Меню сайта
Погода республики
Наш опрос
Статистика
Онлайн всего: 4
Гостей: 4
Пользователей: 0
Форма входа
Поиск
Внимание
Архив записей
Друзья сайта
Главная » 2021 Апрель 29 » Тэҥкэ Күрүүкэптэрэ
03:01 Тэҥкэ Күрүүкэптэрэ |
Тэҥкэ Күрүүкэптэрэ «Купцы, миссионеры и царские чиновники презирая народ, обирая, спаивая, обманывая,они довели до вымирания и поставили в условия вырождения народностей Севера» Е.М. Ярославский
Бордоҥ оскуолата кыыспар Тэҥкэ атыыһыттарын туһунан дакылаат
суруттарбыттарын былыргыны хастараллар диэн бастаан сөбүлээбэтэҕим
эрээри, Күрүүкэптэри туох да аймахтарым буолбатах да буоллар,
сэргээммин салгыы ылыстым. Мин былааһы утары барбыт дьону буруйдара суох
диэбэппин, кинилэр буруйдарын бэйэлэрин кэмнэригэр толору
боруостаабыттара. Кэнники аһыллыбыт өрө туруу биричиинэтин ырыппыт
архив докумуоннарыгар олоҕуран, ол кэмнэри атын хараҕынан көрөр
буоллубут. Тэҥкэҕэ Крюковтар сэбиэскэй да саҕана
дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэллэрэ. Тэҥкэ оскуолата 1930 - 1960 с.с.
Крюковтаах улахан дьиэлэригэр үлэлээбитэ, элбэх ыччат үөрэммитэ, бу
дьиэ кэлин кулууп буолбута. Икки ампаар ыккардыгар баар улахан
подваллара үчүгэй туруктаах буолан 90–с сылларга дылы колхоз, совхоз
туһана турбута, сэбиэскэй былаас эстэн кырдьык дагдайан күлүүс тылын
Варвара Трофимовна туппута. Кинилэр сайылыктарын фермалар, бостууктар
туһаналлара. Биир дьиэлэрэ Сунтаарга көһөрүллүбүт курдук. Билигин
бүтэһик ампаардара сарайданан, күрүөлэнэн көрүүгэ-харайыыга турар.
Татьяна Трофимовна аата дойдутугар билиҥҥэ дылы тыыннаах. Тэҥкэҕэ
Күрүүкэп аатынан уулусса баар буолла. Онон кинилэр нэһилиэк
устуоруйатыгар бигэтик киирэ сылдьаллар. Трофим Васильевич Павлов (Попов) (1845 с. – 1926 с.) Билигин республика үрдүнэн былыргы атыыһыттар ааттара дорҕоонноохтук иһиллэр буоллулар. Кинилэр тустарынан саҥаттан-саҥа матырыйааллар тахса тураллар. Биир оннук үлэнэн СВФУ кафедратын сэбиэдиссэйэ, бу университеты 2005 с. бүтэрбит А.А. Моякунова 2018 с таһаарбыт "Тэрэппиин атыыһыт суола" диэн кинигэтэ буолар. Былыр нэһилиэк аайы бэйэлэрэ баай киһилээхтэрэ. Татьяна Трофимовна аҕата Трофим Васильевич Бүлүүчээн нэһилиэгин дьадаҥы ыалын оҕото эрээри, бэйэтэ сыыдам сырыытынан, өркөн өйүнэн, сатабылынан, үксүн аймахтарын түмэн үлэлэтэн байбыта. Сахалыы токкуйдаах, кытаанах сүрүннээх, далааһыннаах тэрийээччи эбит. Мэйик нэһилиэгин төрүттээччитэ, улуус сайдарыгар улахан үтүөлэрдээх. Мэйиккэ 1890 с. "Школа грамоты" уонна Бүлүүчээҥҥэ 1897 с. чааһынай оскуола астарбытын туһунан "Сунтаар сонуннара” суруйбута. (13.03.2013 с. ) Улууска, Саха сиригэр элбэхтик үбүнэн көмөлөһөрүнэн биллибитэ. (НС РС ф226.Оп.2.Д.5456Л.6-7) Оҕолоро бэйэтин батан бары дьоҕурдаах, дьаныардаах дьон этилэр. Барыларын үөрэхтэтэлээн, үлэҕэ сыһыартаан, дойдуларын сөбүлүүр дьону иитэлээбитэ. Татьяна Трофимовна Крюкова (02.01.1882 с. – бэс ыйа 1962 с.) Бу ыал иэдээнэ, норуот иэдээнэ буолар. Революция миэлиҥсэтэ хас киһини хаарыйан, төһөлөөх ыалы сиэн барбыта билигин биллибэт. Саҥа былаас Таанньалаах 21 саастаах соҕотох оҕолорун Бүөтүрү 1921 с. утарыласта диэн өлөрбүттэрэ уонна туох баар баайдарын былдьаан ылбыттара. 1926 с. кыһыллартан кыыллыы кырбаммыт аҕата Тэрэппиин өлөр. Бу кэмҥэ Тэрэппиин оҕонньор уоннарын туола илик 4 кыра оҕолордооҕо. 1930 с. ахсынньыга бултуу сылдьар убайын П.Т.Павловы өлөрөллөр. Үөрэнэ барбыт уонна сураҕа суох сүппүт быраата Георгийи Кытай границатыгар өлөрбүттэр үһү диэн сурах кэлэр. 1930 с. кэргэнин Луканы туталлар уонна онтон төннүбэтэҕэ. Бүлүүгэ олорбут быраата Михаил дьоннорун ыарахан дьылҕаларыттан мунчааран доруобуйата кэбирээн, 1930 с. сыллаахха өлбүтэ. Таанньа 1930 с. ахсынньы 15 к. УК 58-10–с ыстатыыйатынан туталлар, ол эрээри 1931 с. олунньу 28 к. кыайан билиннэрбэккэ буолуо, ыыталлар. Саха АССР финансатын наркомунан үлэлээбит "бандьыыт Павлов” уолун Андрей Павловы уһаппатахтара, 1932 с. оһолго түбэһэн өллө диэн буолбута. Таанньаны хаста да туппуттара диэн суруйаллар, 1933 с. тутан, сууттаан 2 сыл хаайыыга сытан кэлбитэ. Бу кэмҥэ аны донуостааһын тарҕаммыта, ким эбит кистээн хобулаан биэрдэ да түбэһэҕин. Атыыһыт мааны кыыһа хаһан кэлэн тутуохтара биллибэт ыар кэмнэргэ, төһө да хоруобун эрдэттэн оҥотторон уура сыттар, сэбиэскэй былаас уйулҕаны хамсатар ынырык охсууларын тулуйан күүстээх санаатын ыһыктыбакка, былааска төбөтүн хоҥкуппакка, дьоннорун ааттарын түһэн биэрбэккэ олорбута. А.А. Моякунова кинигэтигэр сурулларынан, 1933 с. Крюкова Т.Т. репрессияламмыт дьыалата архивка харалла сытар эбит. (НА РС(Я)Ф. 755. Оп. 2. Д. 99. Л. 17-21. Подлинник. Рукопись) Мантан көстөрүнэн, Крюкова Татьяна, 51 саастаах. Н/сэбиэт былаанын 2 буут бурдук ыһыллар буолатын хаһыахтааҕын толорботох, 3 дэһээтинэ сиртэн 300 буут (5.6тн) оттуохтааҕын 200 бууту оттообут. Түүлээххэ 75 шт моҕотой туттарыахтааҕын толорботох. Роман Данилов 63 саастаах, күүһүнэн мөлтөх. Н/сэбиэт дьаһала: 0.5 га бааһынаны хорутуохтааҕын, 5 га сиртэн 500 буут от оттуохтааҕын, 125 моҕотой бултуохтааҕын толортооботох. Бэйэлэрин көрдөрүүлэригэр аһыыр аспыт
суох, улэлиир тэрилбит суох, ыарыһахтарбыт, атын дьоҥҥо кыбыллан
олоробут диэбиттэрин уонна ыалдьаллар диэн ыспыраапкалаахтарын үрдүнэн
партия биэрбит дьаһалын толорботулар диэн, УК 3 ч. 61 ст. олоҕуран
2-лии сылга хаайыыга ыыталыырга уураахтаабыттар. Көҥүлгэ хаалаллара
социальнай кутталлаахтарынан, приговор тахса илигинэ Бүлүүгэ ыыталыы
охсорго дьаһайбыттар. Дьэ хайдаҕый, моҕотойунан кыайталаабыттар. Бу манна кэпсэнэр Роман Данилов Бордоҥ олохтооҕо элбэх ыччаттардаах Мотрена Семеновна Петрова эһэтэ. Мотрена Семеновна 2003 с. суруйбут ахтыыта: "Крюков Лука уонна мин эһээм Данилов Роман Иванович иккиэн табаарыстыылар этэ. Иккиэн биирдии ынахтаах тулаайах эмээхситтэр уолаттара. Мин эбээлээх эһэм Крюковтарга атыыһытынан үлэлээбиттэрэ. Лукалыын Ленскэйинан, Бодойбонон сылдьан нууччалыы ыраастык саҥараллара уонна өй-санаа өттүнэн сайдыылаахтара, сөбүлээбэтэхтэрин куттаммакка этэллэрэ. Ону саҥа былаас сөбүлээбэтэҕэ, утары саҥардыҥ да эн кулаак, бандьыыт диэн дьаралык түһэрэллэрэ. Онон үчүгэй да дьон репрессия долгунугар түбэспиттэрэ, дьиэлэрин, баайдарын былдьаталаан ылбыттара. Эһэм эмиэ Татьянаны кытта бииргэ 2 сыл хаайыыга олорон кэлбитэ. Дойдутун дьонноро Татьяна Трофимовнаны аһара убаастыыллара. Халыҥ баҕайы дьахтары төрөтүү туһунан балыыһа кинигэлэрдээҕэ, миигин кини акушердаан төрөппүт. Икки сыл хаайыыга олорбут кэмигэр Оторууска оҕолоноору дьахталлар өлбүттэр, баара буоллар өлүөхтэрэ суох үһү. 1946 сыллаахха мин бырааппын төрөппүтүн өйдүүбүн, ийэбит аһара эрэйдэнэн оҕоломмутун быыһаан турардаах. Онон биһиги дьиэ кэргэн үйэбит туххары киниэхэ махталбыт улахан. Ол кэннэ ийэлэр дьиэҕэ төрүүллэрэ уурайан, балыыһаҕа оҕолонор буолбуттара. Кэлин киниттэн баран сүбэ-ама ылан кэлэллэрэ, дьиэҕэ сылдьан эмтээбэт буолбута. Сүрдээх сэрэхтээхтик туттара." Хаайыыттан Таанньа туох баар бырааба быстан кэлбитэ. Ол саҕана маҕаһыынтан бородууктаны үлэлиир эрэ киһи карточканан ылара, онон ытыһын тоһуйан сырыттын диэн ыыппыт буолуохтаахтар. Сэрии кэмигэр оҕуруот аһын үүннэрэргэ, сир аһын хаһаанарга үөрэтэн, муҥханан балыктаан Тэҥкэлэри аччыктааһынтан көмүскээбитэ. К. Кириллин уура сылдьар 1948 с. сэтинньи 20 күнүгэр Таанньа Моисейга уонна Нинаҕа суруйбут суруга: «...работаю во всю, послала 10 кг масла сыр, 45 кг рыбы и лук прошу послать 250 руб денег...” ("Орто Дойду” х. 10.04.2008.) Сталин кытаанах режимин кэтэбилигэр сылдьан, хааныгар баар харчы оҥорор баардааҕа тардан хайдах курдук эргитэ сыппытый! 1949 с. Г.Х. Файнштейн Тэҥкэҕэ алмаас көстүбүт сураҕын быһаарса, анаан-минээн Татьяна Трофимовнаҕа кэлэ сылдьыбыт. Ол туһунан Москваҕа тахсыбыт "АЛРОСА. Прошлое и настоящее” дьоһуннаах кинигэҕэ суруллан, кинилэр ааттара алмаас историятыгар киирдэ. Алмаас көстүбүтүн 30 сыл эрдэ былаастарга биллэрбиттэрэ буоллар алмаастаах сири булуу сүүрбэччэ сыл эрдэлиэ этэ диэн, бу кинигэҕэ баар. Онон алмааһы көрдөөһүн Тэҥкэттэн саҕаламмыта мээнэҕэ буолбатах. Таанньа экспедиция кэлбитигэр балык, оҕоруот аһа, үүт атыытын тэрийэн күннээбитэ. База начальнига И.С. Тюмянцев онно махтанан, "Рыбачка Таня” аатын үйэтитэн Оторууска сыппыт сирдэрин "Рыбачий поселок” диэбитэ, Ырбаачай диэн аатынан билигин биллэр. Ол саҕана тууннэри-күнүстэри үлэлиир икки фабрикалаах, оскуолалаах, пекарнялаах, самолет түһэр бөһүөлэгэ этэ. Тэҥкэ оскуолатын саамай үчүгэй үөрэнээччилэрэ Оторууска нуучча оҕолорун елкатыгар тахсан подарок ылан дьоллоноллоро. Тэҥкэттэн кимберлит булан, алмаас баар эбит диэн, ону ирдээн үөһэ барбыттара. А.А. Моякунова кинигэтигэр баар ахтыыга, Данилов Петр Максимович диэн билигин суох саха геолога Москваҕа геология Киин архыыбыгар урукку дьыалалары хасыһа сылдьан, биир докумуону аахпытын сөҕөн кэпсээбит. Саха сиригэр алмаас көстүбүтүнэн сибээстээн Судаарыстыбаннай наҕараадаҕа түспүт дьон испииһэгэр, Ленин орденыгар түһэриллибиттэргэ Т.Т. Павлова (Крюкова) аата баар эбит, ону хамыыһыйа аккаастаабыт. Үһүйээн курдук кэпсээнинэн, Татьяна убайдарын кэпсээнинэн алмааһы булбут Мииринэй оройуонугар, уруккута Садын Чуонатын диэки, бултуур сирдэрин ыйан биэрбитигэр, экспедиция онно көһөн тиийбит. Алмаас көстөрүн түргэтэтэн ороскуоту аҕыйаппытын иһин диэн, наҕараадаҕа түһэрбиттэр. Бу докумуон көстөрө буоллар. Петрова Христина Гаврильевна кэпсииринэн, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан переменаҕа Таанньалаахха сылдьаллар эбит. Уҥкучахтан таһааран сойбут холбуй үүт биэрэрин билигин аһара махтана саныыр. Ол саҕана холбуй үүт да күндү ас этэ. Галина Гаврильевна Тэҥкэҕэ олоро сылдьан Крюковтар тустарынан араас кэпсээни истибитэ эрээри, Таанньа туһунан куһаҕаны кэпсээбиттэрин истибэтэх. Мин Татьяна Трофимовнаны көрбөтөҕүм эрээри, кэлин олорбут дьиэтэ умайбытыгар баар этим. Дьоннор "Умайбыт дьиэтин оннугар косынката умайбакка хаалбыт, арааһа кэлэ сылдьыбыт быһыылаах" диэн кэпсэтэллэрин истибитим. Таанньа эмээхсин дьонугар-сэргэтигэр эмчит, иистэнньэҥ, оҕуруочут, балыксыт, муҥха баайааччы, эмтээх оту туһанааччы дьоһун-мааны майгылаах хотуннарын курдук үчүгэй өйдөбүлү хаалларбыта. Тэҥкэлэр үтүө санааларын көмөтүнэн 81 сааһыгар тиийэн, 1962 с. балтыгар, ыкса ыалларыгар хараллан өлбүтэ. Үтүө аат сүппэт. Павлова Варвара Трофимовна (1916 - Таанньа аҕата Тэрэппиин атыыһыт өлбүтүгэр кини кыра кыыһын, балтын Барбаараны ииппитэ. Мин Барбаара туһунан Сунтаарга баар сиэниттэн, хос сиэниттэн ыйыталаспытым, Варвара Трофимовна ыйыттахха даҕаны тугу да кэпсээбэт эбит, ыйытымаҥ диир үһү. Варвара Трофимовна кэнники кэргэнэ Боротов И.А. биригэдииринэн, звеноводунан эҥин үлэлиирэ, Баара ол кэмҥэ "пионер” моторканын бэйэтэ ыытан Оторууска тахсан сиэннэрин кытта оттууллар эбит. Кэлин биһиги Оторууска үлэлиирбит саҕана эмиэ оттууллара, хортуоска эҥин бэрсээччилэр. Петр Соноров (Бабаай) совхозка уһанара, араас үлэҕэ сылдьара. Аһара хаачыстыбалаахтык, бөҕө-таҕа гына оҥорор мас ууһа этэ, Дмитрий Спирдоновичка анаан оҥорбут тардардаах, туумбалаах дьоһуннаах учууталын остуола биһиэхэ баар. Валерий Дмитриевичтаахха сиэдэрэй кэннилээх улахан ыскамыайката, Дималаахха эбиэдэннэй остуола билигин да туһалыы сылдьаллар. Дмитрий Спиридонович Петяны буукубалары илииннэн көрдөрөн кэпсэтэргэ үөрэппит. Отой хойут Валерий Дмитриевич Тэҥкэҕэ Бордоҥ оскуолатын ЛТО-тын салайан үлэлэтэ сылдьан Петрдыын илииннэн кэпсэппиттэр, кыраабыл сакаастаабыт. Өкүүсэ уола кэлбит диэн аһара үөрэн, мааматыгар баран кэпсээбит. Аһара үчүгэй худуоһунньук, мас ууһа, үлэһит баҕайы киһи уонна биһигини атаахтатар этэ диэн, Лидия сиэннэрэ Бүөтүрдэрин эмиэ аһара сылаастык ахталлар. Сонорова Лидия Андреевна Лидия 1964 с. Сунтаарга көһөн киирэн, балыыһаҕа үйэтин тухары
сиэстэрэнэн үлэлээбит. Трофимов Семен Егоровичтыын холбоһон 4
оҕоломмута. Билигин 14 сиэнэ, 7 хос сиэнэ олоҕун салгыыллар.Христина Тумуһукааҥҥа олордохторуна сылдьар ыала эбит, Лидияны Сергей Зверев ансаамбыгар үҥкүүлээбитэ диэн ахтар, онно отой үчүгэйдэри ылар буолуохтаахтар. Лида Мария Акимова, Ким Кымнья диэн үҥкүүһүт кыргыттары кытта доҕордоһор эбит, кыргыттар дьиэтигэр сылдьаллар эбит. Ыарытыйар буолан уурайбыт. Борис Николаевич билэринэн, Лида окко от тэпсээччинэн үөһэ туран, ырыа-тойук бөҕөнү түһэрэр бэһиэлэй баҕайы кыыс эбит. Лидия Тэҥкэ кулуубугар үлэлии сылдьыбыт. Сайыҥҥы өттүгэр ийэтинээн оҕуруоччуттар биригээдэлэригэр киирэн хортуоска, хаппыыста олордоллоро. Дьэ манна эбэлэрин үүнээйигэ үөрэҕэ үрдүк үүнүүнү ыларга туһалаатаҕа. Хортуосканы Сунтаартан оҕолор тахсан хомуйаллара уонна баржанан Сунтаарга киллэрэллэр эбит. Ордугун оттуллар икки подвалга ууралларын, кыһын Миирнэйтэн тимир оһохтоох, бүрүөһүннээх массыына кэлэн тиэйэн барар эбит. Кэлин биһиги үөрэнэрбит саҕана да, билигин пилорама турар томторугар хаппыыста үүнэрэ, хортуоска хомууругар сылдьааччыбыт. С.А. Зверев – Кыыл Уола талааннаах оҕолору нэһилиэктэринэн кэрийэ сылдьан көрдүүр эбит. Тэҥкэҕэ кэлэ сылдьыбыта биллэр. Тэҥкэттэн Лидия Андреевнаны кытта Михайлов М.М. талбыт. Мыреева А.Г. эмиэ истибит, баҕар саастаах диэн ылбатаҕа буолуо. Тэҥкэ ыччата Степанов С.Ф. эмиэ Сибиэрэпкэ үҥкүүлээбитэ. Бу туох да үөрэҕэ суох киһи талаанынан эрэ, өссө 1947 с. Москва улуу Улахан театырыгар үҥкүүлэрин туруорбута. 1957 с. Москваҕа Кремль дыбарыаһыгар Аан дойду фестивалыгар аатырбыт үҥкүүтүн таһаарбыта. Сергей Зверев хос эһэтэ Ньурба I Бордоҥун Кыыл Ойууна, онон төрдүгэр ойуун баар. 9 сааһыттан атах балай сылдьан, аны Ньыыкан Васильевтыын эҥэрдэһэн хомуһуннара аһыллыбыт, "Уоттаах ойууттар” диэн ааттаммыттар. Дүҥүрүн Уус Батаак диэн, ойууну кытта биир үрдүк кэрдиискэ турар ууска анаан оҥотторбута, бу бутафоруйа буолбатах тэрилигэр кутталлаах диэн, оҕолорун чугаһаппат эбит. Онон сценаҕа кыырарара дьиҥнээх ойуун илбиһэ этэ, сэбиэскэй ис органнары тарбаҕын иһигэр эргиппит, аатырыан аатырбыт кырдьаҕас эбит. Биирдэ юбилейнай тэрээһин кэмигэр, ол дүҥүрүн кэпсии турдахтарына, туох баар аппаратуралара үлэлээбэт буолан хаалбыт, ону бу дүҥүрү оҥорбут киһи аатын киллэрбэтэхтэрин иһин, Зверев баарын биллэрбит диэн быһаарбыттар. Бу үөһээ дойдулары кытта сибээстээх сүдү киһибит С.А. Зверев – Кыыл Уолун кытта Лидия алтыспыта. Лидия аймахтара бэйэлэрин архыыптарыгар уура сылдьар сэдэх хаартыскаларын Тэҥкэ историятыгар киирдин диэн таһаардылар. Мантан аллараа Лидия Андреевна атын кэмҥэ улааппыт сиэннэрэ, эбэлэрин туһунан үчүгэй баҕайытык суруйбут ахтыыларын билсиҥ: Үҥкүүһүт эбээбитинэн киэн туттабыт... Сонорова Лидия Андреевна 1959-1963 сс. С.А. Зверев-Кыыл Уолун ансаамбылын кытттыылааҕа. Сонорова Л.А. кулун тутар 2 күнүгэр 1942 сыллаахха Тэҥкэ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Варвара Трофимовна Павлов Трофим Васильевич Мэйик бөһүөлэгин аатырбыт атыыһытын кыра кыыһа. Төрөппүт аҕата Соноров Андрей Михайлович, 1919 с. төрүөх, 1943 сыллаахха ыам ыйыгар Аҕа дойду улуу сэриитигэр ыҥырыллан барбыт уонна эргиллэн кэлбэтэх. Андрей Михайлович сэриигэ барыан иннинэ Пионер колкуоска үлэлии сылдьыбыт. Лидия ииппит аҕата – Боротов Иннокентий Афанасьевич Бордоҥ нэһилиэгиттэн төрүттээх, сэрии кэнниттэн 50-с сылларга ыал буолбуттара. Иннокентий Афанасьевич сылгыһыт, мас ууһа, булчут сытыы – хотуу барытын суоттуу-учуоттуу сылдьар өйдөөх киһи этэ. Лидия Соноров Петр Андреевич диэн бииргэ төрөөбүт убайдаах. Петр сэрии кэмигэр иккилээх оҕо сылдьан тымныйан улаханнык ыалдьан, инбэлиит буолбут, кэргэнэ, оҕото суох. Петр уонна Лидия сэрии саҕана төрөөбүт оҕолор. Варвара Трофимовна сэрии ыарахан, аччык дьылларыгар кып-кыра икки оҕолоох эдэркээн ийэ аҕалара суох суос-соҕотох хаалбытыгар, бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Павлова-Крюкова Татьяна Трофимовна оҕолорун иитиһэн-көрсүһэн, улахан күүс-көмө, өйөбүл буолбута. Татьяна атыыһыт Тэрэппиин улахан кыыһа, кини бу олохтон туоруор дылы Варвара Трофимовналаахха олорбут. Татьянаны үрдүк уҥуохтаах, күүстээх, сытыы-хотуу, өйдөөх, ынырык үлэһит, элбэҕи билэр, сатыыр-оҥорор, Иркутскай куоракка үөрэммит фелдьшер үөрэхтээҕэ диэн ахталлар. Лидия ийэлээх аҕатын курдук сырдык хааннаах, кыраһыабай дьүһүннээх, уһун синньигэс уҥуохтаах, айылҕаттан имигэс – нарын хамсаныылаах, кэрэ куоластаах буолан, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан араас тэрээһиннэргэ ыллыыр уонна үҥкүүлүүр этэ. 1959 сыллаахха кулун тутар ыйга Бордоҥ нэһилиэгэр оройуоннааҕы "Айхалланнын үлэ” диэн эдэр ыччаттар ыккардыларыгар уус-уран самодеятельнай, культурнай эстафета буолбут. Онно Лидия Сонорова Грант Григорян тылларыгар, В.Николаев мелодиятыгар "Сахам сирэ барахсан” диэн хорга солистканан ыллаабыта, Петр Тобуруокап тылларыгар частушкалары аахпыта, сахалыы үҥкүүлэргэ үҥкүүлээбитэ. Бу фестиваль Лидияҕа култуура эйгэтигэр алтыһарыгар улахан хардыы, кынат буолбута. 1959 сыллаахха С.А. Зверев-Кыыл Уолун ансаамбылыгар кыттыыны ылан саҕалыыр. Бастакы холонуута "Суоҕалдьыйа Толбонноох” опера-балет туруорууга үҥкүүлээбитэ. Бу туруоруунан Дьокуускай куоракка эдэр ыччаттар республиканскай фестивалларыгар кыттыыны ылбыта. 1961-1963 с.с. Тэҥкэ бөһүөлэгин Култууратын дьиэтигэр сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьыбыта. С.А. Зверев – Кыыл Уола үҥкүүтүгэр нарын – намчы, сымнаҕас туттуулаах-хамнаныылаах кыргыттары талан ылар диэн ансаамбыл кыттыылаахтара ахтан суруйаллар. Ол кыргыттар быыстарыгар Лидия Андреевна баара. Бүтэһик үҥкүүлээбит үҥкүүлэрэ "Халлаан кыыһа”, "Сайылыкка” 1963 сыллаахха Дьокуускай куоракка бу үҥкүүлэринэн Саха сирин фестивалыгар ансаамбыл кыттыыны ылар, Дьүүллүүр сүбэ үрдүк сыанабылын, хайҕабылын ылан С.А. Зверев – Кыыл Уола улаханнык санаата көтөҕүллэн кэлэр. 1964 сыллаахха Лидия Трофимов Семен Егоровичка кэргэн тахсан, туөрт оҕону төрөппүт. Кэргэнэ, Семен Егорович идэтинэн инженер – физик. Бастакы оҕото соҕотох кыыс, Таисия Семеновна, 1965 сыллаах төрүөх. Кэргэнэ Еремеев Юрий Антонович, 7 оҕолоохтор, 4 сиэннээхтэр. Таисия эдэр сааһыттан атыы-эргиэн эйгэтигэр үлэлиир. Иккис оҕо – Семен Семенович, 1966 сыллаах төрүөх, кэргэнэ Трофимова Саргылана Кирилловна, 4 оҕолоохтор, сиэннээхтэр. Семен суоппар идэтинэн үлэлиир. Үһүс оҕо – Евгений Семенович, 1967 сыллаах төрүөх. Евгений армияҕа сылдьан Афганистан сэриитигэр кыттыыны ылан, эдэр сааһыгар олохтон туораабыта. Төрдүс оҕо – Константин Семенович, 1968 сыллаах төрүөх. Константин үс оҕолоох, икки сиэннээх, суоппар идэтинэн үлэлиир. Сунтаарга кылгас кэмҥэ доруобуйа харыстабылын алын улэһиттэрин үөрэҕэ аһылла сылдьыбытыгар, Лидия Андреевна сиэстэрэ идэтигэр үөрэммит. Ол кэннэ үйэтин туххары суһал ыҥырыкка оҕо сиэстэрэтинэн үлэлээбитэ. Кини үлэһит уонна үтүө санаалаах буолан, сүһал-ыксал түгэҥҥэ түүн да ортото ыҥырдахтарына сүүрэн барара. Лидия Андреевна оҕо эрдэҕиттэн бэйэтэ муру-муодунай таҥастары иистэнэрин сөбүлүүр эбит. Кэнники туөрт оҕотугар бэйэтэ иистэнэр, таҥаһы уларытар буолан, оҕолоро мэлдьи мааны таҥастаах курдук буолаллар эбит. Кини соҥҥо, суумкаҕа тиийэ тигэрэ, хоруоҥканан, сабынан быысабайдыырын сөбүлүүрэ. Хаһаайка быһыытынан олус ыраас, минньигэс асчыт бэрдэ, оҕоруот аһын, сибэккии арааһын олордоро. Сайын буолла да тиэргэнин иһэ, тас ааныттан саҕалаан, дьиэ ааныгар дылы толору сибэккии буолар. Кэргэнэ Семен Егорович эр киһи быһыытынан булчут, балыксыт бэрдэ. Мас ууһа буолан дьиэтин иһинээҕи-таһынааҕы мала-сала, туттар тэрилэ барыта бэйэтин оҥоһуга. Кэргэнниилэр тэҥ сөбүлүүр дьарыктаахтара: кинигэ, сурунаал, хаһыат ааҕыыта, таайыылаах боппуруостарга эппиэттээһин, айылҕаны кытта алтыһыы, музыка, ырыа. Лидия Андреевна 38 сааһыгар, 1980 сыллаахха соһуччу ыалдьан, олохтон туораабыта. Кэргэнэ Семен Семенович сүрэҕин аҥаарын суохтаан сыл кэриҥэ буолан, 1981 сыллаахха суох буолбута. Түөрт оҕо тулаайах хаалан эбэлэригэр, Лидия Андреевна ийэтигэр Варвара Трофимовнаҕа иитиллэн улааппыттара. Петр 2000 сыллаахха, Варвара Трофимовна 84 сааһыгар 2001 сыллаахха өлбүттэрэ. Кылгас кэмҥэ олорбут эбэбитин нарын, сэмэй, эйэҕэс-үтүө санаалаах, айар талааннаах хаһаайка мааныта этэ диэн мэлдьи ахта–саныы сылдьыахпыт. Суруйда Еремеева С.Ю. Лидия Андреевна сиэнэ Лука Егорович Крюков ( 1883 с. – 1931 с.) Галина Гаврильевна кэпсииринэн: "Крюков Тойбохой киһитэ. Тойбохой арҕаа өттүгэр Крюков атыытын-эргиэнин дьиэлэрэ турбут сирдэриттэн салҕыы бардахха Крюковтар өтөхтөрө диэн баар этэ, билигин бу өтөх мас үүнэн сүтэн эрэр”. Сунтаар Киин библиотеката 2006 сыллаахха таһаарбыт Тэҥкэ нэһилиэгин туһунан брошюратыгар сурулларынан Л.Крюков аҕата Е.И. Крюков 1892-1895 сс. Сунтаар улууһун баһылыгар кандитат, 1895-1898 сс. I Нөөрүктээйи нэһилиэгин старостата(кинээһэ) эбит. Петров В.Г. оҥорбут төрүччүтүттэн көрдөххө Лука Егорович түөрт бииргэ төрөөбүт балтылардаах эбит. Кэтэриинэ диэн балта Тэҥкэҕэ кэлэн олоро сылдьыбыт эҥин эбит. Бу Кэтэриинэ Владимир Гаврильевич, Афанасий Гаврильевич эбэлэрэ, өссө биир балтын Огдооччуйаны Алексеев Гаврил Егорович эбэтэ буолар. Онон Тэҥкэҕэ Матросов Владислав оҕолоро, Алексеев Спартак бэйэтэ, оҕолоро Күрүүкэп хаан сыдьааннара буолаллар. 40-ча саастаах Григорьев С.К. Бүлүүчээннэр, Наахаралар төрүччүлэрин түөрэ хаһан хас да улахан кинигэлэри таһаарбыт. Бу кинигэкэ баар Тэрэппиин атыыһыт туттарбыт Бүлүүчээнскэй Николаевскай таҥара дьиэтин метрическай суругар киирбитин, хаартыскаҕа түһэрэн ыыттылар. Биһиги маннык уоллаахпыт буоллар. Крюковтаах баайдарын былдьаабыттарын, тимир дьааһыктарын Тойбохойунан Сунтаарга тиэйбиттэрин туһунан Федора Кирилловна ахтыытыгар эмиэ баар. Ол аата туох баар кумааҕыларын, докумуоннарын барытын хомуйбут буолуохтаахтар. Тэҥкэҕэ уот дизелин дьиэтэ умайбытыгар, үлэһиттэр Крюков ампаарын онно туһанаары көтүрбүттэрэ. Ис өттүнэн истиэнэтин бүрүйэ кумааҕыныан килиэйдээбиттэр эбит. Семенов Боркуоппай ол бүрүөһүн быыһыттан Крюков суругун кистээбиттэрин булан ылбыт уонна Галина Гаврильевна биэрбитэ. Маны ааҕан баран аһара грамотнайдык суруллубутун сөҕөн, Барбаараттан Крюков туһунан ыйыталаспыта тугу да билбэт эбит, "башкыырдар этилэр” эрэ диэбит. Галина Гаврильевна суругу Тойбохой музейыгар биэрбитэ, ол сурук ити эргийэ сылдьар буолуохтаах диир. Лука Егорович Тэҥкэҕэ ийэтин кытта олорбута диэн кэпсииллэрэ. Галина Гаврильевна ахтарынан: "Тэҥкэттэн 5-6 км Бэс Чагда диэн сиргэ "Раба божья Крюкова Татьяна Петровна” диэн суруктаах киһи уҥуоҕун плитатын эмтэркэйэ баарын көрбүтүм. Кэлин өйдөөбүтүм, бу Лука ийэтин плитата буолуохтаах эбит». Баай гиэнэ буолла да алдьаныахтаах диэн сүрдээх былаас кэлэн ааспыт, саатар өлбүт дьон памятниктарын да сүгүн туруорбатахтар. Хайа үрдүгэр Күрүүкэбэ хотунуна Крюкова Т.П. аһара улахана суох памятнига түөрт өрүтэ болтанан тутулуктаах, үөһээ өттө чугуун сабыылаах уонна кириэстээх эбит. Дьэ ол өрүттэрин ылан оһоххо плита гыналлар эбит. Саҥа Күөл ферматыгар баар плитаны Тойбохойдор мас кэрдэ сылдьан трактордарыгар тиэйэн илдьэ баран истэхтэринэ, барсыан баҕарбакка буолуо, Мачаахтыырга түһэн хаалбыта хойукка дылы сыппыт. Хайа үрдүгэр өссө ханан да суруга суох тимир лиистэри үрүт үөһэ куупал курдук ууран оҥорбуттарын ортотугар синньигэс тимир турбаҕа кириэстээх памятник баара үһү. Кэнники сууллубут, суруктаах плитатын эмиэ ылбыттара буолуо. Маны Галина Гаврильевна Өндөрөй оҕонньортон ыйыппыта, бу Күрүүкэптэр күтүөттэрэ Горбунов ойоҕор дуу, оҕотугар дуу, туттарбыта диэбит. Кырдьык билигин биллибитинэн, манна Горбунов кэргэнэ Ольга сытар эбит, Лука Крюков балта. П.Я. Горбунов Оторууска турбут дьиэтин Наталья Матвеевна болуотунан Сунтаарга утаарбыттара диэбитэ, ол дьиэ Сунтаарга оскуола таһыгар учууталлар уопсайдара буолан хойукка дылы туһалыы турбут. Прокопий Яковлевич Бүлүү куоратыгар судьуйанан үлэлии олорон Тойбохойго Павлов ыстаабыгар кэлэн, туох да кыайбат улахан күүс кэлэн иһэр диэн, бэринэллэригэр тылыгар киллэрэ сатаабыт да, ылымматахтар. Саатар төннөрүгэр модьуйбуттарын, төрөөбүт дойдум диэн хаалбыт. Партия туругурарын туһугар олоҕун биэрбит киһини, Күрүүкэптэр күтүөттэрэ диэн буолуо, сэбиэскэйдэриҥ сыаналаабатахтара. Г.П. Башарин 1974 с.
революция иннинээҕи экономическай сыһыаннаһыылары ырыппыт кинигэтигэр,
Саха сирин эргинэр дьон гильдиятыгар киирбит атыыһыттар испииһэктэригэр
сылга 4 тыһ. эргитэр харчылаах Л.Е Крюков аата баар. Тыа сирин
атыыһыттара үчүгэйдэрэ 20-30 тыһ. эргитэллэр эбит, нуучча үчүгэйэ 1200
тыһ. эбит. Атыыһыт буолбут буруйдарыгар бу дьону оҕолуун–уруулуун
кырган, ааттарын-суолларын тэпсэн баран, Күрүүкэптээҕи улахан
атыыһыттартан тутулуктаах, дуона суох эргиирдээхтэрэ диэн
сыаналаабыттар. Өлүөхүмэ, Витим көмүс бириискэлэригэр 1893-тан 1898
сылга дылы Саха сирэ 41.9 тыһ. буут арыыны, 113.8 тыһ. буут эти, 29.6
тыһ. буут бурдугу, 20.5 тыһ. буут бүтүн бурдугу, 152.0 тыһ. буут
балыгы атыылаабыттар. Бу кырата суох көрдөрүүлэргэ, оччотооҕу тыа сирин
үлэһиттэрин үлэлэрин түмүгэ көстөр. Эмиэ Колистратка
харалла сытар Лука суруга, ол саҕанааҕы дьон хайдах бэйэ-бэйэлэригэр
сыһыаннаһалларын, култуураларын көрдөрөр: "Драгоценная Таня! Прими
прежде всего мой приветь и воздушный поклонь», маннык
истиҥник–иһирэхтик саҕаланар нууччалыы суругун күннээҕи түбүктээх
үлэтин быыһыгар Витимтэн ыыппыт. "Соду на Витиме не нашли, повезу
мамаше немного гостинцев, ты попробуй чай подбери...” «Я приеду к Вам 29
марта, так как 28 числа назначен мною сходь в Меитском наслеге,
раскладка податей. Со мною поедуть 3 лошади съ санями” эҥин диэн, араас
сонуннарын кэпсээбит. ("Орто Дойду” х. 10.04.2008.) Сүүстэн эрэ
тахса сыллааҕыта суоданы Витимтэн (Иркутскай уобалас таһа) сыарҕалаах
атынан тиийэн атыылаһаллара диэтэххэ, билигин омуннааһын курдук буолуо
эрээри, ол саҕанааҕы атыыһыттарыҥ ити саамай чугас тиийэн эргинэр
сирдэрэ этэ. Дьонтон эти, арыыны хомуйан Мухтуйаннан Бодойбо баар көмүс
бириистэнигэр илдьэн батараллара. Мухтуйаҕа Тэрэппиин атыыһыт
харабыллаах улахан холбуу ампаардаах дьиэтэ баара, онно баазаланан
үлэлииллэрэ. Лука Егорович атыыһыт эрэ буолбатах, быыбарнай салайар үлэһит этэ. 1900-1904 сс. нэһилиэк суруксута, 1904-1907 сс. Хочо улууһун быраабатыгар быыбарнай, 1913-1917 сс. олохтоох нэһилиэк старостата этэ. 1916 с. балаҕан ыйын 26 к. Улуус мунньаҕынан Хочо II-с кылаастаах училищатыгар бочуоттаах блюстителынан талыллыбыта. Хомунньуустар коммунизмы тутар бэйэлэрин утопическай санааларын олоххо киллэрэргэ, норуот хаанын тоҕоллорун кэрэйбэтэхтэрэ. ОГПУ «тройкатыгар” норуот өстөөхтөрүн түргэнник сууттаан, ытыалыырга көҥүл бэриллибитэ. 1927 с. Саха сиригэр П.В. Ксенофонтов 300 саха үөрэхтээх интеллигенцияын санаатын түмэн, обкомтан автономия оннугар Россия иһинэн сирин баайын бас билэр туһунар республика (конфедерация) буоларга уонна муораҕа тахсар Айааны саха сиригэр хаалларары туруорса сатаабыттара. ОГПУ бу дьоннортон 128 киһитин ыталлар, сорохторун баайдар оҕолорун кытта 1930с. 500-кэ саха ыччатын Соловецкай оһуобай лааҕырыгар бырахпыттара, биир кыһын иһигэр бары өлөөхтөөбүттэрэ. Балартан үс саха уола Финляндияҕа күрээн тыыннаах хаалан, бу иэдээн киэҥ эйгэҕэ биллибитэ. Бу курдук тыаһа ууһа суох, былааһы утары туруо диэбит дьоннорун ылҕаан барбыттара. Бу саха сирин үрдүнэн ыытыллыбыт сойуолааһыҥҥа күтүрэтэн саха саамай хорсун, чулуу, үөрэхтээх, норуоту сирдиэхтээх тумус дьоммутун ытыалаабыттара. Сунтаар Бордоҥуттан төрүттээх учуутал идэлээх Г.Т. Филиппов Дьокуускайга үөрэх салаатыгар боломуочунайынан үлэлии сылдьан дойдутугар кэлбит. Павлов этэрээтигэр суруксуттуур уонна бары этэрээккэ сылдьыбыттар курдук репрессияҕа түбэһэн, 1931 с. бэс ыйын 20 күнүгэр хаайыллар. Бу кинигэҕэ сурулларынан Георгий Тимофеевиһи "атын дьону кытта, үлтү сынньыллан кыайан турбат дьону, массыынаттан соһон түһэртээбиттэр. Дьокуускайга Горькай уулуссаҕа турар таҥара дьиэтин таһыгар аппа баар үһү, онно соспуттар уонна ытыалаабыттар.” (162с.) Күрүүкэптээх эмиэ бу дьон хааннаах илиилэринэн ааспыттара, «буруйдарын” билиннэрэн илии баттаппыттара. Л.Е. Крюков Тойбохойго «Якутторг» маҕаһыынын сэбиэдиссэйинэн үлэлии сырыттаҕына 1930 с. балаҕын ыйын 19 күнүгэр туталлар. Бу уоппуттаах, салайары сатыыр сэбиэскэй былааска үлэлии сылдьар киһини 1931 с. атырдьах ыйын 10 күнүгэр Дьокуускайга ыппыттара бу кэлин билиннэ, 1989 сылга реаблитацияламмыт. Маны барытын Айыы таҥара бырастыы гыныа дуо. Бу барыта кистэлинэн оҥоһуллара, оттон уулуссаҕа партияны уруйдаан-айхаллаан былакаат, лозунг, ураа хаһыытааһын бөҕө. Оҕолор историяны үөрэтэр учебниктарын көрдөххө, репрессияҕа 3.8 млн. киһи түбэспититтэн, 786 тыһ. киһитин ыппыттар. (2003с."История отечества”.учебник.187стр). Дьэ уонна ол саҕана оппозиция хантан кэлиэй. Билигин отой атын олох, биир блогер Навальнай хаайылыннаҕына, Аан дойду үрдүнэн атыыр айдаан. Архыыпка Л.Крюков 1930 с. алтынньы 23 күннээҕи доппуруоһа баар. (Дело: 1290-1 БД Книга памяти РС(Я) "1921 с. Рыбников начальниктаах этэрээт кэлэн баайбын-малбын, сүөһүлэрбин саҥа былааска биэрэргэ модьуйбутун барытын биэрбитим. Синеглазов барытын докуменнаан туппута. Ол кэнниттэн аны Капитонов Н. уонна хас да киһи кэлэн, баайбын күргүйдээн туран, ылан барбыттара. Өссө эбии милиционер Поповтаах эмиэ оннук, 10000 солк былдьаан барбыттара. Онтон Сунтаарга киллэрэн хаайдылар, Бүлүүгэ утааран дэлби сордоон, доппуруостаан баран босхолообуттара. Босхолоноот, Тэҥкэҕэ тиийбитим уонна кооператив аһыллыытыгар үлэбит саҕалаабытым". Бу бааллар иэдээннээх кэмнэр туоһулара, архыып кумааҕылара. 1917 с. Күрүүкэптээх саҕана Тэҥкэҕэ 1707 төбө сүөһү баара. Төһө да сэбиэскэй былаас киһи ааҕан сиппэт харчытын тыа сиригэр укпутун үрдүнэн, 1993 с. Союз сууллубутун кэннэ Тэҥкэҕэ дьон чааһынай сүөһүтэ 160 төбө эрэ, КП-ҕэ 747 төбө баара. 1998 сыл КП ыһыллыбытын кэннэ Тэҥкэҕэ барыта 348 сүөһү хаалбыта. Бу сайдыы бэлиэтэ буолбатах. Г.И. Игнатьев баһылыктыырын кэмигэр Тэҥкэҕэ Л.Крюков, П.Горбунов ааттарынан переулоктар баар буолбуттара. Тэҥкэнэн былыргы атыыһыттар Мэлииһэ аартыгар түһэр айан суолларын Мохтуйа диэбиттэр. Өссө биир уулууссаны Нөөрүктээйи I диэн ааттанан, олохтоох былаас өттүттэн Тэҥкэ былыргытын, атыыһыттарын ааттарын үйэтитэргэ бастакы хардыы оҥоһуллубута. А.П. Сидоров Крюков ампаарын сарайдатан, күрүөлэтэн эмиэ суолун-ииһин хаалларбыта. Билигин эргинэр дьон элбээтэ, өссө дьиэҕэр аҕалан биэрэллэр. Чааһынай үптэрин уган нэһилиэнньэни аһылыгынан-таҥаһынан хаарчыйан, уопсастыба наадалаах араҥата буолан үлэлии олороллор. Уруккуга холоотоххо эргинэргэ чэпчээбитэ буолуо эрээри, сатаан эргинэр, дьон саҥатын тулуйар киһи байар халбархай үлэ буоларын көрө сылдьабыт. Олох уларыйан, сахалар кистэнэ сыдьар кыахпыт уһуктан, баай дьон баар буоллулар. Матвей Евсеев аҥаарын үбүлээн туттарбыт баараҕай культуратын дыбарыаһа, Сунтаардар киэн туттар тутуубут буолла. Саха уола Айсен Томскай "Индрайвер” такси сервиһин тэрийэн, Аан дойду рыногар тахсан доллар миллиардера буолан дьону соһуталаата. Бу киһи санаата тоҕо бөҕөнүй, хантан күүс ылар эбитий. "Бэйэтин саханан билинэр киһи П.А. Ойуунускайы, Амма Аччыгыйын, Л.Н. Гумилеву, Г.В. Ксенофонтовы ааҕыахтаах” диэн кэбистэ. Сахалар ис кыахпытын арыйар, бэйэбит омук быһыытынан сайдар суолбут төрдүн, бу эдэр дьон ыйдылар. Ол ис күүспүт итэҕэлбитигэр баар, итэҕэлбит төрөөбүт дойдубутугар баар. Дьоҥҥут олорбут Тэҥкэтигэр кэлэн сылдьан барыҥ. Кыаххыт уһуктуо, санааҕын арыллыа. Билигин баай дьоҥҥо норуот санаата уларыйан, маннык дьон элбэхтэрэ буоллар диир буоллубут. Былыргы атыыһыттар ааттара тилиннэ, кинилэр үтүө дьыаларара холобурга сылдьар кэмнэрэ кэллэ. Петр Трофимович Павлов (1877 с. – 1930 с.) Кинигэттэн көрдөххө, Павлов П.П. Иркутскайдааҕы учуутал сэминээрийэтигэр бүтэрбит үөрэхтээх киһи эбит. Аҕата хотунан, Садынынан күүскэ эргиммитэ, онтон баай эбэҥки кыыһын кэргэн ылан, таба бөҕөну үүрэн кэлбит. Бу бастакы кэргэнэ эрдэ өлбүт, Петр ол эбэҥки кыыһын оҕото. 1897 с. Петр Павлов кэргэннэнэр, икки оҕолонор, ийэлэрэ Андрейы оҕолоноору суох буолар. Билигин уола Андрей Петрович аатын Сунтаар 1№ оскуолата сүгэр. Елена Захарова Ньурбаттан төрүттээҕин иһин, Бордоҥ сээркээн сэһэнньититтэн Владимир Николаевичтан ыйыталастым, ону Ньурба киһитэ А.А. Дмитриэптэн билбитэ, Поповтар диэн төрүт баай дьоннор кыыстара эбит. Бу дьон билигин да былааска биллэллэр эбит. Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар перепискэ улахан үтүөлэрин иһин 1897 с. Үрүҥ көмүс мэтээл ылбыта. 1898 с. улахан кураан буолбутугар, губернатор быһаччы дьаһалынан Мэйик нэһилиэгиттэн хамыыһыйа чилиэнэ буолан, Павлов нэһилиэнньэҕэ улаханнык көмөлөспүтэ. Улууска соҕотох кини салайар түүлээҕи атыылыыр "Братья Павловы, Крюков и К" тэрилтэтэ ыаллыы улуустартан от атыылаһан аҕалан кыаммат ыалларга тарҕатан, аһы-табаары босхо түҥэтэн улуус этэҥҥэ кыстаабыта. 1901 сыллаахха Хочо улууһун управатыгар Мэйик нэһилиэгиттэн быыбарданан 3 сылга депутатынан талыллар. Хочо улууһун земскэй мунньаҕын эппиэттээх чилиэнэ буоларын быһыытынан, Тойбохойго почта-телеграф отделенията аһылларын туруоруспута. (НА РС(Я)Ф.2.Оп1.Д.23.Л.175.) Бу курдук улуус олоҕор уопсастыбаннай үлэнэн актыыбынайдык дьарыгыра сырыттаҕына, былаас уларыйар. Манна эмиэ көрөн турбатаҕа, 1917 с. олунньутааҕы революция кэнниттэн Куттал суох буолуутун комитетыгар (КОБ) талыллан баран, дьон кыһалҕатын быһаарыы общественнай эбээһинэһим булар диэбит 1917 с. муус устар 17 күннээҕи суруга, архивка харалла сытар. 1917 сыл от ыйыгар Бүлүү уокуругун Сийиэһигэр улуустан дэлэгээт этэ. Балаҕын ыйын 29 күнүгэр, 1921 сыллаахха Саха Губревкома "Об изоляции тойонов" диэн уураах таһаарбыта. Бу уурааҕы толорон 1921 с. күһүнүгэр Өлүөхүмэттэн Синеглазов А.С. салайааччылаах ОГПУ үлэһиттэрэ Ойууһукка Павлов Бүөтүргэ дьиэтигэр кэлэннэр таһыйаллар, "Сэбиэскэй былаас баайа буолар" диэн 53 сүөһүтүн, 33 сылгытын, 32 табатын тутан ылаллар. Ол кэннэ кини аҕатын Тэрэппиин оҕонньору, кырдьаҕас диэн аахсыбакка, сэргэҕэ кэлгийэн туран тимир чуумпурунан өйүн сүтэриэр дылы таһыйа–таһыйа көмүс харчытын ыла сатаабыттар да, тугу да биэрбэтэх. (Ф.1359. Оп.3.Д.268.Л.125.) Күрүүкэби эмиэ таһыйаллар, Күрүүкэптээх соҕотох Петр диэн уолларын утарыласта диэн өлөрөллөр. Бу дакаастабылынан архивка сытар 1921 с. ахсынньы 21 к. суруллубут Бүлүү ревкомун сибидиэнньэтэ туоһу буолар. "Сунтаар милиисийэтигэр ат наада буолан, барыта 59 аты ылбыппыт” диэн быһаарбыттар. Атыылаһыы буолбатах, ылыы. Ол саҕана атыҥ диэн, билиҥҥинэн массыынаҕын, тракторгын босхо ылан баралларын курдук, хаһаайыстыбаҕа улахан охсуулаах. Урут үгүс ыаллар бэйэлэрэ бурдуктаахтарын, сүөһүлээхтэрин үрдүнэн, үлэлии турбут тэрилтэлэр тохтоон, маҕаһыыннар сабылланнар, нэһилиэнньэ олоҕор ыарахаттар үөскүүллэр. Саҥа былаас маннык алдьархайдаах тутуутуттан-хабыытыттан дьон-сэргэ аһара аймаммыта. Петр киэһэ кэлбитэ аҕата ороҥҥо киһи эргитэр киһитэ буолан сытарын көрөн, балтын уолун өлөрбүттэрин истэн эрэ баран, таах олорон биэрдэххэ үчүгэйинэн тохтуохтара суох диэн, утарсар санааҕа киирдэҕэ. Көмүскэнэр этэрээттэр эрдэттэн да бааллара, ону архивка баар II Бордоҥ нэһилиэгин 1918 с. муус устар 19 күнүнээҕи мунньаҕынан Өлүөхүмэттэн тахсар устугас, халабырдьыт дьонтон көмүскэнэргэ Дьокуускай уобалаһыттан саа-сэп көрдөөбүт докумуоннара туоһулууллар. (Наталья Степанова Кыым.2008.с.34). Павлов нэһилиэнньэни көмүскүүргэ бастакы дьаһалынан улуус сийиэһин ыытыыта буолар. Манна нэһилиэктэртэн делегаттар талыллыбыттара. Павлов П.Т. бэйэ дьаһаныытын төрүөтүн, инники соруктары сырдатан улахан дакылаат оҥорбута. Улуус дьаһалтатын үбүн, кэккэ кыһалҕалаах боппуруостарга, отой кыаммат ыаллары өйөөһүн, дьон көмүскэллээх буоларыгар саалаах этэрээттэри тэриниэхтэрин сөбүн курдук, боппуруостары быһаарбыттара. Павловтааҕы нэһилиэнньэ бүүс-бүтүннүү өйөөбүтэ. Хочо ревкомун председателя П. Расторгуев 20.XI.1922 с. Бүлүү уокуругар ыыппыт нууччалыы докладнойугар "Кыһыллар кэлиэхтэрин иннинэ улуус киинигэр Тойбохойго 3 киһилээх улуус салалтата уонна 10 киһилээх дружина, нэһилиэктэргэ 3-түү салайааччы, 4-түү киһилээх дружиналары тэрийэн дьаһанан олорбуттара" диэн суруллубут. (Ф.914.Оп.1.Д38.Л.96-103 об.) Бордоҥҥо Куттах баай чугас аймаҕа Элгээҥҥэ олорбут Попов Е.И. - Балтаанай эмиэ этэрээт тэрийбитэ. Штабтара курдуктара Улгумда Бэрэтигэр баара. Биирдэ манна Ыстаппаан Тиитэбис хоно сыттаҕына, Дьэрэмэй Игнатьевич Тойбохойтон түүн кэлэн бэстилиэтинэн ытыалаан тревога оҥорон дьонун куттаталаабытынан, Тойбохойго амнньыыстыйаҕа барыыны тэрийсибитинэн уонна Хочо доруоп саанан сэбилэммит этэрээтин "байыаннай комиссарынан” сылдьыбытынан биллибит киһи. Ким бэриммит ол буруйдаммат, диэн Строд И.Я. ньымааттыырын Павлов итэҕэйбэт. Дьонун туһугар кыһаллан Стродтыын суругунан кэпсэтии ыытар. Ол суруктар архыыпка хараллан сыталлар. (НА РС Оп.1.д.330.Л4-4об) Иркутскайтан 5-с Аармыйа реввоенсоветын 1922 сыл бала5ан ыйын 8 к. 1637 № бирикээһин ылан эрэ баран дьонун тарҕаппыта. Кини аатыттан Балтаанай киирэн 300 сааны, 20 бинчиэстэри, 20 гранатаны, 150 кг сибиниэһи, 400 гр буораҕы туттарбыта. Хочо ревкома П. Расторгуев докладнойугар "Павлов, Крюков өттүттэн ханнык да революцияны утары заговор суох этэ, Капитоновтаах курдук дьон буруйдарынан илиилэригэр сааны ылбыттара. Ону Бүлүү уеһын РПК бюротын секретара И. Барахов бигэргэппит. Павлов сэбилэниилээх этэрээтэ туох да куттала суоҕун билэн буолан, политбюро киниэхэ икки эрэ сотруднигын көрсүһүүгэ ыыппыта буолар" диэн быһаарбыт. (Ф.914.Оп.1.Д38.Л.96-103 об.) Манна Расторгуев чиэһинэйдик, киэҥник көрөн туох буолбутун чиэһинэйдик киллэрбитэ, сөптөөх түмүгү оҥорбута норуоттан кистэнэ сытан баран таҕыста. Дьиҥинэн барытын билэн олорор эрээрилэр, үөһэттэн дьаһалы толорон, бандьыыттар дии олорбуттар. Бу хара үлэтин оҥорбут дьону туһанан баран, бэйэлэрин истэригэр ыытыллыбыт 1937 с. чисткаҕа түбэһиннэрбиттэрэ. Ол иһигэр бу кинигэҕэ дипломат диэн сыаналаммыт И. Строд уонна И. Барахов ытыллыбыттара. 1937 сыллаахха Ойуунускайдаах, Аммосовтаах курдук саха саамай чулуу дьоннорун сымыйа буруйга буруйдаан суох гыммыттара. Павловтаах өссө Сунтаарга улахан хаан тохтуутун таһаарбатахтарын курдук, билигин сыаналыахха сөп. Павловыҥ дьоннорун тылыгар киллэрэн тохтоппотоҕо буоллар, бу суут-сокуон диэни билиммэт дьонуҥ хайдах быһыыланан туруохтара биллибэт. Сорох сирдэргэ кылаассабай охсуһуу аһара хааннаахтык барбыта. Новосибирскайга 1969 с. тахсыбыт Саха сиригэр Кыһыл армия гражданскай сэриигэ бэйэлэрин дьоннорун утары бойобуой сырыыларын арбаабыт кинигэлэригэр "Нам Никольскай солобуодатыгар кулаактар-тойоттор өрө турууларын хам баттаатыбыт” диэн суруйбуттара баар. Дьиҥинэн эйэлэһиэхтэрин баҕара сылдьыбыт өрө турааччылары, соҕурууттан кэлбит дьону өлөрө үөрүйэх, пушкалаах, 45 пулеметтаах, 1000 ыстыыктаах Пероградскай 226-с полката уонна кавалерийскай эскадрон эргийэ көтөн баран, туох да кэпсэтиитэ суох аҥаар кырыытыттан сырса сылдьан ытыалаан, саабыланан кырган барбыттара. Бөһүөлэк иһигэр 130 киһини өлөрбүттэр, 200-кэ киһи уу кытыытыгар, ууга өлбүт, аҕыйах киһи быыһаммыта диэбиттэр. (ЯА СО АН СССР.ф.5оп.1.д226 на27л.) Кыһыллартан 6 киһи өлбүт. Саха хаанын бөҕөнү тохпут дьон ааттарын үйэтитэн Никольскай биир уулуссатын Петроградскай диэн ааттаабыттар, улахан үс ыстыыктаах памятник туруорбуттара билигин да турар. Мин
Никольскайга сылдьыбытым, үрүҥ да, кыһыл да өттүттэн өлбүт бэйэлэрин
дьонноругар анаан Өйдөбүнньүк улахан кыһыл гранит таас туруорбуттарын
көрбүтүм. Кырдьык да киһи санаата оонньуур сирэ, үрүҥнэриҥ да тылынан
оонньуу сылдьыбакка, дьиҥнээхтик саа тутан дойдуларын, дьоннорун
көмүскээтэхтэрэ. Манна буруйдаах гражданскай сэрии, онтон атын бу
дьонуҥ үлэлии-хамныы сылдьыа этилэр. Павлов 1927 сыл сайыныгар Ленинград куорат Прикладной институтун экспедициятыгар проводник булан, оҥочотун уларсан аһара үчүгэйдик көрсүбүтүн отчуоттарыгар суруйбуттар. (Ф.541.Оп1.д622.л.5. ) Павлов 1927 с. биэрэпискэ 4 оҕолоох диэн сурулла сылдьар. Бастакы кэргэнигэр икки оҕолоох, барыта 6 оҕолоох. Бүтэһик бултааһыныгар 5 оҕолоох сылдьыбыт, ол иһигэр биир кыыс уонна иитэр оҕолоро бааллар эбит. Урут бандьыыттыы сылдьыбыт Мообой диэн киһи тутуллан иһэн, бэйэлэрин дьалаҕайдарыттан милиисийэни хардаҕаһынан охсон өлөрөн баран, куотан Павловтаахха тиийбит. Павлов олус кыйаханан көрсүбүт, саатын былдьаабыт эрээри, үүрбэтэх. Былаастар тута күүркэтэн, бандьыыт Павлов өрө турууну тэрийдэ, милиисийэни өлөрдүлэр диэн улахан айдааны таһаараллар. Оҕолоро суоҕа буоллар, 30 табалаах Павловтаах эрдэ Хоотуҥканан Дьэһиэйгэ түһэн, суоллара сойбута ырааппыт буолуо этэ. Сырсан иһэллэрин түһээн билбитэ дииллэр, 3 улахан уолаттарын "Таах өлүөххүт " диэн табалаан утары ыыппыт. Петрова М.С. аҕата Петров Семен Семенович икки сэрии кыттыылааҕа, бассабыык, холкуостары тэрийээһиҥҥэ салайар үлэҕэ сылдьыбыт киһи кэлин дьонугар кэпсээбитин, кыыһа Мотренаттан мин суруммутум: Дьокуускайдааҕы НВШ курсана Петров С.С. өрө турбут Баабылабы тутуохтаах 30 киһилээх ГПУ оперативнай бөлөҕөр баар эбит. Ситэн кэлбиттэригэр, быһылаан төрдө буолбут, буруйа суох дьону иэдээҥҥэ сөрөөбүт Мообой бэринээри илиитин уунан кэлбитин, бастакынан ытан өлөрбүттэр. Ытыалаан мучумааннанан баран көрбүттэрэ, биир киһилэрэ бэйэлэрин буулдьаларыгар илиитин таптарбыт. Ону бандьыыттарга балыйыахха диэн сүбэлэспиттэр. Сыарҕа анныттан оҕолору хостообуттар, Боев "бандьыыт оҕолоро" диэн, эмиэ өлөртөөрү гыммытын тохтоппуттар. Павловтаах саалара сыарҕаҕа баалла сылдьаллар үһү, ытыалаһар санаалара да суоҕа көстөр. Ньылбы сыгынньахтаабыттар - көмүстээх буолуо диэн ону көрдүүр быһыылара эбит. Туохтара кэлиэй, чаһыылааҕын тойонноро ылбыт уонна бултара баар. Нуучча хамандыырдара мыыммыт курдук: "Павловкыт бу дуо!?," - диэбит. Ити саҕана Бүөтүр 53 саастаах, кыра уҥуохтаах хачаайы баҕайы киһи уруккунан оҕонньор, дьаарай бандьыыкка барсыбат көрүҥнээҕэ. Олоҕун бүтэһик мүнүүтэтигэр дылы оҕолоругар кыһалла сылдьыбыта. Ытыалыахтарын аҕай иннинэ оҕолор "Сыарҕа анныгар киирэ охсуҥ!" диир хаһыытын эрэ истэн хаалбыттар. Сэрэхэтийэн улахан уолаттарын эрдэ ыыталаабыта эрээри, сэрии суох кэмигэр маннык ыт-кус курдук ытыалаан кэбиһиэхтэрэ диэн санаабатах буолуохтаах. Сэбиэскэй былаас пропагандата Павловка дьон өйүттэн-санаатыттан билигин да тахса илик "бандьыыт Павлов" обраһын айан оҥорбуттара. Тыла – өһө үчүгэй, суруйалларын курдук киэҥ куоластаах Павлов дьон санаатын уларытыан сөбүттэн куттанан, кинини өлөрөр курдук оҥостон кэлбиттэрин хантан билиэй. Бу да кинигэҕэ Павловтаах хайдах курдук ытыаласпыттарын туһунан уустаан-ураннаан суруйбуттара элбэх. Павловы биһиги кырабытыгар туох эрэ дьулаан, хааннаах бандьыыт курдук кэпсииллэрэ, саатын хампы ыттаран баран ботуруонун быһаҕынан эһэн ытыаласпыт, эбэтэр пулеметтаах сиригэр кыранан тиийбэтэх, диэбит курдук. Америка куомуннаахтара Россия атаҕар тураары гынна диэн, эмиэ ыһар санаалаах үлэлэрин саҕалаатылар, кинилэр биһиэхэ үчүгэй олоҕу аҕала сатаабаттар, колония гынаары, сирбит баайын үллэстээри тииһэллэр. Омук харчытыгар дьону буккуйаары, ону-маны ыыта-ыыта граница таһыгар буһа сытар урукку олигархалар, ол-бу сатамматах революционердар сыт таҕыста да Россияҕа кэлэн иэстэһэр эрэ санаалаахтар. Урукку хааннаах алҕаска иккиһин киирэн биэрбэт курдук, историяны билиэхтээхпит. 58 сыллааҕыта үөрэппит
маҥнайгы учууталбынаан Галина Гаврильевналыын алтыһыым улахан дьолум
буолла, учууталым билигин да тыла-өһө кытаанах, өйө-төйө чөллөркөй,
уруккуну өйдүү сылдьара сурдээх. Алҕаабыта сыаланнын! Борис Егорович
эмиэ наадалаах сүбэлэри биэртэлээтэ, билэллэрин кэпсээбит доҕотторум
Индеев Б.Н, Степанов В.Н, Кириллин Н.И, Гуринов А.А. араас көмөлөрө
элбэх. Эдэр дьону, оҕолорбут манна сыһыара сатаатым, хойут бириэмэтэ
кэллэҕинэ саныахтара. Барыгытыгар барҕа махтал ! Суруйуубун Степанова Н.С. ыстатыыйатыттан быһа тардыынан түмүктүүбүн: "...Былаас уларыйар будулҕаннаах кэмэ кинилэри, чулууттан-чулуулары талан туруорбута. Саха үөрэхтээх, бас-көс дьоно биир дойдулаахтарын үрдүнэн ыаһар былыт сабардаабыт кэмигэр, хараҥа күүстэн дурда-хахха буоларга туруммуттара уонна ону чиэстээхтик толорбуттара". (Кыым. 2008. Олунньу 7,14 кк. С.34). Виталий Николаев 29.04.2021 сыл Сардаҥа бөһүөлэгэ. |
|