12:20 Степан Афанасьевич ЕГОРОВ |
Тыыл, үлэ ветерана Степан Афанасьевич ЕГОРОВ туһунан кыра уола Егоров Герман Степанович: Биһиги аҕабыт 1917 с. Бэттиэмэ диэн сиргэ быстар дьаданы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Аҕалара Дыгыдык Ыстаппаан, ийэлэрэ Егорова Варвара Федоровна, эһэлэрэ Даадаһын оҕонньор диэн этилэр.Убайа Егоров Ефрем Афанасьевич 1942 с. сэриигэ ыҥырыллан, сураҕа суох сүппүт. 1938 с. Каганович колхозка завхоһунан үлэлии сырыттаҕына, комсомол бирикээһинэн Алдаҥҥа үлэлэтэ ыыппыттар. Онно «ЯкутЗолото» трескэ мас кэрдиитигэр 1942 с. диэри үлэлээбит. Доруобуйата мөлтөҕүнэн сэриигэ ылбатахтар. Сэрии сылларыгар аччыктааьын, эрэй-муҥ, сарсыарда эрдэттэн киэһэ хараҥаҕа диэри барыта фроҥҥа, кыайыы туһугар диэн үлэ этэ. Аҕабыт колхоз бары ыарахан үлэтигэр сылдьара - мас кэрдиитэ, бэрэбинэ бэлэмнээһинэ, тиэйиитэ, ыһыы от үлэтэлэрэ. Ити кэмҥэ хата куобах элбээн, элбэх дьону аччыктааһынтан быыһаабыта диэн сэһэргиир буолаллара кырдьаҕастар. Каганович колхозка үчүгэй үлэтин иһин коммунистическай үлэ ударнигынан буолбута, 1947 с. «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитин кэмсигэр килбиэннээх үлэ иһин» Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Сэрии кэнниттэн Жданов колхозка үлэлии сылдьан, ийэбит Марфа Афанасьевналыын ыал буолан өр кэмҥэ, сэттэ-аҕыс сыл устата оҕото суох олорон баран, кэлин үс оҕоломмуттара: Юрий, Герман, Валентина. Марбаттан Сардана бөһүөлэгэр көһүү буолбутугар үлэлэспитэ. 1963 с. уопсай мунньаҕынан 2 №-дээх Сааба Өтөҕүнээҕи быыбардыыр уокуруктан нэһилиэк сэбиэтин депутатынан талбыттара. 1964 с. доруобуйата мөлтөөн Куруҥ Балаҕаҥҥа хонуу биригэдьииринэн , сайын аайы окко звеноводунан , кыра кээмэйдээх маҕаһыын-лавкаҕа атыыһытынан үлэлээбитэ. Жданов колхозка председателинэн үлэлии сылдьыбыт уһулуччу талааннаах салайааччы, Марбаттан Сардаҥаҕа көһүүнү тэрийбит, сайдыыны түстээбит Попов Степан Спиридонович «Олох түгэннэрэ» диэн ахтыы-кинигэтигэр кини туһунан маннык суруйбута баар: «Улгумда түбэтигэр уопсайынан, производствоҕа кыһаллар элбэх дьоннордооҕо. Егоров Степан Афанасьевич Куруҥ Балаҕан түбэтин дьиҥнээх хаһаайына этэ. Кини соҕотоҕун Андылааҕы, Куруҥ Балаҕаны, Амыыкааны бэйэтигэр ылынан бүтэйдиирэ, сэлбийэрэ, саҥанан солбуйара. Степан Афанасьевич үлэтигэр ураты кыһамньылааҕа, кини холобурун батыһарга атыттары ыҥырарбыт, оттон күрүө иһигэр тэпсиллэ сытар биир да салаа оту көрбөккүн, ойбон тулатынааҕы сүөһү сааҕын кичэйэн ыраастатан, күөлтэн чиэски таһаарыллара, ойбон модьоҕотун кэтэх еөттө дириҥник куоһанан, сүөһү уулууругар эрэйдэммэт этэ. Түүнүн отунан оҥоһуллубут матарааһынан ойбону сабара, онон улахан тымныыга кыратык тоҥоро. Хонноххуна Степан Афанасьевич дуоспуруннаах уһун кэпсэтиини сөбүлүүрэ уонна элбэх сүбэни-аманы биэрэрэ». Кини олус үчүгэй, көнө майгытын, үлэһитин, чиэһинэйин, боччумнаах саҥалааҕын, сылдьан ааспыт киһини туох баарынан чэйдэтэн, күлэн-үөрэн, кэпсэтэн көрсөрүн үөлээннээхтэрэ, Балаҕаҥҥа биирдэ-эмит даҕаны сылдьан, хонон-өрөөн ааспыт дьон сылаастык ахталлара биһиэхэ, оҕолоругар олус күндү. Аҕабыт 1966 с. уһун, ыарахан ыарыыттан Куруҥ Балаҕаҥҥа олорон өлбүтэ. Колхоз салалтата, доҕотторо, уруулара аҕабытын тиһэх суолугар дьоһуннаахтык атаарбыттара. Улахан убайым, эрдэ олохтон туораабыт талааннаах салайааччы Юрий Степанович сэттэ оҕотуттан элбэх ыччат тэнийдэ, сиэннэр туран эрэллэр, балтым Валентина быраас идэлээх, икки оҕолонон Дьокуускай куоракка олорор. Мин дойдубар Бордоҥҥо хаалан өтөҕү иччилээн олоробун, охотовед үөрэхтээхпин, билигин чааһынай дьону таһар үлэлээхпин. |
|