Четверг, 09.05.2024, 19:15
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Сергей Яковлевич МИХАЙЛОВ
01:50
Сергей Яковлевич МИХАЙЛОВ

Тыыл, үлэ ветерана

Сергей Яковлевич МИХАЙЛОВ туһунан

хос сиэнэ, 3-с кылаас үөрэнээччитэ

Алексеев Григорий:

Мин хос эһэм Сергей Яковлевич Михайлов (Маҥан Сэргэй) Бордоҥ нэһилиэгин төрүт олохтооҕо. Кини дьиҥнээҕэ Афанасьевтар диэн дьиэ кэргэҥҥэ 1916 с. төрөөбүт эбит. Ыаллар бу иннинэ хас да оҕолоро өлбүтүн иһин ийэтэ былыргы үгэһинэн бэйэтин ийэлээх аҕатыгар «түннүгүнэн күрэтэн» ииттэрэ биэрбит. Онтон ыла ийэтин бииргэ төрөөбүттэрин кытта эбэлээх эһэтин «ийэм-аҕам» дии улааппыт, ол иһин Михайлов диэн араспаанньаламмыт.

Кини таайдара - ини-бии Михаил (Чөрөчүүс), Трофим (Мөөксө), Афанасий (Уһун Татаар) уонна эдьиийэ Варвара эһэбин бииргэ төрөөбүт кыра бырааттарын курдук көрөн улаатыннарбыттар. Оҕо сааһыгар төрөппүттэрэ утуу-субуу өлөннөр хос эһэм тулаайах кэриэтэ улааппыт.

Эһэм таайдарыттан саамай дьикти дьылҕалаахтара 1891 с. төрүөх Михаил Яковлевич буолар. Уол 1905 с. 14 саастааҕар ыраах сирдэринэн дойдутуттан тэлэһийбит. Ол сылдьан советскай былаас олохтонуутугар гражданскай сэриигэ кыттыбыт, Саха сиригэр киэҥник биллибит Строд этэрээтин саллаата буола сылдьыбыт. Дойдутугар Намтан Саха сирин биир биллэр-көстөр салайааччыта Илья Винокуров аймаҕа кыыһы Мөлүдүөрэни кэргэн ылан кэлбит. Кинилэр уопсайа 14 оҕоломмуттарыттан биир эрэ оҕолоро тыыннаах хаалбыт. Кинини аҕатын аатынан Михаил диэн ааттаабыттар. Михаил Михайлович кэргэннэнэн 3 уол оҕоломмута, билигин кинилэр бары ыаллар.

Орто таайа Трофим Яковлевич боростуой колхоз үлэһитэ этэ. Кини кэргэннэнэн, үс оҕолонон баран кэнники хоту көһөн олорон кырдьан өлбүт. Киниттэн хаалбыт оҕолоро олоҕун салгыыллар.

Кыра таайа Афанасий Яковлевич 20-c үйэ саҕаланыыта төрөөбүт. Кини мин хос эһэбин 30-с сылларга аччык, атах-балай сылдьан, хоргуйан суолга охтон өлөрө буолан сыттаҕына булан, эмтээн-томтоон киһи гыммыт. Афанасий Яковлевич сааһыран баран ыал буолбут, ол иһин кыайан оҕоломмотохтор. Мин хос эһэм биэс уоллааҕыттан саамай кыраларын таайыгар тыыннаах хаалан олох салгыыр үөрүүтүн бэлэхтээбитигэр махтанан ииттэрэ биэрбит. Оҕонньор өлөн хааллахпына оҕом тулаайах хаалыа диэн сэрэнэн, мин дьоммун кытта биир уһаайбаҕа дьиэ туттан олорбуттар. Онон кинилэр уоллара Иннокентий убайдарын кытта биир тэлгэһэҕэ улааппыт.

Хос эһэм эдьиийэ Варвара собус-соҕотох кыыс оҕоломмут. Онто улаатан, кэлин Бордоҥ балыыһатын үлэтин өрө таһаарбыт врач Елена Николаевна эбит. Кини үлэтигэр олус эппиэтинэстээҕинэн, киэҥ билиилээҕинэн, кытаанах ирдэбиллээҕинэн, сытыы-хотуу майгытынан биллэрэ. Билигин Бордоҥ участковай балыыһата кини аатын сүгэр. Елена Николаевна олоҕун кыыһа, үс уола, сиэннэрэ салґыыллар.

30-с сыллар бүтүүлэригэр хос эһэм доруобуйата улаханнык мөлтөөн, былчархай ыарыыта буулаан, сирэйэ бааһыран өр эмтэнэн нэһиилэ киһи буолбут. Ол иһин 1941 с. доруобуйата мөлтөҕүнэн сэриигэ кыайан барбатах, колхозка хаалан тыылга үлэлээбит.

Бу кэмҥэ кини Акулина Дормидонтовна Петрованы кэргэн ылан уол оҕоломмуттар. Ол эрээри олорор дьиэлэрэ суох буолан, хос эһэм ыарытыйан дьонун иитэр кыаҕа суох буолан кумалааҥҥа барбыттар. Онон сэрии сылларыгар кинилэр олохторун саамай ыарахан сыллара буолбуттар. Хос эһэм хоргуйар бэтэрээтинэн сылдьан үлэлээбит, оттон хос эбэм биэс саастаах оґҕотун батыһыннарбытынан ыанньыксыттаабыт. Үтүө дьон баар буолан хоргуйууттан быыһаммыттар, быстар дьадаҥытык олорбуттар.

Сэрии кэнниттэн кинилэр колхозка-совхозка үйэлэрин тухары үлэлээн олорбуттар. Барыта биэс уолламмыттара, элбэх сиэннэммиттэрэ. Арай бу сэрии кэмигэр эһэм хоргуйан өлөөрү сытарын Афанасий Яковлевич булан ылбатаҕа буоллар, биһиги аймах билигин суох буолуох эбиппит. Онон мин киһи амарах, аһыныгас санаата хаһан баҕарар аптаах буолар эбит дии санаатым.

Просмотров: 181 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]