11:59 Татьяна Никифоровна МОЯКУЛОВА |
Татьяна Никифоровна МОЯКУЛОВА Кыра кыыспыт Татьяна 1960 сыллаахха ыам ыйын 10 күнүгэр Тэҥкэ балыыһатыгар күн сирин көрбүтэ. Бу бириэмэҕэ биһиги аймах ытыктыыр, таптыыр күтүөбүт, Тэҥкэ оскуолатын сэбиэдиссэйэ Федоров Дмитрий Спиридонович орто дойду олоҕуттан туораабыта. Онон биһиги ийэбит, бэйэтэ даҕаны төрүкү ыарыһах киһи улахан охсууну ылбыта. Кэмин иннинэ оҕолоноору хаана бөҕө барбыта. Ол саҕана Тэҥкэ балыыһатыгар туох үчүгэй усулуобуйа баар буолуой. Итэҕэс төрөөбүт балтыбыт уонна ийэбит хайдах киһи буолбуттарын айбыт таҥара бэйэтэ билэн эрдэҕэ. Саҥа төрөөбүт оҕону (Таняны) көрбүт эрэ барыта киһи буолбат оҕо дииллэрэ. Арай убайа Валек күн аайы мин оскуолаҕа барарбар: «Оҕону кэмпиэт иһин оҕолорго биэрэн көрөөр эрэ, кэһэтиэм» - диирэ. Ол аайы ийэбит эмиэ да ытыыра, эмиэ да үөрэрэ, оҕом киһи буолуо дуо диэн. Онтубут Таҥара көмөтүнэн уонна айгыр силик аар айылҕа кыһыҥҥы тоҕус ыйдаах уутуттан уһуктан тиллэр бириэмэтигэр төрөөбүт буолан, айылҕаны кытта тэҥҥэ ситэн киһи-хара буолан барбыта. Таня бэйэтэ туспа санаалаах-оноолоох, туспа көрүүлэрдээх оҕо буола улаатан истэҕинэ, ийэбит Мария Романовна ыарахан ыарыыттан кыыһа сэттэ сааһын туола илигинэ күн сириттэн арахсыбыта. Биһиги балтыбытын ийэтин суохтаппат курдук кыһалла сатаабыппыт да, ийэ тапталын, көрүүтүн-истиитин ким солбуйуо баарай?!. Кыыспыт ахсыс кылааһы бүтэрэн баран, үөрэххэ барабын диэтэ да барбыта. Дьокуускайдааҕы кооперативнай техникуму ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн, олох эдэр сааһыттан үлэһит буолбута. Сунтаардааҕы Райпотребсоюз тэрилтэтигэр үөрэммит идэтинэн товароведынан үлэлээн, үлэтин биографиятын саҕалаабыта. Оччолорго тыа сирин аайы баар маҕаһыыннарга бородуукта, табаар тыырааһын кини дьарамай саннныгар сүктэриллэн барбыта. Өрүһүнэн уу суола аһылынна даҕаны, Бүлүү Эбэ киэҥ дуолугар баппаттыы толору тиэниилээх араас баарсалар кэлэллэрэ. Онтон сүөккэммит араас таһаҕаһы тутуу, ыскылааттарынан тарҕатыы товароведтар үлэлэрэ буолара. Ардыгар тохтоло суох түүннэри-күнүстэри да үлэ барара. Ол курдук үлэлии сылдьан, кыыспыт кэргэннэнэбин диэн туран кэллэ. Ол гынан, үс оҕолоох, эмиэ ити тэрилтэҕэ суоппардыыр Моякулов Иван Петрович диэн бэйэтинээҕэр лаппа аҕа саастаах огдообо киһиэхэ кэргэн тахсар буолбут. Аҕабыт ону истэн соһуйан ыалдьан хаалла. Кыыһым салгыы үөрэнэрэ буоллар диэн-эрэх турах санаалаах сылдьыбыта. Ыал кыра оҕото эдэр саас диэн тугун билбэккэ, салгыы үөрэммэккэ, хайдах улахан дьиэ кэргэн хаһаайката буолуой диэн аҕабыт улаханнык мунчаара сылдьыбыта. Кыыспыт баҕар, бэйэтэ ийэтин эрдэ сүтэрбит буолан, тулаайах оҕолору аһыммыта буолуо. Билигин санаатахха, туһугар эмиэ хорсуннук сананыы эбит. Таня кэргэнэ Иван Петрович 2009 сыллаахха орто дойдуттан арахсыар диэри бэрт эйэ дэмнээхтик, дьоллоохтук одорбуттара. Үлэлиир тэрилтэлэрэ эстиэр диэри үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрин араас Бочуотунай кырааматалара, хайҕал суруктара, бириэмийэлэрэ туоһулууллар. Иккиэн «ССРС кооперациятын туйгуна» диэн анал бэлиэнэн наҕараадаланан, кимнээҕэр даҕаны эрдэ үлэ бэтэрээнин аатын ылбыттара. Күтүөппүт Иван Петрович Байанайдаах булчут бэрдэ, ордук балыкка умсугуйан туран сылдьара. Асчыт ааттааҕа этэ. Онон биһиги Танябыт айылгытынан даҕаны, улахан дьиэ кэргэни аһатар-сиэтэр аналынан даҕаны барыбытыттан ордук минньигэс араас аһы астыырга үөрэммитэ. Уйбаан элбэх атастардааҕа-доҕоттордооҕо. Чахчы киһи киһитэ этэ. Билигин оҕолор бары туспа дьиэлэнэн-уоттанан, үөрэнэн идэ ылан үлэһит буолан, оҕолонон-урууланан дьонноругар сиэн, хос сиэн бөҕөтүн бэлэхтээтилэр. Оҕолор аҕаларын Иван Петровиһы суохтаппат курдук ийэлэрин Татьяна Никифоровнаны куруук көрө-истэ, көмө-ньыма буола тураллар. Улахан уоллара Толя энергетик. Катя диэн Үөһээ Бүлүү кыыһа кэргэннээх. Билигин Мииринэй куорат олохтоохторо. Иккиэн «АЛРОСА» тэрилтэтигэр үлэлииллэр. Моякулов утумун салгыыр уоллара, икки кыыстара оскуолаҕа ситиһиилээхтик үөрэнэллэр. Толя аҕатын курдук эмиэ байанайдаах булчут. Улахан кыыстара Марианна Уһун Күөлгэ Иванов Спартак Валентинович диэн уолга кэргэн тахсан кыыстанан, сиэн оҕо көрөн баран, эмискэ ыалдьан бу орто дойдуттан туораан дьонун соһуталаан, айматалаан бараахтаабыта. Марианна нэһилиэк култуурунай олоҕун көхтөөх кыттааччыта, «Дьүөгэ» ансаамбыл солбуллубат чилиэнэ этэ. «Этэ» диэн төһө да суруйарга ыараханын иһин, олох салҕанар. Марианна ситэри олорботох олоҕун кыыһа, сиэннэрэ салҕыыллар. Билигин эһэлэрэ Спартак сиэннэрин көрө-көрө таксистыыр. Иккис кыыс Надя медик үөрэхтээх. Дьокуускай куорат 3№- дээх балыыһатыгар үлэлиир.
Ити балыыһаҕа сытан эмтэммит Сунтаар
дьоно Надя ыарыһахтарга, биир дойдулаахтарыгар эйэҕэс сыһыанын, кыһамньытын хайҕаан кэпсииллэр. Ол
туһунан ииппит, көрбүт-харайбыт, улаатыннарбыт ийэтэ Татьяна сэмээр үөрэ, киэн
тутта, астына кэпсиир. Надяны бииргэ үлэлиир улахан коллектива сөбүлүүр, элбэх
доҕоттордоох, дьүөгэлэрдээх. Балтыбыт өрөспүүбүлүкэ биир улахан балыыһатын
тутаах үлэһитэ буола сылдьарыттан бары даҕаны үөрэбит.
Оттон ийэтин эдьиийин аатын ылбыт Зоя эмиэ медик. Улуус киинин биир улахан «Туллукчаан» оҕо сайдар киинигэр сиэстэрэнэн үлэлиир. Дьону кытта түргэнник уопсай тылы булар буолан кинини төрөппүттэр да, оҕолор да сөбүлүүллэр. Зоя тарбаҕар талааннаах буолан былдьаһыкка сылдьар дизайнер, иистэнньэҥ. Кэргэнэ Уаров Николай Витальевич үрдүк үөрэхтээх энеретик. Сунтаардааҕы РЭС биир тутаах үлэһитэ. Уоллаах кыыс оҕолоохтор. Кыыстара Сунтаардааҕы политехническай лицейгэ, уоллара Сунтаар 2№-дээх оскуолатыгар ситиһиилээхтик үөрэнэллэр. Уаровтар быйыл саҥа дьиэ туттан көһөн киирэн, үөрүүлэрэ муҥура суох.
Ньурба куоракка олорор кыра кыыстара Мария үрдүк үөрэхтээх математика учуутала эрээри, «Сардаана» оҕо саадыгар үлэлиир. Кэргэнэ Крыжановскай Евгений Эдуардович Ньурба куорат балыыһатын суоппара. Икки уоллаахтар.
Онон Татьяна Никифоровна тапталлаах кэргэниниин Иван Петровичтыын ийэтин курдук элбэх оҕону көрөн-харайан улаатыннаран, олох суолугар бигэтик үктэнэллэригэр олук уурдулар. Кинилэр бэйэ-бэйэлэрин таптыыр, ытыктаһар буоланнар, оҕолоро эйэ дэмнээх эйгэҕэ улаатаннар бары үлэҕэ эппиэтинэстээх туруу үлэһиттэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэҕэс сыһыаннаахтар, дьиэ кэргэннэрэ бөҕө, чэгиэн туруктаахтар. Билигин ийэлэрэ Татьяна Никифоровна кырдьар сааһыгар оҕолорун, сиэннэрин тапталларыгар бигэнэн, сылаас сыһыаннарыгар сылаанньыйан, олох дьолугар сууланан бочуоттаах сынньалаҥҥа олороруттан биһиги, аймахтара, үөрэбит, астынабыт. Эдьиийэ Маргарита Николаева. Татьяна Никифоровна 60 сааһыгар, 2020 сыл, саҥа дьиэлэригэр Татьяна Никифоровна кэргэнин Иван Петрович оҕолорун кыра саастарыттан бэйэтин оҕолорун курдук көрөн истэн улаатыннартаабыта.
Хаартыскаҕа Мииринэй куоракка олорор, үлэлиир Анатолий Иванович дьиэ
кэргэнэ: хаҥас кийиитэ Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх кыыс, Екатерина, ыал
улахан оҕото Анюта, салгыы кыра кыыстара Зоя, уоллара Айсен, дьиэ
баһылыга Анатолий. Улахан кыыс Марианна Уһун Күөлгэ олорбута аттыгар кэргэнэ Спартак сиэннэрин көтөҕөн олороллор Кыра кыыс Надежда Ивановна, Дьокуускайга олорор, 2№- дээх республиканскай балыыһаҕа медсестраннан үлэлиир. Суруйда убайа Валерий Степанов |
|