Суббота, 28.12.2024, 14:43
Главная Регистрация RSS
Приветствую Вас, Гость
Погода
Погода республики
Наш опрос
Оцените свой учебный год
Всего ответов: 92
Статистика

Онлайн всего: 15
Гостей: 15
Пользователей: 0
Форма входа

Главная » 2020 » Февраль » 16 » Степан Иванович ПАВЛОВ
03:44
Степан Иванович ПАВЛОВ

Тыыл, үлэ ветерана

Степан ИвановичПАВЛОВ туһунан

кыыһа Алексеева Розалия Степановна:

Биһиги аҕабыт 1929 с. төрөөбүт. Аҕата Иван Дмитриевич олох кыратыгар Туруктаҕа мас кэрдэ барар буолбут, онон дьоно аймахтарыгар Сөдүөттээххэ олорон хаалбыттар. Аҕалара Туруктаттан эргиллибэтэх, икки сыл болдьохтоох үлэлэрэ бүтэн Ленскэйтэн Сунтаарга диэри 40 көстөөх сиргэ сатыы кэлэн иһэн Тэҥкэ тыатыгар хоргуйан суолга өлбүтэ буолуо диэн сабаҕалыыллара. Ийэтэ, биһиги эбэбит, Мария Константиновна диэн наһаа үлэһит, дьоҥҥо улаханнык убаастанар кырдьаҕас этэ. Аҕабыт өлбүтүн кэннэ сайын буолла да Нээлбиктэҕэ, Кумакылаахха эбэбитигэр сайылыыр буоларбыт.

Сэрии саҕаланыытыгар аҕам 10 саастаах, оскуолаҕа үөрэнэр эбит. 1940-1941 үөрэх дьылыгар Марба сэттэ кылаастаах оскуолата саҥа тутуллан үлэҕэ киирбитигэр аан бастаан аанын аҕам арыйбыт. Кини үөрэххэ тардыһыыта күүстээх буолан, сэрии сылларыгар ас-үөл татым, таҥас-сап тутах диэни аахсыбакка үөрэҕин бырахпатах. Тыылга хаалбыт оҕо-дьахтар бары күүстээх үлэҕэ сылдьыбыттар, кырдьаҕас оҕонньоттор салайыыларынан колхоз үлэтин саамай ыараханыгар үлэлээбиттэр. Онон да буолуо, сэрии да кэнниттэн аҕам Каганович колхоз биир киэн туттар үлэһитэ, актыыбынай комсомол чилиэнэ буолан буһан-хатан, иитиллэн тахсыбыт. Комсомл секретарынган үлэлии сылдьан 1957 с. патрия чилиэнигэр киирбит.

Архыып докумуоннара этэринэн, 1960 с. сэтинньигэ Бордоҥ маҥнайгы сүһүөх партийнай тэрилтэтин уопсай мунньаҕар бастыҥтан-бастыҥ, дьоҥҥо холобур буолар үлэ дьонун ахтыбыттар. Онно суруллар: «Павлов Степан Иванович Халадаай ферма 30 өлөр турукка киирбит борооскуларын уоталаан өрүһүйтэлээтэ, Үлэгиргэ сутаан өлөн таһырдьа кыстаан турар 54 субайы тылланан тахсан былырыын өрүһүйтэлээбитэ, сайынын субай сүөһүгэ бостууктуур уонна оттуур».

Аҕам сүөһү иитиитигэр элбэх сыратын, күүһүн-уоҕун, сатабылын биэрэн үлэлээбит.1956 сылтан саҕалаан күүстээх, үлэни кыайар-хотор эр дьон, уолаттар фермаҕа үлэлии тахсыыларын комсомольскай тэрилтэ секретарын да быһыытынан биир бастакынан көҕүлээн үлэлии тахсыбыт. Ол гынан ньирэй көрөөччүттэн саҕалаан ферма биригэдьииригэр тиийэ үлэлээбит.

Дьон кэпсииринэн биэс атынан соҕотоҕун от тиэйэн кэлэр үһү. Ити курдук наар инники күөҥҥэ, үлэ үөһүгэр сылдьан аҕам 38 эрэ саастааҕар ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыт.

Аҕабыт Степан Иванович көрсүө-сэмэй майгылаах, үлэҕэ сатабыллаах, колхозтар кыаҕыран бөдөҥсүйүүлэригэр элбэх сыратын, күүһүн-күдэҕин биэрбит, бэйэтин кылаатын киллэрсибит киһинэн буолар.

 

Просмотров: 241 | Добавил: Бордон | Рейтинг: 0.0/0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]