɵɵччʏннэн биэрбиттэр. Ити гражданскай сэрии ʏгэннээн турар кэмигэр. Кириэстээх оскуолатыгар кыра кылааска ʏɵрэнэн ааҕар, суруйар буолбут.

       Аҕабыт оҕо, эдэр сааһыттан сытыы, хотуу булугас ɵйдɵɵх буолан улааппыт.

     1930 сыллаахха 25 саастааҕар Дьокуускайга национальнай байыаннай оскуолаҕа /НВШ/ оскуолаҕа ʏɵрэнэ киирэр. Кыһын доруобуйатынан сыыллан  дойдутугар кэлэр. Ити сыл ахсынньытыгар Хочоҕо Павлов бандьыыты тутар соруктаах нуучча киһитэ Боев Дмитрий Дмитриевич хамандыырдаах ГПУ оперативнай бɵлɵҕɵ тиийэн кэлэр уонна олохтоох киһини байыаннай оскуолаҕа ʏɵрэммитин да иһин буолуо, этэрээккэ ылаллар.

      Онон Павлов Петр Трофимович салайааччылаах ʏрʏҥнэр тобохторун ʏлтʏрʏтʏʏгэ кыттыыны ылан иһэн ытыалаһыыга киирсэн кыһыл командир Боев Дмитрий Дммитриевич салайааччылаах ГПУ оперативнай этэрээтигэр саа-саадах тутан киирсэн ʏрʏҥнэри утары сэриилэһэр кыһыл партизаан буолар. Ол дьыл аһара тымныы 30-ча табаннан /тургу/ ʏɵһээ Мэйиккэ Садын оройуонугар бараллар /Сунтаартан/. Сарсыарда эрдэ утуйа сыттахтарына эмискэччи тʏһэн ытыалаһыы буолбут. Павлов хапсыһыыга табыллан ɵлɵн хаалбыт. Биир ʏрʏҥ киһитэ «мин буруйум суох» - диэн илиитин уунан утары кэлбитин ытан кэбиспиттэр. Аҕабыт Павлов диэн киһини онно кɵрбʏт. Yɵрэхтээх, мааны баҕайы таҥастаах ʏһʏ. Таһынан куһаҕан саҥыйах, уһун таба тыһа курумуу, хара сукуна кыһыл саһыл истээх сонноох, кыһыл кɵмʏс чаһылаах ʏһʏ. Ыраахха дылы ыстаҥалаабыта сʏрдээҕин сɵхпʏттэр. Ити кэнниттэн 1931-32 сылларга аҕабыт бэйэтин нэһилиэгэр сэбиэт бэрэссидээтэлинэн талыллан ʏлэлиир. Бартыбыаллаах олорор ийэбитиниин тʏспʏт хаартыскалара баар /суруктаах/. Кини ʏлэлиир кэмигэр Тэҥкэҕэ Крюков атыыһыт дьиэтигэр саҥардыллан начаалынай оскуола аһыллар. Дьоҥҥо, сэргэҕэ сатабыллаах, дьон кыһалҕатын ɵйдʏʏр, кыһаллар киһиннэн сыаналанар. Маассабай колхозтааһын, хотону дьиэттэн араарыы, холбоһуктааһын, кулаахтааһын, сэбиэскэй былаас саҥа тэрээһиннэригэр актыыбынайдык кыттыспыт. Ити 1933 сыл кэнниттэн Тэҥкэҕэ «Пионер» колхозка кэлэн чилиэнинэн киирэр. Биһиги ийэбитин кэргэн ылан олохсуйар. Сэрии иннинэ ферма сэбиэдиссэйинэн «Оторууска» ʏлэлиир. Биһиги дояркалары кытта элбэх буолан дьуккаах буолан олорорбутун ɵйдʏʏбʏн. Yɵһээ самыыр тэстэн  буор муосалаах дьиэбитигэр чалбах буолан хаалара. Мин 1942 сыллаахха оскуолаҕа киирэбин. Аҕам уунан ʏлэлии сылдьыбыта. Ийэм бырабылыанньа сэбиэтигэр остуорастаан онно олорбуппут. Аны тарбыйах тириитин сʏгэн иһэн ɵрʏс сиикэй сиригэр ʏктээн ууга тʏһэн биир иэдээн буола сыста. Хата ону оскуолаҕа остуорастыыр Чоҕулов Евсей Гаврильевич тʏргэн – сыыдам туттуулаах буолан сыылан киирэн сиэрдийэни биэрэн быыһаан турардаах. Онон кини оҕолоругар, сиэннэригэр махтал. Уорам ситэ тоҥо илик, ыраахха дылы уста сылдьыбытын кɵрɵн сыыр ʏрдʏгэр кɵрɵн ытаһарбытын ɵйдʏʏбʏн.  Оччотооҕуга ферма арҕаа «Куолуһут ɵтɵҕɵ» диэн сиргэ баара. Ферматтан тэйиччи уҥа диэки кылабыыһа баарын ɵйдʏʏбʏн. Киэргэллээх тупсаҕай оҥоһуулаах уҥуохтар бааллара. Кыахтаах, ʏɵрэхтээх дьоннор мэҥэлэрэ быһылаҕа.

       Куолуһут кыргыттара диэннэр Васильева Варваря Николаевна, Васильева Марфа Николаевна, Маша, Анна диэннэр этилэр. Онтон ферма илин диэки кɵспʏтэ быһылааҕа.  Биһиги «Махсыыҥка» дьиэтэ диэҥҥэ элбэх буолан олорбуппун, дьиэбит хотону кытта  бииргэ этэ.  Оторууска олорон биирдэ аҕабыт киэһэ ыалга киирбитэ. Уҥа ороҥҥо аҕалара, уоллара уҥа ороҥҥо ɵлɵ  сыталлар ʏһʏ. Ийэлэрэ холумтаҥҥа 3 оҕотунуун иттэ олороллор эбит. Биригэдьиир сырытта да мɵҥɵн таҕыста диэбит. Сарсыарда эрдэ уҥуортан сыарҕалаах ат булан киирбитэ ийэлэрэ ɵлбʏт. 3 оҕо ытаһа сыппыттар.  2, 4, 5 саастаахтар. Биир кыыс икки уол. Утуйар таҥастарыгар суулаталаан Бордоҥҥо оҕо дьитигэр илдьэн туттартаабыт. Ɵлɵ сытар убайдара Саввинов Иван Данилович диэн миигин кытта 2 кылааска ʏɵрэнэр этэ. Кэлбэт буолан хаалбыта. Ити аҕам детдомҥа илдьибит уолаттара

    1. Саввинов Семен Данилович-учуутал идэтин ылбыт.

    2. Саввинов Василий Данилович-экономист буолбут.

    Тэҥкэҕэ кэлэ сылдьыбыттарын билбэппин. Государство оҕолоробут дииллэрэ буолуо.

     Ити 1943 сыл мин эһэм аахха  олорон ʏɵрэнэрим. Дьоммор кэлэ бара сылдьарым. Аҕам Оторууска ʏлэлиирэ. Аҕабыт ʏксʏн холкуос наадатыгар   сылдьан тахсара. Оҕус, сылгы ʏʏрʏʏтʏгэр аармыйаҕа сылгыны эмиэ хомуйаллара. Бастайааннай бырабылыанньа чилиэнэ, ревизком бэрэссидээтэлэ, норуодунай хонтуруол чилиэнэ буолара. Хаһаайыстыбаннай кинигэҕэ 10 нʏɵмэргэ кɵрдɵххɵ ʏлэлээбит  сыллара сэрии иннигэр 33-38, 40-42 ферма сэбиэдиссэйэ, биригэдьиир эбит. Онтон 1943 сыл бэс ыйын 29 кʏнʏгэр Сунтаар байамкамаатынан армияҕа барар. Борохуотунан айаннаан Иркутскай уобалас Мальта ыстаансыйаҕа байыаннай сбор чааска тиийэллэр. Саллаат синиэлин кэтэн хамыыһыйа баран роталарга араартыыллар. Андаҕар биэрэн кинини ʏлэ фронугар аныыллар. Бурятияҕа-Монголияҕа сэриигэ ыытар сылгылары кɵрʏʏгэ-аһатыыга ʏлэлиир. Онтон кэлин тимир суол таһыгар буойас ааһар сиригэр мас кэрдээһинигэр дэһээтинньигинэн ʏлэлиир. Билэр дьонноро, биир дойдулааҕа Ильин Егор Гаврильевич, Бордоҥтон Алексеев Василий Никифорович уо.д.а.

      Василий Никифорович кэпсиир «Бɵтʏрʏɵппʏт нуучалыы билэр буолан бэккэ сылдьыбыппыт» диэн. Походнай куукунаттан тойоттору кытта кэпсэтэн аһылык эбии аҕалан тʏҥэтэлиир ʏһʏ. Килиэп, консерва, куулунан сʏгэн кэлэр. Аһылык кэмчи буоллаҕа. Табаарыһа ɵлɵ сыспытын кэпсэтэн эмкэ ыыппыта. Аҕабыт аармыйаҕа 2,5 сыл сыльыбыта. Аҕабыт суоҕуна 4 саастаах оҕобут аччыктаан ɵлбʏтэ. Аһылыкпыт суох, бары да ɵлʏɵ этибит. Ону ʏтʏɵ санаалаах дьон баар буоланнар киһи буолбуппут.  Учууталым Федоров Дмитрий Спиридонович оҕо ɵлбʏтʏн истэн кэлэ сылдьыбыта. Бэрэссэдээтэл, биригэдьиир буоланнар. Учуутал этэр-«Бары ɵллɵхтɵрʏнэ аҕалара кэлэн биһигини сууттаһыа». Онон ийэлэрин оскуолаҕа остуораһынан ылан, оҕолору интэринээккэ ыларга быһаарсыбыттара. Онон биһиги оскуола уопсайыгар бары аҕабыт кэлиэр дылы олорон абыраммыппыт. Аҕабыт 1945 сыл Ɵктɵɵп  бырааһынньыгар кэлбитэ. Кэллэ да колхоһугар ʏлэлээн барбыта. Ол кэмҥэ колхоз бэрэссэдээтэлинэн Егоров Никифор Иванович ʏлэлиирэ. Колхуостаахтар аҕабытын солбуйааччыннан талбыттара. Уҥуортан эргэ дьиэни кɵтʏрэн таһааран холхуостаахтар дьиэ тутан биэрбиттэрэ уонна ынах биэрбиттэрэ.

       Никифор Иванович аҕабытын ɵйʏʏр уонна ɵйдʏʏр киһи этэ. Хас да сыл тапсан ʏлэлээбиттэрэ. Кэлин ʏксʏн биригэдьииринэн ʏлэлээбитэ. Правление чилиэнинэн, ревизком бэрэссидээтэлинэн талаллара. Колхоз бɵдɵҥсʏйʏɵр диэри ʏлэлээбитэ. Yлэлээбит сыллара  хаһаайыстыбаннай кинигэ 110 нʏɵмэрэ 33-38, 40-42, 1945-1948-1950 солбуйааччы бэрэссидээтэлэ, 1951-1952-1953-1955 хонуу биригэдьиирэ, ревизком бэрэссидээтэлэ, почтальон. Рыбаачайга лесниктыы сылдьыбыта. Биһиги ийэбит кɵнɵ ʏчʏгэй майгылаах этэ.



     Сэрии бириэмэтигэр араас ʏлэҕэ сылдьара. Сарсыарда биһиэхэ аһылык дуома ууран баран ʏлэҕэ барара. Сиилэскэ, от кээһиитигэр уонна да атын ʏлэҕэ барара. Аһылык кэмчи, 4 саастаах уол оҕобут ыалдьан аччыктаан ɵлбʏтэ. Аҕабыт армияҕа барбыт этэ. Ийэбит иистэнньэҥ, барыны бары сатыыр сатабыллаах этэ. Оһоҕу тутара уонна эмчит этэ. Эмтээх оту хомуйара. Ыаллар оҕолоро ыарыйдаҕына кэлэн илдьэ барар этилэр. Кʏɵмэйдэрэ, истэрэ, кулгаахтара ыалдьарыгар кɵмɵ оҥороро. Биһиэхэ дьоннор сылдьаллара элбэх этэ. Аҕабытыгар сʏбэлэтэ сылдьар буолаллара. Дьоммут дьоҥҥо сыһыаннара ʏчʏгэй этилэр. Ийэбит кырдьаҕастары истэрэ, ʏɵстэрэ ыалдьарын имэрийэн /илбийэн/ эмтиирэ. Онон дьон махталын, убаастабылын ылаллара. Улаххаттар куччаабыт таҥастарын кыраларга тигэн кэтэрдэр этэ. Онон саҥа таҥастаах курдук буолаллара. Алта оҕону киһи-хара буоларбытын хааччыйбыттара. Сэрии да кэнниттэн холхуос эрдэҕинэ олох кытаанах этэ. Совхуос буолан харчыннан хамнас аахсан киһи-хара буолбуппут. Дьоннорбут барахсаттар кытаанах да олоҕу, элбэх оҕону иитэн киһи-хара гынаттаабыт да эбиттэр. Кинилэргэ махталбыт улахан. Кинилэр ааттарын тʏһэн биэрбэт курдук бары араас ʏлэҕэ ʏлэлээн, элбэх оҕону тɵрɵтɵн дьонтон хаалсыбат курдук олоҕу олорон кэллибит. Сʏɵҕʏ-ас тутан, элбэх оҕону кɵрɵн-харайан улаатыннартаан ыал гынаттаан, сиэннэр, хос сиэннэр элбэхтэр. Yлэ, ʏɵрэх  дьонноро. Аҕабыт киэҥ кɵҕʏстээх, оччотооҕу бириэмэҕэ итэҕэһи, куһаҕан быһыыны аһаҕастык этэр, кɵнɵ майгылаах киһи эбит. Кини дьонтон чиэһинэй буолууну, уорбат дьон туһугар кыһаллар, дьону сэнээбэт  буолууну ирдиирэ. Бэйэтэ оннук майгылааҕа. Кэлин эдэр салайааччылар кэлбиттэрэ. Аҕам урут ʏлэлээбит киһи саламтаҕа уопуттаах буолан итэҕэстэрин этэрин ылымматтар этилэр. Yɵрэхтээхпит диэн кырдьаҕас киһини сэнээн, сʏбэтин ылыммат этилэр. Аҥаардас ʏɵрэх киһини соччо киэргэппэт. Сатабыл, уопут наада буоллаҕа. Аҕабыт туһунан куһаҕаны саҥаралларын истибэтэхпит. Хата кɵмɵ оҥорбутун хас да киһиттэн истибитим. Куоракка сырыттахпына мебельнай фабрикаҕа ʏлэлиир Матросов Александр Николаевич «Миигин эһиги аҕаҕыт абыраан турар»-диэн. Ийэм сɵтɵл буолан ыалдьа сыттаҕына киирэн кэллэ уонна Тойбохой детдомугар ыҥыыр атынан илдьэн биэрбитэ. Ийэм ыарыыта сыстан ɵлбʏт буолуом этэ диэн эппитэ. 1969 с. Сунтаарга кэлэ сылдьан оҕонньорго баһыыбалаабытым. Ыарахан ыарыыга ыалдьа сылдьар кэмэ эбит. Yɵрбʏтэ «Саныыр эбиккин»-диэбитэ.

     «Норуот доҕордоһууларын» орденын наҕараадалаах Иванов Вячеслав Егорович кэпсиир. 1959 с. Марбаҕа олоробут. Оҕонньор Сунтаарга киирэн иһэн биһиэхэ хонно. Хайдах туох олох баарын биллэҕэ дии. Биһиги 3 оҕо оскуолаҕа үөрэнэбит. Ийэбит, аҕабыт кырдьаҕастар. ʏлэлээбэттэр. Тоҕо интэрэнээккэ биир эмит оҕону ылбаттар. «Миэстэ суох»-дииллэр. Мин  3 кылааска ʏɵрэнэбин. Сурукта суруй диэтэ. Кини эппитинэн суруйдум. Тахсан иһэн сырытта. Райноҕа сылдьан кэпсэттим. Сурук биэрдэ, оскуола дириэктэригээр биэрээр. Кɵмɵ биэриэхтэрэ диэтэ. Yһʏɵммʏтʏн тас интернаакка ыланнар аһылык биэрэннэр аһаан абыраммыппыт диэн кэпсиир. Туох эрэ тойон кэлэн ааспытын курдук диэн – Вячеслав Егорович этэр. Аҕабыт барахсан дьон туһугар, олох тупсарын туһугар ʏлэлээн хамнаан ааспыт киһи.

      1960 с. тʏɵрт оҕотун ʏɵрэттэрээри 30 сыл олорбут Тэҥкэтиттэн Сунтаарга кɵһɵн киирбиттэрэ. Биригээдэттэн кʏʏһʏнэн кɵстɵ диэн дьыалатын суукка биэрэллэр. 12 солкуоба пенсиятын хас да сыл тохтото сылдьыбыттара. Аһара хомойор, кэлэйэр этэ. Партия саҕана киһи бырааба кʏɵмчʏлэнэр эбит. Санааҕын аһаҕастык этэриҥ эмиэ сатаммат, паспорт диэн суох. Онно-манна барарыҥ бобуу-хаайыы ʏлʏгэрэ. Ханна таптыылларынан сʏɵһʏ курдук ʏʏрээһин. Yɵрэҕэ суох саха дьонугар баттабыл кɵрʏҥэ баар эбит.  Ол да буоллар биһиги Тэҥкэҕэ дьон тэҥинэн ʏчʏгэйдик олорбуппут. 6 оҕо эдэр сааспыт ʏчʏгэйдик ааспыта. Эдэр саас ыаллар бары эйэлээх этилэр. Бастаан ахта саныыр этибит. Дьоммут хаһан эбит тахса сылдьар этилэр. Билигин мин 86 сааспар олоробун. Колхозка, быткомбинаакка, торговляҕа ʏлэлээбитим. Бордоҥ бочуоттаах олохтооҕобун. Манан ахтыыбын суруйан бʏтэрэбин.

    08.02.2020 с. Мотрена Семеновна Петрова.

     

    Просмотров: 344 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
    Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
    [ Регистрация | Вход ]