Үлэ ветерана, Бордоҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо
Спиридон ФЕДОРОВ:
(...) Мин бу ахтыы-кэпсэли суруйааччы 3 саастаах, били, этэллэригэр дылы ыстаан сыгынньах остуол аннынан сылдьар оҕочоос көрсүбүтүм. Онон сэрии сылларын оҕотун сиэринэн бэйэм оччотооҕу олохпуттан тугу одоҥ-додоҥ өйдүүрбүнэн ыччаттарбар, сиэннэрбэр уонна хос сиэннэрбэр арыычча ону-маны ыйдаҥардан өйдүүр эрдэхпинэ, суруйан хаалларарга сананным. Суруллубут суоруллубат дииллэр. Бу суругум мин ыччаттарбар кэс тылым кэриэтэ буолуохтун.
Быралыйбыт Быйагыга
Бүлүү өрүс уҥуоргу уҥа кытыла бу үтүөкэн өҥ буордаах тоҕойго уонтан арыый тахса хаһаайыстыбалаах ыалтан баайа-дуола холбонуллан, отутус сыллар бэтэрээ өттүлэрин диэки «Кыһыл күүс» колхозс тэриллибит. Онно аҕабынан убайым Федоров Иннокентий Спиридонович председателинэн, кини быраата суотчутунан талыллан үлэлээн испиттэр, быраата Федоров Алексей Спиридонович. Кыра бырааттара Федоров Никита Спиридонович нэһилиэгэр налоговой агеннаабыт. 1938 с. диэри сүрдээх өҥ дьыллар турбуттар. Онтон 1939 с. саҕалаан уот кураан саҕаламмытынан барбыт.
Муҥ маһы кэрийбэт, киһини кэрийэр дииллэринии, 1941 с. бэс ыйын 22 күнүгэр фа-шистскай Германия биһиги дойдубутугар туох да сэрэтиитэ суох сэриинэн түөкүннүү саба түһэр. Дьэ, ситинтэн саҕаламмыта биһиги сордоох-муҥнаах олохпут. Эбэм Тихонова Ирина Ефимовна, эһэбин билбэппин, көрбөтөҕүм. Арааһа, мин төрүөм иннигэр өлбүт бадахтаах. Кинилэр 7 оҕолоохторо, онтон 5 уол, 2 кыыс. Сэрии саҕаланаатын кытта, 1941 с. Федоров Иннокентий уонна Федоров Алексей Спиридоновичтар маҥнайгы ыҥырыкка бараллар. Онтон 1942 с. сайыныгар Федоров Никита Спиридонович ыҥырыллан барар. Улахан уол, мин аҕам, Федоров Кирилл Спиридонович сааһа ааһан быыһанар. Саамай кыра уол, Федоров Дмитрий Спиридонович, ити саҕана Тойбохой 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэр. Учуутал наадатын кыһалҕатыттан боруонньаланан, 20-чэ саастааҕар Тэҥкэ начальнай оскуолатыгар учууталлыы хаалар (билигин Бордоҥунан, Сунтаарынан айымньылаахтык үлэлии сылдьар Федоровтар учуутал династияларын аҕа баһылыга – Б.Н.). Улахан кыыс Федорова Анна Спиридоновна кэргэн тахсан, Тойбохойго олорор, кыра кыыс төрүкү ыарыһах. Инньэ гынан, эбэм ыарыһах кыыһыныын, аҕам 16-17-лээх улахан кыыһыныын уонна миигиттэн 3 сыл аҕа Федор диэн убайым уонна мин буолан, бары биир дьиэҕэ олоробут.
Өр-өтөр буолбатаҕа, 1942 с. Иннокентий Спиридоновичка «хара сурук» кэлэр. Онтон 1943 с. итинник сурук Алексей Спиридоновичка кэлэр. Ити сыл эбиитин сураҕа суох сүппүт Никита Спиридоновичка эмиэ «хара сурук» кэлэр.
Хара барыахтарыттан күн-түүн хаһан кэлиэхтэрин кэтэһэ сылдьыбыт эбэм эрэйдээх өйүгэр да оҕустарбатах иэдээнигэр түбэһэн, оҕолоро баран сүппүттэригэр аймаммыта, ытаабыта-соҥообута өйүттэн-санаатыттан арахпат, кэлин уһугар мэнэрик буолан хаалаахтаабыта.
Сэрии саҕана Тэҥкэ, Быйагы уонна Куокуну биир нэһилиэк этибит. Онон кыһыҥҥы суол турдар эрэ, Тэҥкэттэн Куокунуга быһа сылдьаллара. Өрүһү бу өттүнэн Куокунуга сылдьыһар суол баара, онон 2 көс. Оттон Быйагынан өрүһү иккитэ туораан бардаххына 3 көс. Дьэ ол сирин ортотугар биһиги, «Испириэннэр», олорорбут.
Биирдэ сааһыары, халлаан сылыйан күрдьүк хаара быһыта сиэһэн эрдэҕинэ, Тэҥкэ диэкиттэн сыарҕалаах аттаах дьахтар кэллэ. Ону Куокуну Масчыт Кууһума эмээхсинэ Исиинэ дииллэрэ. Кини киирээт да, өрүс сыырын анныгар киһи охто сытар, тыыннаах диэтэ. Аҕам онно баара. Туруу-олоруу бөҕө буолла. Аҕам атын көлүйдэ уонна дьиэҕэ киирэн, биллэрик ороҥҥо буулуур сылгы тириитэ тэллэх баарын сулбу тардан ылан, төттөрү таҕыста. Дьахтар эмиэ. Биһигиттэн өрүс баара эрэ 3 биэрэстэ. Өр-өтөр гымматылар, биир киһини көтөҕөн киллэрэн, ороҥҥо сытыардылар. Онтон көмүлүөк оһоҕу оттон баран, холумтан иннигэр икки олох маһы ууран баран, таһырдьаттан сыарҕа адарайа хаптаһыннары киллэрэн ууран баран, били киһилэрин онно сытыардылар. Хантан эрэ үүт дуу, сиҥэ дуу аҕалан киһилэрин айаҕын луоска угунан олуйан атыппыта буолан баран, тииһин быыһынан били үүттэрин кутан биэрэллэр. Киһилэрэ сатаан ыйырбат быһыылаах, төттөрү таһааран халдьыгыратар.
Балай эмэ бодьуустаспыттарын кэннэ киһилэрэ олох да били үүттэрин халдьыгыраппат буолан хаалла. «Бараахтаата» диэтилэр. Мин ким ханна барбытын этэллэрий дии санаан, ол-бу диэки көрөбүн. Дьонум хомуммутунан бардылар. Иһинэн-таһынан киирэн-тахсан, матахайдана түһэн баран, киһилэрин төттөрү көтөҕөн таһаардылар. Мин ханна илдьэллэр эбит диэн уҥа түннүккэ ыттан көрөбүн. Онно көрдөхпүнэ, биһиги дьиэбит уҥа, күн диэки ойоҕоһугар муҥур сабаарыналааҕа. Ол ойоҕоһугар алдьаммыт сыарҕа баара, онно көтөҕөн илдьэн, унньуччу сытыаран кэбистилэр. Мин оччолорго иһирдьэ-таһырдьа быгыалаан, күрдьүккэ ииктээн чоротор уол буолан эрэрим. Дьэ ити күнтэн ыла таһырдьа тахсыбаппын. Дьиэҕэ чабычахха ииктиир-тэстэр киһи буолан хааллым. Түннүгүнэн көрдөхпүнэ, киһим мэктиэтигэр тура сатыырга дылы гынар. Хас да хонукка аанньа утуйбакка аһара эрэйдэммитим кэннэ биир эргэ саһыл тыһа бэргэһэлээх, хара суппуун сонноох, онтун өрбөҕүнэн ыга курдаммыт киһи Тэҥкэ диэки төттөрү тиэйэн барбыта. Дьэ, ол этэ мин аан маҥнай тулалыыр эйгэттэн оҕо кутум долгуйа куттаммыта. Ийэм эрэйдээх оччотооҕу киһиэхэ эрэ барытыгар ааспакка-арахпакка сордообут трахома уонна одуруун (харах иһигэр түү үүнэрэ) ыарыытыгар баалатан, икки хараҕынан көрбөт буолан хаалбыта.
Ити саас өрүскэ буордаах уута кэлбитигэр, аҕам болуот охсон, ыарыһах эдьиийбин Бороскуобуйаны Кэмпэндээйи курордугар ыытаары Сунтаарга киллэрбитэ, төттөрү сатыы тахсыбыт буолуохтаах. Аҕабыт кыһыннары-сайыннары колхоз үлэтигэр эриллэрэ. Убайым Сүөдэр да оҕус сиэтиититтэн саҕалаан үлэҕэ эриллибитинэн барбыта. Эдьиийим Мотурууна ааҕар-суруйар этэ, ханна үөрэммитин билбэппин. Инньэ гынан, хороччу улаатан эрэр кыыс ферма сэбиэдиссэйэ буолан, күнүс дьиэҕэ көстүбэт этэ. Онон дьиэ бөхтөрө– хараҕа суох ийэм уонна эбэм эрэ этибит. Убайым сир ирдэ да, бокуойданнар эрэ, аччык ыт курдук хонууну кэрийэн, молуолаан сиирбит. Оттон кииһилэ үүннэҕинэ, испит аһыйыар диэри хаалыырбыт. Аҕабыт оноҕостоох саа оҥорон биэрбитинэн, атах сыгынньаҕын сылдьан, мурукулаан сордонорбут. Син бултуйарбыт. Онтуларбытын сыа-сым курдук тутан, сүлэн, тириитин тиирэн хатарарбыт. Этин үтэн сиирбит эрээри, киһи аһаатым диэбэт аһа этэ. Саамай саллыылааҕа хатырбыт атах быһыта барбытынан хатыы, харыйа мутукчата киирэрэ этэ. Ону ол диэбэккэ, атах сыгынньахпытын умнан туран, мурукуну сырсан син-биир сүүрэрбит. Арыт дьол кэриэтэ тоҥсоҕой оҕото түбэһэрэ. Ону түүтүн үргүү түһээт, чоххо үтэн ийэлээх эбэбитинээн төрдүөн уос-тиис хамсатарбыт. Бэл диэтэр, кыһын үөл тириини бысталаан, уокка куччугунатан, сии сатыырбыт. Кытаанаҕа бэрдин иһин кыра гына кырбаан ыстаатаҕа буолан баран, ыйыран кэбиһэрбит.
Хаһан эмит Тэҥкэттэн учуутал убайбыт, Тэҥкэ аннынан өрүһү туораан баран, чай устун сатыы хааман, өрөбүлүгэр кэлэрэ. Нуорма бурдуга буолуо, түмэн оҕо төбөтүн саҕа бурдук кэһиилээх кэлэрэ. Оччоҕо дьиэ дьоно бары түмсэн сүбэлэһэллэрэ: бу бурдугу кэмчилээн хааһылаан сиибит дуу эбэтэр лэппиэскэлээн биирдэ тото сиибит дуу диэн. Биирдэ тото лэппиэскэ сиибит диэччилэрэ хотон, лэппиэскэ гынан сиирбит. Ол минньигэһин эриэхсит.
Куһаҕан наар аанньа буолар дииллэринии, аһыыкалаах уот кураан уонна ойуур баһаара тэҥинэн туран, олох наһаа да ыар илиитинэн тайаммыта. Бурдук ыстахтарына, кураан суоһуттан умайан хаалар эбэтэр олус эрдэ хаһыҥнаан үлүйэн хаалар. Лааппы бурдуга диэн суоҕун кэриэтэ. Арай лааппы бурдугун иккитэ амсайбыппын умнубакка өйдүүбүн. Биирдэ сэлиэһинэй бурдугуттан лэппиэскэлээбиттэрин сиэбитим, кып-кырдырҕас кумах. Ону борокуоттаахтар кууллаах бурдуктан кутан ылан баран, кумах кутан булкуйбуттар дииллэрэ. Аны иккис аал бурдугун лэппиэскэлээн буһардахтарына, дьиэ иһэ киһи хараҕын да, дагдатын да тулуппат аһыы буруотунан тунуйара. Сиэтэххинэ, киһи бэлэһин үрэр аһыы буолара. Көр, биһиги түҥкэтэх Быйагыбытыгар итинник бурдугу тиксэрэллэрэ. Олох да иэдэйиэхпитин, хата, икки ынахтаах буолан, абыраммыппыт. Абыраабыттарбын ааттарын да умнубаппын. Бырыычай уонна Ньорбос диэн этилэр. Баларым төрөөтөхтөрүнэ олус да киҥнээх, кэйиик этилэр. Миигин ходуһа уҥуоруттан сырсаллара. Хата, оччолорго алаас барыта оҕуруоттаах буолан, оҕуруот анныгар төкүнүйэн быыһанарым. Аҕабыт сайын аайы колхоһугар 10 биэни от үлэтэ ортолуор диэри ыан кымыстыыллара, колхозтаахтар кэлэ-бара кымыс иһэн, онон өллөнөн сылдьаллара.
Мин киһини билиэхпиттэн аҕам сылгыһыт этэ. Сир хаар тэҥнэстэр эрэ миигин атын мындаатыгар мэҥэстэ сылдьан, сылгыбытын бэрийэрбит. Арыт биэ да төрөтөрбүт. Ол онон да буоллаҕа буолуо биитэр сылгыһыт буолуох ыра тардан дуу, дьиэбит таһынан кулуннаах атыыр үөрэ аастар эрэ кимиэхэ да эппэккэ, ол атыыр үөрүн батыһан баран хааларым. Миигин аҕам, ардыгар эдьиийдэрим ыһыытыы-ыһыытыы көрдөөн, дойдуну биир гыналлара. Мин истэр эрээри, кулунчуктар барахсаттартан араҕымаары хардары үөгүлээбэт этим. Буллаллар эрэ, чанчыгым аһыттан сиэтэллэрэ.
Сайынын кураан уонна баһаар муннукка ыкталыыр буоллаҕына, кыһынын аны бөрөлөр. Биирдэ хас да эр киһи дьиэбит холуодатын көтүрэн, чыкыччы тоҥон хаалбыт, бөрө тырыта тыытан өлөрбүт биэтин дьиэбит иһигэр сыһаҕастаһан киллэрдилэр. Биллэрик ороҥҥо түөрт атаҕын өрө тэптэрбитинэн өйөннөрөн кэбистилэр. Онно көрдөххө, иһин быттыгынан тоҕо тардыбыт, сирэйин тириитин соролуу тардыбыт. Дьэ, маннык хас да күн сытыаран, ирбитин кэннэ сүлэн, эттээн, суох гыннылар. Бу сыта куһаҕанын.
Ас-таҥас суох кыһалҕатын эт хааммынан эрдэ билбитим. Аҕам сарыы ыстааны кэтэрин үчүгэйдик өйдүүбүн. Биирдэ миэхэ торбос тириитинэн ыстаан тигэн биэрдилэр. Кыайан имиллибэтэх быһыылаах, сүүрдэхпинэ, тыаһа хап-хачыгырас, аны мантым түүтэ иһигэр буолан, быт үөскүүрэ бэрт. Дьонум киэһэ утуйаары устубутум кэннэ таһырдьа бытын тоҥороору таһаараллар. Сарсыарда киллэрэн, таммах ыйыыр сатанахха холумтан иннигэр сылыта ыйыыллар. Хата, онно көрдөхпүнэ, быттарыҥ тиллэн туран оһох сылааһыгар иттээри, түү төбөтүгэр тахсаллар. Онон быт да, кулапы да, таракаан да тоҥмуттарын аайы өлбөт үөннэр эбит этэ. Аны дьиэбит иһэ ытыҥ былахыта уонна кулахыта киһини сүгүн утуппат буолара. Сылдьарыҥ былаһыгар тарбанан тахсаҕын. Ол таһынан аны ымынах (чесотка) буулуур, тарбаҕыҥ ыырааҕыттан саҕалаан, моонньулуун, харылыын бар-баас буолан хаалаҕын.
Биир сайын убайым Сүөдэр от охсорго үөрэнэн, бэйэтэ от охсор буолбута. Аҕам онуоха биир кыра хотууру оҥорон, уктаан биэрэн баран: «Бачча уол сайыны быһа мэниктээн чолойо эрэ сылдьыахтааххын дуо? Баран убайгын кытта оту охсо үөрэн», – диэтэ. Ибир-сибир самыыр түһэ турарга дылыта – от охсуһа үөрүүбүн кытта бардым. Урут да убайым хотуурунан боруобалаан көрөр этим. Онон арыычча маарыннатар буолан, кэнниттэн кулууппайдаабытынан бардым. Өр-өтөр буолбатыбыт, тохтооммут мин хотуурбун таҥнары тайахтанан турдум. Убайым дьүлэй этэ, кулгааҕар хаһыытаан тугу эрэ баллыгырыы туран, сыгынньах атахпын бэйэм да билбэппинэн хотуур үрдүгэр үктээтим. Атаҕым уот аһыйа түстэ. Өндөөн, өҥөйөн көрбүтүм, ылгын чыкыйабын икки ардынан кыратык хайа үктээбит эбиппин. Сэбирдэхтээх отунан хаана аҕыйыар диэри сабыта тутан эмтэннибит. Дьэ, уонна «убаай, кимиэхэ да этээйэҕин» диэн тылын ылан баран дьиэлээтибит. Ол киэһэ доҕолоҥнооботум, онон аҕабыт билбэтэ. Сарсыныгар хоно-сүтэ оттуу бардылар. Эбэм уонна ыарыһах эдьиийим Борускуой буолан үһүөйэҕин хааллыбыт.
Сүүрбэччэтиттэн эрэ тахсыбыт эдьиийим былчархай ыарыылаах. Ону былчархай сатана дииллэрэ. Мин билэрбинэн, иккитэ хаста Кэмпэндээйи курордугар баран кэлбитэ да, туһалаабатаҕа. Оччотооҕу медицина кыайбат эбит этэ.
Мин атаҕым улам доҕолоҥнотон барда. Сатахха күн аайы итиитэ бэрдин иһин өтөхпүт ортотугар баар уолан хаалбыт аҥылах уутугар сөтүөлээн буккуллан, үөҥҥэ ыстатабын. Ол барыта холбоһон, этим бүтүннүү баас буолан барда. Аҕыйах хонон баран, аҕам аах кэллилэр. Убайбынаан оонньуох, мурукулуох эбиппин да, кыах суох. Улахан доҕолоҥмун. Ону көрөн аҕам: «Бу уол тоҕо доҕолоҥ буолла? Кэл эрэ манна», – диэн ыҥыран ылла уонна атахпын бэрбээкэйиттэн ылан өйдөөн көрдө да: «Хайаа, бу уолбут ыыраахчыт буолбут дии», – диэтэ. Онтон илиим бааһын көрөн баран, сыгынньахтатта. Мин туох таҥаһым кэлээхтиэй, ырбаахы уонна ыстаан дуомнаахпын устуталаан кэбистим. Онно көрөн баран «дьэ бу үчүгэйдик да буулаабыт ымынах буолла» диэн баран, ойон туран, саа сэптээх тирии халаабыһын ылан остуолга ууран баран, ол иһиттэн хара буорахтаах туос холтууну хостоото. Уонна эбэбиттэн туос көрдөөн ылан, остуол үрдүгэр тэниччи уурда. Ол буораҕыттан чөкө кутта. Аны хаҥас диэкиттэн кыра хаппахтаах ыаҕайа кэллэ, онтон сүөгэйи хамыйаҕынан баһан, хаста да били чөмөх буораҕын таһыгар кутта. Быһаҕын ылан хардаҕастан мас тыыран ылан, кыра лаппаакы оҥорон баран, онтунан буорахтаах сүөгэйин буккуйда. Ити аата миигин сордообут бааһы эмтээн кэбиһэргэ суоттанна.
Олох маска олорон баран баастарбын сороҕун хастыы-хастыы били оҥорбут эминэн сотон барда. Хара ааныттан уоттаах чоҕунан таарыйар курдук аһыыката сүрдэннэ. Мин тулуйа, мөхсөн олоробун. Онуоха аҕам «ньырамсыйа олорума» диэн мөҥөр. Бүтэрин уһугар тулуйарбын ааһан ытаан барабын. Дьэ итинтэн антах бааһым өрө көтөн кэбистэ. Аҕам эмиэ оттуу барда, эмиэ үс-түөрт хонон баран кэллэ. Мин ыалдьан хааллым, эбэм аҕам кэлбитигэр саҥата бэрт, мөҥөр быһыылаах. Атыгар мэҥэстэн, өрүһү харбатан, бэйэтэ эмтиэкэрдээбит аҕам ньомуос Куокунуга балыыһаҕа таһаарда.
Куокуну балыыһата оччолорго кэлин хортуоска буолата буолбут Борулуур томторугар ыал дьиэтигэр баара. Нуучча кыыһа Надя диэн биэлсэр баарын чуолкай өйдүүбүн. Сыгынньахтаан көрөн баран, уой-аай бөҕөтүн түһэрдэ. Куһаҕан баҕайы сыттаах хара мааһынан сотто. Кэһэйэн хаалан эмиэ аһытыа диэбитим хата аһыппат эбит. Икки дуу, үс дуу хонон баран, эмин уларытан, аны ап-араҕас мааһынан биһэр буолла. Дьэ итинтэн бэттэх үтүөрэр аакка бардым. Түүн аайы маҥан бырастыынаҕа бааһым хара хаҕа тохторо хойдон истэ. Тэһийбэккэ иэдэйдим. Хата уонча хонугунан олох да үтүөрэн хааллым. Дойдубуттан биир киһи тахсыбытыгар, ол киһини батыһан, иннигэр-кэннигэр сүүрэкэлээн, ахтылҕаннаах Быйагыбар тахсыһабын. Бу үчүгэйин.
Уот кураан улам сытайан иһэр. Ойуур баһаарын уота торфаҕа иҥэн, кыһыны кыстаан баран, саас хонуу куурдар эрэ хат туран барар. Сир ийэ хам хатан, биир кэм аһыыка буутун тыаһынан сыр-сыр тыаһаан оргуйан олорор. Сайылык дьиэбит кубархай эркинигэр хара луоҕа курдук быыһа суох олорор. Дьон бары да этэрбэстэрин айаҕар аһыыка туоларын иһин бүрүүкэлэнэ сылдьаллар. Өтөхпүт аҥылаҕа уолан, хам хатан хаалбыта. Онон аны мин ууга буккуллан, үөҥҥэ ыстарбат буолбутум. Ол оннугар аны кутургуйа буулаата. Бииртэн биир солбуллан иһэр. Арыт сымнаҕас миэстэбэр, арыт көхсүбэр. Биирдэ кэтэҕим үрдүнэн салаҥ улахан кутургуйа таҕыста. Кэлэ-бара дьон бөҕө сылдьара. Арай биирдэ Михайлов Иван Петрович (Түрбүөн Уйбаан) киирдэ. Миэхэ ол кутургуйа үллэн тахсыбытын көрөн баран эттэ: «Илик эбит, сыалыһар эмэһэтэ тахсыбыт, аны 5-6 хонугунан сөп буолсу». Мин итинтэн, биллэн турар, тугу да өйдөөбөтүм. Кырдьык хас да хонон баран киирдэ, кини биһиги таспытыгар олорор ыалбыт этэ. Ленин орденнаах Клавдий Михайлов аҕата. Кутургуйабын көрөн баран, «сөп буолбут» диэтэ. Онтон орон анныттан маска сыһыарыллыбыт буор бурууһу аҕалан күтүр улахан саха быһаҕын төбөтүн сытыылаабытынан барда Мин киһи эрэ буоллар, дьэ сэрэйдим, ити быһах миигин тугу эрэ гынаары гыммытын. Дьиэс-куос туттан, таһырдьа диэки талаһан эрдэхпинэ, аҕам аҥар хоннохпуттан хам тутан ылла да, олох маска олорон, төбөбүн ньилбэгэр сыһыары баттаан кэбистэ. Ону кытта үөс батааска биэрбэккэ, били, быһах төбөтө кутургуйабын тырк гыннарбыт тыаһын эрэ истэн хааллым. Ириҥэ бөҕө баргыйан таҕыста. Аҕам ону дэлби ыган, төбөм дуомун хампы тута сыста. Ол гына-гына, икки кииннээх эбит дэһэллэр. Итинэн кутургуйа дьаллыга ааспыта быһыылааҕа.
1943 с. кыһыныгар, ахсынньыга, Сталинград иһин кыргыһыы бириэмэтигэр халлаан 40 кыраадыска тиийэ тымныйбыт. Фельдмаршал Паулюс өлбүт саллааттарын синиэллэрин кэтэ-кэтэ, сэриилэһэн сонохтоһо сатаан баран, кэлин үттү быһыллан, төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн баран, 300-чэ тыһыынчалаах састаабыныын бэринэргэ күһэллэр. Дьэ, ити эбитэ үһү аатырбыт немецкэй Германия фашизмын аҥар муоһа булгуруйуута диэн. Дэлэҕэ да Үрдүкү кылаабынай командующай И.Сталин «Германия фашизма хотторор суолга бүтэһиктээхтик турунна» диэн норуотугар тыл этиэ дуо?
Ити дьыл сааһыгар балтыбын Надяны оҕолонон баран ийэм өлөр. Кини хайдах ыалдьан өлбүтүн билбэт этим. Ол эрээри кэлин сылгыһыт буолан баран билбитим, манныктан. Оччотооҕу колхоз төрүүр сылгыны быста ырбытын эрэ кэннэ аһаттараллара. Ону да үөртэн быыһаан ылан, кыһын устата уулаах биэҕэ 2 центнер оту биэрэллэрэ, убаһаҕа 6 центнер, акка – 1,5 тонна. Ити нуорманы үксүн ат, тый уонна убаһа сиирэ. Ол түмүгэр биэлэри тэмтэрийэ сылдьар буолбуттарын кэннэ аһылыкка киллэрэрбит. Саас оннук хас да биэни быыһаан аһата турдубут. Ити туран төрөөн бардылар. Арай биир сарсыарда кэлбитим, төрүүрэ буолбут саамай ырыган биэм суох. Көстөн турар харыйа тумул кэтэҕин өҥөйөн көрбүтүм, арай биэм дэхси баҕайы сиргэ тиэрэ түһэн сытар. Чугаһаан көрбүтүм: былыр үйэҕэ өлөн хаалбыт. Соһуйом иһин, оҕото өлбүт ийэтин эмэ турар. Ойуур саҕатыгар охто сытар мас баарыгар өр да өр олордум уонна устунан ийэбин санаан кэллим. Уонна кини эмиэ маннык өлбүт диэн түмүккэ кэллим. Сэрии ыар дьылларыгар аһылык суох буолан, ийэм барахсан быста дьүдьэйэн нэһиилэ сылдьыбыт, туох баар эниэргийэтин иһигэр баар оҕотугар ороскуоттаабыт, балтыбын төрүүрүгэр бүтэһик күүһүн биэрбит уонна бу биэ курдук быстыбыт.
«Куокуну – мин дойдум» диэн кинигэҕэ Быйагыга тэриллибит колхоһу ахтыбыт эрэ барыта «Чкалов» колхоз дииллэр. Оттон дьиҥинэн бастаан тэриллэригэр гражданскай сэрии кэнниттэн туох барыта «кыһыла» суох ааттаммат этэ. Ол курдук колхозтар ааттара «Кыһыл булуук», «Кыһыл өтүйэ», «Кыһыл ыллык», «Кыһыл баһыыка» буолаллара. Син ити тэҥэ биһиги колхозпут «Кыһыл күүс» диэн этэ. Мин ити ааты «Чолбон» сурунаал 2003 сыллаах 2-с нүөмэригэр «19-с биригээдэ буойуннарын чиэстиэҕиҥ» диэн иккис группалаах инбэлиит, П.А.Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата, Саха АССР үтүөлээх учуутала Иван Павлов суругар Ильмень күөл кыргыһыытыгар кыттыбыт саха буойуннарын испииһэктэриттэн көрбүтүм. Онно Саха сириттэн уопсайа 250-ча саха саллаата кыттыбыт эбит.
Ити испииһэккэ 1942 с. ыҥырыллыбыт убайым Федоров Никита Спиридонович «Кыһыл күүс» колхозтан ыҥырыллыбыт. Ильмень күөл сэриитин туораан баран, алтынньыга өлбүт диэн чуолкайдык сурулла сылдьар. Байыаннай архыып докумуона сыыспатаҕа буолуо. Кырдьык, сэрии бүтэрин утаата Хотугу полюска Сэбиэскэй былааҕы туруорбут аатырбыт нуучча лүөччүгэ Валерий Чкалов аатынан колхоз буолбут буолуохтаах.
Биир да киһи хоргуйан өлбөтөҕө диэн тоҕо эрэ итэҕэйбэппин. Төһө да мэник-тэник буолларбын, улахан дьон кэпсэтиитин сүрдээхтик болҕойон истэрим. Ол онно «ити дьахтар сирэйэ дыгдаччы иһэн хаалбыт дии, арааһа соторулуура буолуо» дииллэрэ. Кырдьык, сотору буолан баран, өлбүт дэһэллэрэ. Бэл диэтэр, «ол ыаллар оҕолорун сабычахтаабыттар» диэн сибигинэһэн кэпсэтэллэрэ. Ол аата кыайан иитэр кыаҕа суох буолан, үчүгэй оҕо төрөөбүтүн дьукааҕын кытта холбуу суулаан баран, харыйа мутугар ыйаан кэбиһэллэр эбит. Репрессия ыар дьыллара буолан, туох барыта чып кистэлэҥ, туох итэҕэс улаханнык этиллибитэ Сэбиэскэй былааһы үөҕүү буолара. Олус кэбирэхтик хаайыыга утаарыллыахтаахтарын төһө да түҥкэтэх сиргэ олордоллор, дьон өйдүүрэ.
Мин призывник сааһыгар тиийэрбэр 1м 75 см эбит буоллахпына, аҕам 1 м 80 см үрдүктээх буолуохтаах. Дьон тоҕо эрэ «Дакас Кирилэ» дииллэрэ. Ааттаах от охсооччу, стахановец этэ. Куокуну өттүгэр Сачыык Кирилэ диэн эмиэ ааттаах от охсооччу киһилиин, икки Кирилэ эрбии биитин курдук эриһэн охсоллор. Иккиэн күҥҥэ 2,5 га иэннээх хадьымал кирбиитигэр тиийэллэрэ. Сэрии бүтээтин кытта сэрии бириэмэтигэр килбиэннээх үлэтин иһин Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаланна. Аны туран, бу соҕотох мэтээлин бинсээгин түөһүгэр иилинэн баран, Тойбохойунан, Сыралтанан атынан баран, күүлэйдээн кэллэ. Арай кэлэн өйдөөбүтэ, мэтээлин тимирэ, били күн Сталин төбөтө туллан түһэн хаалан, өрбөҕө эрэ сылдьар. Хас да күн кырына-кырына, көрдүү сатаата, булбата. Ата бадарааҥҥа тэпсэн кэбистэҕэ буолуо. Уонна мэтээллэммэтэҕэ. Миигин ыҥыран ылан: «Тоойуом, бука диэн кимиэхэ да кэпсээн, айахтата сылдьаайаҕын» диэтэ. Мин сол эппит күнүттэн субу строкалары суруйуохпар диэри кимиэхэ да чыып диэбэтэҕим. Эрдэлээн эттэххэ, аҕам да уһаабатаҕа, 1949 с. күһүн куртаҕынан ыалдьан, ас барбат буолан хаалбыта. Ыалдьа сытан, миигин ыҥыран ылла уонна аттыгар олордон баран, биир улахан кумааҕыны биэрээри олорон: «Дьэ, тоҕойуом, бу төрөөбүккүн туоһулуур кумааҕы, ийэҥ уонна мин илиибитинэн туппут дьыалабыт эйиэхэ бу эрэ буолуоҕа. Сүтэрбэккэ илдьэ сырыт», – диэтэ. Ити мин төрөөбүтүм туһунан сибидиэтэлистибэм этэ. Онтум билигин да баар.
Сэрии сылларыгар үлэлээн өрө мөхсөн тыыннаах хаалбыттара. Үлэ режимэ да, нуормата да олус кытаанаҕа, ирдэбиллээҕэ. Сыл устата үлэҕэ тахсыллыахтаах минимум диэн баара. Үлэни кыайар эр киһиэхэ 360 үлэ күнэ, ол аата биир да күн өрүө суохтааххын, дьахтарга 260, 12-14 саастаах оҕолорго 120, бүдүгүрэ кырдьыбыт кырдьаҕастарга 160 үлэ күнэ ирдэнэрэ. Итини толорботохтор колхозтаахтар уопсай мунньахтарынан дьүүллэнэллэрэ. Үлэлиир кыахтаах эрээри аахсыллар биричиинэтэ суох элбэх үлэ күнүн көтүттэхтэринэ, мунньах уурааҕынан инньэ Ляхов арыытыгар көскө ыытыллаллара. Хата, биһиги колхозпутугар оннук дьүүл тахсыбатах. Алта саастаахпыттан көлө сиэтиитигэр эриллэн барбытым. Оҕус тигиилээн кыайтарыа суоҕа диэн буолуо, биһиги колхоз үрдүнэн саамай чычаас Мыкыйык диэн аты биэрдилэр. Дьөгүөрэп Билиип диэн миигиттэн 2 сыл аҕа уол баара. Хара маҥаас оҕустаах. Аны бу табаарыһым миэхэ ат биэрбэккит диэн күнүүлээн кыҥкыйдыыр. Аны бу аппын киһи үтэн биэрбэтэҕинэ, сыарҕаттан салҕанан да кыайан миинньибэппин. Дьон үтэ сатаан баран саллан, улам көмөлөспөт буоллулар. Аппын булгуйан чэйгэ, биитэр дьиэбэр бараары, аллара төҥкөйөн аһыырын күүтэбин. Төҥкөйдөр эрэ, кэтэҕэр миинньэн кэбиһэбин, өрө чолос гыныытыгар арҕаһыгар биирдэ баар буолабын, бардаҕым ол. Тапталлаах аппын оскуолаҕа киириэхпэр диэри икки сыл сиэппитим. Аан бастаан киһи буолан миинньибит атым Мыкыйык буолар. Бу атым барахсаны үйэм тухары саныы сылдьан баран, икки сыллааҕыта ат, убаһа ииттибитим. Аатын Мыкыйык диэбитим, бу мин бүтэһик атым буолуохтаах.
Үөһэ эппитим курдук, 1944 с. саас ийэм өлөр. Ити кэнниттэн мин эбэм харалтатыгар киирэбин. Сэрии да бүтэн барбыта. Ол эрээри биһиги олохпут тупсан кэлбэтэҕэ. Эбэм Ирина Ефимовна үс уолун күүтэ сатаан баран, улам мөлтөөн барбыта, сытан тахсара, ардыгар олорон эрэ мэнэрийэн барара. Оччоҕо биһиги дьиэбит иһигэр наһаа ыарахан буолара. Мэнэрийдэр эрэ ыалдьан хаалара. Арыычча буолбут бириэмэтигэр ампаарыгар тахсан, үс этэрбэс ыйанан турарын нарыннык-намчытык имэрийтэлиирэ уонна мас уһаакка ортотунан симиллибит араас кумааҕыны туппалаан, таптайан көрөрө. Миэхэ этэрэ: «Тоойуом, бу кумааҕылары тыыппат буол. Бу убайдарыҥ дьыалалара. Кинилэр сотору кэлиэхтэрэ». Уолаттара үйэ-саас тухары сүппүттэрин өлүөр диэри итэҕэйбэтэҕэ. 1948 с. мин оскуолаҕа киирэн, үөрэнэр буолбутум кэннэ бу орто дойдуттан бэрт аҕыйах күн ыалдьан күрэммитэ.
Эппитим курдук, 1949 с. аҕам ыалдьар. Аны ыарыһах эдьиийим Прасковья ыарыыта хам ылан, улам мөлтөөн барар. Эдьиийим Мотрена Кирилловна Федорова Куокунуга эргэ тахсар. Балтым Надяны кини харайа ылар. Инньэ гынан, биһиги тапталлаах төрөөбүт-үөскээбит дойдубутуттан тарҕаһарга күһэллибиппит. Убайым Сүөдэр Куокунуга эдьиийигэр тахсар. Оттон биһиги – аҕам, эдьиийим Прасковья уонна мин – быйыл таһырдьа аһаабыт тыһаҕаһы уонна биир ынаҕы илдьэ аҕам кыра быраата, учуутал Дмитрий Спиридонович Федоровка көһөн тахсабыт. Онно тиийэн сотору буолаат, сити дьыл Прасковья өлөр. 1950 с. Тойбохой ыһыаҕа буола турдаҕына. Аны уһун кыһыны быһа ыалдьан, аҕам бу орто дойду олоҕуттан күрэнэр.
Тойбохойго кэргэн тахсыбыт эбэм улахан кыыһа Анна Спиридоновна кэргэнэ маҥнайгы ыҥырыкка сэриигэ барбытын кэннэ, 1942 с. күһүөрү кыһын түннүк мууһа ыла сылдьан халтарыйан, күөлгэ түһэн, үс кыра оҕону тулаайах хаалларан, күн сириттэн күрэнэр. Аны 1952 с. Куокунутааҕы бииргэ төрөөбүт убайбын колхоз былааныгар (баара-суоҕа 17 саастаах уолу, саатар дьүлэй, оскуолаҕа үөрэммэтэх) Ленскэй Туруктатыгар мас кэрдиитигэр ыыталлар. Дьэ, бу буоллаҕа өлүү суолун нэтээгинэн бүөлээбит диэн. Онтум тымныйан, икки өттүнэн ойоҕостоппутун сааһыары кыһын айанньыт сыарҕатыгар олордон ыыталлар. Бу 20-чэ көстөөх сиргэ. Сыккырыыр тыына эрэ тиийэн кэлэн, аҕыйах эрэ хонор. Дьэ, дьон-сэргэ, салалта диэтэҕиҥ.
Мин 12 саастаахпар төгүрүк тулаайах хаалбытым. Онон ааспыт сэрии биһиги Испириэннэр аҕаларын ууһугар ыараханнык да тайанан ааспыта. Итинник ыарахан, психологическай охсуу түмүгэр мин ээл-дээл буолбутум, үөрэниэхпин олох да баҕарбат этим. Нэһиилэ үс кылааһы бүтэрэн баран, 15 саастаахпар мас кэрдиититтэн саҕалаан, үлэлээн аһыы барбытым.
|