09:43 Татьяна Ильинична АЛЕКСЕЕВА |
Тыыл, үлэ ветерана, советскай-партийнай үлэһит Татьяна Ильинична АЛЕКСЕЕВА туһунан кыыһа Иванова (Семенова) Евгения Ефремовна, СР үөрэҕириитин туйгуна, үлэ ветерана: Биһиги ийэбит 1915 с. тохсунньу 12 күнүгэр Сунтаар оройуонун Арыылаах нэһилиэгэр Бакамда диэн сиргэ быстар дьадаҥы ыалга үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. 14-15 саастааҕыттан ыччаттар уонна дьахталлар мунньахтарыгар сылдьан, саҥа Советскай былаас ыытар дьаһалларыгар активнайдык кыттан барбыта. Бэйэтин дьулуурунан ааҕа-суруйа үөрэммитэ, үөрэҕэ суох дьону ликбезкэ үөрэтэр учуутал буолбута. 18 саастааҕар комсомолга киирэн, 25 чилиэннээх комсомольскай ячейка секретарынан талыллан үлэлээбитэ, ити кэмнэртэн кини дьону салайар-тэрийэр дьоҕура арыллан саҕаламмыта. ССРС-ка ыытыллыбыт бастакы быыбарга депутатынан талыллан, 1939-1948 сс. Арыылаах нэһилиэгэр совет председателинэн ананан үлэлээбитэ. 1941 с. ССКП чилиэнэ буолбута, Татьяна Ильинична коммунист буоларынан мэлдьи киэн туттара, партия бэриниилээх байыаһа этэ. Сэрии ыар сылларыгар депутат быһыытынан оройуонун мобилизационнай салаатын сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлээбитэ, ону тэҥэ салайар Арыылааҕын нэһилиэгэр хоргуйан өлүү суох буоларын ситиспитэ. 1951-1961 сс. Хадан нэһилиэгин сэбиэтин председателэ этэ. Онтон 1963-1973 сс. диэри Бордоҥ нэһилиэгин сэбиэтин салайбыта. Бу сылларга Жданов аатынан колхоз тэрилтэ-хаһаайыстыба өттүнэн өссө сайдыбыта, үлэҕэ коммунистическайдыы сыһыан хамсааһына саҕаламмыта. Манна барытыгар кини салайааччы быһыытынан сүрүн кыттыыны ылбыта. 1965 с. сельсовет председателлэрин республикатааҕы семинарыгар кыттыыны ылбыта. Онон барыта 30 сыл быыбардаах үлэҕэ норуот итэҕэлин ылан үлэлээбитин тус бэйэтин дьолунан ааҕынара. Татьяна Ильинична айылҕаттан уһулуччу талааннаах араатар этэ, ол курдук биир да кумааҕыта суох, ханнык баҕарар тиэмэҕэ, төһө баҕарар бириэмэ устата тыл этэр кыахтааҕа. Төһөнөн өр этэр да, соччонон арыллан, уоттанан-күөстэнэн саҥарара диэн кырдьаҕас дьон ахталлар.Үлэтигэр үрдүк ирдэбиллээх, дьоҥҥо мэлдьи эйэҕэс, үтүө сыһыаннаах, олохтоох тыллаах-өстөөх, кыамматы-кыһалҕалааҕы өйдүүр-өйүүр, көмөлөһөр буолара. Ол да иһин бар дьоно кинини таптаан-ытыктаан көннөрү Сэбиэт Таанньа диэн ааттыыллара. Татьяна Ильинична олоххо мэлдьи активнай позициялааҕа, үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьарын ордороро, оннооҕор сааһыран, ыарахан ыарыыны аһаран баран, сүрэҕин баҕатынан ветеринарнай пуун аптекатыгар хас да сыл үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Төһө да кыра үөрэхтээх буоллар, кинигэни, хаһыаты, «Хотугу сулус» сурунаалы тиһигин быспакка, үлүһүйэн туран ааҕара, тугу билбитин дьоҥҥо кэпсиир этэ. Үлэлиир кэмигэр мэлдьи агитатор, пропагандист быһыытынан политическай үөрэхтээһини ыытара, элбэх төгүл оройуон сэбиэтин депутатынан, партийнай тэрилтэ секретарынан талыллан үгүс өрүттээх үлэни тэрийбитин дьон-сэргэ үтүөнэн ахтар. 15 сааһыттан 63 сааһыгар диэри салайааччы, коммунист быһыытынан дойдутун, норуотун туһугар өйүн-санаатын, бары сатабылын ууран, үлэ үөһүгэр сылдьыбытын Саха АССР Верховнай Сэбиэтин, ССКП обкомун, райком, райсовет элбэх ахсааннах бочуотунай грамоталара уонна мэтээллэр туоһулууллар. Сунтаар оройуонун бочуоттаах гражданина, 2003 с. «Трудовая слава Якутии» кинигэҕэ киллэриллибитэ. Ийэм аҕабыныын Ефрем Григорьевичтыын олус эйэлээхтик, үлэни өрө тутан, төрөппүт уонна иитийэх оҕолорун барыларын атахтарыгар туруоран, үөрэхтэтэлээн, ыал оҥортоон дьоһуннаах олоҕу олордулар. Элбэх сиэннээхтэр, хос сиэннэрдээхтэр. |
|