12:59 Тэҥкэ бастакы баһылыга |
Тэҥкэ бастакы баһылыга
Тэҥкэ
нэһилиэгин сирэ-уота Бүлүү эбэбит быттыгар-хонноҕор саһыаран сытыарар кэрэ
айылҕатынан да, өҥ буорунан да былыр былыргыттан дьон-сэргэ түөлбэлээн
олохсуйарыгар, сүөһү-сылгы ииттэн, бултаан-балыктаан олоҕун оҥосторугар анаан
Ийэ айылҕа чочуйан оҥорбут сиринэн буолар.
Григорий
Иванович Игнатьев 1951 сыллаахха кулун тутар 26 күнүгэр Куокуну нэһилиэгин
Кириэстээҕэр күн сирин көрбүт. Ийэтэ Игнатьева (Николаева) Александра
Васильевна 1901 сыллаах төрүөх, Куокунуттан силистээх-мутуктаах Куобах Баһылай
аҕатын ууһуттан төрүттээх дьахтар эбит. Александра Васильевна 1933 сыллаахха
Николаев Баһылай диэн киһиэхэ сокуоннайынан кэргэн тахсан, Кирииһэттэн 17 сыл
аҕа Мааппа диэн кыыс оҕолоох эбит, ол кыыһа төрөөбүтүн кэннэ сатаспахха
арахсыбыттар. Григорий Иванович ийэтэ Александра Васильевна оччотооҕу тыа сирин
үгүс дьахтарын быһыытынан, кыайыылаах-хотуулаах үлэһит үтүөтэ, асчыт мааныта
эбит. Ол курдук, холкуоһугар стахановец аатын үрдүктүк сүгэрэ, сэрии сылларыгар
хоннохтоох от охсооччу быһыытынан кими да иннигэр түһэрбэтэ үһү. Ону сэргэ,
өрүскэ бөрүгүөччүтүнэн, кирпииччэ үктээн, мас кэрдэн үлэлээн ааспыта. Кирииһэ уол ийэтэ Александра Васильевналыын Сэрии кэмин суостаах, аас-туор сылларыгар кыыстаах ийэ Кыайыы туһугар диэн сарсыарда тыҥ хатыаҕыттан им сүтүөр диэри холхуос хотонугар, от-мас тиэйиитигэр дьүккүөрдээх үлэлэрэ үрдүктүк сыаналанан, Александра Васильевна кыыһа Мааппалыын иккиэн Сталин төбөлөөх мэтээлинэн Улуу Кыайыы сылын өрөгөйдөөх ыһыаҕар наҕараадаламмыттар. Александра Васильевна бастаан холкуоска ыанньыксытынан, от-мас тиэйиитигэр онтон сааһыран баран сельпоҕа биэкэринэн үлэлээн, 65 сааһыгар уола 9-с кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, сэрии аас-туор сыллара доруобуйатын айгыратан, сирдээҕи олохтон бараахтаабыта. Гриша уол Маар Күөлгэ 8-с кылаастаах буола улааппыт оскуоланы бастакынан бүтэрэн, онтон 1966 сыллаахха ийэтэ өлбүтүгэр Тэҥкэ күтүөтэ буолар ыйааҕа тардан, биэлсэр үөрэҕин бүтэрэн Тэҥкэҕэ ананан кэлэн үлэлии сылдьар эдьиийигэр Мааппаҕа көһөн кэлэн олорбута. 1968 сыллаахха орто оскуола статуһун ылбыт Бордоҥ орто оскуолатын бастакы бүтэрээччилэр кэккэлэригэр киирэн, олох киэҥ аартыгар үктэнэн, учебнай кэмбинээккэ үөрэнэн, суоппар идэтин баһылаабыта. Марфа Васильевна ити кэмтэн ыла олоҕун бүтүннүү доруобуйа харыстабылыгар анаан, Тэҥкэ кэнниттэн Кириэстээх балыыһатыгар үлэлээн, үлэ бэтэрээнин, «Доруобуйа харыстабылын туйгуна» бочуоттаах ааты үтүө суобастаах үлэтинэн сүгэн, сынньалаҥҥа тахсан олоҕун тиһэх күнүгэр диэри быраатын Кирииһэ дьиэ кэргэнигэр сылаастык-сымнаҕастык хараллан, 2017 сыллаахха 83 сааһыгар орто дойду олоҕуттан араҕан, Тэҥкэҕэ харалла сытар. Хомолтолооҕо диэн, кэргэн тахсыбакка, кэннигэр аатын ааттатар оҕо-уруу хаалларбакка барбыта. Николаева Марфа Васильевна Оскуола кэнниттэн сытыы-хотуу уол бастаан оробуочайынан, уу таһар массыына суоппарынан үлэлии сырыттаҕына, «Бордоҥ» сопхуос дириэктэрэ Степанов Петр Николаевич ханнык да үлэттэн иҥнэн турбат, тобуллаҕас толкуйдаах уолу таба көрөн, бастаан от звенотугар звеноводунан, онтон 1990 сылтан биригэдьииринэн анаан, салайар үлэ ымпыгар-чымпыгар үөрэтэн үүннэрэн испитэ. Григорий Иванович ханнык да үлэттэн толлон турбат кыахтаах үлэһитин, ийэтин удьуордаан хоннохтоох от охсооччутун дьонугар-сэргэтигэр 1986 сыллаахха Бордоҥҥо тэриллибит от үлэтин күүлэйигэр көрдөрбүтэ. Ол курдук, бу күүлэйгэ илии хотуурунан икки гааттан тахсаны охсон нэлэһитэн, эрэллээхтик бастаабыта. Уопсайынан, бу күүлэйгэ тэҥкэлэр, чуолаан Матросовтар аймах, кыахтаахтарын көрдөрбүттэрэ. Ол курдук, оскуола оҕолорун ортотугар илиинэн от охсууга Валентина убайа, Демьян Арьянович уола Матросов Саша, дьахталлар ортолоругар от мунньааһыныгар Матросова Клавдия Арьяновна, онтон ДТ-75 тыраахтарынан от кэбиһиитигэр Демьян Арьянович Матросов иннилэрин кимиэхэ да биэрбэтэхтэрэ. Манна ахтан аастахха, Демьян Арьянович салалтатынан «Бордоҥ» сопхуос механизатордара Саввинов Павел Николаевич, Алексеев Валерий Кириллович, Федотов Иннокентий Николаевич, Сидоров Валерий Николаевич уонна Моякунов Коммунар Январьевич ити ыһыллыы-тоҕуллуу сылларыгар кылгас кэмҥэ Тэҥкэ-Бордоҥ суолун сопхуос салалтата Мииринэй алмаасчыттарын кытта кэпсэтиһэн аҕалтарбыт модун кыахтаах Т-180 тыраахтардарынан кылгас кэмҥэ астаран оҥоро охсубуттара оччотооҕу дьон үлэҕэ эппиэтинэстэрэ, дьулуурдара үтүө холобурунан биһиги өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр үйэлэргэ хаалыа турдаҕа. Хомолтолооҕо диэн, ол астарыллыбыт суолга сопхуостар ыһыллыыларын гравийа ситэри кутуллубахха хаалбыта. Кэнники бэйэтэ суоппар идэлээх Сидоров Афанасий Прокопьевич икки болдьоххо баһылыгынан олорон, аҕыйах биэрэстэ сиргэ гравий куттарбыта. Онон холбоон-илбээн, син аҕыйах биэрэстэ сир гравийа кутулла илигэ ситэрэ буоллар, суол боппуруоһа бүтэһиктээхтик быһаарыллан, нэһилиэнньэ абыраныа этэ. Билигин суол куһаҕанын суотугар нэһилиэнньэ Сунтаарга киирэн тахсарыгар аҥардас айанын ороскуота тыһыынча солкуобайга тиийэр.
Григорий Иванович баһылыктыыр кэмэ сэбиэскэй былаас эстэн, дойдуга ыһыллыы-тоҕуллуу, сатарыйыы саамай үгэннээн турар кэмигэр сөп түбэһэн, оччотооҕу сылы-сыллаан хамнас кэлбэт кэмигэр үлэ-хамнас улаханнык атахтанара. Аны чох тиэйтэриитэ, уу баһааһына, оттук боппуруоһа ыраах кытыы сытар нэһилиэккэ улахан кыһалҕаны үөскэтэрэ. Онно эбии хочуолунайыгар оттук маһын бэлэмнэтэригэр хамнас төлүүр кыаҕа суох буолан, уолаттарын, табаарыстарын түмэ тардан ойууртан мас бэлэмнээн үгүстүк түбүгүрбүтэ, сүүрбүтэ-көппүтэ. Кылаабынайа, ол кэмнээҕи өрө-таҥнары ытыллыылаах уустук сылларга Григорий Иванович дьонун-сэргэтин биир сыалга-сорукка түмэн, үөрүүлэрин-хомолтолорун тэҥҥэ үллэстэн, нэһилиэгин кырдьаҕас, кыаммат дьонун көрөн-истэн, ол дьалхааннаах 90-с сылларга нэһилиэгэ, дьоно-сэргэтэ улаханнык уйулҕата хамсаабакка этэҥҥэ туоруулларыгар үгүс сыратын уурбута. Нэһилиэк түмсүүлээҕин 1996 сыллааҕы бэрэсидьиэн быыбарыгар М.Е.Николаев иһин нэһилиэк 100 бырыһыан куолаһы биэрбитэ да туоһулуур. Кинини кытта дьаһалтаҕа уһун кэмҥэ Индеева Зинаида Николаевна исписэлииһинэн үлэлээн ааспыта. Манна барытыгар Григорий Иванович кэргэнэ Валентина Арьяновна өйөбүл-тирэх, сүбэ-ама буолан, кэргэнин санаатын бөҕөргөтөн, күүс-көмө, тирэх буолбута. Үгүс ахсааннаах сылдьар ыалдьыкка, хонор хоноһоҕо барыларыгар сылаас чэйин тардан, ас арааһын астаан, күн бүгүнүгэр диэри куруук үгүс хоноһолоох, ыалдьыттардаах буолаллар. Кинилэргэ сылдьыбыт ыалдьыт бары хаһаайка эйэҕэһиттэн, асчытыттан астынан арахсаллар уонна инникитин Тэҥкэҕэ тиийдэллэр эрэ, кинилэр дьиэлэрин тумнан ааспат буолааччылар. Кирииһэлээх Валя биэс-алта сыл билсиһэн, ньэмнэрин билсэн, тапталлара ууну-уоту ортотунан, тургутууну ааһан, 1976 сыл күһүнүгэр сокуонунан холбоһон, Тэҥкэҕэ олохсуйбуттара. Доруобуйаларын туруга көҥүллүүр эрдэҕинэ сүөһү-сылгы иитэн, үлэлээн-хамсаан, ыал буолан, түөрт уол оҕону күн сирин көрдөрөн улаатыннартаан, олохторун түстээн ыал оҥортоон, олох киэҥ аартыгар үктэннэртээтилэр. Валентина Арьяновна оскуола кэнниттэн ыччат-хомсомуол пиэримэтигэр ыанньыксыттыы сылдьан, 2000-лаах кирбиини лаппа аһара түһэн, Комсомол Киин кэмитиэтин «Пятилетка эдэр гвардееһа» бэлиэтинэн наҕараадаланан, эдэр эрчимнээх сааһа үлэ үөһүгэр ааспыта. Өссө да саҥаттан саҥа саҕахтары, үрдүктэн үрдүк кирбиилэри ситиһиэ эбитэ буолуо да, сэбиэскэй систиэмэбит эстэн, сопхуостар ыһыллан барбыттара. Инньэ гынан Валентина Арьяновна эргиэн систиэмэтигэр көһөн, биэкэринэн үлэлии сылдьан, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Игнатьевтар үүтээннэрин таһыгар Валентина Арьяновна тыа сирин
дьахтарын быһыытынан сатаабатаҕа, кыайбатаҕа диэн суох. Ханнык баҕарар үлэ
буоллун барытыгар ылсан иһэр. Аны туран кэрэ аҥаардартан биир уратылаах: сааскы
кустан саҕалаан күһүҥҥү кустааһын, куобахтааһын кэмигэр Валентина Арьяновна
өйдүүн-санаалыын утуйар уутун умнан туран, булт умсулҕаныгар ылларар кэмнэрдээх
этэ. Онто билигин атаҕа ыалдьарыттан моһуогуран эрэ уҕараан сылдьар.
Игнатьевтар түөрт уоллара бары туһунан ыаллар: Сунтаарынан, Бүлүүнэн,
Дьокуускайынан олохсуйан олороллор, оҕо-уруу тэнийэн аҕа ууһуттан тулаайах
хаалбыт Григорий Иванович ыччаттара Куобах Баһылай аҕа ууһун тэнитиэхтэрэ
турдаҕа. Сайыҥҥы өттүгэр уонна каникул кэмигэр сиэннэр кутуллан кэлэн
эбээлээх-эһээ сүрэхтэрин сылаанньыталлар. Итинник үлэлии-хамсыы сылдьан
Григорий Иванович 2003 сыллаахха тыа сирин сайдыытыгар сөптөөх үп көрүллэр
буолтун кэннэ, эдэрдэр нэһилиэк уруулун тутан билиҥҥи олох хаамыытыгар сөп
түбэһиннэрэн, нэһилиэкпитин үүннэриҥ-сайыннарыҥ диэн санааттан бэйэтэ этии
киллэрэн туораан биэрбитэ. Тэҥкэ саҥа талыллыбыт баһылыга Светлана Николаевна Игнатьева Тэҥкэ нэһилиэгин баһылыгын бу ааспыт быыбарыгар Григорий Ивановичтаах үһүс уолларын кэргэнэ Светлана Николаевна Игнатьева Бүлүү улууһун II-с Күүлэтигэр иккис болдьоҕор быыбарданан таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьан, икки сиринэн олох олорон ырыта тыытыллар кыһалҕаттан кэлэн, баһылык быыбарыгар кыттан, итэҕэтиилээхтик кыайан баһылыгынан талылынна. Светлана Николаевна иһин нэһилиэнньэ 99 бырыһыан куолаһын биэрэн, улахан итэҕэллэрин биллэрдилэр. Нэһилиэк сайдыытыгар тирэх баар. Ол курдук, Светлана Николаевна кэргэнэ Павел Григорьевич бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлэрин хоннохтоохтук саҕалаан, Тэҥкэ сиригэр олохтоохтук ылсыстахха барыстаахтык үлэлиэххэ сөбүн хаһаайын үлэтинэн-хамнаһынан дакаастыы сылдьар. Ол курдук, хаһаайыстыбатыгар 80-тан тахса сылгылааҕыттан 50-тан тахсата биэ; 12 төбө ынах сүөһүттэн 5 төбөтө ыанар ынах. Уонна үс хас сылтан бэттэх өрүс уҥуор урукку быраҕыллыбыт Оторуус бааһынатын сирин оттоон, от үүммэтэх сирдэригэр атыылаан, сороҕун ыччат сүөһүгэ атастаһан, ону уотан эт оҥорон атыылаан дохуот киллэринэллэр. Холобур, былырыын 600-чэ туонна оту оттообуттара. Манна барытыгар ыал ийэтэ көмө-тирэх, сүбэ-ама буолара саарбаҕа суох. Эдэр фермер Эрсан Игнатьев Ити курдук, Тэҥкэ нэһилиэгин бастакы баһылыга Григорий Иванович дьэ, санаата нус-хас буолла. Мантан инньэ нэһилиэк дьылҕата эдэр, эрчимнээх, инникигэ элбэх былааннардаах илиигэ киирэн сайдыа, чэчириэ, аата-суола дорҕоонноохтук иһиллиэ диэн бары да эрэнэ хаалабыт Валерий ИЛЛАРИОНОВ.
|
|