02:01 Степан Алексеевич МИХАЙЛОВ |
Тыыл, үлэ ветерана Степан Алексеевич МИХАЙЛОВ туһунан сиэнэ, 8-с кылаас үөрэнээччитэ Михайлов Рудольф: Эһэм 1931 с. от ыйыгар Ат Өлбүт үөһэ өттүгэр Матчай Бэһэ диэн сиргэ төрөөбүт. Ити сыл күһүнүгэр дьоно Уксакыга көһөн киирэн Кыһыл Баһыыка колкозка киирбиттэр. Кэлин 1939 с. күһүөрү ийэлээх аҕата иккилии оҕону ыланнар, арахсыбыттар. Эһэм балта Марусялыын аҕаларыгар хаалбыттар. 1940 с. оскуола маҥнайгы кылааһыгар киирбит. Көрөр-харайар ийэтэ суох буолан кылааһын кыайан тахсыбатах. Сэрии саҕаланарыгар эћэм 11 саастаах эбит. Үлэни кыайар эр дьон үксэ сэриигэ барбыттар. Колхоз үлэтигэр кырдьаҕастары уонна дьахталлары кытары сайыҥҥы үлэҕэ оҕолор тэҥҥэ сылдьар буолбуттар. Сэрии сылларыгар олус кураан буолбут, от-бурдук үүммэтэх, эбиитин ойуурга улахан баһаардар тураннар, кыайан оттооботохтор. Эһиилги сайыныгар 1942 с. аһыыка элбээн, сыһыы таас өттүн кытарчы сиэн, хонуу кыһыл өҥнөммүтэ. Ол кыһалҕаттан уу отун оттууллара. Онон сэрии буолуоҕуттан ыла ыарахан олох саҕаламмыта. Туох барыта сэриигэ, фроҥҥа хомуйуллан барара. Байыаннай нолуогу төлөһөөрү ыаллар сүөһүлэрин өлөрөн, ол этинэн толуналлара. Аһылык суох буолан, хоргуйуу элбээн, оҕолуун-улаханнын өлүү-сүтүү элбээбитэ. Эһэм аҕата фермаҕа сүөһү көрө сылдьан 1943 с. кыһыныгар хоргуйан өлбүт. Итинтэн бэттэх олохторо өссө ыараабыт, ыал устун барарга күһэллибиттэр. Үөрэниэн баҕалаах уол ыалга хоно-хоно үөрэнэ сатаабыт даҕаны, кыаҕа суох буолан итинэн үөрэнэн бүппүт. 1944 с. сааһыгар ийэлэрэ Маарыйа Уксакы ферматыгар көһөн кэлэн, оҕолорун хомуйан, бары бииргэ олорбуттар. Эһэм 1944 с. сааһыттан ыла улахан дьоннуун тэҥҥэ үлэлээн, нуорма килиэп уонна суорат ылар буолбут. Күһүн алтынньы ыйга Марбаҕа детдомҥа уу таһааччынан барбыт. Онно хааһы сиэн, сүрдээҕин абыранан кыстаабыт. Сайын от үлэтигэр үчүгэйдик үлэлээтэ диэн эһэбэр Степаҥҥа колхозтаахтар 1944 с. отчуоттарын мунньаҕар ыстаан таҥаһа бириэмийэ анаабыттар. 1945 с. саас эрдэлээн, ыһыы үлэтэ эрдэ саҕаламмыт. Сарсыарда эрдэттэн эһэм улахан дьону кытта ыһыыга атынан сири хоруттарар эбит. Оччолорго өстөөҕү кыайарга, кыайыыны өстөөх арҕаҕар түмүктүүргэ диэн ыҥырыыннан үлэлииллэрэ. Улуу кыайыы күнүн үөрэммит уонна үлэлээбит оскуолатын тиэргэнигэр көрсөр дьолломмутун тыыннааҕын тухары умнубатаҕа. Эһэм сэрии сылларыгар оҕо бэйэтэ түргэнник улаатан, үлэлээбит сыратын иһин «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэ иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Кыайыы кэнниттэн эйэлээх кэмҥэ үлэ күөстүү оргуйбут. Бурдук, от бөҕө үүммүт, эт, арыы да дэлэйэн барбыт. Эһэм улахан дьоннуун бииргэ үлэлэһэр уонна быһаарсар буолан испит. Наар үчүгэй өттүгэр, билиигэ-көрүүгэ тардыһыыта улааппыт. 1946 с. комсомол кэккэтигэр киирбитэ. Каганович аатынан колхоз Ждановка холбоһон, хаһаайыстыба 1948 с. өссө улааппыт. Ити сыл эһэбин, 18-таах эдэр уолу, бөдөҥсүйбүт колхоз Марбатааҕы учаастагар биригэдьииринэн анаабыттар. Онтон ыла кини салайар-тэрийэр дьоҕура аһыллан, 37 сааһыгар диэри таһаарыылаахтык үлэлиир биригэдьиир буолбута. Сатабыллаах уонна дьоҕурдаах салайааччыны колхоз саамай ыарахан балаһыанньалаах, хаалыылаах учаастагар ыытан үлэлэтэллэрэ. Ол курдук кини Хадан учаастагар үс сыл баран үлэлээбит, хаалыыттан таһааарбыт. Ол сыралаах үлэтэ сыаналанан, дойду тэбэр сүрэґэр, Москва куоракка, Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатыгар биригэдьиир Степан Михайловтыын, арыы собуотугар үлэлиир кэргэнэ Фекла Ивановналыын кыттар дьолго тиксибиттэрэ. 1967 с. кулун тутар 1 күнүгэр «Сунтаар» совхоз тэриллибитигэр эһэбин дириэктэри хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччынан анаабыттар. 1971-1985 сс. совхоз Бордоҥнооҕу отделениетын управляющайынан, 1985-1991 сс. совхозка сылгы иитиитин биригэдьииринэн, 1992-1999 сс. «Бордоҥ» коллективнай предприятиеҕа кыладапсыагынан үлэлээбитэ. Ити курдук эһэм Степан Алексеевич тыа хаһаайыстыбатыгар уонна нэһилиэк сайдыытыгар олоҕун 53 сылын анаабыта. Кини өр сыллаах уонна үтүө суобастаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан элбэх наҕараалардаах. Итинтэн саамай улаханнара 1986 с. ылбыт Бочуот Знага орденынан олус киэн туттара. Кыайыы үбүлүөйдээх сылларыгар уонна үлэтин ситиһиитинэн элбэх мэтээллэрдээх, бочуотунай грамоталардаах. 1973 с. республика тыатын хаһаайыстыбатын Бочуотун кинигэтигэр киирбитэ. Нэһилиэк сэбиэтигэр депутатынан 15 сыл талыллан үлэлээбитэ, элбэх партийнай конференцияларга делегатынан сылдьыбыта. Эһэм Степан Алексеевич дьонун-сэргэтин туһугар туох баар сыратын уонна дьоҕурун ууран туран, айымньылаахтык үлэлээн олоҕун түмүктээбит мааны кырдьаҕас буолар. Мин кини курдук үлэһит, салайааччы буолуохпун баҕарабын. |
|