Суббота, 28.12.2024, 15:54
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 15 » Сергей Никифорович АЛЕКСЕЕВ
08:57
Сергей Никифорович АЛЕКСЕЕВ

Тыыл, үлэ ветерана

Сергей Никифорович АЛЕКСЕЕВ туһунан

сиэнэ Алексеев Дьулустаан (2008 с.):

Эһэм 1916 с. атырдьах ыйын 25 күнүгэр Бордоҥ нэһилиэгэр ыалга үһүс уол оҕонон төрөөбүтэ. Оҕо эрдэҕиттэн атаҕынан инбэлиит буолан сэриигэ барбатаҕа. Колхоз үлэтигэр кыратыттан сыстан араас үлэҕэ эриллибитэ: атыыһыт, ветеринар, биригэдьиир. Атынан сылдьан кустаан, куобахтаан үөрэн-көтөн кэлэрэ диэн ахталлар оҕолоро. Кини дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр, саамай баһылаабыт идэтэ оһоҕу тутуу этэ. Бу идэ утумнааһыннаах. Ол курдук кинини кирпииччэни табан үктүүргэ, оһоҕу оҥорорго аҕата, мин хос эһэм Алексеев Никифор үөрэппит эбит. Никииппэр оҕонньор түөрт уоллааҕыттан кинини батыһан икки уола оһохчуттар. Эһэм ыҥырыкка сылдьан оһох арааһын: халааҥкыны, көмүлүөгү, билиитэлээх оһоҕу, кэнники камины кытта тутара. Бөһүөлэкпитигэр ыаллар оһохторун үксүн туппут эбит. Ол оһохторо 40 сылга тиийэ тураллар. Ыҥырыгынан атын сирдэргэ – ыалларга, тэрилтэлэргэ эмиэ үлэлиирэ. Ол курдук Тэҥкэҕэ килиэп буһарар оһоҕу, Толстойга кательнай оһоҕун, Сунтаарга уопсай дьиэ, тэрилтэлэр оһохторун туппута биллэр. Сайыҥҥы өттүгэр оҕолору көҕүлээн кирпииччэ үктээһинигэр биригээдэ тэрийэн, хамнас аахсаллара. Үөрэппит уолаттара ону билигин үчүгэйдик саныыллар. Сайыннары-кыһыннары оһох өрөмүөнэ буолла да эһэм Сергей Никифорович ханна да буоллар баран иһэр эбит. Ыал буолбут оҕолоругар кэрийэ сылдьан дьиэлэрин оһоҕун барытын сүрэҕин баҕатынан, илиитин сылааһынан тутан биэрбитэ: Хадаҥҥа, Илимнииргэ, Элгээйигэ, Кэппэндээйигэ, Кириэстээххэ, Тойбохойго. Кини оһох тутарыгар бастаан кэргэнин - эбэбитин Татьяна Григорьевнаны, онтон уолаттарын илдьэ сылдьыбыта. Ол иһин уолаттара эмиэ кинини утумнаан үчүгэй оьһохчуттарынан биллэллэр. Холобур, мин аҕам Прокопий Сергеевич аҕатын курдук сайын аайы кирпииччэ оҥорор, оһох тутар. Өссө оҕо сылдьан биэс сыл устата оҕолору кытта кирпииччэ үктээбиттэрэ. Мин эмиэ убайбыныын кырабытыттан кирпииччэ оҥорорго үөрэнэн билигин дьиэ кэргэнинэн сайын аайы кирпииччэҕэ үлэлиибит, ыалга оһох тутарыгар көмөлөһөбүт. Аҕам араас оһохтору тутар, аныгы кэмҥэ каминнаах оһохтору тутууну баһылаата. Мин эмиэ оһох тутарбын сөбүлүүбүн, онон хос эһэм саҕалаабыт, эһэм улэлээбит дьыалатын салгыырбыттан үөрэбин.

Улуу артыыстар сценаҕа өлөллөр диэччилэр. Мин эһэм эмиэ бу идэтигэр улахан маастар буолан, 1991 с. оскуола балаҕаныгар көмүлүөк оһоҕу тута сылдьан күн сириттэн барбыта. Эһэлээх эбэм 8 оҕолоруттан билигин элбэх сиэннэр баарбыт, өссө хос сиэннэр кэлэ тураллар.

Просмотров: 218 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]