08:53 Татьяна Гаврильевна АЛЕКСЕЕВА |
Тыыл, үлэ ветерана Татьяна Гаврильевна АЛЕКСЕЕВА туһунан быраата, педагогическай үлэ ветерана Алексеев Николай Гаврильевич: Сэрии бириэмэтигэр биһиги саамай кыра эдьийбит Татьяна Гаврильевна миигин, икки балтыбынаан көрөн- харайан улаатыннарбыта. Таня 1931 с. Бүлүү уҥуор сытар Өлүөхүмэ сириттэн бүтүн нэһилиэгинэн бүүс- бүтүннүү көһөн тахсыбыт Нөөрүктээйи түбэтигэр күн сирин көрбүтэ. Нөөрүктээйилэр бу быстыбат быйаҥнаах, бултаах-астаах, өҥ-быйаҥ өттүктээх, тоҥоруу, хаһыҥ тумнубут, илигирэс, ичигэс салгыннаах кэрэ айылҕалаах түөлбэҕэ быралыйар былыр өссө сахалар сүрэхтэнэ иликтэринэ Өҥүрэмэр (4 саастаах оҕус), Тулааһын, Мөрөйө, Дьэгин, Дьоһоох, Сантыкый, Чаачах, Кыраһа диэн ааттанар эрдэхтэринэ кэлбиттэр. Уонна дьэ, бу дойду сирин-уотун сөбүлээн, бултаан-алтаан, сыспай сиэллээҕи сырыырҕатан, хороҕор муостааҕы хойуннаран, күрүө-хаһаа туттан, дьиэ-уот тэринэн быр- бааччы олорбуттар. Онтон сэрии, сут- кураан буолан, олохпут огдолуйбута. Нөөрүктээйи ыаллара кыһын буоллаҕына чугастааҕы үрэхтэргэ «кыстыктарыгар» көһөллөрө. Сайын буоллаҕына, күөх унаар сайылыктарыгар киирэллэрэ, үөрүү-көтүү, ырыа-тойук, көр-нар бөҕө буолара. Уодаһыннаах сэрии саҕаламмытыгар Нөөрүктээйи уолаттара дойдуларын көмүскүү арҕаа-илин барбыттарыгар кырдьаҕастары, сэриигэ доруобуйаларын туругунан ыҥырыллыбатах дьону, эмээхситтэри, дьахталлары кытта биһиги, кыра оҕолор, кинилэри солбуйан хаалбыппыт. 14 сааһыгар диэри от охсорго, мунньарга сиэрпэнэн бурдугу быһарга, саанан сыыспакка ытарга үөрэммитэ. Булгунньахха олорон, балтыбытыгар Мааппаҕа (5-6 саастаах оҕоҕо) иҥнэри тутан олорон, айаҕар ынаҕы ыан дьонун куллэртээн турар. 28-таах саалаахпыт, онон кыра булка сылдьабыт. Куһаҕаннык ытаҕын диэн эдьиийим миигин ыттарбат, бэйэтэ ытар. Өлбүт кус оҕолорун «ыттыы харбаан» киирэн, мин айахпар толору ытыран таһааран ыт оруолун толоробун. 14 сааһыгар күһүн чугас эргин тыалаабыта. 200-чэ тииҥи, 3 саастаах тайаҕы бултаан дьону сөхтөрбүтэ. Таня Кириэстээх, Тойбохой оскуолаларыгар ситиһиилээхтик үөрэммитэ, спордунан дьарыктаммыта. Сэрии бүтэр сылыгар Кривошапкин Афоня, Максимов Петя, Герасимов Петя, Николаева Ксения, Алексеева Таня састааптаах Тойбохой оскуолатын хайыһардьыттарын хамаандата элбэхтик оройуон үрдүнэн тэҥнээҕин булбатаҕа, чемпион буолубута. Военрук Георгий Петрович Васильев улаханнык хайҕаммыта. Нөөрүктээйилэр ас технологиятын муҥутуурдук баһылаабыт дьон этилэр. Ол курдук булт этиттэн үлээҥкини, хачыры оҥороллоро, эти тыһыыллара. Өрүс балыгын тууһууллара, хатараллара. Ити дьарыктарын барыларын Татьяна Гаврильевна бэркэ сатыыра, асчыт ааттааҕа этэ. Эдьиийбит Таня эбэбитин Өлүөхүмэ 2-с Нөөрүктээйитин олохтооҕо Колосова Екатерина Андреевнаны удьуордаан эмчит бэрдэ этэ. Эбэбит үйэтин тухары Хочо улууһун дьахталларын төрөтөр идэлээх этэ. Кинини дьон барыта эбээ дииллэрэ. Мин кэргэним, кийиитэ Анна Васильевна, такайыытынан бэйэтэ медсестраҕа үөрэнэн, олохтон барыар диэри Бордоҥ учаастактааҕы балыыһатыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Элбэх оҕолоох, улахан хаһаайыстыбалаах хаһаайка бэрдэ этэ. Олус муударай өйдөөх, тобуллаҕас толкуйдаах, дьоҥҥо үтүө-мааны сыһыаннаах эмчити дьон сөбүлүүрэ. Мээнэ киһиэхэ бэриллибэт хоһуун, кыайыгас, хорсун санаалаах буолара, уу моторкатынан хайа баҕарар сылдьара, балыктыыра, сир аһын, балыгы, булду түргэнник, ыраастык астыыра. Бэйэтин хоһуунугар ханыылаах кэргэнэ Гаврил Егоровичтыын сэттэ оҕоломмуттара. Оҕолоро икки бэртэн эмиэ чаҕылхай дьон. Эдьиийим Таня билигин баара буоллар аны сиэннэрин, хос сиэннэрин үтүөҕэ, кэрэҕэ такайа үөрэтэ сылдьыа, кинилэр олоххо ситиһиилэринэн киэн тутта олоруо этэ. |
|