05:01 Спиридонова Ефросинья Васильевна |
Педагогическай үлэ бэтэрээнэ РФ үөрэҕириитин туйгуна Үөрэҕирии эйгэтигэр СР бэтэрээнэ Спиридонова Ефросинья Васильевна 2015с Мин аҕам Спиридонов Василий Николаевич 1941с ыалдьан сырыттаҕынан сэрии буолбута биллибитэ, аҕам оччотооҕу хамыыһыйаннан дьиҥэ доруобуйатын туругунан сыыллыбытын үрдүнэн күүһүнэн барбыта. Ол эрээри икки дуу, үс дуу сыл буолан баран ыарыыта бэргээн төннөн кэлэн биир сыл буолан баран өлбүтэ. Мин аҕабын өйдөөбөппүн, аҕам сэриигэ сылдьыбыт докумуона олох суох этэ. Кэлин улаатан баран хаартыскатын булбуппут, онно кини полевой суумкалаах, галифе бүрүүкэлээх икки буолан түспүттэр этэ. Ол хаартысканы эдьийим Игнатьева Ксения Филипповна – улаатыннарыам диэн илдьэ барбыта, да төннүбэтэҕэ. аҕабыт сэриигэ барбытын кэннэ, ийэм Спиридонова Евдокия Филипповна биэс кыра оҕолордоох соҕотоҕун хаалбыт. Аҕа дойду сэриитэ саҕаланыаҕыттан дьон – сэргэ олох лаппа ыараан барбыта. Биэс оҕолоох суос – соҕотох киһи хайыай? Ыанньыксыттыы колхозка үлэлии киирбитэ ол иннигэр субай сүөһүнү көрүүгэ үлэлээбитэ. оччотооҕу ыанньыксыттар үлэлэрэ олус ыарахан этэ, хотон – хаһаа тутуута мөлтөҕө бэрт буолан үлэлииргэ ыарахаттары үөскэтэр. Ардах – самыыр хоторуттан наар сииктээх, инчэҕэй, тымныы буолара диэн кэпсиирэ ийэм. Мин улаатан баран ону барытын эппинэн- хааммынан барытын билбитим, ийэбэр көмөлөһөөрү атах- бытах үлэлэри толорорум. икки улахан убайдарым Володя уонна Уйбаан улаатан оскуолаҕа үөрэнэ барбыттара. Биһиги ийэбинээн уонна икки кыра бырааттарбынаан Угут – Күөлгэ үлэ үөһүгэр хаалбыппыт. Оскуола биһиги олорор сирбититтэн Аһыыр аспыт олох суох кэриэтэ быһыылааҕа, онон олус аччыктыырбытын өйдүүбүн. Мин оскуолаҕа хойутаан киирбитим, наар ыалдьан тахсар этим, оччотооҕу бириэмэҕэ таҥнар таҥас да суох этэ. Биир үтүө күн ийэм киирэн: “чэ, киирэн ороҥҥо сыт, сапта оҕус диир” - мин сытабын суорҕанынан саптан, кирийиэхпинэн – кирийэн ол эрээри суорҕаммын кыратык сэгэтэн уоран көрөбүн. Онно көрдөхпүнэ икки киһи киирэн ийэбиттэн: “оҕоҕун тоҕо оскуолаҕа ыыппаккын?” дииллэр. ийэм барахсан “ити ыалдьа сытар диирин” өйдүүбүн, кырдьыгын эттэххэ оскуолаҕа кэтэрдэн ыытар таҥаһым суох этэ. Онуоха ол киирбит дьоннор: “оҕоҕун үтүөрдэ даҕаны булгуччу ыытаҕын диэт тахсан барбыттара”. Ол дьон кэлэн барбыттарын ферма дьоно бары истибит этилэр. Уһуннук – киэҥник уталыппакка эрэ бииргэ үлэлиир дьонноро көмөлөөн таҥас тикпиттэрэ быһылааҕа. Ол курдук мин дьэ оскуолаҕа барар буолбутум. күһүнүгэр Элгээйигэ киирбитим, бастаан оскуолаҕа тиийбиппэр үөрэнээччилэр таҥастара – саптара үчүгэйэ бөҕө этэ. Кылааска миигин бастакы учууталым Римма Иннокентьевна ыҥыран сиэтэн киллэрбитэ уонна оҕолорго бэйэҥ ааккын билиһиннэр диэбитигэр “мин аатым Ефросинья Спиридонова” диэбиппэр кылаас оҕолоро күлүү бөҕө буолбуттара, ол да саҕана, билигин да редкай аат эбит. Римма Иннокентьевна оҕолорго туһаайан: “тоҕо күлэҕит оҕолор?”, “кини улааттаҕынан Ефросинья Васильевна диэн буолар онтон билигин Фрося диэн ыҥыраҕыт”- бастакы билсиһиим ити курдук этэ. Маҥнайгы үөрэнэр сылбар ыалга олорон үөрэммитим. Ыалым аҕалара аһара кырыктаах киһи этэ. Аһаары гыннылар да миигин мэлдьи хаҥас бар диир этэ. Онно олордохпуна ийэлэрэ лэппиэскэ тоһутан аҕалан биэрэрэ. Хата эһиилигэр интернакка ылан абыраабыттара. Онно үстэ аһаталлар, остолобуойга уһун остуолга – тэриэлкэҕэ хааһы, биир быһыы килиэп ол үрдүгэр биир куһуок саахар, арыт арыы баар буолара. Кэнникиннэн аһыыр аспыт өссө тупсубута, Дария диэн повар баар этэ, кини нуучча лэппиэскэтин, арыт бэрэски оҥорон аһаталыыра, минньигэс да буолара. Кэлин интернат оҕолоругар өссө таҥас биэрбиттэрэ. онон интернат баар буолан биһи үөрэхтэнэн киһи – хара буолбуппут. Кэлин ийэм 1957с дойду тэбэр сүрэҕэр улуу Москуба куоракка ВДНХ-ҕа ыытыллыбыт тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар, үрүҥ илгэни үүт ыамыгар үрдүк кирбии ситиһиитин иһин баран кэлбитэ.
Ахтыыны суруйда Педагогическай үлэ бэтэрээнэ РФ үөрэҕириитин туйгуна Үөрэҕирии эйгэтигэр СР бэтэрээнэ Спиридонова Ефросинья Васильевна |
|