02:08 Степан Егорович ИВАНОВ |
Үлэ ветерана Степан Егорович ИВАНОВ туһунан убайа Иванов Николай Егорович: Степан биһикки биир ийэттэн, аҕаттан төрөөбүппүт. Степа кыра эрдэҕиттэн сытыы-хотуу этэ. Кини 1940 с. Бордоҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Марба оскуолатын 7-с кылааһын бүтэрэн баран трактористар куурустарыгар үөрэнэн, ити курдук эдэриттэн техникаҕа эриллэн үлэлээбитэ. Отой эдэригэр Марбаҕа уот биэриитигэр, онтон МТЗ-2 диэн кыра тракторынан Марбаттан Бордоҥҥо бөһүөлэги көһөрүүгэ үлэлээбитэ. Ол кэнниттэн аны Сардаҥа дьиэтин-уотун тутуутугар үлэлээбитэ. Кини үлэтигэр аһара кыһаллыгас- толоругас буолан, киниэхэ улахан тракторы туттарбыттара. Бириэмэтигэр көрүнэн оҥостор буолан,үлэлиир техниката хаһан да алдьанан турбат буолара, техника күүһүн-кыаҕын толору туһанар этэ. Үксүгэр мас тиэйиитигэр сылдьыбыта, сыл аайы оройуоҥҥа чемпион-тракторист буолара. Степан олус мындыр буолан, саҥаны айан, таҥан оҥорууга олус тыыппалааҕа. Бэйэтэ оҥостор буолан кими да күүтэн турбат. Түргэн үлүгэрдик оҥостон бүтэрэн-оһорон иһэр идэлээх этэ. Сайын аайы Тэҥкэнэн, Бордоҥунан хара-алданнар ньымаларынан оҥоһуллубут тэрилинэн хотон ноһуомун таһаарар этилэр. Степа сваркаһыт этэ, үлэлиир тэрил, техника алдьаннаҕына уталыйбакка оҥорон биэрэрэ, дьон көрдөһүүтүн олус улгумнук, түүннэри даҕаны толорон биэрэридэлээҕэ. Степа пенсияҕа тахсан баран саҥаны айыынан дьоһуннаан дьарыктаммыта. Ол курдук МТЗ трактор мотордаах ЗИЛ массыына коробкалаан, кэнники муостатын ылан беларус курдук рога оҥостубута, шассини ручканан илиинэн эһэр гына оҥорбута. Бүлүү улуустарын саҥаны айааччылар слеттарыгар кини үлэтин хайҕаан турардаахтар. Онно республика тыатын хаһаайыстыбатын министрин бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Ити курдук таһаарыылаахтык үлэлии, айа-тута сылдьан, сүрэҕинэн ыалдьан олохтон туораабыта. Кини сварка үлэтинэн олус дьарыктанан, ыарыытын сэтэрэппитэ дии саныыбын, сварка уота киһиэхэ буортулаах дииллэрин истэбин. Быраатым өссө да элбэҕи ситэриэ, үлэлиэ хаалла, техникаҕа олус дьоҕурдаах этэ. |
|