12:23 Степан Титович ЕГОРОВ |
Тыыл, үлэ ветерана Степан Титович ЕГОРОВ туһунан сиэнэ Яковлева Ульяна Титовна: Биһиги эһэбит 1905 с. Марбаҕа төрөөбүтэ. Кини уһун, баай ис хоһоонноох олоҕо саха тыатыгар ааҥнаан ааспыт араас алдьархайдары, өҥ дьыл үллүктээх дьоро сыллары барыларын хаппыта. Ол курдук 1917 сыллааҕы революция, үрүҥ-кыһыл күрэстэһиилэрэ, сир үллэһигин түбүгэ, колхозтааһын, культурнай революция, алдьархайдаах сэрии, өлүү-сүтүү, алдьаныы-кээһэнии, сэрии баастарын оһорунар күүрээннээх сыллар, пятилеткалар, тыа сирин өрө тардыыга бүттүүн хамсааһын – барытыгар кини тыыннаах туоһу, туруу үлэһит. Тус олоҕо эмиэ эндирдээх, үс кэргэҥҥэ олорон, элбэх ыччаттардаах. Маҥнайгы кэргэнэ мин эбэм Ульяна Егоровна Егорова этэ. Кинилиин уоллаах кыыс оҕоломмуттара - Егоров Николай Степанович уонна мин ийэм Петрова Ксения Николаевна. Иккис кэргэнэ Варвара Степановна Кокорина, Кыһыл Харыйалаах Күндэйэ сириттэн төрүттээх, киниттэн биэс оҕо төрөөбүтэ. Онтон икки оҕото эрдэ өлөн бу олохтон туораабыттара, хаалбыт үс оҕото бары учуутал, иитээччи идэлээхтэр. Үһүс кэргэнэ Федора Кирилловна Герасимовалыын отуттан тахса сыл бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, өйдөһөн дьоллоохтук олорбуттара. Степан Титович нэһилиэкпит сайдыытын олук-олук, быһаарыылаах кэмнэригэр барытыгар кыттыһан, үлэлээбит эбит. Итинтэн сүрүннэрин кэпсээтэххэ 1928 с. Бордоҥ нэһилиэгин сэбиэтин чилиэнэ, онтон председатели солбуйааччы, сэбиэт секретара буолбут. 1931 с. Бэттиэмэҕэ 12 хаһаайыстыбалаах артыалы тэрийсибитэ, ол табаарыстыбаҕа суотчутунан анаммыта. Онтон сүүрбэ биир хаһаайыстыбалаах Кыһыл Марксов колхоз тэриллибитигэр биригэдьииринэн, кладовщигынан үлэлээбитэ. 1934 с. колхозтары тэрийсиигэ үлэлэспитэ. Сэрии кэмигэр Күндэйэҕэ Калининскай колхозка председателинэн үлэлээбитэ, дьон-сэргэ махталын ылбыта. Кэлин өр сылларга потребительскай кооперация эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Аны кини – алмаас эпопеятын кыттыылааҕа. «Олохтоох нэһилиэнньэ кыттыыта» диэн кинигэҕэ киирбит эһэбит кэпсээнэ олус интэриэһинэй: «Мин алмааска үлэлиир кэммэр 20-чэ кытай омугун кытта үлэлээбитим. Онно тылбаасчытынан сылдьыбытым. Билигин да ол кытай тылынан хайдах кэпсэтэрбин өйдүүбүн». Ол курдук ахсаан ааҕара, үлэтигэр сыһыаннаах тыллары саҥаран биһигини сөхтөрөрө. Саха тылыгар тыл суолтатын өйдүүргэ кыһаллыҥ, оччоҕо ханнык баҕарар тылы баһылыаххыт диирэ. Нэһилиэгэр, улууска кырдьыар диэри сцена ветерана, алгыстаах тойуксут, оһуокайдьыт быһыытынан биллэрэ. Кини 93 сааһын туолан баран бу сиртэн барбыта. Биһиги, кини ыччаттара, эһэбитинэн киэн туттабыт. Эргиччи талааннаах, үлэҕэ бэриниилээх, ыраас сырдык санаалаах, чиэһинэй киһибитин иһирэх тылынан ахтан-санаан ааһарбытын ытык иэспитинэн ааҕабыт. |
|