03:44 Степан Егорович, Агафья Егоровна НИКОЛАЕВТАР |
Тыыл, үлэ ветераннара Степан Егорович, Агафья Егоровна НИКОЛАЕВТАР тустарынан кийииттэрэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара Николаева Римма Александровна, Сунтаар нэһилиэгин олохтооҕо: Биһиги дьоммут Степан Егорович уонна Агафья Егоровна Николаевтар Улгумда күөл сыһыытын соҕуруу эҥээригэр олохсуйан олорбуттара. Улгумда ыаллара ол кэмнэргэ үс сиргэ арахсан олороллоро, биһиги дьоммут олорор сирдэрэ «Сүрэх» диэн ааттанара. Дьиэлэрэ Улгумда саамай көстүүлээх миэстэтигэр турара, быр-бааччы, дьоһуннаахтык олохторун тэриммит ыал этилэр. Кинилэр икки уоллаахтара: Володя уонна Коля. Бу сиргэ Кыһыл Маркс диэн бөдөҥсүйбүт колхоз баара. Улгумда ыаллара бары эйэ-дэмнээхтик, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэн олороллоро, бары даҕаны күүстэрин-күдэхтэрин колхоз туһугар биэрбит төһүү үлэһиттэрэ буоллахтара. «Степан Егорович турбут-олорбут, сүрдээх түргэнник уонна тэтиэнэхтик туттар-хаптар, сэниэлээхтик саҥарар тэһиттэҕэс киһи этэ. Агафья Егоровна (Алааппыс) сытыытык быһыта тыытан саҥарар, ардыгар киһини өһүргэтиэх да курдук саҥалаах-иҥэлээх, онтунан «тыллаах эмээхсин» дэнэр этэ. Кинилэр Кэппэндээйиттэн уолаттара хороччу улааталларын саҕана көһөн кэлбиттэрэ уонна харыс да халбарыйбакка, бөссүөк да сыҕарыйбакка Улгумда эбэ хотуну олус сөбүлээн олорбуттара, барааччы-кэлээччи бары быһа ааспат ыала буолбуттара», - диэн күндү дьоммут туһунан Саха АССР үтүөлээх ветериннай бырааһа, Сунтаар улууһун, нэһилиэгин бочуоттаах гражданина П.Н.Степанов ахтан суруйбуттаах. Кини Степан Егоровиһы кытта биир аҕа ууһуттан төрүттээх ытыктыыр киһибит. Алааппый бэйэтин күүһүгэр эрэммиттии туттар, олус холку уонна наада тирээтэҕинэ сүрдээх сытыытык уонна киһи тута өйдүү охсон утары эппэтин курдук сатаан булан саҥарарын, киһи болҕомтотун тардар ураты күүстээҕин, онтун иһин «хотун эдьиийбит» диэн ытыгылаан ааттыырын эмиэ Агафья Егоровна аймаҕа, Бордоҥ нэһилиэгин олохтооҕо Александр Алексеев ойуулуур. Сэрии иннинэ Степан Егорович колхозка сүөһү көрөөччүнэн, атыыһытынан үлэлээбитэ. Дьон кэпсииринэн, сэрии сылларыгар Андылаахха 16 хаһаайыстыбалаах колхозка председателлээбит этэ. Нууччалыы үчүгэйдик билэрэ, кыра да буоллар үөрэхтээх эбит этэ диэн кэпсииллэр. Сэрии сылларыгар Степан Егорович Кэппэндээйитээҕи колония-поселениеҕа ыытыллыбыта биллэр, кинини кытта бииргэ кэргэнэ Агафья, уолаттара эмиэ барсан олорбуттара. Онно кини мас кэрдиитигэр биригээдэҕэ араас сиринэн сылдьар үлэлиир эбит. Оччолорго кинилиин биир кэмҥэ сылдьыбыт Бүлүүчээн нэһилиэгин олохтооҕо балтыгар Дора Егоровнаҕа «эн убайыҥ баар буолан, кини нууччалыы үчүгэйдик билэр, салайааччылары, нууччалары кытта уопсай тылы булар буолан, биһиги мас үлэтиттэн тыыннаах эргиллибиппит » диэн махтал тылларын эһэбит орто дойдуга номнуо суох буолбутун кэннэ эппитин үөрэ истибиппит. Ийэтэ Алааппый фермаҕа үлэлээбитин туһунан уола Коля ахтар Кини ол кэмҥэ Тойбохойго Бабыкановтар диэн ыалга иитиигэ бэриллэ сылдьыбыт этэ, аччык дьылларга элбэх дьон оннук дьаһаналлар эбит, онтон дьонугар төттөрү кэлбит. Үлэни кыайыгас, түһэриллэр былааны барытын толорор буолан, сэрии сылларынааҕы хаһыакка тахсыбытын кичэйэн сундуугар ууруна сылдьан сиэннэригэр көрдөрөрүн, аахтарарын сиэнэ Евгений өйдүүр. Саха маанылаах ыаллара Николаевтар Улгумдаҕа олохсуйуохтарыттан кус, сайыҥҥы от кэмигэр кэлэр-барар ыалдьыкка ааннара куруук аһаҕас, минньигэс алаадьылаах, уохтаах кымыстаах, сэһэннээх-сэппэннээх ыалдьытымсах ыал буолаллара уос номоҕр сылдьар. Степан Егорович 1981 с. хотоҥҥо харабынайдыы сылдьан, сааскы-сайыҥҥы өрөмүөн үлэлэригэр сыыстаран, тыҥатынан ылларан, балыыһаҕа киирэн кылгас кэмҥэ ыалдьан, 64 сааһыгар олохтон туораабыта. Агафья Егоровна ол кэнниттэн кыһыныгар Сунтаарга биһиэхэ, уолун аахха, киирэн, сайыныгар Улгумдатыгар төннөн тахсан сайылаан олорбута. Сунтаарга 1988 с. ыалдьан өлбүтэ, иккиэн көмүс уҥуохтара тапталлаах Улгумдаларыгар харалла сыталлар. Улахан уоллара Володя Сунтаарга олохсуйбута, улууска, республикаҕа биллэр культура эйгэтин үлэһитэ этэ, үс оҕоломмута, ииппит кыыстарын оҕолорун кытта ааҕан дьонун аатын ааттатар 9 сиэннээх, 4 хос сиэннээх, улахан сиэн Степан диэн аатынан сүрэхтэммитэ. Уоллара Николай кэргэнин дойдутугар Тулагыга олохсуйбута, биир оҕолоох, элбэх сиэннээх. Пенсияҕа да олордор, билигин даҕаны нэһилиэк общественнай, культурнай олоҕор көхтөөхтүк кыттар, ыллыыр, тэрээһиннэри салайсар киһи буолар. Олох салҕанар. Улгумда маанылаах ыаллара Степан уонна Агафья Николаевтар ааттарын сиэннэрэ, хос сиэннэрэ олохторунан, үлэлэринэн ааттата туруохтара, Сунтаарга уолларын Владимир Степанович аатын сүгэр уулусса уонна Сунтаардааҕы народнай театр бааллара эмиэ күндү дьоммут олорбут дьоһун олохторун салҕаныыта буолар. |
|